08.03.2024 | 14:00

Лоскуй сурук

Лоскуй сурук
Ааптар: Бээрийэ кыыһа Хотойук Айгыына
Бөлөххө киир

Таһырдьа саас кэлэн иһэр сибикитэ биллэн, салгын чэпчээн, ырааһыран, оҕо аймах да, улахан да дьон “сынньалаҥ паарката” диэн ааттыыр бу бөһүөлэк сөбүлээн сылдьар сиригэр мусталлара элбээтэ. Нэһилиэк баһылыга манна кыра-кыра дьиэлэрдээх, оҕолорго сырылыыр сирдээх, улахан дьоҥҥо олорон кэпсэтэр анал ыскамыайкалардаах, итии үүттээх чэй иһэр хостордоох, эр дьоҥҥо диэн анал спортивнай секциялаах тэттик арыы сири туттаран, бөһүөлэгин дьонун махталыгар сылдьар.

Манна баар сыырдары, хаар-муус оҥоһуктары, дьиэлэр оһохторун Быһыччы диэн ааттаах кэлии киһи көрөр-истэр дииллэр. Кимин-тугун, хантан кэлбитин нэһилиэк дьоно соччо билбэттэр; баһылык этэринэн, дуогабарга сылдьар ыраах улуус киһитэ үһү. Быһыччы дьүһүнүн да субу диэн билбэт дьон, ордук дьахтар аймах бааллар. Ханна да ончу сылдьыбат, көстүбэт, биллибэт дьикти Быһыччы туһунан сорохтор дьээбэлээн кэпсээн оҥостоллор. Тыаттан киирбит чучунаа да дииллэр, бултуу сылдьан муммут да киһи дииллэр. Онтон Быһыччы аатыгар дьүөрэлии кыра лэкээ уҥуохтаах, сабырыйан түһэ сылдьар баттахтаах, сирэйин аҥаара бытык киһи. Инньэ гынан, омос көрдөххө, түү киһи курдук. Тугу эмэ эттэххэ: “Сөп, оннук, мм...”– эрэ диэн аҕыйах тылынан хардарар буолан, олохтоохтор, мэктиэтигэр, кыайан саҥарбат быһыылаах дии саныыллар. Ону да биирдэ эмэ маҕаһыыҥҥа ас ыла тиийдэҕинэ көрөллөр, ол эрээри хараҕын уотуттан саллыбыттарын кэпсиир буолаллар. Ол хараҕын туһунан истэн, салҕыы ким да токкоолоһо барбат.

Оттон кыыс өттө Быһыччаны кытта билсэ да сатаабатаҕа, туга-ханныга биллибэт киһини баран бадьыыстаһан быһыннахтарай. Быһыччы бэйэтэ сүрдээх сымса, түргэн киһи эбит. Ити кыра эрээри дьоҕус паарканы аҕыйах кэм иһигэр тутан-оҥорон уонна сылын аайы хайаан да тутуутун элбэтэн иһэрин дьон бары да тута сэҥээрбиттэрэ, ыалдьыттар кэлэн сэргээн бараллара. Дьиктитэ диэн, тоҕо эрэ кэлии дьон саба сырсан кэлбэттэр, ээр-сэмээр кэлэн көрөн, сынньанан эрэ бараллар. Сирэ оннук бүччүм эбитэ дуу, Быһыччыттан куттанан эбитэ дуу, ким да билиҥҥитэ билбэт.

Биир күһүн бу бөһүөлэккэ биэлсэр кыыс үлэлии кэллэ. Дьэ, бөһүөлэк уолаттара чуор буола түстүлэр, сытыы өттүлэрэ билсиһээри ойдулар, онон-манан быгыалаһыы буолла да, кыыс ончу кими да чугаһаппатах. Оннук гынан кыыс сыл үлэлээтэ. Бөһүөлэк холостуой уолаттара үйэлэригэр сылдьыбатах поликлиникаларыгар сыбыытыыллара, биэлсэр кыыһы көрөөрү, ыалдьыбыта буолан тиэстэллэрэ тохтообот. Олохтоохтор кыыһы олус билиилээх, кыһамньылаахтык көрөн эмтиир диэн сөбүлээтилэр эрээри, эмиэ ким-туох төрүттээх оҕо буоларын соччо билбэтилэр.

Сандал саас, хаһыс төгүлүн эбитэ буолла, сандаара тыган, ахтыбыттыы сарсыарда аайы чыычаахтарын ыллатан тиийэн кэллэ. Бүгүн дьэ “сынньалаҥ пааркатыгар” күүлэй дэстилэр. Дьон-сэргэ саас уһуктан, тымныы кыһыҥҥы уһун күннэртэн сылаатын таһаара, турардыын-турбаттыын тэрээһиҥҥэ ойдо. Кэнсиэр, оонньуу, көр-нар күүскэ саҕаланна. Уолаттар барахсаттар эрэҥкэдийэ, биэлсэр кыыс  “кэлэрэ дуу” диэн кэтии-маныы сырыттылар, ол сылдьан кыыска ким эрэ сурук ыыппыт үһү диэн балыыһа остуораһа Балааҕыс кэпсээнэ иһилиннэ. Бөһүөлэк син кырата суох, онон тыа сирин уолаттара үгүстэр. Ол сиэринэн быһа ааҕан эппиэт ылбатах уол бөһүөлэк улахан аҥаара буолуо. Дьэ, уолаттар ким буоллаҕай диэн таайбараҥ буоланнар, түүннэри-күнүстэри төбөлөрүн сыстылар, бэйэ-бэйэлэрин уорбаластылар. Бөһүөлэктэн пааркаҕа кэлэр суолу манааччы элбээтэ. Баҕар, кэллэҕинэ, манна ким уруттаан дьэ кыыһы кытта билсэ охсор эбитий диэн.

Арай, дьэ, оонньуу-көр ортолоон эрдэҕинэ, остуолбаҕа тахсан бириис ылыыта саҕаланар диэн биллэрдилэр. Эр дьон, уолаттар, дьэ, оҥостуу, бэлэмнэнии буола түстэ. Бириискэ туох ыйанан турара биллибэт. Эр киһи да билиэн баҕарар санаата оонньуур эбит. Биир-биир тахсыы буолла, дьон ыһыы-хаһыы. Хас да уол холонон көрдө да, сорохтор кыранан, сорохтор аҥаарынан тиийбэтилэр. Арай дьон сэлэллэ биэрдэ, Быһыччы тахсар буолла. Уолаттар сэнии көрдүлэр, “ама, бу киһи тахсыа дуо...” диэн санаатылар. Киһилэрэ чуо баҕанаҕа хааман тиийдэ, турда. Тэпсэҥнээтэ, үөһэ турар бирииһи хантас гынан көрдө, умса көрдө уонна тугу эрэ ботугураан баран аргыый ыттан барда. Били ньиргийэ хаһыытыы турбут омуннаах көрөөччүлэр иһийэн хааллылар, тыыммат да курдук буолан, хантайан, бары Быһыччы тахсарын манаатылар. Уоллара лоп-бааччы туттан, бытааннык, ханна да ыксаабаттыы, күн аайы маска ытта үөрүйэх киһилии, туох бириис ыйанан турарын билбэтэр да, тахсан истэ. Баҕана ортотутар тиийбитин кэннэ ким эрэ үөһээ тыынна, онтон аҥаарыттан аҥаарын чугаһатта, ким эрэ куттаммыттыы “тиийэр буолла” диэн иһилиннэ, онтон олох кыра хаалбытын кэннэ “тыый ” диэн сөҕөр саҥа иһиллээтин кытта, Быһыччы бирииһин харбаан ылла уонна эмискэ ыһыктан, аллараа кыырайа турда... Дьон соһуйан хаһыытаһа түстүлэр. Арай киһилэрэ туох да буолбатаҕын курдук бирииһин кыбынан баран, умса туттан хааман эрэр эбит. Олохтоохтор бу бириискэ туох угуллубутун билиэхтэрин баҕалара сүрдээх. Оонньууну ыытааччы биллэрэрин кэтэстилэр. Быһыччы чуо ыытааччыга тиийэн иһэн биир кыыһы харбаан ылла уонна иккиэн сыанаҕа таҕыстылар. Арай өйдөөн  көрбүттэрэ, биэлсэр кыыстарын сиэтэн турар эбит. Оттон Быһыччылара түү сирэйэ, саба үүммүт баттаҕа ханан да суох, уол бэрдэ турар! Лэс уҥуохтаах, кытарчы маҥан сирэйдээх уол эбит, биэлсэр кыыс үөрбүт дьоллоох мичээриттэн өссө киэркэйбит. Арай бирииһи истибиттэрэ, Өлүөнэ очуостарын устун үс күннээх путевка эбит. Дьон бастаан иһийэ чуумпурда, көрбүттэрин итэҕэйбэтилэр дуу, истибиттэрин итэҕэйбэтилэр дуу, онтон, доҕоор, дохсун ытыс тыаһа өрө хабылла түстэ да, бары үөрэн кыыстаах уолу эҕэрдэлээтилэр. Онон бу кэрэ бөһүөлэккэ өссө биир мааны ыал олохсуйар буолбут дьылҕатын сибикитэ сааскы сиккиэр буолан, дьоллоох дьону барыларын имэрийэн ааста.

... Дьэ, манан кэпсээн бүттэ. Ол эрээри ааҕааччыга биир кистэлэҥи арыйабын. Быһыччы уонна Сандаара бэйэлэрин билсэр дьон этилэр. Тулаайах улааппыт Быһыччы кыахтаах ыал соҕотох кыыстарын таптаан, ол дьон кыыстарын Быһыччыттан күрэтэн үөрэххэ ыыппыттар. Оттон Быһыччыны балыырга түбэһиннэрэн хаайыыга утаарбыттар, тапталын сүтэрбит Быһыччы дьылҕата тосту уларыйбыт. Ол эрээри уол мындыр толкуйдаах буолан арыгыга, куһаҕан дьаллыкка охтубакка, ылбыт да тапталын көрсүбүт сириттэн тэскилээн, улуустарынан сылдьыбыт. Кыыһы аны көрсүбэппин диэн хомойон бэйэтигэр андаҕар бэринэн, бытык, баттах кырыммат буолбут. Былыр эр дьон бэйэлэрин санаалара оонньуурун итинник андаҕар бэринэн, тугунан эмэ бэйэлэрин, таптал ааспат ыарыытын аһарынар ньымалара эбит диэн ханнык эрэ үһүйээҥҥэ ааҕан турабын. Оттон кыыс үөрэҕин бүтэрэн, уолун көрдүү эмиэ улуустарынан биэлсэрдии сылдьан булан ылбыт. Кыыстаах уол бу сылдьаннар элбэхтик эрэйдэммиттэрэ, элбэҕи бу олохтон истибиттэрэ-көрбүттэрэ. Ол барыта кинилэр тапталларын күүһүрдэн эрэ биэрбитэ. Хайдах булсубуттара буолуой? Дьэ, ону ааҕааччы бэйэҥ таайаар...

Үйэ уларыйан, билигин эдэр дьон тапталга сыһыаны билбэттэр, сатаабаттар. Таптал диэн атаахтааһын буолбатах, таптал диэн сүрэх иэйиитэ, сүрэҕинэн таптыыр, сүрэҕин истэр киһи атын киһини сатаан таптыыр. Уонна тапталы Айыылар анаан тургутук гына оҥорон киһи аймахха анаабыттар. Бу оонньуу буолбатах. Билиҥҥи эдэрдэр таптал диэн суох диэн ааттыыллар. Ити былыргы өбүгэ төрүт суруллубатах үгэһин кэһии. Таптал диэн Олох тутула диэн мээнэҕэ эппэттэр. Күүстээх уонна ыраас таптал олоххо биирдэ кэлэр, ону сатаан таба туттаххына эбэтэр бу Быһыччылаах Сандаара курдук тапталгыт туһугар турууластаххытына, дьиҥнээх таптал күүстээҕин билиэххит.

Таптал – олох күүһэ, олох кыыма, олоххо сатабыллаах, мындыр буолуу ньымата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....