ЛОХОТРОН ДУУ, БАРЫСТААХ ҮЛЭ ДУУ
90-с сылларга үп-харчы тэрилтэлэрэ мөлүйүөнүнэн дьоҥҥо кураанаҕы куустарбыттара да, ол үөрэх буолбатах быһыылаах. Билигин да дьон үп пирамидаларыгар, араас хабааннаах уксууга син биир күргүөмүнэн бара тураллар.
УГААЙЫГА КИИРЭН БИЭРДИБИТ
Интэриниэти арыйа тарт да, “пирамидаҕа” умайан кирэдьииккэ ыйаммыт, дьиэтин-уотун туран биэрбит дьон аймалҕана. Аны туран, «миэхэ сэбиэттэ биэр” диэн ааттаах пабликтарга, бөлөхтөргө киирэн, санааларын суруйар буолбуттар. 20-лээх эдэр оҕолор спортка уксан иэскэ «ыйанан” хаалбыттар уонна бу дойдуттан букатынныы баран эрэбит диэн суруйаллар. Ити курдук, уксууга уонна түргэн харчыны эргитиигэ саастаах киһиттэн эдэр оҕотугар тиийэ бары умайаллар да, оонньууллар да.
Бүгүн бу сылга саамай биллэр уонна дьон сэҥээритин ылбыт пирамидалары, уксааннары уо.д.а. сырдатыахпыт.
«КЕШБЕРИ» уонна «МАКСИРАЙЗ»
Бэрт элбэх киһи, оннооҕор арыый да үрдүк хамнастаах быраастар, экономистар, учууталлар, тустаах үлэлэрин быраҕан туран, “Кэшберини» уонна «Максирайзы» олохторун сүрүн сыала оҥосто сылдьыбыттара. «Биир мөлүйүөнү уган баран алтаны ылабыт” дииллэрэ истиэххэ сымыйа курдуга. Ол эрэн «бастакы хараҥаччылар» ипотекаларын сабан бүтэрбиттэр, икки этээстээх дьиэ туттубуттар, сыаналаах массыына ылыммыттар, сорохторо киин куораттан букатынныы көһөн барбыттар. Ону истиһэн, сорохтор кирэдьиит ыла-ыла киирбиттэрэ даҕаны, хампаанньа сабыллан, счеттара тоҥоруллан, укпут харчыларыттан ытыс соттубуттара. Дьэ, бу кэннэ эмиэ һуу-һаа, сөҕүү, мөхсүү бөҕө буолбуппут. Үп-харчы пирамидата итинэн түмүктэниэхтээҕэ биллэр этэ. Оттон дьон өйүн-санаатын ытыйан итинниккэ тиэрдибит тэрийээччи сокуон иннигэр эппиэттээбэтэ – киһи өйүгэр баппат быһыы. Кырдьык даҕаны, харчыларын бэйэлэрин баҕаларынан аҕалан биэрбиттэрин кэннэ, туох эппиэтинэһигэр тардыллыахха сөбүй?
ПИРАМИДА БЭЛИЭТЭ
Харчыга киһи үксэ наадыйар. Түргэн харчыга эмиэ киһи үксэ ымсыырар. Маннык тэрээһиннэр пирамида буолалларын эрдэттэн хайдах билиэххэ сөбүй? Бастатан туран, үрдүк бырыһыаны эрэннэрэрэ. Бааннар, үрдээбитэ, 12-13 % үрдэтэр буоллахтарына, пирамидалар 50-100% дохуоту эрэннэрэллэр. Иккиһинэн, ити үрдүк дохуоту эрэннэрэн баран, харчы угарга күһэйэллэрэ. Үһүс сүрүн бэлиэ — саҥаттан саҥа дьону киллэриэхтээххин диэн ирдииллэрэ.
“ФОНБЕТ” – ЫАРЫЫ саҥа көрүҥэ
“Фонбет” офиһа Дьокуускайга элбэх. Бары куорат киинигэр тураллар. Ол аата элбэх киһи көрөр, сылдьар сирдэригэр. Бу тугуй? Туох дьиэтэй? Бу, доҕоттоор, спортка харчынан уксар сир. Сахалар, биһиги, ат сүүрдүүтүгэр уксары эрэ билэр этибит. Аны, сайдан, аан дойду спортивнай түһүлгэлэригэр барытыгар уксан эрэбит. “Биир массыына оонньооччулар аннара биэрэккэ хаайтарбыттар үһү!” – диэн бассаабынан ыһыах саҕана сурах кэлээччи дии. Чэ, аны төгүрүк сылы эргиччи маннык иһитиннэриини көрүөххэ сөп буолла.
Эдэр оҕолор бу фонбеттарга күнүстэри-түүннэри сылдьаллар. Футбол, баскетбол, ММА уо.д.а. – эдэрдэр сөбүлүүр көрүҥнэрэ.
«ОЛОҔУМ БАРЫТА АЙГЫРААН ЭРЭР”
Аҕыйах хонуктааҕыта социальнай ситимҥэ 23-тээх уол суруйбутун таһаарабын:
“...Кэнники бириэмэҕэ олохпор “черная полоса” буола турар, биирдэ бэриллибит олохпор тугу да ситиһимээри гынным. Ити спорт ставкатыгар күүскэ ыллараммын, тугу да суох хааллым... Аҕыйах хонук иһигэр 100 тыһ. солк. умайда, барытын аахтахха, 400 тыһ. буолуо. Ааспыт сыл устудьуонну сылдьан кредит ылбытым уонна 70 тыһ. халлааҥҥа ыыппытым. Үлэҕэ киирэн үлэлээбитим эрээри, хамнаһа быкаа буолан бырахпытым. Бу сайын ставка син харчы биэрэр этэ. Биир күҥҥэ 20-50 тыһ. оҥорооччум. Биирдэ эмит 5 тыһ. умайдаҕына, «Чэ,*****» - диэччим… Онтон 20 тыһ. умайдым... төннөрөөрү 45 тыһ. уматтым. Онтон ыла биир да ставка ааспат буолла. Ыт атаҕын тутуу диэн бу эбит. Аймахтарбар олорор этим, дьиэм суох... биирдэ киэһэ пиибэлии олордохпуна дьонум көрөннөр үүрэн кэбистилэр... Дьиэ да суох, үлэ да суох, 77 кредит, кыыспын кытта араҕыстым, доҕотторум тэйдилэр, ньиэрбэ бүттэ, салҕыы хайдах буоларбын билбэппин... Кими даҕаны сордообокко, тахсан ыйанан кэбиһэрим дуу...»”
Бу маннык ис хоһоонноох сурук күннэтэ тахса турар. Оттон «Фонбет» туох да кыһалҕата суох үлэлии олорор. Лицензиялаах. Спортсменнар, улуу тренердэр бары оонньуу сырыттахтарына, быстар дьадаҥы саха оҕото бэйэтэ киирээхтээбититтэн сабан кэбиспэттэр!
Хомойуох иһин, ыаллар эбээлэрэ, ийэлэрэ кытта манан үлүһүйэллэр эбит.
Елизавета А:
«Ставка туһунан интэриниэтинэн билэбин. Икки оҕолоохпун, биир сиэннээхпин... кэргэним быраҕан барбыта... Үлэлиибин эрээри, харчым олох тиийбэт буолан, маннык ставкаларга оонньуур буоллум. Сороҕор сүүйээччим, ардыгар туга да суох хаалабын. Спорт прогноһун спортсменнар туруктарыттан билиэххин наада дииллэр эрээри, онтуката да суох син быһаарсаҕын. Кэнникинэн ыарыы курдук буолла! Наһаа үлүһүйбэтэх киһи... Билигин сүүйэ аҕай сылдьабын, тохтоохпуна умайар аакка барабын...”
Ыал эбээтин «Фонбетка» киирэн буллум. Киһи өйүгэр баппат. Нэһилиэнньэ, тыыннаах хаалар туһуттан, бары лохотрону барытын итэҕэйэр буолбут. Бу спортка уксар дьиэ иһэ толору эр дьон уонна... оҕолор. Ол эрээри дьахталлары көрөр хайдах эрэ...
ИС ДЬИҤЭ МАННЫК ЭБИТ...
Фонбет наркотиктан уратыта суох ыарыы. Эн бу хампаанньаҕа кырата 5-30 тыһ. солк. харчылаах тиийэҕин. Оонньуу саҕаланаатын кытта, харчыгын кимнээх кыайалларыгар, хас очукуону ылалларыгар, онлайн көрөн олорон уксаҕын. Кырдьык, киһини тардар, иҥсэлээх-оботтоох санааны уһугуннарар. Кыайдаххына, харчыҥ каартаҕар түһэр, хоттордоххуна – иэскэ ыйанаҕын. Хотторор түгэҥҥэр, укпут харчыгын төннөрөөрү, эбии харчы угаҕын.
УКСААЧЧЫЛАР БААЙДАРА БЭРТ ЭБИТ
Уксар, уксан сүүйтэрбит харчыларын төнүннэрэр туһуттан бу дьон бука бары мөлүйүөнүнэн кирэдьииттээхтэр, үлэлэриттэн тохтообуттар, төлөпүөннэрин ломбардка туттарбыттар, сорохтор букатын да уһаайбалаах дьиэни, массыынаны кытта ууран биэриэххэ диэри «бырахтараллар» үһү. Итинник чэпчэкитик аккаастанар баайдарын-дуолларын, ама, хара көлөһүннэрин тохпокко, эмиэ соннук чэпчэкитик мустахтара буолуо дуо?
САҤА ПИРАМИДА
Ааспыт ый саҕаланыыта Дьокуускай куоракка «Интерэкшн групп» ХЭУо саҥа суотабай төлөпүөнү, наушнигы, ноутбугу 50% чэпчэтэн атыылыыбын диэн, айдаан бөҕө тахсыбыта. Бу эмиэ ПИРАМИДА биир көрүҥэ. Тоҕо диэтэххэ, атыылаһааччы булгуччу үстэн аҕыйаҕа суох киһини булан аҕалыан наада этэ, оччоҕо эрэ сыаналаах тиэхиньикэ хаһаайына буолар.
Босхону үрдүнэн төлөпүөннэнэр туһунан биллэриинэн 400-кэ киһи кэлбититтэн, 300-һэ баҕалаах табаарыгар тиксибэтэх, харчытын даҕаны төннөрөр кыаҕа суох. Оттон тэрилтэ, үгэс курдук, туох да эппиэтинэскэ тардыллыбат. Онон үлэтин тохтото илик.
ТҮМҮК
Сокуон маннык угаайылары утары күүһэ суох. Онон уксааччы салгыы укса, кирэдьииккэ киирээччи салгыы кирэдьииккэ киирэ турар. Олоххутун харыстыыҥ, харчы кулута буолумаҥ, кэрэни-сырдыгы эрэ өрө тутуҥ диэн сүбэлиирбитигэр эрэ тиийэбит.