20.04.2023 | 16:00

Литературовед Варвара Окорокова: «Сэргэлээххэ поэтесса Варвара Потапова пааматынньыгын туруорсабыт»

Литературовед Варвара Окорокова:  «Сэргэлээххэ поэтесса Варвара Потапова пааматынньыгын туруорсабыт»
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Профессор Варвара Борисовна Окороковаҕа үөрэнэр дьолтон биһиги, суруналыыстыка салаатын устудьуоннара, маппыппыт. Саха салаатын устудьуоннара, литературнай үлэһит идэтин баһылааччылар кинини кытта алтыспыттарыгар, киниэхэ бэйэтигэр үөрэммиттэригэр ымсыырар эрэ кыахтаахпыт. Бу күннэргэ Варвара Борисовна 70 ытык сааһын томточчу туолла.

90-ча кинигэ ааптара, сөҕүмэр хорутуулаах үлэлээх учуонай, саха литературатын үөрэтиигэ,  ыччакка тиэрдиигэ сүҥкэн кылаатын киллэрэ сылдьар күөн туттар ытык киһибит Варвара Борисовна биһиги ыйытыыларбытыгар хоруйдаата:

 

– Варвара Борисовна, муус устар 12 күнүгэр, Юрий Гагарин космос куйаарыгар көппүт үөрүүлээх күнүгэр, күн сирин көрбүт эбиккин дии. Улуу куйаары уонна бэйэҕин ситимнии санааччыгын дуо?

Мин маҥнайгы кылааска үөрэнэ сырыттахпына Юрий  Гагарин космоска көтөн,  улуу, улахан үөрүүлээх күн буолбута. Онон мин төрөөбүт күммүн ким да умнубат буолбута.

Дьүөгэлэрим билигин да космос кыыһа буолаҥҥын түргэҥҥин, кыайыгаскын дииллэр.

– Төрөппүттэриҥ туох-ханнык дьон этилэрий?

Дьонум тыа боростуой ыала буоллаҕа, бэйэтин кэмигэр халыҥ аймах этэ. Ийэм төрөппүттэригэр соҕотох оҕо буолан баран, аҕата тоҕус бырааттыы Макаровтар улаханнара, соҕотох кыра балтылаах, бары кыанар сэниэ дьон эбитэ үһү.

– Идэҕин таларгар туох төһүү буолбутай?

Маҥнай филологияҕа барар санаалааҕым, онтон саха тылыгар үлэлиир быдан кэскиллээх, суолталаах диэн өйдөбүл киирбитэ. Биир учуонай аймахпыт «ол тоҕо саха тылын салаатыгар киирэр, историяҕа, омук тылыгар, саатар нуучча тылыгар киирдин, үлэтэ суох сылдьыа” диэбит этэ.

Хата, сыыстарбатахпын, наһаа үчүгэй кэмҥэ үлэлээтим дии саныыбын. Уларыта тутуу кэмэ кэлэн, төрөөбүт тылга, култуураҕа болҕомто күүһүрэн, олус наадалаах дьон буола түспүппүт.

Онтон университекка үлэлиирбэр, 90-с сылларга, биһиги үөрэхпитигэр киирии куонкуруһа олус үрдүк этэ, омуннааһына суох кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбит оҕолор эрэ киирбиттэрэ. Онон үлэлииргэ наһаа үчүгэй, көх-күүрээн бөҕө буолара. Инньэ гынан сөптөөх кэмҥэ, сөптөөх миэстэҕэ сылдьыбытым, айбытым-туппутум, үлэлээбитим дьолум буолар.

– Литературоведение атын идэлэртэн уратытын, литература сайдыытыгар ураты суолтатын хайдах быһаарыаҥ этэй?

Бастаан тылы чинчийиини интэриэһиргээбитим. Онтон хайдах эрэ чункук дуу, оттон литература өрүү олох үөһүгэр сылдьар дии санаабытым. Бэйэм оннук эйэҕэс-сайаҕас, дьон ортотугар сылдьар майгым суох, ол эрээри өйбүнээҕэр иэйиибинэн олорорбун ордоробун быһыылаах.

Айымньынан, суруйааччынан үлүһүйэн хаалабын, тугу барытын умнабын. Оннук турунан туран үлэлээн барабын.

Литературоведение литература сайдар суолун ырыҥалыыр, ааспытын быһаарар, үгэстэрин, саҥаны арыйыытын ырытар. Онон литератураны үөрэтээччилэргэ, ааҕааччыларга, суруйааччыларга да наадалаах буолар.

– Үгүс элбэх матырыйаалы хаһыстаҕыҥ, булан үөрэттэҕиҥ дии. Олортон биири эмэ ордук чорбото тутаҕын дуо? Саамай уустуктук, саамай соһуччу булбутуҥ туох этэй? Ханнык суруйааччы айар үлэтин ордук умсугуйан үөрэппиккиний? Тус бэйэҥ сүрэххэр ордук дириҥник ылыммыт тиэмэҥ туох этэй?

Хотугу норуоттар литератураларынан интэриэһиргээбитим. Ол бэйэбэр соһуччу арыйыы буолбута. Наука соһуйууттан саҕаланар дииллэрэ – кырдьык!

Юкагир суруйааччыта Семён Курилов арамаанын сөбүлээн, үлүһүйэн үлэлээбитим. "Поэтика юкагирского романа" үлэм Арассыыйа куонкуруһугар 1-кы миэстэни ылбыта.

Саха классик суруйааччыларыгар үлэлэрдээхпин, кыргыттар поэзияларыгар суруйабын.

– Настаабынньыгым, уһуйааччым диэн кими ааттыыгын?

Научнай салайааччым – филологическай наука доктора, профессор Николай Николаевич Тобуроков. Кини мин үлэбин салайан, көрөн-истэн, өйөөн, учуонай оҥорбута.

Туйах хатарааччы баар дуу?

– Оттон үөрэнээччилэрдээхпин. Үлэлээн-хамнаан иһиэхтэрэ, баалларын биллэриэхтэрэ. Билигин саха литературоведениетыгар эдэр талааннаах учуонай элбэх – С.Е. Ноева, М.П. Попова, Л.П. Григорьева, Т.Н. Васильева уо.д.а. Олох саҥа хайысхаларга, тиэмэлэргэ үлэлииллэр.

Варвара Потапова айар үлэтин чинчийэр үлэм таҕыста. Үлэбитигэр араас хайысхаларга ылсабыт. Ол барыта түмүктээх буолар ини...

Устудьуоннары кытта быһаччы үлэлээн, үөрэтэн кэлбит киһи быһыытынан, билиҥҥи ыччат төрөөбүт литератураҕа сыһыанын туох дии саныыгын?

– Уопсайынан, саха ыччатын этэр буоллахха, балаһыанньа лаппа ыараата, аахпаттар. Ааҕааччы суох буоллаҕына, литература тууйуллар, суох буолар да буоллаҕа.

Аахпат буолуу билиҥҥи үйэ ыарыытыгар кубулуйда. Оттон биһиэхэ үөрэнэ кэлэр ыччаттар – дьиҥнээх патриоттар. Кинилэр төрөөбүт тылларын, литератураларын таптыыллар уонна олор сайдалларын туһугар олохторун анаан туран үлэлиир былааннаах буоллахтара. Онон биһиги киэн туттабыт.

Устудьуоннарбыт Дапсы, Г.Г. Филиппов, В.Н. Протодьяконов, С.Д. Егинова, Г.Г. Левин уо.д.а. аҕа көлүөнэ дьыалатын салҕыахтара диэн эрэнэбит.

Саха салаатыгар үөрэнэ кэлэр оҕолор таһымнара билигин хайдаҕый?

– Оҕолор таһымнара араас буоллаҕа. Чахчы бэлэмнэнэн кэлбит оҕолор бааллар, улахан сыала-соруга суох эбэтэр олох да мээнэ, алҕаска киирбит оҕолор эмиэ баар буолааччылар. Үөрэтээччигэ олору барыларын үөрэтэр, интэриэһиргэтэр, көхтөрүн күөдьүтэр, таһымнарын тэҥниир сыал турар. 

Сыллата төһө элбэх идэлээх исписэлиис уһуйуллан тахсарый?

– Араас хайысханан иитэн-үөрэтэн таһаарабыт – бакалавриат, специалитет, магистратура. Онон олох баһаам исписэлиис тахсар буоллаҕа.

 

Университет федеральнай таһымнаныаҕыттан саха салаатын үлэтэ төһө уларыйда дии саныыгын?

– Оттон ити үөһээ эппит хайысхаларынан үөрэтэбит. Онон оҕо туох интэриэстээҕинэн, хайдах таһымнааҕынан үөрэҕин бэйэтэ талар. Ол эбэтэр урукку "Саха салаата" араас ис хоһоонунан байда – наука, үөрэх, айар үлэ, тылбаас уо.д.а. Холобур, биһиги кафедрабытыгар "Литературнай творчество" диэн специалитет арыллан үлэлиир. Устудьуоннар айар үлэҕэ бэлэмнэнэллэр.

Эн санааҕар, литературнай кириитикэҕэ ылсар киһи тоҕо наһаа аҕыйаҕый?

– Литературнай кириитикэ диэн уустук, ыарахан эйгэ буоларын таһынан, манна ураты талааннаах, көрүүлээх, дириҥ билиилээх дьон үлэлиэхтэрин наада. Ол да буоллар манна анал үөрэх наада диибин.

 

«ВАРВАРА ПОТАПОВА. Сир, Халлаан силбэһэр сүдү ырыата»

(Саҥа кинигэ таҕыста)

Литературнай кириитик, литературовед, Саха Өрөспүүбүлүкэтин наукатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Үрдүк үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, филологическай наука доктора, профессор, П.А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Варвара Борисовна Окорокова муус устар 18 күнүгэр үөһэттэн айдарыылаах, этиттэриилээх, дьиҥ талааннаах, ураты көрүүлээх, көҥүл тыыннаах саха бастакы поэт кыыһа Варвара Потапова туһунан “Варвара Потапова. Сир, Халлаан силбэһэр сүдү ырыата” диэн саҥа кинигэтин сүрэхтэниитэ СӨ Национальнай библиотекатын историческай саалатыгар буолан ааста.

 

Ааптар В.Б. Окорокова бу кинигэҕэ Варвара Потапова уустук дьылҕатын, поэт буолбут аналын, суолун анаарар уонна кини айар истиилин уратыларын, поэзиятын суолтатын ырытар, чинчийэр:

– Биһиги Варвара Потаповаҕа үлэлээбиппит син ыраатта, бу үһүс кинигэбит таҕыста. Кини аатын билбэт саха ааҕааччыта суох. Бэрт кылгас кэмҥэ үлэлээн-айан ааспыт трагическай дьылҕалаах саха талааннаах поэта. Дьикти поэзиятынан ааҕааччыны абылаабыта да, сөхтөрбүтэ да. Варвара Потапова бэйэтэ отчут-масчыт, кыра дьонум туһугар охсуһабын диирэ. Ол курдук норуот хара маҥнайгыттан кини санаа оонньооһуннаах хоһооннорун сөбүлээн аахпыта, кини өйүн-санаатын бэйэтин дьылҕатыгар чугастык ылыммыта. Онон Варвара Потапова норуотун куолаһа буолбута, олох киэбэ уларыйыаҕын оччоттон билбитэ, өтө көрбүтэ.

Киниэхэ интэриэс бүгүн даҕаны уҕараабат. Өссө да үөрэтиэхпит, чинчийиэхпит, ырытыахпыт турдаҕа. Аҥаардас ол да иһин Варвара Потаповаҕа Сэргэлээххэ пааматынньык туруоруохха наада. Кини устудьуонуу сылдьан, эдэркээн сааһыгар сүрүн программнай хоһооннорун суруйбута. Ити Иисуһу Иуда таҥнарбыта диэн күн аайы кэпсииллэр, оннук курдук бу биһигиттэн эмиэ наһаа саллаллар, тоҕо күн аайы Варвара Потапова диэн тахсаҕытый диэн. Тоҕо диэтэххэ биһиги кинини наһаа таптыыбыт, эдэр ыччат киниэхэ сүгүрүйүөн уонна таптыан баҕарар. Учуонайдарга уонна суруйааччыларга кинигэ тахсыыта улахан ситиһии, урут тыһыынча ахсаанынан бэчээттэнэр эбит буоллахтарына, билигин судаарыстыба кинигэ тахсыытын өйөөбөтүн кэриэтэ. Холобура, бу кинигэбит тахсыытыгар эмиэ эрэйи көрдүбүт. Дьолго, “Офсет” кинигэ кыһатын салайааччыта Д.М. Скобелева наадалааҕынан дьарыктанарбытын өйдөөн, итэҕэйэн, наһаа көмөлөстө, авансанан таһаарда. Тахсыбытын кэннэ, атыылаатаххытына төлөһөөрүҥ диэбитэ биһиэхэ эрэ буолбакка, саха литературатыгар, норуот кэскилигэр улахан өйөбүл быһыытынан сыаналаныан наада.

 

Зоя Петровна Багынанова – Саха норуодунай артыыһа:

– Олус ытыктыыр, сүгүрүйэр киһим Варвара Потапова барахсан кэриэһигэр Варвара Борисовна үһүс кинигэтин таһаарбытыттан наһаа үөрдүм уонна долгуйдум.

Варвара Потапова аата хайдах сүтэн-симэлийэн барбыт кэмнэрин эмиэ өйдүүбүн. Аан бастаан Уйбаан Гоголев суруйбут пьесатыгар «Варвара Потапова үс хоһоонун киллэрэрбин көҥүллээ” диэн Уйбаантан көрдөһөн туран аахпытым. Мин оруолум хайдах эрэ олоҕор улаханнык табыллыбатах кыыс буолан, Потапова хоһоонноро барсар курдуктар этэ. Оччолорго Федора Егорова диэн талааннаах суруналыыс баар этэ, ол кини киэһэ төлөпүөннээн дьиэбэр эрийэн:

— Ити, эн, ким хоһооннорун аахтыҥ? - диэн ыйытта.

— Ити Варвара Потапова хоһоонноро, - диэтим.

— Ээ, ол иһин даҕаны... - диэн буолла.

Оннук бастаан соһуччу истии буолбута.

Онтон 1989 сыллаахха библиотекаҕа Леонид Попов, Савва Тарасов, Дапсы эҥин тэрийэннэр, элбэх баҕайы киһиэхэ Варвара Потапова хоһооннорун аахпытым. Ону кэргэним, режиссер Сөдүөт Потапов хоһоон ааҕар курдук ааҕыма, эн бэйэҥ дьылҕаҥ кэпсээнинэн Варвара Потапова дьылҕатын арыйыахтааххын, монолог курдук аах диэн сүбэлээбитэ. Онтуката дьэ табыллыбыта быһыылаах, баччааҥҥа диэри дьон сэргиир.

Онтон билигин “Күннээх халлааннар” өрө көтөҕөн күҥҥэ көтүппүттэригэр наһаа үөрэбин, махтанабын. Варвара Борисовнаҕа куруук этэбин, суруйааччылар дьоллоругар төрөөбүт киһигин диэн. Төһөлөөх элбэх суруйааччы, поэт айымньытын ырытан таһаарда. Холобур, Саха тыйаатырын айымньытын, артыыстарын туһунан маннык ырытар киһи суох. Билигин баарбыт, онтон мантан кэнники көрөөрү гыннахпытына эбэтэр кэннибитин хайыстахпытына – туох да суох, үлэлээбэтэх курдук буолабыт. Онон артыыстар суруйааччыларга ымсыырабыт да диэххэ сөп. Варвара Борисовна өссө да айа-тута уонна кириитикэлии, бэйэтин кэмин сыанабылын быһа турдун!

 

Андрей Саввич Саввинов – “Күннээх халлаан” түмсүү бэрэссэдээтэлэ, ХИФУ Философияҕа кафедратын сэбиэдиссэйэ, философия билимин доктора:

– Варвара Борисовна 90 монографияны суруйбутун сөҕүөххэ эрэ сөп. Кини бу кинигэни суруйбута мээнэҕэ буолбатах, кинилэр духуобунай эйгэлэрэ араа-бараа буолан, бэйэ-бэйэлэрин булсустахтара дии.

Варя оччолорго, дьахтар поэт диэн суох кэмигэр, бэйэтэ анаан-минээн баҕаран туран поэзия эйгэтигэр киирбит киһи. Саамай дьиктитэ диэн, оскуола да саҕана, устудьуон да буолбутун кэннэ, кэлин үлэлии да сылдьан ким даҕаны кини тылы наардаан, тылы сааһылаан суруйа олорорун көрбөт эбит. Туох да наһаа түргэнник суруйан күлүбүрэтэн кэбиһэрэ үһү. Бэйэтэ куруук тугу эрэ саныы, толкуйдуу, тугу эрэ буһара сылдьар курдук туруктаах буолар эбит.
Кини олорон ааспыт кэмин улугуруу кэмэ диэн ааттыыллар, кини ону сөбүлээбэккэ суруйарын иһин поэттар эрэ буолбатах, чугас дьонноро, дьүөгэлэрэ даҕаны Кутурҕан Куо диэн ааты биэрбиттэр. Варвара Потапова онтон олох өһүргэммэтэх...

Варвара Потапова өлбүтүн кэннэ дьон-сэргэ сыһыана тосту уларыйан киирэн барбыта. Айымньылаах үлэтин ааҕааччы бэйэтигэр чугаһатан, өйдөөбүт көстүүтэ дии саныыбын. Оннооҕор киниэхэ “Айыы тыл иччитэ” диэн ааты иҥэрбиттэрэ.

Бу саҥа кинигэҕэ ааптар наһаа үчүгэй ыйытыыны туруорар: “Варя дьоллоох этэ дуо?”- диир. Уонна, Алампаҕа сыһыаран, Алампа туһунан кинигэтигэр суруйбутугар ханыылыы, хоруй биэрэр – Төһө да дьылҕалара, олохторо уустугун, ыараханын иһин, үйэлэри уҥуордуур өлбөт-сүппэт айымньылары суруйан дьоллоох буолбуттара диир.

Саха аймахха былыр-былыргыттан ыллыыр-туойар киһини “дьолун тоҕо туойан кэбиспит” дииллэрэ. Бу – баар көстүү. Оттон философияҕа “диалектика всеобщего и особенного” диэн өйдөбүл баар. Ол аата дьоҥҥо-сэргэҕэ наһаа элбэх үтүөнү оҥорор, элбэх кыһалҕаны быһаарар киһи бэйэтин тус олоҕор хаһан да дьоллоох буолбат курдук.

Уопсайынан, дьол диэн өйдөбүл наһаа уустук, биир тылынан, биир этиинэн хабан эппэккин. Ааптар итиннэ болҕомтотун уурбута ааҕааччыга наһаа интэриэһинэй буолуоҕа дии саныыбын.

Бары бэркэ билэҕит, Варвара Потапова, дьиҥинэн, бэйэтэ көҕүлээн туран биллибит киһи. Суруйааччылары кытта бэйэтэ алтыһар этэ. Кэлин өйдөөн көрдөххө, дьиҥинэн, ханнык баҕарар айымньылаах киһи бэйэтэ эйгэлээх буолуохтаах, ону кини бэйэтэ тэриммит эбит. Ол аата бэйэтин кыаҕын, талаанын билинэр.

Варвара Потапова бэйэтин сыратынан эйгэтин тэринэн, өлбөт-сүппэт айымньыларын суруйан баран... Хомойуох иһин, оччотооҕу кэм-кэрдии ыарыыта баара – оҕуруктаах уодаһыннаах албын-көлдьүн ыарыы – арыгы иһиитэ. Ханнык да көрсүһүү, биэчэр арыгыта суох барбат  этэ. Кыыс киһиэхэ бу ыарыыны утары барар билигин даҕаны өссө ыарахан, Варвара ону кыайан утарыласпатаҕа. Кута-сүрэ онно тостубут эбит. Ол да иһин алтыспыт дьоно “бу биһиги, тыыннаахтар, талааны кыайан харыстаабатах эбиппит” диэн ис хоһоонноох суруйуулара тахсан кэлэллэр.

Кини уратыта – бөлүһүөк лирик. Норуот бөлүһүөк лирикка наадыйар буоллаҕына, ол аата олохпут ыарахан диэн буолар.

 

Наталья Ивановна Харлампьева – СӨ Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ:

Варвара Потапованы кытта элбэхтик тэҥҥэ сылдьыбыт, алтыспыт, бэйэ-бэйэбитигэр итэҕэйсибит дьоммут. Мин ол саҕана Маҕаҥҥа олордохпуна, Варвара миэхэ элбэхтик ыалдьыттыыра, олоҕун туһунан элбэҕи кэпсиир этэ. Бастакы билсиһиибит Белинскэй аатынан библиотекаҕа иккиэммитин ыҥыран көрсүһүү оҥорбуттарыгар буолбута. Кини биһикки иллэһиибит онтон саҕаламмыта. Онон Варвара Потапова туһунан сүрдээх элбэҕи билэбин – үчүгэйи да, соччото суох сыһыаны да... Ол гынан баран мин сааһырдым, 70-мун туоллум, кинигэ суруйдум. Онно ол билиибин суруйарым дуу, суруйбатым дуу диэн толкуйга түспүтүм... Ол эрэн Варвара Потапова аатын үрдүктүк тутар туһугар, кинини таҥнарбат туһугар, кини поэзиятынан эрэ сыаналанарын туһугар ол түгэннэри кэпсиэхпин баҕарбаппын. Ол туһунан “Саха поэзиятын Кыыс Ньургуна” диэн кинигэбэр суруйдум.

Уопсайынан, саха поэзиятыгар дьахталлар, кыргыттар киириилэрин туһунан этэр буоллахха, Варвара Борисовна Окорокова улахан үтүөлээх-өҥөлөөх киһи. Бары 90-ус сылларга күргүөмүнэн киирэр кэмнэригэр кини анаан-минээн дьахтар поэзиятыгар кинигэ суруйбута. Онтон оҥостон туран бу биирдиилээн, элбэх кыыс, дьахтар поэт туһунан кинигэлэри суруйан таһаарда. Ылан көрдөххө, чахчы ырытыылаах, ураты көрүүлээх, бэйэ-бэйэлэригэр маарыҥнаспат гына суруйар идэлээх.

Онон Варвара Борисовна үлэһит майгытыгар, дьоҕуругар, билиитигэр сүгүрүйэбин. Чахчы күрдьэн, ырытан, толкуйдаан үлэлиир киһи.

Биһиги, икки Сойуус буоламмыт, сорох түгэннэргэ тыл тылбытыгар киирсибэппит. Ол гынан баран, мин санаабар, кириитикэ, литературоведение бүгүҥҥү күннээҕи литератураҕа болҕомтотун уурар кэмэ кэллэ. Ол уурарыгар икки аҥы тардыспакка эрэ дьаһанарбыт буоллар диэн баҕа санаалаахпын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...