30.03.2023 | 14:00

Өлгөм үүнүү элбэх үлэни эрэйэр

Сааскы ылааҥы күннэри баттаһа, күннээҕи түбүктэн ордон, кэрэ аҥаардар ким иистэнэр, ким оҕуруот олордуутун саҕалыыр. Ханнык баҕарар үлэни өрө тутар дьонтон биирдэстэринэн Любовь Петровна Луковцева буолар.
Өлгөм үүнүү элбэх үлэни эрэйэр
Ааптар: Вера КАНАЕВА
Бөлөххө киир

– Любовь Петровна, быйыл Үлэ сыла, бу сылга эн тускунан кэпсииргэ сананным. Буҕаалтыр идэлээх далбар хотун иис, оҕуруот үлэтин барытын кыайа-хото тутаргын биһиги, таатталар, сөҕөбүт эрэ.

– Мин “Уйгу сирэ Уус Алдан” диэн ырыаҕа ылланар Уус Алдан оройуонун Танда бөһүөлэгэр 1950 сыллаахха төрөөбүтүм. Сэттэ бииргэ төрөөбүттэрбиттэн улаханнарабын. Оҕо сааспар медик буолуохпун баҕарарым. Медик буолаары, бэйэм укуол биэрэргэ үөрэнэн, уоппускаҕа барбыт сиэстэрэлэри солбуйарым. Аны холкуоска машинистка-кассирынан үлэлии сылдьыбыттааҕым. Ааҕар-суоттуур идэни сөбүлээммин, медик үлэтэ ыараханын өйдөөммүн, 1968  сыллаахха Тандам орто оскуолатын бүтэрэн баран, Дьокуускайга үп техникумугар баан буҕаалтырын бэлэмниир салааҕа үөрэммитим. Бу техникум тэриллиэҕиттэн билиҥҥэ диэри бастыҥ каадырдары бэлэмниир үөрэх кыһата. Сыллата үөрэххэ киирии куонкуруһа үрдүк. Бүтэрбит сылым күһүнүгэр Горнай оройуонугар Бэрдьигэстээххэ ананан үлэлии тиийбитим. Олоҕум анала Аркадий Луковцев диэн суоппар идэлээх Таатта уолун көрсөн, ыал буолан, Ытык Күөлгэ көһөн кэлбиппит. Ити 1974 сыллаахха этэ. Биэнсийэҕэ тахсыахпар диэри талан ылбыт идэбинэн бэриниилээхтик үлэлээн кэллим. Улуустааҕы үөрэх салаатыгар кассирынан саҕалаан баран, кылаабынай буҕаалтырга тиийэ үүммүтүм. Сыыйа култуура салаатыгар кылаабынайдаабытым, онтон РКЦ кылаабынай буҕаалтыры солбуйааччынан үлэлээн, үлэбин 2008 сыллаахха түмүктээбитим.

– Орто дойдуга киһиэхэ ийэттэн, аҕаттан күндү суох.        Төрөппүттэриҥ туһунан санаан ааһыахха эрэ.

– Аҕам Петр Васильевич Андросов Таатта Баайаҕатыттан төрүттээх. Аҕата репрессияҕа түбэһэн алта ый кыһалаҥ үлэҕэ уураахтанан баран, босхолоноро аҕыйах кэм хаалтын кэннэ хаайыыга өлбүт. Онон аҕам төгүрүк тулаайах хаалан, дьон сүбэтинэн ийэтин аймахтарыгар Уус Алдан Тандатыгар тиийэн киһи хара буолбута. Сүөһү-ас тутан, элбэх сиэннэнэн, хос сиэннэрин көрөн баран, 89 сааһыгар эмискэ суох буолбута. Аҕам барахсан хотуулаах үлэһит диэн ааттанара, булуус хаһара, мас мастыыра, илиинэн оттуура. Ийэбит өлөн эрдэ огдообо хаалбыта. Ыал улахана мин оччолорго 19 саастааҕым, икки кыра балыстарым дьыссаат дьоно этилэр, быраатым, үс балтым оскуолаҕа үөрэнэллэрэ. Ол кэми санаатахпына, билигин да уйадыйабын.

– Аҕаҕар бииргэ төрөөбүттэриҥ атахтарыгар туралларыгар көмөлөспүт сууйуллубат үтүөлээх киһи эбиккин. Билигин да балыстаргын, бырааккын түмэ сырыттаҕыҥ.

– Ийэни солбуйбут эдьиий буолабын, кыра балтыбыт ийэтин биһиги кэпсиирбитинэн эрэ билэр. Улахан балтым Анна атыыһыт, Хара Алдантан төрүттээх тырахтарыыс идэлээх Михаил Старостиҥҥа кэргэн тахсан, түөрт оҕолоохтор, ааттарын ааттатар сиэннэрдээхтэр. Соҕотох быраатым Василий тырахтарыыс, биэс оҕолоох, элбэх сиэннэрдээх. Кэргэнэ Наталья Сунтаартан төрүттээх, ааттаах иистэнньэҥ, Сунтаар улууһун норуотун маастара. Иккис балтым Марфа Танда орто оскуолатыгар саха тылын учуутала, кыыс оҕолоох. Эрдэ огдообо хаалбыта. Биир балтым Евдокия Илья Карамзинныын ыал буолан, Кэптэнигэ олороллор, түөрт оҕолоохтор, сиэннэрдээхтэр. Күтүөт тырахтарыыс, сүөһү-ас тутан, быр-бааччы олороллор. Саамай кыра балтым Варвара Рахлеева Таатта Уолбатыгар алын кылаастар учууталлара. Кэргэнэ Аркадийдыын түөрт оҕолоохтор, сиэннэрдээхтэр, оҕолор бары үлэһиттэр. Тыа ыалын сиэринэн сүөһү тутан, дэлэгэйдик олороллор. Быраатым, күтүөттэрим тыа сиригэр наадалаах тырахтарыыс идэтин баһылаан, үлэ бөҕө үлэлээбит дьон. Оҕолообут балыстарым, быраатым этэҥҥэ олороллоруттан ийэлии үөрэбин, астынабын.

– Бэйэҥ эмиэ Таатта биир сис ыала буоллуҥ.

– Олоҕум аргыһа Аркадий Иосифовичтыын 47 сыл олорбуппут, талбыт курдук икки уол, икки кыыс оҕоломмуппут. Кэргэним ЛТЦ-3 тэрилтэҕэ уу таһар массыынаҕа суоппардаан биэнсийэҕэ тахсыбыта. Улахан ыарыыттан эмискэ олохтон туораабыта. Оҕолор, күтүөттэр кытта бары өбүгэлэрин утумнаан, кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ үөрэнэн, иискэ-ууска сыстаҕастар. Улахан уол Петр уус идэлээх, саха быһаҕын, норуот туттар табаарын оҥорор маастар. Өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа таһымнаах күрэстэр хас да төгүллээх кыайыылааҕа. Улахан кыыс Александра Айылҕа харыстабылын министиэристибэтигэр тутаах үлэһит. Кыра уол Иосиф эмиэ бэйэтэ дьарыктаах, кыра кыыс  Екатерина Дьокуускай куорат 5 нүөмэрдээх оскуолатыгар алын кылаас учуутала.

– Луковцевтар тиэргэҥҥит нэһилиэккэ холобурга сылдьар. Туохтан саҕаламмытай?

– Ытык Күөлгэ көһөн кэлэн баран бастаан дьоммутун кытта олорбуппут. Биһигини таһынан өссө үс оҕолоох кэргэним эдьиийэ олороро. Ону ол диэбэккэ, дьоммутугар хоноһо-ыалдьыт бөҕө сылдьара. Сүрдээх муударай хотуннаах, аҕа кылыннаах буоламмын, бары олус эйэлээхтик олорбуппут. Биэс сыл буолан баран үлэбитинэн уопсай дьиэҕэ кыбартыыра ылан, туспа барбыппыт. Сотору эһэбит Иосиф Захарович уһаайба көрөн биэрэн, төҥүргэһин барытын ыраастаан, сирин тэҥнээн, мас суулларан, үлэ бөҕөтүн көрсөн, 1989 сыллаахха дьиэ туттан киирбиппит. Эһэбит оҕонньор сөптөөх уһаайба булан, баччааҥҥа диэри ууга барбакка этэҥҥэ олоробут. Хаһаайыстыбабытын кыраттан саҕалаатахпыт дии. Оҕуруоппут сирин, тэпилииссэ буорун матасыыкылынан куулунан тиэйбиппит. Санаабытын ситэн хортуоппуй, оҕурсу, помидор олордон саҕалаабыппыт. Онтон сыл аайы эбэн, көрүҥүн дэлэтэн испиппит.

– Мас, сибэкки олордуутунан дьарыктанаҕыт. Туох санааттан үүннэрэн саҕалаабыккытый?

– Элбэх үүнүү элбэх үлэни эрэйэр. Ситиһиини бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһэн ылыахха сөп. Дьоммутун кытта бииргэ олорор кэммитигэр 1976 сыллаахха тэпилииссэ туттан, оҕурсуну үүннэрэн боруобалаабыппыт. Ол сайын элбэх оҕурсуну ылбыппыт. Иккис сылбытыгар аны помидорга холонон көрбүппүт. Эмиэ баһаамы хомуйбуппут. Оччолорго ыал барыта мальва, календула, космея сибэкки үүннэрэр, мин эмиэ хаалсыбатаҕым. Судургу сибэккилэр өлгөмнүк үүнэллэр. Бастакы олордуум дуоһуйууну аҕалбыта, онтон ыла сибэккинэн дьарыгырбытым. Дьиэ кэргэнинэн айылҕаҕа таҕыстахпытына, сөбүлүү көрбүт сибэккибин түөрэн аҕалан, олбуорбар олордорум. Билигин ол сиэмэлэрэ тэнийдилэр. Кылгас сайыҥҥа тиэргэниҥ дьэрэкээн сибэккинэн туолара дьикти, кэрэ көстүү. Холобур, сылгы ньургуһуна, сардаана, таҥара кийиитэ, купальница, венерин башмачок уо.д.а. сыллата тиэргэммитин симииллэр. Кэлин өр сыллаах садовай сибэккилэри олордон саҕалаабыппыт – ландыш, вечерница, лихнис, дицентра, дельфиниум араас дьүһүнэ, лилия, ромашка уо.д.а. Талахтары, мастары олордуубут тиэргэммититтэн мастары ыраастааһынтан саҕаламмыта. Бастаан хатыҥ, бэс, долохуна түөрэн аҕалан олордубуппут. Харахха быраҕыллар гына үүнэн иһэллэриттэн эрдийэн, сыл аайы рябина, черемуха, яблоня, облепиха эбэн испиппит. Отонноох үүнээйилэртэн моонньоҕон, биэ эмийэ, ирга, жимолость, уохта үүнэллэр. Клубниканы, дьэдьэни кыстатабын. Сайынын сиэннэр күннүүллэр. Саҥа сүүрээни киллэрэн, вишня, ежевика, рябинокизильник, роза ругоза олордобун. Ханнык баҕарар үүнээйини көрө үөрэннэххинэ, киһи уопутуран иһэр. Бэйэм элбэх сыллаах араас сибэккини олордорбун сөбүлүүбүн, сыллата бутоннара элбээн, уктара уһаан, хойдон иһэр.

– Элбэх үүнүү элбэх үлэни эрэйэр диэтиҥ. Эйиэхэ ким көмөлөһөрүй?

 – Бу сыллар усталарыгар уҥа илиим кэргэним этэ. Өрүс улахан таастарын аҕалан, туспа муннук оҥорбута. Таас тула алаас сибэккилэрэ быгаллар, онтон таастар быыстарынан уу сүүрүгүрэр. Сайын аайы биир дойдулаахтарбыт тиэргэммитигэр экскурсиялыы кэлэллэр, хаартыскаҕа түһэллэр. Сайын уу кутуутугар, отон, дьэдьэн хомуйуутугар сиэннэр хамаандалара көмө буолар, оҕолорум саас олордууга, күһүн хомуурга бириэмэлэрин аттарынан көмөлөһөллөр. Бары үүнүүбүтүн үллэстэбит.  Уһун кыһыҥҥа битэмиин хаһаанан, ким хайдах сииринэн, тугу буһарарынан астанабыт. Оттон «Таатта” хаһыат “Олоҕу хамсатар дьон” диэн серияҕа сүбэлэрбин мунньан, 70 сааспар кинигэ бэчээттээн үөрдүбүтэ. Улуустааҕы кииннэммит библиотекаҕа кинигэм сүрэхтэниитэ ыытыллыбыта. Түгэнинэн туһанан библиотекарь Светлана Семеновна Игнатьеваҕа махталбын тиэрдэбин. Манна даҕатан аҕыннахха, аҕабыт Петр Васильевич Андросов туһунан балтыларбын кытта “Үлэнэн киэргэйбит олох” диэн ахтыы кинигэни 2011 сыллаахха таһаартарбыппыт. Бу курдук үйэтитии үлэтинэн эмиэ дьарыктанабын.

– Любовь Петровна, итини сэргэ “Айылҕаана” ийэлэр, эбэлэр түмсүүлэригэр дьарыктаммытыҥ ыраатта.

– Дьарык киһини сатабылга үөрэтэр. Бириэмэни сатаан аттарар буолаҕын. Олорон хаалбакка, саастыылаахтаргын кытта түмсэн, туһалааҕы оҥоруу сааһыран истэххэ олус наадалаах. Кэргэммин кытта иккис сиэн уолбутун көрбүппүт, кийииппитин үөрэттэрбиппит. Ол саҕана, иллэҥ буоллум эрэ, ону-маны иистэммитэ буоларым. Ити курдук “Далбар эбэлэр” түмсүүлэригэр сылдьан саҕалаабытым. Кэлин, айылҕаҕа чаастатык сылдьарбыт иһин, түмсүүбүт аатын “Айылҕаана” диэн уларыппыппыт. Ол курдук, саас ньургуһун тахсыытыгар, сайын сардаана тыллыытыгар, Аммаҕа сөтүөҕэ, күһүн отоҥҥо, кыһын Алдаҥҥа сыалыһардааһыҥҥа сылдьарбыт. Үс сыл устата Баайаҕаҕа Моҕол Ураһа туоһун тигиитигэр үлэлээбиппит. “Алгыспыт” балаҕаныгар нэдиэлэҕэ биирдэ мустан тикпиппит. Ол тигэрбитигэр түмсүүбүтүгэр саҥа дьон эбиллибиттэрэ. Кэлин Хадаайы алааһыгар баар “Таатта” музейыгар Өксөкүлээх Өлөксөй балаҕаныгар туос түннүк, ороҥҥо тирии аас тэллэх, Баайаҕаҕа Мандар музейыгар аас тэллэх, онтон салгыы улахан алгыска туттуллар тирии олбохтору тигэн бэлэх ууннубут.

“Сатабыл” оҕону сайыннарар киин иһинэн үлэлиир уруһуй куруһуогар дьарыктаммыппыт уонча сыл буолла. Былырыын хартыына галереятыгар улахан быыстапкабыт тэриллибитэ. Элбэх маастар-кылааска сылдьан, эпоксиднай сымаланан, туойунан оҥоһуктары, холустаҕа хартыына оҥорон боруобалаатым. Уруһуйдуурбун сөбүлүүбүн ээ, оҕо сылдьан ымсыырбыт баҕа санаабын олоххо киллэрэбин.

– Күннэтэ түбүктээх, сибэкки дьарыктаах Любовь Петровна, үлэттэн саҕыллар ис хоһоонноох олоҕуҥ кэпсээнин иһин махтанабын. Кырдьыыга-сааһырыыга бэриммэккэ, күүстээх санааҕынан сөбүлүүр дьарыккынан дьарыктана олор, баай олохтон диэн баҕара хаалабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....