12.03.2022 | 16:30

Үлэтэ суох хаалар түгэҥҥэ

Үлэтэ суох хаалар түгэҥҥэ
Ааптар: Алина ЗАХАРОВА
Бөлөххө киир

Олохпут тыҥааһына үрдээтэ. Тэрилтэлэр сабыллар, ночоотторун аччата сатаан үлэһиттэрин ахсаанын сарбыйар да балаһыанньалара бүрүүкээтэ. Күүппэтэх өттүттэн үлэттэн уһуллуохха да сөп курдук.  Өскөтүн эн оннук быһыыга-майгыга түбэспит буоллаххына, тугу билиэхтээххиний? Холобура, ааҕыллыбыт харчыгын уонна үлэҥ киниискэтин эрэ ылан баран тахсан барарыҥ сөп дуо?

Туох докумуоннары ылар нааданый?

1. Үлэ киниискэтэ эбэтэр СТД-Р. Дуогабарга суруллар чыыһыла – бүтэһик үлэ күнэ. Оттон электроннай үлэ киниискэлээх гражданиҥҥа СТД-Р бэриллиэхтээх.

 

2. Медицинскэй киниискэ. Үлэлээх эрдэххинэ ирдэнэр медкөрүүнү тэрилтэ суотугар ааспыт да буоллаххына, ол сууматын төлүүр наадата суох.

 

3. Расчетнай илиис. Манна бүтэһик ыйга ааҕыллыбыт харчы, компенсация  (холобура, туһамматах уоппускаҥ) уонна тутуллубут суумалар ыйыллаллар.

 

4. Хамнас туһунан ыспыраапка (буола турар уонна икки кэлиҥҥи сыллааҕы чахчылар). Бу ыспыраапка (№182н формалаах ыспыраапка) саҥа киирэр үлэҕэ эбэтэр ФСС уорганнарыгар быстах кэмҥэ үлэтэ суох сылдьыы иһин босуобуйа оҥорторорго бэриллэр (хат уонна төрөөбүт дьахталларга эмиэ ирдэнэр).

 

5. Хамнас орто кээмэйин туһунан ыспыраапка. Бу ыспыраапка үлэтэ суох хаалыы иһин босуобуйа кээмэйин ааҕарга туһалаах.

 

6. Дохуот туһунан ыспыраапка. Бу ыспыраапка декларация биэрэргэ уонна вычет ыларга туһалаах.

Харчы боппуруоһа

Биллэн турар, хас биирдии үлэһиккэ тэрилтэттэн уурайарыгар төһө эрэ харчы көрүллэр. Маныаха туох баар харчы барыта уурайар күнү ааспакка ааҕыллыахтаах. Бу харчыга үлэлээбит күннэригэр ааҕыллыбыт хамнаһа, туһамматах уоппускатыгар көрүллэр компенсация киирсэр. Сорох түгэҥҥэ үлэһиккэ выходной босуобуйа көрүллэр.

Саас-сааһынан маннык:

 

– Ханнык баҕар төрүөтүнэн үлэттэн уурайар түгэҥҥэ, үлэһиккэ хамнаһын таһынан үлэлээбит сылларын тухары туһамматах уоппуска күннэрин иһин компенсация төлөнөрө булгуччулаах.

– Тэрилтэ сабыллар эбэтэр үлэһитин ахсаанын сарбыйар түгэнигэр – сүрүн төлөбүрдэри таһынан ыйдааҕы орто хамнас кээмэйдээх выходной босуобуйа төлөнөр.

 

– Иккис ыйын үлэ булбакка сылдьар үлэһиккэ ыйдааҕы орто хамнаһа кээмэйдээх босуобуйа иккис ыйыгар эмиэ төлөнөр.

 

– Үлэтэ суох хаалбыта 14 күн иһигэр Дьарыктаах буолуу киинигэр учуокка турбут эрээри үлэ булбатах, ону таһынан иитимньилээх гражданиҥҥа ыйдааҕы орто хамнаһа үһүс ыйыгар эмиэ төлөнөр.

 

– Үлэтэ суох хаалбыта 30 хонук иһигэр бүлүтүөҥҥэ барбыт үлэһит тэрилтэтигэр больничнай төлөтөр туһунан сайабылыанньа суруйар бырааптаах.

 

– Үөһэ этиллибитин курдук, көрүллэр харчы барыта үлэттэн уурайар күнү ааспакка ааҕыллыахтаах. Ирдэнэр ыспыраапкалар эмиэ.

 

– Үлэтэ суох хаалбыт киһи Дьарыктаах буолуу киинигэр учуокка туран, үлэтэ суох босуобуйатын ылар бырааптаах.

 

Борогуул диэн тугуй?

Үчүгэй үлэ миэстэтэ урут даҕаны былдьаһык этэ. Кэлиҥҥи кэмҥэ өссө тыҥааһыннаныан сөп. Оттон үлэни биэрээччи харчытын кэмчилээн дуона да суох төрүөтүнэн үлэһиттэн «босхолонуон» сөп. Холобура, борогууллаабытыҥ иһин.

 

Өскөтүн эн тустаах үлэлиир миэстэҕэр 4 чаастан ордук биричиинэтэ суох кэлбэтиҥ да, ол аата эн борогуулсук буолаҕын.

Борогуулсук аатырартан кэккэ төрүөттэр эрэ быыһыахтарын сөп. Холобура, ыалдьыбыт, балыыһаҕа хаан туттара сылдьыбыт, суол хаарчаҕар түбэспит, оҕо көрбүт о.д.а. буоллаххына. Кыаллар буоллаҕына, итини барытын кумааҕынан бигэргэтэр ордук. Аҕалбыт кумааҕыларын салайааччыҥ син биир ылыммакка, үлэҕиттэн устубут, быыгабар суруйбут дуу, оттон эн ону кытта букатын сөпсөспөт буоллаххына, эһиги мөккүөргүтүн суут эрэ быһаарар кыахтаах.

 

Сокуон хараҕынан борогуул иһин үлэтэ суох хаалар төрүөттэр:

* Биричиинэтэ суох үлэҕэр тахсыбатаххына;

* Хас да күнү быһа сибээскэ тахсыбатаххына;

* Графигы тутуспакка уоппускаҕа бардаххына;

* Сайабылыанньа суруйбакка эрэ отгулга бардаххына;

* Салалтаны сэрэппэккэ эрэ үлэлээн тохтоотоххуна. Ол эрээри үлэни биэрээччи сокуон быһыытынан уоппуска эбэтэр отгул биэриэхтээх буоллаҕына, бу быраабыла тутуһуллубат. Холобура, хаан туттарбытыҥ иһин эбии сынньалаҥ күнүҥ эбэтэр оҕо төрөөтөҕүнэ көрүллэр төлөбүрэ суох уоппускаҥ тирээн кэлбит буоллаҕына.

* Дистанционнай үлэҕэ икки күнтэн ордук сибээскэ тахсыбат түгэҥҥэр.

 

Уоппускаҥ харчытын сөпкө аахтар

Үлэ-хамнас балаһыанньата ыараатаҕына, сорох тэрилтэлэр үлэһиттэрин «онуоха-маныаха» диэри уоппускаҕа ыытыахтарын сөп. Хас биирдии үлэһиккэ сылга аччаабыта 28 хонуктаах уоппуска диэн ааттаах сынньалаҥ көрүллэрин быһыытынан.

Бу уоппуска төлөбүрдээх, ол кээмэйэ үлэһит күннээҕи орто хамнаһын хас күннээх сынньалаҥы ылбытыгар төгүллээбиккэ тэҥнээх. Күннээҕи орто хамнас кээмэйэ бүтэһик 12 ый туругунан суоттанар. Үлэһит бу ааспыт 12 ыйга бүлүтүөҥҥэ, командировкаҕа сылдьыбыта, декреккэ олорбута эбэтэр материальнай көмө ылбыта хамнас орто кээмэйин суоттааһыҥҥа учуоттаммат. Оттон сылтан итэҕэс үлэлээбит түгэнигэр, чуолаан үлэҕэ тахсыбыт күнүттэн эрэ ааҕыллар. Онуоха бырааһынньыктан ураты күн барыта учуокка ылыллар.

Холобура, маннык ааҕыллар:

2022 сыл от ыйын 10 күнүттэн 28 күннээх уоппуска ылар буоллуҥ. Ыйдааҕы хамнаһыҥ кээмэйэ — 30 000 солкуобай.

Маныаха эйиэхэ ааспыт 12 ыйдаах хамнаһыҥ учуокка ылыллар, чуолаан 2021 сыл от ыйын 1 күнүттэн 2022 сыл бэс ыйын 30 күнүгэр диэри аахсыбыт хамнаһыҥ.

 

Ону суоттаан, күннээҕи орто хамнаскын таһаараллар:

 

30 000 солк. × 12 ый

12 ый × 29,3 хонук    =  1023,89 солк.

 

Бу аата үлэһит биир күннээх хамнаһа 1023,89 солк. тэҥнэстэ диэн суоттаан таһаардыбыт.

Оччотугар кини 28 хонуктаах уоппускатыгар 28 668, 92 солк. көрүллэр:

1023,89 солк. × 28 хонук = 28 668,92 солк.

Бэйэҥ тохтуур түгэҥҥэр

Сокуон быһыытынан, кэккэ түгэннэртэн уратыга, үлэттэн барар туһунан үлэһит икки нэдиэлэ инниттэн биллэриэхтээх. Бу икки нэдиэлэни сокуон «отработка» диэн ааттыыр.

 

Оттон «кэккэ түгэннэргэ» туох киирсэрий? РФ ТК 80 ыст. этэринэн, маннык үс түгэн баар:

 

1. Икки өрүттээх сөбүлэһии

Үлэни биэрээччи, үлэһитин балаһыанньатыгар киирэн, икки нэдиэлэни ирдээбэккэ сонно-тута ууратар кыахтаах.

 

2. Салгыы үлэлиир кыах суох буоллаҕына

Холобура, үлэһит күүскэ ыалдьар, атын сиргэ көспүт, күнүскү үөрэххэ киирбит, пиэнсийэҕэ тахсыбыт о.д.а. түгэнигэр.

 

3. Үлэһит бырааба кэһиллэр түгэнигэр

Холобура, хамнас кэмигэр төлөммөт, нуорманы таһынан үлэ бэриллэр буоллаҕына. Үлэһит быраабын кэһиини бигэргэтэр докумуоннардаах буолуохтаах.

 

* Үлэни биэрээччи «отработката» суох уурайар төрүөтү көрбөт түгэнигэр, үлэһит төлөнөр эбэтэр бэйэтин суотугар уоппуска көрдүөн, больничнайга барыан сөп.

 

Тэрилтэҥ суох буоллаҕына

Үөһэ официальнай тэрилтэҕэ үөскүүр түгэннэри ырыттыбыт. Оттон эн арай чааһынай тэрилтэҕэ үлэлиир уонна хамнаскын «кэмбиэргэ» ылар буол?

 

Маннык түгэҥҥэ үлэһит тугу сүтэрэрий?

 

1. Хайа баҕар түгэҥҥэ үлэтэ, хамнаһа суох хаалыахха сөп. Чааһынай тэрилтэ үлэһитэ хамнастан ураты төлөбүргэ дураһыйбат.

 

2. Кыра кээмэйдээх биэнсийэ. Официальнайа суох хамнаска усунуос ааҕыллыбат буолан, үлэ ыстааһа даҕаны, биэнсийэ коэффициена даҕаны эбиллибэт. Онон биэнсийэҕэ хойутаан тахсары таһынан, быыкаа биэнсийэни ылар куттал баар.

 

3. Больничнай лиис, декретнэй төлөбүр, уоппуска – барыта «ыраас» харчыга олоҕуран ааҕыллар. Холобура «кэмбиэргэ» төһө даҕаны 100 тыһ. солк. хамнастаах буол, үлэни биэрээччиҥ докумуонугар тиийинэн олоруу муҥутуур алын кээмэйэ сурулла сылдьар буоллаҕына, бары социальнай төлөбүрдэриҥ онно дьүөрэлии буолаллар.

 

4. Ыстырааптанар куттал баар. Хас биирдии дохуот аахсар гражданин судаарыстыбаҕа нолуок төлүөхтээх. Төлөөбөт түгэнигэр, төлөммөтөх НДФЛ уопсай сууматын 40% тиийэ ыстараап күүтэр.

 

5. «Нулевой» дохуот оҕоҕо аналлаах төлөбүрдэри ылары эмиэ атахтыыр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...