12.05.2022 | 11:30

Үһүөлэр... Үүт-үкчүлэр!

Үһүөлэр...  Үүт-үкчүлэр!
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Кинилэр тэбис-тэҥнэр. Умса тут, тиэрэ бырах. Биир киһи курдук: “Игирэ буолар – дьол! Үс буолар өссө үчүгэй!” – дииллэр Настя, Арина, Анита Соловьевалар.

Улаханнара – Настя: Аринаттан 1 мүнүүтэнэн, Анитаттан 2 мүнүүтэнэн эрдэ күн сирин көрбүт. Бастакы кылааска сиэттиспитинэн Саха гимназиятыгар киирбиттэр. Быйыл кыргыттар тутуспутунан тапталлаах оскуолаларын бүтэрэллэр. Аҕыйах күнүнэн тиһэх чуораан чугдаарыаҕа, БКЭ саҕаланыаҕа.

 

Айылҕа оҕолоро

2003 сыллаахха от ыйын 3 күнүгэр Степанида Саввична, Семен Реворьевич Соловьевтары Айыыһыт Хотун үс игирэ кыыһынан айхаллаабыта. “Таҥара бэлэҕэ, айылҕа оҕолоро”, – диир ийэлэрэ. Ыал улахан оҕото Саша – М.К. Аммосов аатынан ХИФУ медицинскэй институтун устудьуона. Саамай кыралара Лилиана Саха гимназиятыгар 5 кылааска үөрэнэр. “Бары кыргыттар. Сиэн кэлбитэ, эмиэ кыыс”, – диэн кэпсиир Степанида Саввична.

– Сорох дьон биир да оҕону көрөллөрүн ыарырҕаталлар. Оттон биһиги ийэлээх аҕабытыгар үс бүк көрүү-истии, түбүк буоллаҕа. Бары тапталга уйдаран улааппыт дьоллоохпут. Төрөппүттэрбитигэр махталбыт муҥура суох, – дииллэр кыргыттар. 

– Үчүгэйэ диэн кыраларыгар тэҥҥэ ыалдьыбаттар этэ. Бары уочаратынан кыраадыстара тахсара. Бастаан биир оҕо температуралыыра, онтон иккис, онтон – үһүс. Оннук нэдиэлэни быһа түүннэри утуйбат этибит. Хаамар саастарыгар, саамай көрүүлээх кэмнэригэр, кэргэним дьоно көмөлөспүттэрэ, – диэн кэпсиир ыал ийэтэ.

Билигин игирэлэр улаатан, дьиэ-уот үлэтин бэйэлэрэ үмүрүтэллэр. Ийэлээх аҕалара киэһэ үлэлэриттэн бэлэм аска кэлэллэр.

Соловьевтар дьиэ кэргэнинэн айылҕаҕа сынньаналларын туохтааҕар да ордороллор. Оҕолорун сахалыы иитэллэр, онон кыргыттар сиэри-туому тутуһарга, Ийэ айылҕаҕа ытыктабыллаахтык сыһыаннаһарга кыра эрдэхтэриттэн үөрэммиттэр. 

Дьиэ кэргэн сөбүлүүр бырааһынньыга – Саҥа дьыл. Онно төрөппүттэр кыргыттарга үһүөннэригэр тэҥ бэлэҕи оҥороллор. Оттон төрөөбүт күннэригэр – ким тугу баҕарарын. Аны туран, бииргэ төрөөбүттэр бэһиэн от ыйыгар төрөөбүттэр. Бары араак бэлиэлээхтэр.

 

Игирэ буолар хайдаҕый?

– Чуҥкуйар диэни билбэппит. Өрүү бииргэ сылдьабыт, бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөһөбүт. Аттыгар куруук ким эрэ баара наһаа үчүгэй.

Кыра эрдэхпититтэн атын дьон биһигини араарбаттар. Учууталларбыт билигин даҕаны балыйтараллар. Сорох бииргэ үөрэнэр доҕотторбут биир ыйынан арааран билэр буолбуттара. Ол эрээри сорохтор билиҥҥэ диэри саарбахтаан ылаллар, чуолаан тэҥник таҥнан тиийдэхпитинэ. “Настя дии санаабыппыт, Арина эбиккин!” – диэн соһуйаллар. Эбэтэр Анитаны Арина дииллэр. Ардыгар соҕотохтуу сырыттахпытына билбэт оҕолорбут пирибиэттэһэллэр, ону аҥаар кырыытыттан дорооболоһон иһэбит. Бутуйдулар быһыылаах диэн сэрэйэбит эрэ. 

Алын сүһүөх кылааска атын-атын ытарҕалаах буоларбыт, онон эрэ араараллара. Урут олох үүт-үкчү этибит, ол иһин миэстэбитин атастаһан дьээбэлэнэрбит. Ким да сэрэйбэт этэ (күлэллэр).   

Кыра эрдэхтэринэ төрөппүттэрэ барыларыгар биир тэҥ таҥаһы атыылаһаллара. Арыый улааталларын саҕана бэйэлэрэ билэллэринэн таҥнар-симэнэр буолбуттар. Онтон кэлин эмиэ уруккуларыгар төннөн, үүт-үкчү истииллэммиттэр. Дьиктитэ баар, биирдэстэрэ эрдэ туран бардаҕына да, иккис кыыс эмиэ оруобуна оннук таҥаһы талар эбит. Онон, сүбэлэспэккэ даҕаны, биири кэтэн бэйэлэрэ да соһуйаллар. Бэл диэтэр, түүллэрин кытта салҕаһаллар. Холобур, Анита түһээбитин сарсыныгар Настя салгыы көрөр. Аны туран, түүн тэҥҥэ баттаталлар. Дьэ, дьикти!     

– Биирдэстэрэ эмэ суох буоллаҕына, дьиэбит иһэ чуумпуран хаалар. Үһүөн түмсэ түстэхтэринэ, оргуйа, туола түһэр. Оҕолорбун сороҕор бэйэм да араарбаппын (күлэр). Холобур, тэҥ бэргэһэлээх турдахтарына эбэтэр борук-сорукка. Уҥуохтара кытта тэҥ соҕус.  1-дии эрэ сантиметр арыттаахтар, – диир игирэлэр ийэлэрэ.   

 

Оҕо саас умнуллубат түгэнэ

– Маҥнайгы учууталбыт Екатерина Васильевнаҕа махталбытын тиэрдэбит. Кини биһигини элбэх күрэххэ кытыннарбыта. Төрдүс кылааһы бүтэрэрбитигэр кылааһынан Кытайга баран кэлбиппит. Онно ыытыллыбыт куонкуруска кыттыбыппыт уонна лауреат аатын сүкпүппүт. Өссө үһүөн хомуска оонньообуппут уонна эмиэ лауреат буолбуппут. Ол саҕана Агния Спиридоновна Жирковаҕа дьарыктанар этибит. Кытайга сылдьыбыппытын билиҥҥэ диэри күндүтүк саныыбыт.    

Игирэлэр гимназия уопсастыбаннай, култуурунай уонна спортивнай олоҕор өрүү көхтөөхтөр, оскуола тэрээһиннэригэр мэлдьи кытталлар. Үһүөн 5 кылааска диэри харбааһынынан дьарыктаммыттар, 1-кы спортивнай разрядтаахтар, крольга улахан дьон 3-с разрядын толорбуттар. Ону таһынан Настялаах Анита саахымакка, дуобакка эмиэ разрядтаахтар. Кэлин Настя остуол тенниһигэр көспүт, оттон Арина сүүрүүнэн уонна хотугу многоборьенан үлүһүйбүт. Былырыын “Манчаары оонньууларыгар” ХИФУ чиэһин көмүскээбит. “Быйыл биир кэлим эксээмэннээхпит. Онон дьарыкпытын тохтоттубут”, – диэн кэпсээтилэр.

Бары гитараҕа уонна укулелеҕа оонньуу үөрэниэхтэрин баҕараллар. Билигин сатаан хомустууллар. Настя фортепианоҕа оонньуур. Арина уруһуйдуурун ордорор.

Кыргыттар киин куоракка сөбүлээн сылдьар сирдэрэ – паарка. Айылҕата кэрэ, салгына ыраас, маһа элбэх! Оҕо аймах үөрэрэ-көтөрө көрүөххэ олус үчүгэй! Игирэлэр куорат устун сатыы хаамарбытын ордоробут, ханна туох уларыйыы буола турарын бэлиэтии көрөбүт дииллэр.

Кыратык долгуйабыт...

Кыргыттар үһүөн өрүү “4” уонна “5” сыанаҕа үөрэнэллэр. Тохсус кылаас кэнниттэн арахсалларыгар Ариналаах Анита биир кылааска түбэспиттэр, оттон Настя атын кылааска барбыт. Бастаан утаа балтыларын суохтаабыт, муммут курдук санаммыт, перемена аайы Ариналаах Анита кылаастарыгар тиийэ турар эбит.

Настя: Мин история, социология хайысхалаах 11 “Б” кылааска үөрэнэбин. Кылааспытыгар 27-бит, үксэ – кыргыттар. Билигин биир кэлим эксээмэҥҥэ бэлэмнэнэ сылдьабыт. Мин базовай математиканы, нуучча тылын, историяны уонна обществознаниены туттарабын. 

Арина, Анита: Биһиги – 11 “В”-быт, техническэй уонна биологическай кылааспыт. 28-пыт: 15 уол, 13 кыыс. Арина базовай математиканы, нуучча тылын уонна литератураны туттарар, Анита – математиканы уонна нуучча тылын.

Бары: Биллэн турар, кыратык долгуйабыт, ол эрээри наһаа күүскэ буолбатах.

Кыргыттар ханнык үөрэххэ туттарсалларын эппэтилэр. БКЭ түмүгүттэн көрүөхпүт диэтилэр. “Саха киһитэ инники былаанын эрдэттэн кэпсии сылдьыбат”, – диэн ийэлэрэ эбэн биэрдэ. 

 

Биэс киһилээх интервьюбут үөрүү-көтүү аргыстаах түмүктэннэ. Кыргыттар күлэн-үөрэн, күө-дьаа кэпсээн-ипсээн, сэргэх дьон! Бу курдук өрүү бииргэ олох устун айаннааҥ! БКЭ-ни ситиһиилээхтик туттараргытыгар, талбыт үөрэххитигэр этэҥҥэ киирэргитигэр баҕара хаалабыт. 

Тэттик ыйытыктар

1.Ким ордук элбэх саҥалааҕый?
– Настя. 
2. Ким түргэний?
– Арина.
3. Ким бытааный?
– Анита. 
4. Ким асчытый?
– Анита.
5. Ким эрдэһитий?
– Арина.
6. Ким хойут турарый?
– Настя.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...