08.07.2022 | 12:00

Ленин проспегар үлэ тэтимнээхтик барар (репортаж)

Ленин проспегар үлэ тэтимнээхтик барар (репортаж)
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

От ыйын 5 күнүгэр киин куораппыт килбэйэр киинигэр тиийэн, Ленин проспегар ыытыллар үлэни-хамнаһы кэтээн көрдүбүт. Олус куйаас күн сатыылаан, үлэһиттэр үксүлэрэ сөрүүн түһэрин кэтэһэллэр диэн буолла. 

Бу күн Орджоникидзе болуоссатыттан Доҕордоһуу болуоссатыгар диэри кэрчиккэ уопсайа 26 үлэһит баарын туһунан иһитиннэрдилэр. Ону таһынан улахан кыамталаах тиэхиньикэ үлэлиир – самосвал массыыналар, грейдэрдэр, погрузчиктар. 
Санатан эттэххэ, Ленин проспегын хапытаалынай өрөмүөнүнэн «Дорстрой» ХЭТ дьарыктанар.
Орджоникидзе болуоссатыттан Ленин проспегар диэри суол «таҥаһа» барыта ууруллубут.
Бырабыыталыстыба дьиэтин ойоҕоһугар оптуобус тохтобула баһыттан атаҕар диэри хара буорунан бүрүллэн, каркааһа сууллан турара сөхтөрдө. Былаас үлэһиттэрэ бу хартыынаны күн аайы кабинеттарын түннүгүнэн көрө олорон туох дииллэрэ буолла? Биллэн турар, барыта уларыйыахтаах эрээри, бырабыыталыстыба дьиэтин «аатын ыытыан» кэриэтэ ситэри ылан кэбиһиэхтэрин.
Уу сүүрэр турбаларын номнуо уурталаан ырааппыттар. Мантан антах кыра да, улахан да ардахха ууга устан бүтэр инибит.
Үчүгэй көлүөһэлээх массыыналары суол суоҕа чаҕыппат. Сатыы дьон эмиэ: «Уонна хаһан?» - диэбиттии, суол хабыллар хаба ортотунан хаамсабыт.
Ленин пааматынньыга бүгүн-сарсын өрөмүөҥҥэ сабыллаары турар.
Бырайыак чэрчитинэн светофордар бары уларыйахтаахтар. Аммосов уулуссатыгар номнуо туруоран саҕалаабыттар.
Таҥас ыйыыр быа курдук намылыһан турар линиялары манна аны көрүө суохтаахпыт. Туох баар сибээс, оптоволокно ситимнэрэ, хаабыллар бары сир анныгар кистэниэхтээхтэр.
Дьоҕус погрузчиктар суолу быыстала суох тэҥнииллэр.
«Центральнай” киинэ тыйаатырын таһыгар светофор эмиэ үлэлээбэт. Кумах таас икки быыһынан суолу харса суох туоруубут, хата, массыыналар аһардаллар эбит.
«Ростелеком” дьиэтин иннэ барыта түөрэ хаһыллан сытар буолан, киһи ааһарыгар кэккэ уустуктардаах.
Бу суолунан хобулугунан ырааҕы хаампатыҥ чуолкай. Куоракка барааччылар атаххыт таҥаһын көрүнүөххүтүн наада.
Тротуары ууран саҕалаабыттар.
500-чэкэ маһы олордуохтаахтар, ол иһигэр аан бастаан сирень, акация, дьаабылыка курдук сонун мастары боруобалыахтара. Олордуунан 7 тыһ. кв/м кэриҥэ иэннээх сири толоруохтаахтар.
Олохтоох дьаһалта дьиэтин тэлгэһэтэ эмиэ тутуу матырыйаалынан «ыскылаатыгар» кубулуйан турар. Санатан эттэххэ, Ленин проспегын өрөмүөнэ «Хаачыстыбалаах айан суоллара” национальнай бырайыак иитинэн ыытыллар, Дьокуускай куоракка саамай улахан бырайыак.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...