Үлэни өрө тутан
Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй култуураҕа уонна спорка үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын бэрэссэдээтэлэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин спорка бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй култуураҕа уонна спорка үтүөлээх үлэһитэ Гаврил Гаврильевич Сивцев бу муус устар сааскы ылааҥы күннэригэр лоп-курдук үбүлүөйдээх 75 сааһын туолла.
Гаврил Чурапчы Маралаайы бөһүөлэгэр уон оҕолоох учуутал дьиэ кэргэҥҥэ үһүс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Кэлин ийэтэ Екатерина Сергеевна Морозова Герой ийэ үрдүк аатын ылбыта. Элбэх оҕолоох ыаллар оҕолорун үлэҕэ иитэн улаатыннараллар. Ол сиэринэн Сивцевтэр оҕолоро бэйэлэрин тып-тап курдук көрүнэллэрэ, бэрээдэктээхтэрэ, ыраас-чэбэр этилэр, дьиэ ис-тас үлэтигэр көмөлөсүһэллэрэ, дьиэтээҕи хаһаайыстыба көрүүтүн тулуппаттара.
«Таҥараһыт» сиэннэрэ
Сивцевтэр удьуор үлэһиттэр. Үтүө майгылаах, сытыары сымнаҕас аҕалара, эһэлэрэ Гаврил Николаевич учууталлаабыта, оскуолаҕа дириэктэрдээбитэ, сэбиэккэ бэрэссэдээтэллээбитэ. Мин оройуон комсомолун салайар кэммэр үөрэ-көтө көрсөрө, сүбэ-ама биэрэрэ, комсомольскай мунньахтар уураахтарын суруйарбытыгар көмөлөһөрө умнуллубат, махталлаах түгэннэр. Гаврил Гаврильевич үүт-үкчү аҕатын курдук.
Эмдэй-сэмдэй улаатан эрэр эһэ-эбэ оҕолоро саха төрүт дьарыгар уһуйуллубуттара. Уу Оҕустаах алааһыгар баар сайылыктарыгар эһэлэригэр сүөһү көрсөн, ынах ыан, оттоон сайылыыллара. Эһэлэрэ Николай Григорьевич сахаҕа улахан уҥуохтаах, дуоспуруннаах көрүҥнээх, элбэх саҥата суох, сиэннэрин мээнэ мөҕө-этэ сылдьыбат оҕонньор этэ. Саха төрүт дьарыгын өрө тутан, сүөһү, сылгы иитэрэ. Ыанар ынахтара эрдэ төрүүллэрэ уонна элбэх үүтү биэрэллэрэ, төрүөхтэрэ төрөлкөйдөрө. Уһаайба ото оттонуор диэри оту тэбистэрбэтэ, ходуһаларыттан от бөҕөтүн ылаллара. Эбэлэрэ Харытыана олус үлэһитинэн биллэрэ. Сайын, сахалар үгэстэринэн, ынахтарын күҥҥэ түөртэ ыыра. Үрүҥ аһы – арыыны, сүөгэйи, суораты, бутугаһы, быырпаҕы дэлэччи астыыра. Күһүөрү саҥа үүммүт ньэчимиэн, сэлиэһинэй бурдук туораҕын сиэннэрин батыһыннара сылдьан хомуйтаран, кэлиигэ үлтү сынньан, тыалга көтүтэн, суоруна тааска тардан, бурдугун кус кынатынан хомуйан ылан тиэстэ мэһийэн, сибээс тимиргэ көмүлүөк оһоххо лэппиэскэ буһарара. Саҥа мэлиллибит бурдуктан буспут лэппиэскэ итиитигэр сииргэ минньигэһэ эриэхсит буолара.
Сиипсэптэри Мугудайга төрдүлэрин-уустарын «таҥараһыттарынан” билинэллэр. Хос эһэлэрэ Таҥараһыт Киргиэлэй диэн аатынан биллэрэ. Эһэлэрэ Николай Григорьевич таҥараны итэҕэйэрэ, утуйаары сытан дьиэлэрин муннугар турар таҥара мэтириэтигэр үҥэн кириэс охсунан сапсынарын көрдөхтөрүнэ, сиэннэрэ куттанан куотан тахсаллара.
Спорка уһуйуллуу, тустууга категориялаах судьуйа
Ганя Мугудай оскуолатыгар ахсыс кылааһы бутэриэр диэри үөрэммитэ. Суоттуур предметтэри уонна физкультураны сөбүлүүрэ. Кыра сааһыттан мэник-тэник, бэйэтин кыанар буолан, спордунан дьарыктанан улааппыта. Үһүс-төрдүс кылаастан Михаил Егорович Захаров салалтатынан көҥүл тустуунан дьарыктаммыта. Дириҥҥэ үөрэнээччилэр зонатааҕы күрэхтэһиилэригэр икки төгүл бастаабыта. Бэһис кылааска үөрэнэригэр тренерэ тустуу быраабылатыгар уонна тустууну судьуйалыырга үөрэппитэ. Ол түмүгэр оройуонугар улахан дьон күрэхтэһиилэрин судьуйалаабыта, спорткэмитиэт судьуйа категориятын иҥэрэн, дастабырыанньа туттарбыта спорка бастакы ситиһиитинэн буолар.
Оҕолорго улаханнык ытыктанар, оройуон уонна өрөспүүбүлүкэ таһымыгар волейболга олус тахсыылаахтык оонньуур аатырар волейболист убайдыы-бырааттыы Григорий Николаевич уонна Василий Николаевич Оконешниковтарга физкултуура уруогар үөрэммиттэ. Оскуола оҕолоро бары кинилэр курдук дэгиттэр сайдыылаах буолуохтарын баҕараллара. Инньэ гынан, Ганя Сивцев Григорий Николаевич Оконешниковы кумир оҥостон, эт-хаан өттүнэн сайдыылаах физкултуура учуутала буоларга тардыспыта.
Ганя Григорий Николаевиһы кытары сэттис кылаастан аармыйаҕа сулууспалыы барыар диэри ыкса алтыспыта. Сэттис кылааска оскуола комсомольскай ячейкатыгар спортивнай секторынан талыллыбыта. Маралаайы бөһүөлэгэр илин эҥэр оройуоннарга ханна да суох 20х10 миэтэрэ иэннээх спортивнай сааланы 1963 сыл күһүнүгэр үлэҕэ киллэрэргэ учууталлар, үөрэнээччилэр элбэх үлэни көрсүбүттэрэ.
Алаҕарга олорор абаҕатыгар көмөлөһө, Ганя алтыс кылааска атын оскуолаҕа тиийэн үөрэммитэ. Ол үөрэнэригэр дириэктэр Николай Михайлович Матвеевтан көҥүллэтэн оҕолору тустууга дьарыктаабыта. Тустууга дьарыктаммыт оҕолор оройуон күрэхтэһиитигэр кыттыбыттара. Сэттис кылаас үөрэнээччитэ Сергей Лыткин чөмпүйүөннээбитэ уонна Д.П. Коркин спортивнай оскуолатыгар ыҥырыллыбыта.
Куоркун иитиллээччитэ
Чурапчы орто оскуолатыгар тохсус кылааска үөрэнэ киирбитэ уонна тута Д.П. Коркиҥҥа эрчиллиитин саҕалаабыта. Оҕолор ортолоругар ССРС чөмпүйүөнэ Прокопий Шестаков кэнниттэн оройуоҥҥа иккитэ иккис миэстэлэммитэ. Амма, Таатта, Чурапчы үс оройуон хапсаҕайга күрэхтэһиилэригэр үһүс бириистээх миэстэлэммитэ.
Ганя интэринээккэ олорор кэмигэр элбэх тустуук уолаттары кытары алтыһара. Егор Пудов, Иосиф Колесов, Петр Жирков буоланнар биир хоско олорбуттара үтүө өйдөбүллэр. Бэйэтин ыйааһыныгар уһун, хатыҥыр уҥуохтаах, тэтиэнэх буолан, оскуола, оройуон таһымынан бэркэ тустубута. Бииргэ дьарыктаммыттартан Слава Карпов, Проня Шестаков, Коля Захаров – Сахаачча, Володя Андросов, Рома Неустроев, Сеня Морфунов, Петя Жирков уо.д.а. ССРС-ка, Арассыыйаҕа бастаталааннар, улуу тренер Дмитрий Петрович Коркин бастакы көлүөнэ биллиилээх тустууктара буола үүммүттэрэ. Кэлин өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх үлэһиттэринэн буолуталаабыттара. Оскуолаҕа производственнай үөрэхтээһини ааһаннар, Гаврил эксээмэнин ситиһиилээхтик туттаран, тракторист-машинист быраабын ылбыта.
1966 сыллаахха орто оскуоланы бүтэрэн, төрөөбүт-үөскээбит дойдутугар Калинин аатынан холхуоска аармыйаҕа барыар диэри биир сыл тырахтарыыстаабыта. Төрөппүттэригэр дьиэ тутталларыгар улахан көмөнү оҥорбута, ДТ-54 тыраахтарынан ойууртан мас тиэйэн, пилорамаҕа хайыттаран, лафеты, хаптаһыннары таһан, устуруустаан бэлэмнээбитэ. 1967 сыллаахха Тихоокеанскай флотка үс сыл сулууспалаан, Ийэ дойдутугар ытык иэһин толорбута, холхуоһугар бурдук хомууругар комбайҥҥа таһаарыылаахтык үлэлээннэр, убаһанан бириэмийэлэммиттэрэ.
Олоҕо түстэммит Хабаровскай
1972 с. Хабаровскайга физкултуура уонна спорт институтугар туттарсан киирэн «Кафедра спортивных игр» диэн волейбол отделениетыгар үөрэммитэ. Институкка үөрэнэр сылларыгар олоҕун доҕорун, дьолун көрсүбүтэ. Култуура институтугар үөрэнэр Горнай оройуонун Мытаах нэһилиэгиттэн сылдьар Валентина Серафимовна Григорьевалыын харахтарынан хайҕаһан, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, 1974 сыллаахха олохторун холбооннор, ыал буолбуттара. Ол күһүн дойдуларыгар тиийэн сыбаайбалаан, Сивцевтэр диэн саҥа ыал тэриллибитэ. 1976 сыллаахха институтун бүтэрэн, Дьокуускай куоракка олохсуйан, кыыстаах, уол оҕолонон, түөрт сиэннэнэн, дьиэ-уот туттан, күн бүгүнүгэр диэри үлэлээн-хамсаан, дьоллоохтук-соргулаахтык олороллор. Валентина Серафимовна 49 сыл устата университет научнай библиотекатыгар библиотекарынан, библиотека дириэктэрин солбуйааччынан таһаарыылаахтык үлэлээн, «Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ» үрдүк аат иҥэриллибитэ.
Спорт эйгэтигэр
1976 сыллаахха Хабаровскайдааҕы физкултуура институтун ситиһиилээхтик бүтэрэн кэлбит эдэр исписэлиис Гаврил Сивцев “Урожай” уобаластааҕы сэбиэтигэр спортивнай отдел сэбиэдиссэйинэн үлэтин саҕалаабыта. Бэрэссэдээтэллэр Анатолий Петрович Стручков, Аркадий Михайлович Алексеев солбуйааччыларынан үлэлээбитэ. Москваҕа буолар Олимпийскай оонньуулары көрсө, ол иһигэр 1977, 1979, 1981, 1983 сылларга Манчаары Спартакиадалара үрдүк тэрээһиннээхтик ыытыллыыларын ситиспитэ.
Эрчимнээхтик, айымньылаахтык үлэлиир эдэр салайааччы Дьокуускай куорат Октябрьскайдааҕы оройуонугар спорткомитет бэрэссэдээтэлинэн өрө таһаарыллыбыта. 1983 сыл от ыйыттан былаас эстиэр диэри таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Биэс сыл устата Василий Сергеевич Долгунов бэрэссэдээтэллээх Октябрьскай райисполкома тэрийэн ыытар үлэлэригэр айымньылаахтык, көхтөөхтүк кыттыбыта. Тулагыга уонна Маҕаҥҥа спортивнай саалалар, куорат кыбаарталларыгар хоккей кортара, оҕо балаһааккалара тутуллубуттара. “Күөх хонууга” куорат олохтоохторо хайыһардыыр, хаҥкылыыр, ыраас салгыҥҥа сынньанар спортивнай комплекстара оҥоһуллубута.
Гаврил Гаврильевич тус бэйэтинэн сүүрэн-көтөн, 1985 сыллаахха тирии-атах таҥаһын комбинатын кытта кэпсэтэн, спортсменнарга аналлаах кроссовкалары, иис фабрикатыгар спортивнай туруусук тиктэриллэрин ситиспитэ. Үөрэнээччилэр, үлэ кэлэктииптэрин спартакиадалара көҕүлэммиттэрэ, волейбол кулууптарын хамаандалара, “СахаВА” тэриллибиттэрэ.
Профсойуус лидерэ
80-с сыллар бүтүүлэригэр – 90-с сыллар саҕаланыыларыгар сэбиэскэй былаас, партия эстэннэр, олох төрдүттэн уларыйбыта. Саҥа демократическай тыыннаах олох, атыы-тутуу кэмэ кэлбитэ. Тыа сирин үлэтигэр-хамнаһыгар, олоҕор-дьаһаҕар, Өрөспүүбүлүкэ спордугар, оройуон спордун салайыыга үөрүйэх Гаврил Гаврильевич Сивцев курдук каадырдар таах олорон биэрбэтэхтэрэ. Саҥа олоххо суолларын-иистэрин булуммуттара.
“Холбос” систиэмэтигэр киирэн, үлэ кэлэктииптэрин түмэр ураты суоллаах-иистээх тэрийээччи быһыытынан биллибитэ. Саха сиригэр физкултуурунай-спортивнай хамсааһын уһулуччулаах тэрийээччитэ уонна салайааччыта Афанасий Егорович Алексеевы кытары профсоюзка айымньылаахтык, көдьүүстээхтик үлэлээбитэ. Өрөспүүбүлүкэ идэлээх сойуустарын куоталаһыыларыгар бастаталаабыттара.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Госкомспордун бэрэссэдээтэлэ Михаил Дмитриевич Гуляев Арассыыйа физическэй култуураҕа уонна спорка үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Павел Алексеевич Рожковы кытта кэпсэтиилэрин түмүгүнэн Саха сиригэр физкултуура уонна спорт үлэһиттэрин идэлээх сойууһа тэриллэр буолбута. 2013 сыллаахха Дьокуускайга буолан ааспыт конференцияҕа улуустартан, оройуоннартан кэлбит дэлэгээттэр профсоюзнай үлэҕэ уопуттаах Гаврил Гаврильевич Сивцеви бэрэссэдээтэлинэн биир санаанан талбыттара.
Профсоюзнай үлэ кураанах миэстэттэн саҕаламмыта. Спорт министиэристибэтин кытта кэлэктиип дуогабара түһэрсиллибитэ. Үлэ харыстабыла, үлэһиттэр бырааптара, хамнас, дьарыктаах буолууну хааччыйыы, дойду Киин профсоюһун кытта ыкса ситими тутуһуу, актыыбы үөрэттэрии, ыччаты кытта үлэ – профсоюз ыытар үлэлэрин сүрүн хайысхаларынан буолбуттара.
Физическэй култуура уонна спорт министиэристибэтин иһинээҕи үлэ кэлэктииптэрин спартакиадатыгар үлэһиттэр кыттыылара сыллата үрдүү турар. Өрөспүүбүлүкэ үлэ кэлэктииптэрин идэлээх сойуустарын Спартакиадаларыгар 5000 диэри ахсааннаах кэлэктииптэр 2-с бөлөхтөрүгэр 2015 уонна 2019 сыллардаахха бастаталаабыттара, Улахан Кубоктарынан наҕараадаламмыттара.
“Үлэбитинэн уонна доҕордоһуубутунан Олоҥхо сирин уруйдуубут-айхаллыыбыт!” девизтээх Саха сирин уус-уран самодеятельнаһын III-с бэстибээлигэр бастаабыттара.
Самаан сайыны көрсөр Улуу Туймаада уйгу-тунах ыһыаҕар “Үс Хатыҥ” сиригэр уотугар Спорт министиэристибэтин уонна Идэлээх сойуустар профсоюз көҕүлээһиннэринэн үлэһиттэр сынньанар түһүлгэлэрэ оҥоһуллубута, Аар баҕах сэргэ туруоруллубута.
Кэм ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн, анал байыаннай дьайыы байыастарыгар материальнай, гуманитарнай көмө оҥоһуллар. Военкомат бэбиэскэтинэн ыҥырыллыбыт спорт үлэһиттэрэ атаарыллаллар. Министиэристибэ, профсоюзнай тэрилтэ уонна спортоскуола өртүлэриттэн үбүнэн-харчынан, таҥаһынан-сабынан күүс-көмө оҥоһуллар, дьиэ кэргэттэрин кытта ситим олохтонор.
Ытык иэстэрин толорон Сахаларын сиригэр этэҥҥэ эргиллэн кэлбит байыастар, ыччаты спорка уһуйуунан эрэ муҥурдаммакка, байыаннай-патриотическай иитиигэ болҕомтону күүһүрдэргэ сорудах, ыйыы-кэрдии ылаллар. Махтал Суруктар туттарыллаллар. Үлэ салҕанар.
Түгэнинэн туһанан, оскуолатааҕы сылларбыттан бэрт үчүгэйдик билэр аҕа табаарыспар, билигин биир эйгэҕэ үлэлии сылдьар үөлээннээхпэр, көлүөнэм киһитигэр, өйдүүрүм былаһын тухары үөрэ-көтө сылдьар, дьээбэлэнэрин сүрдээҕин сөбүлүүр, үгүс доҕордоох-атастаах, инники күөҥҥэ сылдьар, оччоттон баччааҥҥа диэри чугас дьонугар, доҕотторугар истиҥ сыһыаннаах Гаврил Гаврильевич Сивцевкэ үбүлүөйдээх 75 сааһын томточчу туолбутунан итии-истиҥ эҕэрдэбитин тиэрдэбит!
Бар дьонуҥ туһугар үлэлии-хамсыы сырыт диэммит алгыс маанытын аныыбыт!
Дьиэ кэргэҥҥэр дьоллоох-соргулаах олоҕу баҕарабыт!