22.09.2022 | 10:00

Үлэни, дьиэ кэргэни өрө-тутан – үйэ аҥаара бииргэ

Быйыл балаҕан ыйыгар Дьокуускайга Саха АССР 100 уонна киин куорат төрүттэммитэ 390 сылларыгар анаммыт «Трудовые династии города Якутска» кинигэ сүрэхтэммитэ. Кинигэни Саха сирин бэчээтин туйгуна Юрий Троев таһаарда, ааптар-хомуйааччы – Матрена Кондратьева.
Үлэни, дьиэ кэргэни өрө-тутан – үйэ аҥаара бииргэ
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Манна Дьокуускай куорат социальнай-экономическай, култуурунай, научнай сайдыытыгар сүдү кылааттарын киллэрбит ураты историялаах 25 дьиэ кэргэн киирдэ. Олор ортолоругар үйэ аҥаарыттан ордук бииргэ олорбут ыал, биэс кыыс амарах аҕата, эйэҕэс ийэтэ, элбэх сиэн, хос сиэн тапталлаах эһэтэ, эбэтэ Николай Еремеевич Павлов уонна Фаина Григорьевна Томская бааллар. Ыал аҕа баһылыга – тыа хаһаайыстыбатын наукаларын доктора, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет Өктөмнөөҕү филиалын агрономияҕа кафедратын профессора.

Николай Еремеевич, бастатан туран, «Трудовые династии города Якутска» кинигэҕэ киирбиккитинэн эҕэрдэ! Төрдүгүт-уускут, бэйэҕит тускутунан хаһыат ааҕааччыларыгар билиһиннэр эрэ.

Махтал, кинигэҕэ киирбиппититтэн наһаа үөрэбит, киэн туттабыт. Бэйэм Ньурба улууһун Өҥөлдьө сэлиэнньэтиттэн төрүттээхпин. Ийэлээх аҕам үйэлэрин тухары холкуоска илиилэрин араарбакка үлэлээбит дьон. Ийэм Анна Дмитриевна эрдэ, 1954 сыллаахха, олохтон туораабыта. Аҕам Еремей Никифорович Павлов Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр «Кыһыл сулус» холкуос бэрэссэдээтэлинэн үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Кини салайбыт сут, кураан, аччык дьылларыгар Өҥөлдьөҕө хоргуйууну таһаарбатах улахан өҥөлөөх. Билигин даҕаны нэһилиэк олохтоохторо кинини үтүө тылынан махтана ахталлар.

Кэргэним Фаина Григорьевна төрүттэрин туһунан кэпсиир буоллахха, Томскайдар диэн Бүлүү Кыадаҥдатыгар эмиэ улахан аҕа ууһа. Ити ууһу Ылдьаа Томскай диэн соҕурууттан көскө кэлбит киһи төрүттээбит. Фаина аҕата Григорий Васильевич Томскай, бырааска тэҥнээх билиилээх биэлсэр, 1936 сыллаахха медучилищены бүтэрбит. Кини Өлүөхүмэ оройуонун нэһилиэктэригэр барыларыгар, Бүлүүгэ биэлсэрдээн баран биэнсийэҕэ тахсыбыта. Үксүн Өлүөхүмэҕэ үлэлээбит буолан, кэргэним бэйэтин онтон төрүттээхпин дэнэр. Дьиҥнээх династия Томскайдар бааллар, Григорий Васильевиһы оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ утумнаан билигин уонча кэриҥэ быраас, ол иһигэр биһиги оҕолорбут, сиэннэрбит бааллар. Ол курдук,  Григорий Васильевич сыдьааннара нарколог, анестезиолог, хирург, рентгенолог, оҕо бырааһа, фтизиатр, икки наука хандьыдаата буоллулар.

Мин 1959 сыллаахха Өҥөлдьө аҕыс кылаастаах оскуолатын бүтэрэн баран, салгыы Марха орто оскуолатыгар үөрэммитим. Оскуоланы бүтэрэн баран оччолорго Райкомол сэкирэтээринэн үлэлии сылдьар Николай Иванович Харитонов-Чуор агитациятынан, «Оскуола-производство-үрдүк үөрэх кыһата» ыҥырыынан биэс уол, биэс кыыс буоламмыт «Коммунизм суола» холкуос Үөдэй нэһилиэгэр баар салаатыгар тахсан икки сыл үлэлээбиппит. Мин биир сыл ыанньыксыттаабытым, сайыныгар бостууктаабытым, онтон аармыйаҕа сулууспалыы барбытым. Үөдэйгэ тиийээппитин кытта, биһигини араас уопсастыбаннай үлэлэргэ кытыннаран барбыттара.  Миигин Табаарыстыы суут бэрэссэдээтэлинэн анаабыттара. Инньэ гынан киэһэ аайы дэриэбинэ бэрээдэгин көрөр этибит. Үөдэй дэриэбинэтин олохтоохторун туһунан наһаа ыраас, судургу, чиэһинэй дьон этэ диэн өйдөбүл хаалбыта. Аһара үчүгэйдик үлэлээбиппит. Онтон аармыйаҕа ыҥырыллан барбытым, лоп курдук үс сыл сулууспалаабытым. Оскуолаҕа үөрэнэр кэммэр химиянан, биологиянан умсугуйар буоламмын, аармыйа кэнниттэн Саха судаарыстыбаннай университетын биология-география салаатыгар үөрэнэ киирбитим, эһиилигэр эмиэ ити үөрэххэ киирбит Фаинаны кытта билсибитим.

Фаина Григорьевна, баһаалыста, хайдах билсибиккитин кэпсээ.

— Биһиги устудьуоннуу сылдьан уопсайга билсибиппит. Онтубут да көрүдьүөс – тирээпкэттэн сылтаан билсибиппит. Мин маҥнайгы кууруска саҥа киирэн сылдьарым, кини иккис куурус этэ. Биир күн эһиги, маҥнайгы куурустар, көрүдүөр муостатын сууйаҕыт диэн буолла, кыргыттар миигин эн сууй диэтилэр. Мин сөбүлэстим, ол эрэн аны тирээпкэбит суох эбит. Ону хантан эрэ көрдөһөн булуохтаахпын дии санаатым, бэйэм сытыы-хотуу кыыс этим. Манна даҕатан эттэххэ, уопсайым да хоһун улахан сэриинэн, дьаныардаахтык туруорсаммын ылбытым. Тирээпкэ ыйытаары, 117-с хоско тиийдим, уолаттар олорор хосторо эбит. Уларсан тахсан көрүдүөрбүн сууйдум, төттөрү биэрээри киирбитим, баарыыҥҥы уолаттар суохтар, арай соҕотох Коля олорор эбит. Саамай өйдөөн хаалбытым – күп-күөх ырбаахылаах уонна күп-күөх харахтаах. Хайдах эрэ кыбыстыбытым, симиктик баһыыбалаан баран таҕыстаҕым дии.

Николай Еремеевич билсиһиилэрин туһунан күлэ-үөрэ ситэрэн биэрэр:

Уолаттар биир үчүгэй баҕайы кыыс тирээпкэ уларсан таҕыста, билигин сотору киллэриэҕэ диэтилэр. Оччолорго мин комсомуол актыбыыһабын, аптарытыаттаах соҕуспун. Кыыс киирэн тахсыбытын кэнниттэн уолаттарбар тута ити кыыс миэнэ диэн мас-таас курдук этэн кэбистим. Олох бастакы көрүүттэн таптал этэ. Алтынньы 14 күнүгэр буолуохтаах маҥнайгы куурустары кытта көрсүһүү биэчэригэр ити кыыстыын булгуччу билсиһиэҕим диэн былаан бөҕөтө буоллум. Урут 10-с кылааска үөрэнэ сырыттахпына 5-с кылааска үөрэнэр шефтэһэр кыыһым баар этэ. Ол кыыс факультекка сэкирэтээринэн үлэлии киирбит.  Арай биэчэр буолла, аны ол кыыһым бүгүн миигинниин сырыт, биир да билэр киһим суох диэбитигэр кыһыйан өлө сыстым. Хайыамый, сөбүлэһэрбэр тиийдим, үҥкүүлүү сылдьаммын хараҕым кыыспыттан, Фаинаттан, арахпат.

 

Фаина Григорьевна:

— Көрдөхпүнэ, наһаа үчүгэй кыыһы кытта үҥкүүлүү сылдьар уонна миигин кынчарый да кынчарый. Мин куттанан бөҕө. Коля миигиттэн биэс сыл аҕа, үөрэххэ аармыйа кэнниттэн киирбит буолан, улахан киһи курдук толло көрөрүм. Арай, хараҕа сырдык буолан хайдах эрэ аҕабар майгыннаппытым.

 

Николай Еремеевич салгыы кэпсиир:

Ол кыыһы түргэн соҕустук атааран баран көрүдүөр устун төттөрү-таары ньиэрбинэйдии-ньиэрбинэйдии хаамыы да хаамыы. Арай көрбүтүм – кыыһым, Фаинам, биэс уол арыалдьыттаах бу утары иһэр. Кэнники билбитим, бииргэ үөрэнэр уолаттара эбит. Дьэ, мин онтон «сиидэлээн» тутан илдьэ хааллым уонна тыйаатырга икки билиэттээхпин, сарсын барсаҕын дуо диэн тута ыйытааччы буоллум. Кыыһым “билбэппин” диэтэ, мин буоллаҕына оччоҕуна барабыт диэтим. Онон тапталбыт саҕаланыыта итинник этэ (иккиэн күлэллэр).

Фаина Григорьевна:

— Ити иннинэ өссө биир көрүдьүөс түгэн буолла – факультекка комсомуол тэрилтэтин чилиэнэ буоларын быһыытынан Коля хоспутугар киирдэ уонна миигиттэн хаһыакка суруйтардыҥ дуо диэн ыйытта. Мин харчым суох диэтим. Онуоха киһим харчы иэс биэриэх буолла уонна бланканы толорон киирэн барда, киммин-туохпун, хантан сылдьарбын барытын сурунна. Ити мин туспунан билэ сатыыр быһыыта эбит (күлэр).

 

— Хайдах билсибиккитин үйэ аҥаара да аастар, бэҕэһээҥҥи курдук өйдүү сылдьаргыт наһаа үчүгэй дии. Аны удьуор утумун салҕааччылар – оҕолор, сиэннэр тустарынан кэпсэтиэххэ.

 

Николай Еремеевич:

Ыал буолан олорбуппут быйыл 54-с сылбыт. Биэс кыыстаахпыт, уон биэс сиэннээхпит, уон биир хос сиэннээхпит. Улахан хос сиэммит 17-гэр сылдьар, онон билигин баҕа санаабыт – хос-хос сиэни көрүү. Улахан кыыспыт Тимофеева Анна Николаевна Новосибирскайга үрдүк үөрэҕи бүтэрбитэ, экономист идэлээх. Билигин  «Прометей» тэрилтэҕэ экономист-бухгалтер. Иккис кууруска үөрэнэ сылдьан ыал буолбута. Кэргэнэ Константин Егорович Тимофеев «Сахаагропродукт» тэрилтэни тэрийэн, өр сыл үлэлээн баран, билигин биэнсийэҕэ тахсан, чааһынай тэрилтэ тэринэн үлэлиир.  Үс оҕолоохтор, хас даҕаны сиэннээхтэр. Улахан сиэммит «Россельхозбааҥҥа» үлэлиир. Иккис сиэн – МРТ бырааһа.

Иккис кыыспыт Сангаджиева Елена Николаевна – учуутал, үлэ бэтэрээнэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна. Интернациональнай дьиэ кэргэн, күтүөппүт  Сангаджиев Валерий Алексеевич омугунан калмык. Күтүөт 30-тан тахса сыл Баһаарынай сулууспаҕа үлэлээтэ, наҕараада, бэлиэ бөҕөлөөх. Түөрт оҕолоохтор, хас даҕаны сиэннээхтэр. Улахан кыыстара Санкт-Петербурга үрдүк үөрэҕи бүтэрээри сылдьар. Улахан уоллара үрдүк үөрэҕи бүтэрэн баран билигин вахтанан үлэлиир.

Биһигини утумнаабыт үһүс кыыспыт Сторожева Надежда Николаевна СГУ биология-география салаатын үөрэнэн бүтэрэн баран, биһигини кытта институкка үлэлээбитэ. Билигин Өктөмнөөҕү филиалга доцент, наука хандьыдаата. Өр сыл ирбэт тоҥҥо үүнээйи сиэмэтэ төһө өр сытарын үөрэтэн-чинчийэн кандидатскайын көмүскээбитэ. Кэргэнэ Сторожев Иннокентий Дмитриевич агроном үөрэхтээх, билигин фермердиир, сылгы иитиитинэн дьарыктанар. Кинилэр үс оҕолоохтор. Улахан кыыстара Өктөм оскуолатыгар учууталлыыр, эмиэ үс оҕолоох. Иккис сиэн кыыспыт эмиэ учуутал идэлээх, педколледж алын кылаастарыгар үөрэтэр, икки оҕолоох. Уоллара вахтаҕа үлэлии сылдьар, повардыыр.

Төрдүс кыыспыт Иванова Ксения Николаевна анестезиолог-быраас, Ийэ уонна оҕо саас киинигэр үлэлээбитэ ыраатта, үлэ бэтэрээнэ, биэнсийэҕэ тахсан баран үлэлии сылдьар. Икки оҕолоохтор, улахан уоллара үрдүк үөрэхтээх программист, кыыстара университекка медсиэстэрэҕэ үөрэнэр. Аҕалара Иванов Иннокентий Владимирович – нейрохирург, элбэх наҕараадалардаах, Дьокуускай куорат бочуоттаах олохтооҕо. 2-с №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаҕа олус өр үлэлээбитэ, онтон билигин саҥа аһыллыбыт Сүрэх-тымыр киинигэр уонна «Медицина катастроф» диэҥҥэ эмиэ үлэлиир. Сотору-сотору улуустарынан сылдьан эпэрээссийэлиир. Күтүөппүт олох сынньалаҥа суох, бырааһынньыгы, өрөбүлү билиммэт, үлэ үөһүгэр сылдьар киһи. 

Бэһис кыыспыт Охлопкова Александра Николаевна дьоппуон тыла уонна экономист үөрэхтээх, ол эрэн идэтинэн үлэлээбэтэ. Стилист-модельер быһыытынан дьарыгырар, билигин оҕолорун көрөн олорор. Үс оҕолоохтор, улаханнара Владивостокка устудьуоннуур, быйыл иккис куурус. Орто оҕо үһүс кылаас, кыралара быйыл саҥа оскуолаҕа киирдэ. Инньэ гынан кыыспыт отой иллэҥэ суох, быыһыгар иистэнэр, уруһуйдуур. Кэргэнэ Охлопков Павел Николаевич «Агора» бааҥҥа управляющай, бэйэтэ Питергэ үөрэммитэ, манна Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицейи туйгуннук үөрэнэн бүтэрбит киһи.

Оҕолорбутун кытта наһаа истиҥ, сылаас сыһыаннаахпыт, билигин наар биһиги баҕа санаабытын толоро сатыыллар. Ыал буолбуппут үйэ аҥаардаах үбүлүөйүнэн «Үйэлээх таптал» диэн наһаа үчүгэй, дьэрэкээн хаартыскалардаах сурунаал таһаартаран бэлэхтээбиттэрэ.

Иккиэн биолог идэлээх дьон – Николай Еремеевич уонна Фаина Григорьевна үйэлэрин тухары тутуспутунан биир тэрилтэҕэ үлэлээбиттэр, научнай үлэнэн дьарыктаммыттар.

Николай Еремеевич:

Бэйэлэрэ Өктөмҥө олорор эрээри  тоҕо киин куорат кинигэтигэр киирэн хааллылар диэн дьон соһуйуон сөп. Өктөмҥө Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет филиала аһыллыбыта. Онно ыҥыран таһаарбыттара, устудьуоннары үөрэтэргэ диэн. Билигин даҕаны үлэлии сылдьабын, үөрэтэбин. Биһиги Дьокуускайга оскуоланы бүтэриэхпититтэн, устудьуон сылларбытыттан олордубут, үлэбит, эдэр сааспыт күргүөмнээх күннэрэ барыта манна аастылар. Киин куоракка уопсайа 1966 сылтан 2002 сыллаахха диэри үс уокуругунан көһө сылдьан олорбуппут – Сэргэлээххэ, Сайсарыга, Оробуочай городокка. 

Тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтугар иккиэн отуттан тахса сыл үлэлээтибит. Иккиэн биир тиэмэни үөрэттибит, от селекциятынан дьарыктанныбыт. Алта суорду таһаарбыппытыттан түөрдэ Уһук Илиҥҥи региоҥҥа уонна атын регионнарга кытта оройуоннанна. Онон оройуоннаммыт түөрт суортаахпыт, кинилэри бэйэбит оҕолорбут кэриэтэ саныыр үлэбит. Саха сирин отторун үөрэтээри, улуустары, өрүстэри барытын кэрийдибит – Амманан, Сиинэнэн, Марханан уо.д.а. Хоту Русскай Устьеҕа, Үөһээ Дьааҥыга, Өймөкөөҥҥө, соҕуруу оройуоннарга Ленскэйгэ тиийэ сырыттыбыт.

 

— Бэйэҕит тус уопуккутуттан оҕо иитиитигэр туох сүбэ-соргу биэриэххитин сөбүй? Фаина Григорьевна, “ыал – ийэтинэн” дэнэр, онон эйигиттэн ыйытабын.

Иитиибит диэн отой сахалыы, бэйэбит холобурбутунан. Кыра эрдэхтэринэ биэс кыыспыт бары биһигини кытта сайын хонууга үлэлэһэллэрэ. Саас буолла даҕаны уопутунай хонууга баран хаалабыт. Бастаан стационарбыт, уопутунай хаһаайыстыбабыт Нөмүгүгэ этэ. Онно балаакканан, сорох дьыл ыалларынан олорон, оҕолорбутун илдьэ бары хонууга барарбыт. Оннук сайыны быһа бэйэбитин кытта сылдьаллара. Урут төрөөн баран «по уходу» диэн оҕону көрөр уоппускаҕа олорбот этибит, онон соһо сылдьарбыт. Үһүс кылаас кэнниттэн кыргыттарбыт биһиэхэ оробуочайынан үлэлиир, хамнастанар этилэр. Ол хамнастарынан күһүн таҥастарын-саптарын, оскуолаҕа туттар тээбириннэрин атыылаһаллара. 1990  сыллаахха научнай стационарбытын Аммаҕа Мээндиги диэн сиргэ көһөрбүппүт. Онно тиийэн дьиэ туттубуппут. Онно оҕолорбут, онтон билигин сайын сиэннэрбит, хос сиэннэрбит сынньаналлар. Бары бииргэ сылдьаллар, биир ыал оҕолорун курдук улааталлар. Кыралыын-улаханныын тутуспутунан үлэлииллэр, көмөлөһөллөр. Холобур, билигин бары хортуоппуй хостооһунугар сылдьаллар. Кыраларбыт моркуоп хостоотулар, билигин ону наардыыллар, таһаллар, оҥкучахха угаллар. Онон, саамай сүрүнэ – оҕону үлэнэн иитиэххэ наада.

Дьиэ кэргэнинэн туох үтүө үгэстэрдээххитий, иллэҥ кэмҥитин хайдах атаараҕыт?

Фаина Григорьевна кэпсиир:

Ыйын аайы биир күн мустабыт уонна ааспыт ыйга төрөөбүт күннээхтэрбитин эҕэрдэлиибит, кыра бырааһынньык тэрийэбит. Кыра сиэннэр ону эрэ күүтэн тахсаллар. Үчүгэй үөрэхтээх сиэннэрбитигэр бириэмийэ олохтоон эһэлэрэ харчы ыытар. Ити курдук кинилэри куоталаһыннарабыт, кыра кылаастар, үрдүкү кылаастар диэн араартаан. Сиэннэр онно баалларынан киирсэллэр. Бастаабыт киһиэхэ биир тыһыынча, иккис миэстэҕэ биэс мөһөөх солкуобайы аныыбыт. Алын кылаастарга туспа суумалаах күрэх, устудьуоннарбытыгар буоллаҕына ый аайы иккилии тыһыынчаны ыытабыт.

Иллэҥ кэммитигэр Николай Еремеевичтыын иккиэн музейдарга, тыйаатырга сылдьарбытын сөбүлүүбүт, биир да премьераны көтүтээччибит суох. Урут оҕолорбутун илдьэ сылдьарбыт, билигин иккиэйэҕин. Оҕолор кыраларыгар батыһаннаран, сүгэн-көтөҕөн параадка сылдьааччыбыт, билигин даҕаны киирэн көрөбүт, үөрэбит-көтөбүт.

Аны иккиэн сири-дойдуну кэрийэрбитин, айанныырбытын сөбүлүүбүт. Кытайга, Монголияҕа, Вьетнамҥа, Бурятияҕа сылдьыбыппыт. Билигин, кыанар эрдэхпитинэ, Орто Азияҕа уонна «Золотое кольцо России» айанныахпытын баҕарабыт.

Николай Еремеевич эдэрчи сылдьан Өлүөхүмэ Токотугар  баран бултуур этэ. Бэйэм «Эрэл» диэн эбээлэр кулууптарыгар сылдьабын, ансаамбыллаахпыт, онно хомустуубун. Кулууппутунан пандемия иннинэ сири-дойдуну элбэхтик кэрийбиппит. Ол курдук, Европа бастакы ыһыаҕар Сербияҕа баран кэлбиппит. Үс сыллааҕыта Болгарияҕа баран бэстибээлгэ кыттыбыппыт. Кулууппутунан скандинавскай хаамыынан, йоганан дьарыктанабыт, тугу тэрийэллэринэн барытыгар кыттыһан иһэбит. Иллэҥ кэммэр, көрдөстөхтөрүнэ, хос сиэннэрбин көрсөбүн.

 

— Үйэ аҥаарыттан ордук эйэ дэмнээхтик ыал буолан олорор дьон быһыытынан эдэр көлүөнэҕэ тугу сүбэлиэ этигитий, иллээх, дьоллоох дьиэ кэргэн кистэлэҥэ туохханый?

 

Фаина Григорьевна:

— Кылаабынайа – бэйэ-бэйэни убаастаһыы, өйдөһүү.

 

Николай Еремеевич ситэрэн биэрэр:

Биһиги үйэбит тухары куруук бииргэ сылдьабыт – күнүс буоллун, түүн буоллун. Үлэбит, интэриэспит – барыта биир. Онон үчүгэй. Сорохтор сөҕөөччүлэр, хайдах мэлдьи бииргэ сылдьаҕыт, хайдах салҕыбаккыт диэн.

 

Фаина Григорьевна:

Билигин кини Академияҕа үлэлии сылдьар, мин биэнсийэҕэ олоробун, ол эрэн туох буоларын, сонуну барытын миэхэ кэпсиир.

Гороскоп диэн баар дии, үгүс дьон онон көрөн бэйэ-бэйэлэригэр барсаллар-барсыбаттар диэн быһаараллар. Ону эһиги туох дии саныыгыт, гороскопкут барсар дуо?

 

Фаина Григорьевна:

Гороскоп диэни итэҕэйбэппит, тоҕо диэтэххэ биһиги гороскобунан отой барсыбаппыт уонна баччааҥҥа диэри өйдөһөн-өйөһөн олордубут. Сахалыы итэҕэлбитин тутуһабыт, дьоммутун холобур оҥостобут. Урут төрөппүттэрбит дьиэҕэ-уокка хаһан даҕаны улаханнык саҥарсыбаттара. Ийэм сөбүлээбэтэҕин хараҕынан көрдөрөөччү, хаһыытаабат-ыһыытаабат этэ. Сиэннэригэр, мин кыргыттарбар, сибигинэйэн этэр этэ. Мин эмиэ оҕолорбун, сиэннэрбин налыччы ииппитим, хата, хос сиэннэрбэр дорҕоонноохтук саҥарыах курдукпун, аралдьыйаллара элбэҕэ бэрт.

 

Николай Еремеевич:

Билиҥҥи оҕо наһаа элбэх информацияны ылар, аһара элбэҕи эрдэттэн билэр. Ити саҥа технологиялары, интэриниэти, төлөпүөнү кытта сибээстээх. Урут биһиги атын этибит, дьон сыһыана ыраас, судургу буолааччы. Билигин куһаҕан диэбэппит, ол гынан баран аныгы оҕолор олох атыттар. Холобур, биһиги урут кып-кыраттан үөрэр этибит, тойуу саахары уларсыһа сылдьан салыыр этибит. Билиҥҥи оҕоҕо планшет бэлэхтиибит, сырыы аайы баҕа санаата, ирдэбилэ улаатан иһэр курдук. Мин санаабар, киһи төһөнөн кыраттан үөрэр даҕаны, оччонон кини дьоллоох. Оҕолор тугу эмит көмөлөстөхтөрүнэ үөрэн-көтөн, тута махтанан иһиэххэ наада. Биһиги сиэннэрбит, бэйэбит суохпутуна кэлэн, дьиэбитин хомуйан бараллар. Онтон наһаа үөрэбит. Аны сиэннэр билигин бэйэлэрэ үлэһит дьон буоланнар төрөөбүт күммүтүгэр туспа бэлэх оҥорор буоллулар. Баҕа санаабытын этиэхпитин куттанабыт. Фаина пластинкаларбын истиэхпин баҕарабын диэбитигэр сиэннэрбит төрөөбүт күнүгэр проигрыватель бэлэхтээбиттэрэ. Баҕа санаабытын барытын толоро сатыыллар.

Түмүккэ, хаһыаппыт ааҕааччыларыгар уонна үбүлүөйдээх киин куораппытыгар баҕа санааларгыт?

Дьокуускайбыт наһаа тупсан иһэриттэн үөрэбит. Биһиги Өктөмтөн оннооҕор нэдиэлэ буола-буола киирдэхпитинэ сырыы аайы туох эрэ уларыйбыт буолар. Иккиэн тутуспутунан дьаарбайа сылдьаммыт былыргы мас дьиэлэрбитин ахта саныыбыт, манна оннук дьиэ, итиннэ маннык дьиэ турбута диэн санаан иһэбит. Сороҕор мунаары гынабыт. Билиҥҥи баһылыкпыт наһаа үчүгэйдик үлэлиир, сэргиибит, үөрэбит. Куораппыт үүнэ-сайда турдун, ыраас, элбэх үүнээйилээх буоллун.

«Киин куорат» эрэдээксийэтигэр ааҕааччыларгыт ахсааннара элбииригэр баҕарабыт. Ааҕааччыларга куораппыт сайдыытыгар туһалаах,  доруобай, чөл туруктаах буолалларыгар уонна, саамай кылаабынайа, дьиэ кэргэҥҥитигэр или-эйэни баҕарабыт. Эйэлээх дьиэ кэргэннээх киһи үлэтигэр да үөрэ-көтө барар, таһаарыылаахтык да үлэлиир

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....