07.11.2024 | 12:00

Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»

Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.

Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта.

Лена Семеновна Егорова эмиэ ол сылы, СВО саҕаламмыт кэмин, олус ыараханнык ахтар. Кини оччолорго Аллараа Халымаҕа улахан кыһалҕата суох этэҥҥэ олорор, онтон ол сыл соҕотох уола, кырата, хантараак баттаан, анал байыаннай дьайыыга барар, кэргэнэ табаһыттыы сылдьан сураҕа суох сүтэр. Онон улахан аймалҕаны көрсөн, Лена Семеновна куоракка көһөн кэлэн билигин манна олорор, анараа баар уолаттарга көмөлөһөр, манна баар ийэлэри кытта биир санаанан, биир сомоҕо буолан сүүрэллэр-көтөллөр, кыһалҕалаах дьоҥҥо көмөлөһөллөр.

– Оҕом А., 2002 сыллаахха тохсунньу ыйга Черскэйгэ икки кыыс кэнниттэн күүтүүлээх уол оҕонон күн сирин көрбүтэ. Дойдутугар тохсус кылааһы бүтэрэн баран, оҕо эрдэҕиттэн байыаннай буолар баҕалаах Мииринэйгэ кадетскай оскуолаҕа киирэн, 10-11 кылаастары ситиһиилээхтик бүтэрбитэ. Үөрэҕэр үчүгэйдик үөрэммитэ, спордунан утумнаахтык дьарыктаммыта, саахымакка эрчиллибитэ, искусство оскуолатыгар олус күүстээх преподавателлэр бааллар, онно музыкальнай оскуолаҕа гитара кылааһын бүтэрбитэ, барыга бары актыыбынай үөрэнээччи этэ. “Воскреснай церковнай оскуолаҕа” сылдьара, кэнсиэр аайы кыттара.

Оскуола кэннэ Омскайга авиационнай колледжка бастыҥ көрдөрүүлэээх туттарсан киирбитэ. Ол да буоллар байыаннай буолар баҕата баһыйан дойдутугар төннөн кэлбитэ уонна авиацияҕа эбэтэр байыаннай үөрэххэ барарбын кэлин быһаарыныам диэн 2021 сылга алтынньы ыйга аармыйаҕа барбыта. Ол тиийэн хайыы үйэ Украинаҕа барарга хантараак баттаабыт этэ. Аармыйаҕа барыан иннинэ ДОСААФка үөрэнэн массыына ыытар быраабы ылбыта. Ол курдук Амурскай уобаласка Белогорск куоракка байыаннай сибээс чааһыгар сулууспалаабыта.

2022 сыл олунньутугар анал байыаннай дьайыы саҕаланар. Уолбут ыам ыйыгар уоппускаҕа кэлэ сылдьан дойдутугар Черскэйгэ тиийэр уонна Украинаҕа барар. Онно Запорожье уобалаһыгар тиийбитэ. Онтон алтынньы ыйга бааһырыы ылан госпиталларга сыппыта, снаряд үлтүркэйдэрэ бөҕөтө иһигэр эҥин түһэн, уһуннук эмтэммитэ, уолаттара соһон таһаараары бүлгүнүн таһаарбыттар этэ, саатар бэйэтэ ыйааһыннаах, онто билигин да үчүгэйдик ситэри оһо илик. Онтон эмтэнэн баран манна кэлэн барбыта, ВВК “годен” диэн, салгыы сулууспалыы сылдьар. Онон СВО саҕаланыаҕыттан үһүс сылын анараа баар. Бэриллиэхтээх уоппускатын, атын да көмөнү барытын ылбыта.

Быйыл саас уоппускаҕа кэлэ сылдьыбыта. Биир үөрүүлээх сонуммут диэн госпитальга сытан биир кыыстыын билсэн, Белогорскайга саахсаламмыттара, кэлин, барыта оннугар түстэҕинэ, эйэлээх олох эргийдэҕинэ уруу тэрийиэхтээхпит. Кыыс эдэр, устудьуон. Онон оҕобутун күүтэр, эрэнэр киһитэ элбэх.

Улахан кыыһым манна куоракка ГАИ инспектора, иккис кыыс Москваҕа ЫБМ үөрэҕин кыһыл дипломунан бүтэрбитэ. Ону таһынан 4 оҕону эпиэкэҕэ иитэ сылдьабын. Оҕолорум бары оскуола үөрэнээччилэрэ, Дьокуускайга илдьэ кэлбитим, куораты олус сөбүлээтилэр. Бэйэм Черскэйгэ 17 сыл нэһилиэнньэ социальнай көмүскэллээх буолуутун салаатыгар араас дуоһунастарга үлэлээбитим, билигин биэнсийэбэр олоробун. Олоробун буолуо да, дьэ, уопсастыбаннай үлэнэн күн солото суох ийэлэри кытта дьарыктанабыт. Ол курдук, Ньургуяна Хоютанова, Светлана Диодорова-Лаврентьева, Марина Тимофеева, Николай Мочкин, Аркадий Николаев-Эрхан, юрист Айталыына Пудова буолан улахан түмсүүлээхпит, ийэлэри, улуустары кытта үлэлиибит.

2022 сыл биһиэхэ наһаа ыарахан этэ. СВО саҕаламмыта, уолбут бааһырыы ылбыта. Кэргэним Колымскай сэлиэнньэтигэр общинаҕа үлэлии сылдьан, ыстаадаттан 8-10 км ыраах мөлтөх суоллаах-иистээх сиргэ табалары маныы, көрө дьуһуурустубаҕа барбыта уонна... күн бүгүн да көстө илик. Бүтүн нэһилиэк дьоно көрдөспүтэ да, ууга тааһы бырахпыт курдук. Саатар сүппүтэ үһүс күнүгэр биирдэ биллэрбиттэрэ. Онон элбэх хаарыан бириэмэбитин сүтэрбиппит. Ол кэмнэргэ күүстээх буурҕа түспүтэ, хаар бөҕөтө этэ. Киһи мээнэ тиийбэт сирэ, өрүстэр, үрэхтэр, суола суох. Ити уола барбытын кэннэ этэ, онон ол курдук көрсүбэтэхтэрэ.

***

Оҕом туһунан кэпсиир буоллахха, кини хаһан да кыһалҕаҕа түбэспит киһини ааһа барбат, эбэһээт көмөлөһөр, ыйыталаһар, кырдьаҕастары аһара ааспат. Олоххо араас түгэн буолар, ким эрэ сиргэ охтубутун эҥин көрдөҕүнэ, хайаан да суһал көмөнү ыҥырар, ыарахан маллаах, суумкалаах киһиэхэ көмөлөһөр идэлээх.

Оскуолаҕа аптарытыатынан туһанара, наһаа үчүгэй доҕоттордоох, олус эйэлээх кылааска үөрэммитэ, билигин да бары олус билсэллэр, оҕобун сураһаллар. Кадетскай оскуолата генерал Трошев аатын сүгэр, кини аатынан мэтээл ылбыта. 11 кылааска үөрэнэ сырыттаҕына эдэр армеецтар слеттарыгар Анапаҕа баран турардаах. Киниэхэ улахан холобуру аҕата биэрбитэ. Аҕабыт Уссурийскайга ВДВ сулууспалаабыта. Эр киһи эттэ да оҥоруохтаах, олоххо киллэриэхтээх диэн этиини тутуһан олорбуттара. Ханнык да түгэҥҥэ киһилии хаачыстыбаларын сүтэрбэккэ, күүстээх, кыайыылаах буолуохха наада диэн аҕата үөрэтэрэ. Эбээлээх эһээлэрэ Андрюшкино сэлиэнньэҕэ олороллор, кинилэри кытта наһаа сылаас, истиҥ сыһыаннаах буолааччы, билигин сиэннэриттэн наар сонун кэтэһэллэр, онон эрэ олороллор диэххэ сөп. Эһээбит, мин аҕам аах, оҕолорго, бааһырбыттарга диэн хаста да балык ыытан тураллар.

Оҕом эһээтин, аҕатын кытта балыктыыра, оҕо сылдьан булка да сылдьара. Биирдэ эһээлэрин кытта тастыҥ быраата Никиталыын бултуу барбыттара. Ахсыс кылааска эҥин быһыылааҕа. Онно тиийэн Никита тииһэ ыалдьыбыт. Онуоха суукка аҥаара айаннаан, сатыы хааман дэриэбинэҕэ быраатын аҕалан баран аны эһээм соҕотох хаалла, хайаан да барабын диэн төннөн турардаах, эмиэ сатыы. Тыа оҕолоругар ол ыраах буолбатар да, айаныгар биир суукка барбыт этэ, онон син да тэйиччи сир буоллаҕа. Атын эбитэ буоллар, хонон баран сарсыныгар да барыа эбит, ону эһээтин санаан, ытыктаан, соҕотоҕун төттөрү барбыта эмиэ кыра да буоллар хорсун быһыы курдук билигин сыаналыыбын.

Анараа да барыларыгар көмөлөһөр, хорсун сырыыларга сылдьара буолуо диэн бүтэйдии эрэнэбин. “Воинская доблесть” диэн уонна Жуков аатынан мэтээллээх. Бэйэтэ элбэҕи кэпсээбэт, саҥарбат, барыта үчүгэй, этэҥҥэ эрэ диир. Уон күн сүтэрэн баран бэҕэһээ сибээскэ тахсыбыта (биһиги сэтинньи 2 күнүгэр кэпсэппиппит – Аапт.), сорудахха сырыттыбыт диир. Ол кэмҥэ биһиги, ийэлэр, төһөлөөх айманарбытын тустаах эрэ билэн эрдэҕэ.

Бэйэм сотору Москва нөҥүө оҕобун көрсүбүт киһи диэн бараары сылдьабын. Курскайга бааллар. Биллэн турар, гуманитарка, баһыылка, наадалаах мал-сал илдьэбин, баҕар, көрсүбэккэ да кэлиэхпин сөп.

Манна байыастарбытыгар көмөлөһөр баҕаттан бары да түүннэри-күнүстэри үлэлиибит. Уолаттар түүннэри эрийэллэр, эбэһээт эппиэттиибит, ону-маны көрдөһөллөр, аахсыйа оҥоробут-хайыыбыт. Сороҕор «ийэбэр билиэт, эмп-томп ыларыгар көмөлөһүҥ», «муус, мас наада буолла», «санаторийга сытара буоллар», «тугу эрэ атыылаһан ыытыахха наада диэн» о.д.а. көрдөһөллөрө элбэх. Биһиги хаһан да аккаастаабаппыт. Кыах баарынан, үүт-хайаҕас көстөрүнэн барыларыгар көмөлөһө, сүбэлии сатыыбыт. 

Мин Светлана Владимировналыын 2022 сылга билсиэхпиттэн бииргэ сылдьабыт. Маны барытын бэйэбит нөҥүө аһарабыт, сороҕор айманабыт, тэҥҥэ ытаһабыт, онтон эмиэ оҕолорбут тустарыгар диэн төбөбүтүн өрө көтөҕөбүт да, салгыы барабыт. Өйдөөбөт дьон баарыттан хомойобут эрэ, кинилэргэ өйдөтөн этэр да, быһаарар да күүс-кыах тиийбэт.

***

Оҕом бааһыран Новороссийскайга сыттаҕына, волонтер эр киһи алаадьы, сүөгэй, дьэдьэн илдьэн олус соһуппута. Төлөпүөн, бассаап күүһэ тэҥэ суох. Кимтэн эрэ, хантан эрэ истэн таҥас-сап,  ас-үөл аҕалбыттар этэ. Киһи бөҕөтө төлөпүөннээбитэ. Биһиги оччолорго тугу, хайдах гынарбытын билбэт да этибит. Билигин, онно холоотоххо, ханна эрийэрбитин, тугу гынарбытын чопчу билэбит. Психолог көмөтө олус наада эбит. Мин иккитэ сылдьан баран быдан бэттэх кэлбитим.

Оҕом позывнойа “Колыма” диэн, сотору 23 сааһын туолар. Бэйэтин сааһыгар холооно суох улааппыт, аҕамсыйбыт, дьоһумсуйбут. Дьиҥнээх эр киһи, буойун буолбут, бииргэ сылдьар доҕотторо, уолаттара бары даҕаны уларыйбыттар. Оҕом ылбыт наҕараадаларын мээнэҕэ биэрбэттэр буоллаҕа, 22 сааһыгар икки мэтээллээҕэ кини хорсун сырыыларын, дьиҥнээх буойун буоларын туоһулуур диэн испэр киэн туттабын.

Оҕолорбут билигин да бараллар. Онуоха ийэлэргэ сүбэлиэм этэ, күүстээх санааланыҥ, хайаан да оҕобут эргиллиэ диэн күүскэ эрэниҥ. Аймана сырыттахха, туох үчүгэйэ баар буолуой. Өйөбүл буолуохха наада. Кэпсэттэххэ да атыны саҥарбакка, мөхпөккө, сорох ийэлэр тоҕо барбыккыный, миэхэ олус ыарахан, көмөҥ суох эҥин дииллэр. Эр киһи буолан бэйэтэ быһаарыннаҕа, ону эн хайдах да уларыппаккын. Эн санаарҕыырыҥ, айманарыҥ киниэхэ көмөлөспөт, уолаттарбыт тустарыгар доруобуйабытын харыстыахха наада, кинилэр төннөн кэллэхтэринэ, улахан өйөбүл биһиги буолуохпут дии. Биллэн турар, ийэлэргэ, кэргэттэргэ, эдьиийдэргэ, балыстарга барыбытыгар ыарахан, онон бэйэ-бэйэбитин харыстаныахха диэн ыҥырабын.

Түгэнинэн туһанан Москва сахаволонтердарыгар, чуолаан Туяра Николаевна Константиноваҕа, Лена Афанасьевна Алексееваҕа улахан махталбын тиэрдэбин, кинилэр миэхэ улахан өйөбүл буолбуттара. Билигин да сибээскэ баарбыт, куруук сүбэ-ама буола олороллор.

 

Хаартыскалар:
дьоруой тус архыыбыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....