08.03.2024 | 18:00

Үлэ уонна үөрэх

Хайдах сөпкө дьүөрэлиибит?
Үлэ уонна үөрэх
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

Арассыыйа үөрэҕин министиэристибэтин чахчытынан, устудьуоннар 60 % үөрэҕи уонна үлэни тэҥҥэ дьүөрэлииллэр.

Биллэн турар, үгүстэрэ кэнэҕэски идэлэригэр сыһыана суох үлэлээхтэр. Үксүн официант, бариста эбэтэр атыыһыт-консультант быһыытынан харчылаһаллар. Ол эрээри харчы – харчынан, үөрэнэ-үөрэнэ үлэлиир дьоҥҥо бириэмэ тиийбэтэ, онтон сиэттэрэн стресскэ ыллараллара кистэл буолбатах. Маны хайдах суох гыныахха эбэтэр кыччатыахха сөбүй?

Үөрэнэр идэҕитигэр барсар үлэтэ була сатааҥ

Өскөтүн талбыт идэҕитин сөбүлээбит буоллаххытына, ону кытта сибээстээх вакансия буларгыт ордук. Эрдэ үлэҕэ киирдэххэ, карьераҕыт түргэнник тахсыаҕа, туһалаах дьону кытта билсиэххит уонна, саамай сүрүнэ – уопут ылыаххыт. Ону кытта үөрэххитигэр кыһалҕалардаах буоллаххытына (СРС иэстээххит эбэтэр пааралары көтүтэҕит), уһуйааччылар эһиэхэ утары барыахтарын сөп.

Бииргэ үөрэнэр оҕолоргутун кытта эйэлээх сыһыаны ыһыктымаҥ

Ордук пааралары көтүтэр буоллаххытына. Бииргэ үөрэнэр доҕотторгут  дьиэтээҕи сорудахтары этэн биэриэхтэрэ уонна ВУЗ сонуннарын үллэстиэхтэрэ. Ону таһынан кинилэри кытта бырайыактары, сорудахтары үллэстэн оҥорорго быдан чэпчэки. Ордук улаханнык көмөлөспүт дьоҥҥутугар махтанаргытын умнумаҥ!

Уонна бөлөххүт бассаап-чатын бэрэбиэркэлииргитин умнумаҥ! Туох баар сорудахтары, расписаниелары уонна сыаналаргытын кэтии сылдьыҥ. Арай бассаапка мээнэ-мээнэ кэпсэтии элбэх буоллаҕына, старостаҕытыгар сорудахтары ыытар туспа СРС-группаны тэрийэригэр этиитэ киллэриҥ.

Бэйэҕит кыаххытын учуоттааҥ

Бу ситиһиилээх соруктары туруорарга көмөлөһүөҕэ. Икки куобаҕы эккирэтэр хаһан баҕарар ыарахан, оттон эһиги саамай сүрүн соруккут – үөрэх. Онон быстах үлэҕэ тугу барытын уһулуччу үчүгэйдик оҥорорго дьулуһар, бэйэ иннигэр олус үрдүк таһымы туруорар наадата суох. Өссө биир сүбэ – дьоҥҥо аккаастыырга үөрэниҥ. Туохха барытыгар сөбүлэһэ сырыттахха, үлэттэн ордон, үөрэххит хаалар. Үгүс тэрилтэлэргэ толорута суох үлэ күнүгэр сылдьар кыах баар (ыстаапка аҥаара). Онон хара маҥнайгыттан үлэҕит графигын чопчулааҥ, холобура, өрөбүллэргэ эрэ үлэлиэххэ сөп.

Күннээҕи дьарыккытын испииһэктээҥ

Күн аайы тугу гыныахтааххытын уонна хас биирдии сорукка төһө бириэмэни ууруоххутун сөбүн сурунуҥ. Ити болдьохтору тутуһар уонна иэстэри мунньубат сыалтан оҥоһуллар. Ону тэҥэ күннээҕи эрэсиими тутуһарга кыһаллыҥ, чуолаан 23:00 чаастан хойутаабакка утуйа уонна биир кэмҥэ уһукта сатааҥ. Испииһэккэ сынньалаҥы киллэрэргитин умнумаҥ.

Уйулҕаҕыт туругун кэтии сылдьыҥ

Күүскэ сылайыы, апатия, депрессия туругар киирбэт туһугар кыһаныҥ. Маннык турукка киирбит киһини биир күннээх сынньалаҥ «эмтээбэт». Үлэ-үөрэх икки ардыгар сынньаныҥ, таһырдьа сибиэһэй салгыҥҥа күүлэйдээҥ, утуйуу, аһылык хаачыстыбатын тутуһуҥ.

Үөрэххэ үлэҕит, оттон үлэҕэ үөрэххит туһунан умнуҥ

Үөрэх кыһатын боруогун атыллаатыҥ эрэ, эн – устудьуоҥҥун; офис дьиэтигэр киирдиҥ, эн — тэрилтэ үлэһитэҕин. Бу бириэмэҕэ билигин баар соруктары оҥорорго дьулус. Оттон атын эйгэҕэр толорботох дьыалаларыҥ  туһунан толкуйдаама. Онуоха күннээҕи дьарыгыҥ испииһэгэ көмөлөһүөҕэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...