16.06.2022 | 09:00

Үлэ тохтообокко ыытыллар

Үлэ тохтообокко ыытыллар
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Уу турбаларын ыраастааһын саҕаланна

«Водоканал» АУо бэс ыйын 7 күнүттэн Дьокуускай куорат магистральнай ситимнэрин ыраастааһынын саҕалаабытын туһунан тэрилтэ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Онон куорат олохтоохторо ууну биэриигэ хааччахтар тустарынан “Водоканал” АУО анал сайтыгар эбэтэр тэрилтэ Telegram-ханаалыгар куруук билсэ туруохтарын сөп.

Санатар буоллахха, сайыҥҥы үс ыйга куорат ОДьКХ тэрилтэтин исписэлиистэрэ, тыйыс тымныылары көрсө, бары хаһаайыстыбаны, нэһилиэнньэ олоҕун-дьаһаҕын хааччыйар систиэмэ куттала, харгыһа суох үлэлиирин хааччыйыахтаах.

Куорат тымныы уутун хааччыйар систиэмэ үс анал чааска арахсар: магистральнай, кыбаартал иһинээҕи уонна дьиэ иһинээҕи систиэмэлэр. Хас биирдии салааҕа тус-туһунан тэрилтэ эппиэттиир. Ол курдук магистральнай ситимнэри үлэлэтиинэн уонна харайыынан “Водоканал” АУо дьарыктанар, кыбаартал иһинээҕи ситимнэргэ эппиэтинэһи транспортировщик-хампаанньалар сүгэллэр, ол эбэтэр итиинэн хааччыйар тэрилтэлэр. Оттон дьиэ иһинээҕи хаһаайыстыбаҕа салайар хампаанньалар, ТСЖ уонна да атын олорор дьиэни бас билээччилэр холбоһуктара эппиэттээх.

Бу үөһэ этиллибит ситимнэри ыраастааһын уонна дезинфекциялааһын – куорат олохтоохторун хаачыстыбалаах уунан хааччыйыы төрдө буолар. Үлэ ыытыллар кэмигэр ууну биэрии уһун кэмҥэ хааччахтаныан сөп. Бу барыта турбалары ыраастыыр, дезинфекциялыыр сыалтан ылыллар дьаһаллар. Онон үлэ үксүн түүҥҥү кэмҥэ ыытыллар.

Баһаары утары ураты эрэсиим олохтонно

Биир ый устата, бэс ыйын 7 күнүттэн от ыйын 7 күнүгэр диэри “Дьокуускай куорат” куорат уокуругун сиригэр-уотугар баһаары утары охсуһарга ураты эрэсиим олохтонно.

Бу кэм устата тыа хаһаайыстыбатын үлэтинэн дьарыктанар тырааныспартан ураты тимир көлө ойуурга, тыаҕа сылдьара, барара-кэлэрэ бобуллар. Ону таһынан, ойуур баһаарын сэрэтэр, баһаары утары үлэни ыытар тимир көлөлөртөн уратылар итиэннэ нэһилиэнньэ тыаҕа, ойуурга тахсыыта эмиэ хааччахтанар, тыаҕа, ойуурга сылдьар анал үлэһиттэртэн уратылар.

Территориальнай уорганнар управлениелара баҕа өттүнэн баһаарынай дружиналары бэлэмнииргэ, ыаллыы сытар территориялары ыраастааһын үлэтин күүһүрдэргэ, Дьокуускай куорат уокуруктарын кыраныыссаларыгар кураанах оту охсор үлэни күүһүрдэргэ сорудахтаннылар. Салайар хампаанньалар уонна олорор дьиэни бас билээччилэр табаарыстыбалара миэстэлэргэ уматык матырыйаалыттан, бытовой бөхтөн уонна хаппыт оттон ыраастыыр үлэни ыытыахтара. Бөҕү, хаппыт оту уматыы бобуулаах.

Гражданскай оборона, нэһилиэнньэни айылҕа уонна атын да ыксаллаах быһыыттан-майгыттан көмүскүүр, баһаартан сэрэхтээх буолууну хааччыйар управлениелара элбэх кыбартыыралаах уонна чааһынай дьиэлэр тастарыгар көҥүлэ суох турар гаражтар, контейнердар, кыладыапкалар, тэпилииссэлэр, олбуордар, баһаарынай тиэхиньикэ сырыытын мэһэйдииллэрин бэрэбиэркэлиэҕэ.

Гражданскай оборона, нэһилиэнньэни айылҕа уонна атын да ыксаллаах быһыыттан-майгыттан көмүскүүр, баһаартан сэрэхтээх буолууну хааччыйар управлениелар ойуур баһаарын сүрүн биричиинэлэрин  санаталлар:

– уоту сэрэҕэ суох туттуу;

– баһаарынай куттала суох буолуу быраабылатын кэһии;

– чаҕылҕан охсуута.

Өскөтүн ойуурга баһаартан чугас сылдьар буоллаххытына – чугас баар дьону суһаллык сэрэтиҥ, кутталлаах зонаттан тахсар наадатын этиҥ, баһаартан бэрт түргэнник куота охсуҥ, оннук кыаххыт суох буоллаҕына, ууга киириҥ эбэтэр инчэҕэй таҥаһынан саптыҥ, маныаха айаххытын, муннугутун маарыланан бэрэбээскилэниҥ эбэтэр тирээпкэнэн саба тутуҥ.

Кыра баһаар төлөнүн тиит лабааларынан быһыта охсуохха сөп, уу кутан, сииктээх буору ыһан, атаххытынан тэпсэн. Баһаары умуруорууга сэрэхтээх буолуҥ, суолтан ыраах барымаҥ, атын дьону хараххыт далыттан сүтэримэҥ, кинилэри көрө-истэ, улаханнык кэпсэтэн,  сибээһи тута сылдьыҥ.

Дьокуускай куорат ГО уонна ЫБМ управлениета 2022 сыл муус устар 30 күнүттэн Кангалаас микрооройуонугар баар нэһилиэнньэ маассабайдык сылдьар, сынньалаҥ сирдэринэн, Покровскай трагын 25 км, Табаҕа сэлиэнньэтин таһыгар, Намныыр суол 22 килэмиэтиригэр, (Дьокуускай – Нам хаҥас өттө), Покровскайдыыр суол 20 км (Дьокуускай – Покровскай суол уҥа өттүгэр) рейдэлэри ыытарын санатар.

Тыаҕа баһаартан сэрэхтээх буолуу миэрэлэрин тутуһуҥ: кулуһуну оттумаҥ, умуллубатах табах төрдүн, испиискэлэри быраҕымаҥ, кураанах оту уматымаҥ.

Ойуур баһаара буола турарын көрдөххүтүнэ, суһаллык бу нүөмэрдэргэ биллэриҥ:

- 101;

- биир кэлим дьуһуурунай-диспетчерскэй сулууспа: 32-22-30, 32-23-64, 32-23-69;

- быыһыыр сулууспа — 112.

Дьокуускай куорат ГО уонна ЫБМ управлениета куорат олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар ойуурга баһаартан куттал суох буолуутун быраабылатын кэһии иһин РФ КоАП 20.4 ыстатыйатын 2 чааһынан административнай ыстараап көрүллэрин санатар.

- гражданнарга 2000-тан 4000 солкуобайга диэри;

- дуоһунастаах дьоҥҥо 15 000 солкуобайтан 30 000 солкуобайга диэри;

- юридическай сирэйгэ – 200 000 солкуобайтан 400 000 солкуобайга  диэри.

Өрөмүөннэнэр суоллар рейтиннэрэ

2022 сылга Дьокуускайга 35 тыһыынча килэмиэтирдээх 28 саҥа уонна кэлин салгыы ыытыллар 3 эбийиэк оҥоһуллуохтаах.

Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата  өрөмүөннэнэр, тутуллар, тупсарыллар уонна хапытаалынай өрөмүөннэнэр суолларга оҥоһуллубут рейтини билиһиннэрэр.

Саамай уһун эбийиэгинэн Хатас сэлиэнньэтигэр баар элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр кыбаарталларыгар айан суолун тутуу буолар. 5 килэмиэтир уһуннаах суол бэс ыйын ортотуттан саҕаланан баран, алтынньы бүтэһигэр үлэҕэ киириэҕэ.

Саамай суолталаах уонна сыаналаах эбийиэгинэн Ленин проспегын өрөмүөнэ. Бу эбийиэк быйылгынан эрэ бүппэт, эһиил эмиэ үлэ салгыы ыытыллар уонна 2023 сыл бүтэһигэр олоххо киириэхтээх.

Күн бүгүн Дзержинскэй уулуссаттан Кулаковскай учаастагар диэри тротуар билиитэтэ гранитынан уларытыллар, кабель ханааллары сир анныгар угаллар, бу үлэ барыта быйыл түмүктэнэр.

Ленин проспегар Дзержинскэй уулуссатыттан Хабаров уулуссатыгар уонна Кулаковскайтан Краснояров уулуссатыгар диэри үлэ эһиил эмиэ ыытыллыаҕа.

Муниципальнай хантараагынан 3 сылга, 2021 сылтан 2023 сылга диэри оҥоһуллар үлэ 1,5 млрд солкуобайга тэҥнэһэр. Бу “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар” национальнай бырайыак иитинэн биир саамай баараҕай уонна сыаналаах үлэнэн биллэр.

Саамай ыраах сытар уулуссанан Кангалаас микрооройуонугар баар Нагорнай уулуссаны тупсаран оҥоруу  буолар. От ыйыгар — сири хаһыы үлэлэрэ, атырдьах ыйыгар уулуссаны аспааллааһын саҕаланыа. Суол уһуна – 0,5 км.

Саамай кылгас болдьохтоох эбийиэгинэн Пригороднай сэл. баар Центральнай уулусса буолла. Бу учаастакка аспааллааһыны хайыы-үйэ бүтэрбиттэрэ, бэс ыйын бүтүүтүгэр уот остуолбалара туруоруллуохтара. Суол уһуна – 1,7 км.

Саамай "норуодунай"  суолунан дьон-сэргэ таптаан сылдьар, сынньанар Щорс күөл кытыытынааҕы уулусса ааттанна. Суолу атырдьах ыйыгар аспааллыахтара, суол уһуна – 0,4 км.

Саамай социальнай хайысхалаах суолунан Покровскайдыыр суолга Өрөспүүбүлүкэтээҕи анал коррекционнай оскуола-интэринээккэ киирэр уонна Мерзлотнай уулуссаҕа кардиологическай диспансерга киирэр уулуссалар ааттаннылар.

Оскуола-интэринээт суолун өрөмүөнэ балаҕан ыйыгар түмүктэниэхтээх, аспаалланар суол уһуна – 0,8 км.

Кардиологическай диспансерга барар 1 килэмиэтир усталаах суолу от ыйыгар аспааллыахтара, үлэ график быһыытынан от ыйын бүтэһигэр түмүктэниэхтээх.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...