28.05.2022 | 10:00

Үлэ семестрэ үрдүк таһаарыылаахтык ааһыаҕа!

Үлэ семестрэ үрдүк таһаарыылаахтык ааһыаҕа!
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Устудьуоннар этэрээттэрин көмүөл күүһүгэр тэҥниэххэ сөп. Кырдьыга даҕаны, кинилэр ханнык да хайысхаҕа бэйэлэрин чаҕылхайдык көрдөрөллөр, ыарахан үлэттэн чаҕыйбаттар. 

2021 сылга – 5079 үлэ миэстэтэ

Бүгүҥҥү ыалдьыппыт Надежда Чоемусова – «Арассыыйа устудьуоннарын этэрээттэрэ» Бүтүн Арассыыйатааҕы ыччат уопсастыбаннай тэрилтэтин Саха сиринээҕи салаатын комиссара.

 

– Надя, бастаан бэйэҕин билиһиннэр. Хаһааҥҥыттан устудьуоннар этэрээттэригэр киирбиккиний?

– Бэйэм оскуола саҕаттан актыбыыспын, уопсастыбаннай үлэҕэ көхтөөхпүн. 2014 сыллаахха Дьокуускайдааҕы үп-экономика колледжыгар туттарсан, устудьуон аатын сүкпүтүм. Маҥнайгы куурустан педагогическай этэрээккэ киирбитим. Баһаатай үөрэҕин ааһан, сайыҥҥы лааҕырдарга үлэлээн саҕалаабытым. Онтон ыла устудьуоннар этэрээттэрин кэккэтигэр сылдьабын.

Былырыыҥҥы сезон туһунан кэпсии түһүөҥ дуо? Байыастар ханнык хайысхаларынан уонна ханнык эбийиэктэргэ үлэлээбиттэрэй?

Ааспыт сылга барыта 5079 үлэ миэстэтэ тэриллибитэ.  Ол курдук, тутуу этэрээттэригэр – 520, педагогическай хайысхаҕа – 270, тыа хаһаайыстыбатыгар – 508, сервискэ – 25, идэтийбит (специализированнай) этэрээттэргэ – 812, мобильнай этэрээттэргэ – 1523, добровольческайга – 1421 миэстэ.

Былырыын ыччат министиэристибэтин өйөбүлүнэн 160 байыастаах 13 устудьуон этэрээтэ тэриллибитэ. Ол курдук, кинилэр тупсарыы үлэтигэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэригэр күрүө тутууга, социальнай уонна инфраструктурнай эбийиэктэр өрөмүөннэригэр, чөлгө түһэриигэ, хаарбах дьиэлэри көтүрүүгэ, Горнай улууһугар “Манчаары оонньууларын” эбийиэктэрин бэлэмнээһиҥҥэ кыттыбыттара. Олохтоох уонна атын тэрилтэлэр бүддьүөттэрин суотугар 114 байыас эбии үлэлээбитэ. 

Тутар этэрээттэрбит Дьокуускай куоракка олорор дьиэлэри, Онкологическай киини, төгүрүк сыл устата үлэлиир “Полярная звезда” лааҕыры тутууга, онтон да атын эбийиэктэргэ үлэлээбиттэрэ.

Былырыын Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыыга министиэристибэ өйөбүлүнэн путиннай этэрээт 142 байыаһа Приморьеҕа, Сахалиҥҥа, Камчаткаҕа балыгы переработкалыыр собуоттарга үлэлээн кэлбиттэрэ. Тыа хаһаайыстыбатын этэрээттэрэ икки сезон эмтээх үүнээйини хомуйууга сылдьыбыттара. 

Маны сэргэ, биһиги байыастарбыт “ЯТЭК”, “Якутуголь”, “Алмас”, “АрктикТелеком”, “Добун-Строй”, «Капитал”, “Железные дороги Якутии” курдук бөдөҥ тэрилтэлэргэ, уу тырааныспарыгар (162 устудьуон), ону сэргэ, ХИФУ баазатыгар медицинскэй көмөнү оҥорорго уонна абитуриеннартан докумуоннары тутууга идэтийбит  (специализированнай) этэрээттэр үлэлээбиттэрэ. 

– Үлэҕит хайысхата бэрт киэҥ. Медицина тэрилтэлэригэр, ойуур баһаардарыгар күүс-көмө буолаҕыт. Бу туһунан кылгастык сэһэргээ.

– Оннук. Былырыын өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн медицина тэрилтэлэригэр, ол иһигэр COVID-19 утары охсуһууга 398 медик устудьуон үлэлээбитэ. Манна даҕатан эттэххэ, биир медицинскэй этэрээт байыаһа Кемеровскай уобаласка Бүтүн Арассыыйатааҕы “Атлант” медик устудьуоннар этэрээттэригэр киирэри ситиспитэ.

Ааспыт сылга ойуур баһаардарыгар устудьуоннар этэрээттэрин үлэтэ тиһиктээхтик ыытыллыбыта. Ол курдук, 8 киһи сезоннай оробуочайынан үлэлээбитэ. 326 ыччат өрөспүүбүлүкэ 9 улууһугар ойуур баһаардарыгар сылдьан, күүс-көмө буолан кэлбитэ.

Аны туран, Роспотребнадзор кытаанах ирдэбилинэн оҕо лааҕырдарыгар хааччахтааһын киирбитэ, сорохтор үлэлээбэтэхтэрэ. Онон баһаатай ахсаана биллэ аҕыйаабыта. Ол курдук, уопсайа 98 баһаатай хабыллыбыта. 

1006 байыас эбии үөрэҕи ылла

Быйылгы былаан туһунан сырдата түһүөҥ дуо? Үлэ сезона хаһааҥҥыттан саҕаланарый?

– Сайыҥҥы үлэ сезонун, сыл аайы буоларыныы, бэс ыйын 12 күнүттэн арыйыахпыт. Ол курдук, 2500 устудьуон тутууга, промышленнаска, тыа хаһаайыстыбытыгар, производствоҕа, сервискэ уонна оҕо лааҕырдарыгар үлэлии барыаҕа.

Маны сэргэ, «Арассыыйа устудьуоннарын этэрээттэрэ» Бүтүн Арассыыйатааҕы ыччат уопсастыбаннай тэрилтэтин Саха сиринээҕи салаата 30-ча тэрилтэни кытта дуогабар түһэрсибитэ.

Устудьуоннар тутар этэрээттэрэ промышленнай тэрилтэлэргэ сыһыарыллыахтара. Билиҥҥи туругунан 300 үлэ миэстэтэ быһаарылынна. Ол иһигэр Ленскэй оройуонугар Чаяндаҕа  «Север» диэн Бүтүн Арассыыйатааҕы устудьуоннар тутуулара былааннанар. Онно дойду араас регионуттан 600 байыас кыттыыны ылыахтаах. Ону таһынан «Алдан» регионнар икки ардыларынааҕы устудьуоннар тутууларыгар 150 киһи хабыллыахтаах.

– Байыастары оробуочай идэлэргэ үөрэтии туһунан кылгастык кэпсиэҥ дуо?

– 2020 сылтан Саха сирин орто уонна үрдүк үөрэх кыһаларын кытта ыкса ситими олохтообуппут. Билиҥҥи туругунан 35 үөрэх кыһатын кытта сөбүлэҥ түһэрсиллибитэ, 4 ыстаап тиһиктээхтик үлэлиир, эбии 6 ыстаап тэриллиэхтээх.

Ити үөрэх байыастар квалификацияларын үрдэтэр сыаллаах тэриллэр. Билиҥҥи туругунан 1006 байыас эбии үөрэҕи ылла. Ол курдук, “Бармен”, “Бетонщик”, “Баһаатай”, “Горничная”, “Суол оробуочайа”, “Каменщик”, “Оптоволоконщик”, “Штукатур”, “Официант” уо.д.а. идэлэргэ үөрэнэллэр.

Ыччат хамсааһына инникилээх

– Билигин ханнык аахсыйалар, куонкурустар ыытылла туралларый?

«Снежный Десант» патриотическай аахсыйаҕа кыһын устата 7 этэрээт, уопсайа 200 устудьуон Уус Алдан Суоттутугар, Кэптэнитигэр, Хаҥалас Тиит Эбэтигэр, Бүлүү куоракка, Таатта Харбалааҕар, Нам Бөтүҥүгэр, Мэҥэ Хаҥалас Табаҕатыгар сылдьан кэлбитэ. Бу аахсыйа нэһилиэк олохтоохторугар устудьуоннар этэрээттэрин, ыччат хамсааһынын сырдатар сыаллаах ыытыллар. Оскуола оҕолоругар өрөспүүбүлүкэ орто уонна үрдүк үөрэх кыһаларын туһунан кэпсиибит, аҕам саастаах көлүөнэҕэ дьиэ ис-тас үлэтигэр көмөлөһөбүт. Саха сирин историятын үөрэтэр сыаллаах нэһилиэк иһинээҕи пааматынньыктары, сквердэри ыраастыыбыт, кимҥэ эбэтэр туохха анаммытын дьаныһан  үөрэтэбит. Бу ыччат төрөөбүт дойдутун историятын билэригэр улахан суолталаах дии саныыбыт. Ону таһынан нэһилиэнньэҕэ кэнсиэр көрдөрөбүт, олохтоох ыччаты кытта спорт араас көрүҥэр табаарыстыы матчтар буолаллар.

Сыллата Өрөспүүбүлүкэтээҕи хамандыыр уонна комиссар оскуолатын ыытабыт. Манна сайын этэрээти салайан барар устудьуоннары лидер хайдах буолуохтааҕын, этэрээти хайдах салайыахха наадатын, үлэ эбийиэгэр туох докумуон ирдэнэрин, этэрээт байыастарын үлэҕэ хайдах көҕүлүүр туһунан региональнай ыстаап үлэһиттэрэ лекциялары ыытабыт. Урукку сылларга хамандыырдаабыт, комиссардаабыт бэтэрээннэрбит бэйэлэрин уопуттарын үллэстэллэр.

Саха сиригэр тутар этэрээт үлэҕэ тахсыбыта 55 cыла

– Хаалбыт кэмҥэ туох үлэ ыытылларый?

– Ойуур баһаардарыгар 300 байыастаах этэрээт тэриллиэхтээх. 200-тэн тахса байыас путиннай этэрээккэ киирэн, Бүтүн Арассыыйатааҕы, Уһук Илин уонна регион икки ардыларынааҕы үлэ бырайыактарыгар кыттыаҕа. Маны сэргэ, тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэригэр уонна нэһилиэнньэлээх пууннарга устудьуоннар этэрээттэрин үлэлэрэ тэриллиэҕэ.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо лааҕырдарыгар үлэлиэхтээх 200 баһаатай бэлэмнэниини ааста. Итини сэргэ, үөрэх тэрилтэлэрин баазаларыгар специализированнай этэрээттэр тэриллиэхтэрэ, ол иһигэр 580 байыас М.К. Аммосов аатынан ХИФУ баазатыгар киириэҕэ.  

Билигин хамандыырдары бэлэмнээһин ыытыллар, устудьуоннары сүүмэрдиибит, үлэ биэрээччилэри уонна үөрэх кыһаларын кытта ыкса үлэлиибит. Ону сэргэ, Саха сирин оскуолаларыгар ыытылла турар хапытаалынай өрөмүөҥҥэ байыастар кыттыыны ылалларын туһунан кэпсэтии барар. Маны таһынан, саҥа хайысхалары киллэрэр үлэ ыытыллар. 

– Билигин сайаапка биэриэххэ сөп дуо? Туох ирдэбиллэр баалларый?

Бүгүҥҥү күҥҥэ тутар этэрээттэргэ уонна тыа хаһаайыстыбатын этэрээттэригэр сайаапкалары хомуйабыт. Сүрүнэ устудьуон 18 сааһын туолбут буолуохтаах.  https://taplink.cc/rsoykt диэн сигэнэн киирэн  сайаапка хаалларыахха сөп.

– Инники былааҥҥыт.

– Устудьуоннар этэрээттэрин байыастарын ахсаанын 20% элбэтэр соруктаахпыт. Федеральнай бүддьүөттэн грант өйөбүлүнэн байыастарбытыгар эбии үөрэхтээһини тэрийэр үлэни күүһүрдүөхпүт. Маныаха орто уонна үрдүк үөрэх кыһаларын кытта ыкса ситими салгыы олохтуохпут. Киин куоракка устудьуоннар этэрээттэрин «СО.Здание» мультиформатнай эйгэтэ аһыллара былааннанар. 

Быйыл өрөспүүбүлүкэбит үбүлүөйдээх сыла, ону тэҥэ, Сахабыт сирин бастакы тутар этэрээтэ үлэҕэ тахсыбыта 55 cылын бэлиэтиибит. Онон быйылгы үлэ семестрэ таһаарыылаахтык ааһыахтаах. Күһүн улахан слет тэрийэр былааннаахпыт, араас кэмнэргэ үлэлээн ааспыт байыастары долгуйа күүтэбит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...