Үлэ олоҕу киэргэтэр, дьарык киһини сайыннарар
Биэс уон сыл түргэнник да элэҥнээн ааста...
– Екатерина Игнатьевна, бүгүҥҥү кэпсэтиибит олох, дьиэ кэргэн тула барыаҕа. Быйыл эһиги ыал кыһыл көмүс сыбаайбаҕытын бэлиэтээтигит. 50 сыл анараа өттүгэр эргилиннэххэ, хайдах билсибиккитий?
– Михаиллыын иккиэн тыа сирин ыччата буоллахпыт, билсиһиибит олус сэмэйдик саҕаламмыта. Оччолорго иитии, дьоҥҥо сыһыан, көлүөнэбит кэмин олоҕуттан тутулуктааҕа. Хас биирдии тыа ыала элбэх оҕолооҕо, төрөппүттэрбитигэр көмө буолан, бэйэ-бэйэбитин көрсүһэн, көмөлөһөн улааппыппыт. Уол-кыыс доҕордоһуута олус истиҥ, эрэллээх этэ. Мин үп техникумун бүтэрэр сылбар ыал буолбуппут, биһиги үйэ аҥаардаах дьоллоох олохпут саҕаламмыта.
Саҥа ыал аҕабыт дойдутугар Уус Алдаҥҥа олорбуппут, кэлин мин дойдубар, Тааттаҕа көспүппүт.
– Урукку кэмҥэ дьиэ кэргэн оҕону үлэнэн иитэрэ, ол иһин ыччат ханнык баҕарар үлэни кыайа тутара. Уолаттар идэлэрин тиэхиньикэни кытта ситимнииллэрэ, кыргыттар учуутал, быраас буолар ыра санаалаахтара. Эһиги туох идэлээххитий?
– Мин биэнсийэҕэ тахсыахпар диэри үпкэ сыһыаннаах дуоһунастарга үлэлээбитим. Ол курдук, ПМК мелиорация салаатыгар, Сельхозхимия, Сельхозтехника тэрилтэлэргэ кылаабынай экэнэмииһинэн, ГРУ-га ревизорунан, БТИ-га архивариһунан үлэлээбитим.
Аҕабыт Михаил Петрович дойдутугар Уус Алдаҥҥа “Холбоско” тутуу салаатыгар болуотунньугунан үлэлээбитэ, онтон ПМК-ҕа үлэлии сылдьан, Өлүөхүмэтээҕи тыа хаһаайыстыбатын техникумун кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрэн, мэхээнньиктэн кылаабынай мэхээнньиккэ тиийэ уһуннук үлэлээбитэ. Быыһыгар Орджоникидзе куоракка экскаваторщик-бульдозерист идэтигэр үөрэммитэ. Тааттаҕа РАЙПО бэрэссэдээтэлэ Василий Кашкинныын автобааза тэрийбиттэрэ. Оччолорго тэрилтэ элбэх массыыната суоҕа, таһаҕастары атын тэрилтэлэр таһаллара. Тэрилтэ инникитин көрөн, Уралтан тиийэ учуоттан уһуллубут армейскай массыыналары аҕалтаабыттара. Сельхозхимияттан аукцион курдук тэриллибитигэр, массыыналары, оптуобустары суоппардарыныын атыылаһан ылбыттара. Ол түмүгэр, Магадантан, Тиксииттэн таһаҕас таһыыта тэриллибитэ. “Холбос” бырабылыанньатыттан хайҕанан тураллар. Элбэх айаны айаннаабыта.
Идэбитигэр бэриниилээх, үтүө суобастаах үлэбит сыаналанан, иккиэн үлэ бэтэрээннэрэбит. Аҕабыт Таатта нэһилиэгин Бочуотун Кинигэтигэр киирэн турар. Бэйэм уопсастыбанньыкпын. Таатта нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕобун, “Таатта улууһун социальнай сайдыытыгар кылаатын иһин” анал бэлиэ хаһаайынабын. Олохпут устата элбэх мэтээлинэн, бэлиэлэринэн наҕараадаламмыппыт. Бу биһиги дьиэ кэргэн ситиһиибит буолар. Үлэ олоххун киэргэтэр, куруук бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьыы ааспыты санатар үтүө өйдөбүл буолан хаалар. Уолаттарбытын бэйэбит холобурбутунан үлэҕэ сыһыаран улаатыннарбыппыт.
– Уһуннук бииргэ олоруу кистэлэҥэ туохха сытарый?
– Биэс уон сыл түргэнник даҕаны элэҥнээн ааста. Сыл-хонук дииллэрин бэйэбитинэн биллибит. Ыал буолуу – улахан эппиэтинэс. Ийэ-аҕа аатын сүгүү – Орто дойду дьоло. Кэргэнниилэр бэйэ-бэйэни өйдөһүүлэрэ дьиэ кэргэн сүрүн кистэлэҥэ буолар. Иккиэн биир санаанан сылдьыахтааххыт, ыра оҥостубут дьолгутун мүччү туппакка, харыстыахтааххыт, дьиэ кэргэн олоҕун үчүгэй сыһыаҥҥытынан бөҕөргөтөн иһиэхтээххит.
Оҕону – бэйэ холобурунан
– Эдэр ийэлэргэ, аҕаларга тугу сүбэлиэҥ этэй?
– Бастатан туран, оҕо төрөөбүт тылынан саҥарыахтаах. Билигин улахан кыһалҕа итиннэ сытар. Улахан болҕомтону бэйэ холобурунан иитиигэ туһаайыахтаахтар. Үлэҕэ сыһыаран иитэргэ дьулуһуҥ, ол оҕолоргут инники олохторун оҥостоллоругар тирэх буолуоҕа. Аныгы кэм ыччатын өйө-санаата биһиги көлүөнэ оҕолоруттан букатын атын. Кинилэр киэҥник уонна ырааҕы толкуйдууллар, үлэлээтилэр эрэ, туох баар баҕа санааларын тута киллэрэн иһэллэр. Дьэ бу хаачыстыбалары тута сылдьан, саҥа көлүөнэни иитиигэ туһаныахтаахтар. Ол-бу маҕаһыын долбуурдарыгар кыстанан турар кэмпиэккэ, сакалаакка, утахха кыһаммакка, оҕолорун төрүт аһынан аһатталлар, доруобуйалара үчүгэй буолуо этэ. Доруобуйа элбэҕи быһаарар.
– Хас биирдии киһи сөбүлүүр дьарыктаах буолар. Эһиги дьиэ кэргэн тугунан үлүһүйэҕит?
– Дьарык диэн баар – киһини сайыннарар, эмп курдук дьайар дьикти күүс. Аҕабыт эдэригэр иллэҥ кэмигэр уһанара, бултуурун сөбүлүүрэ, билигин оҕуруотун көрөр-истэр. Бэйэм иистэнэбин, эгэлгэ сибэккилэри, отонноох талахтары үүннэрэбин.
«Айылҕаана» айбыта-туппута үйэлээх
–Эн билигин уопсастыбанньык быһыытынан үлэҥ улууска киэҥник биллэр. Ийэлэргэ, эбэлэргэ аналлаах иис бөлөхтөөххүн, хаһан уонна туох санааттан тэрийбиккиний?
– Киһи тус олоҕуттан атын бириэмэтэ үлэҕэ ананар. Сааскынан үлэҕиттэн тохтоон олордоххо, тэһийбэт, дьоҥҥо тардыһар буолар эбиккин. Нэһилиэкпит, улууспут олоҕун ортотугар, дьону-сэргэни кытта бииргэ буолаары, дьиэҕэ олорор эбэлэри бэйэм тула түмэн, 2011 сыллаахха “Айылҕаана” түмсүү диэн сүрэхтэнэн, үлэбитин саҕалаабыппыт.
Бастакы сылларбыт уһуйаан, оскуола оҕолоругар анаммыта. Манна үлэбит өбүгэ иитэр ньыматыгар олоҕуран, саха төрүт астарыгар, таҥаһыгар, оонньууларыгар, айылҕаны харыстааһыҥҥа тирэммитэ. Кэлин үйэтитиигэ ылсан, үс сыл Моҕол Ураһа ис-тас туоһун тикпиппит, “Таатта литературнай-художественнай музей-заповедникка” А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй балаҕаныгар, Баайаҕаҕа Мандар Уус аатынан саха олоҕун кэлим түмэлигэр аас тэллэхтэри, “Сарыал” култуура уонна спорт киинигэр, хартыына галереятыгар тирии олбохтору, “Албан Аат” улуустааҕы кыраайы үөрэтэр түмэлгэ кыбытыылаах иис ньыматынан панно тигэн бэлэх ууммуппут. Үбүлүөйдээх иистэнньэҥнэрбитигэр быыстапкаларын тэрийэбит. Күрүлүүргэ, Булууска, Өймөкөөҥҥө тиийэ айанныыбыт, Алдан өрүскэ сыалыһардаан да ылбыппыт. Инникитин үлэ, былаан элбэх.
– Екатерина Игнатьевна, өссө төгүл кыһыл көмүс сыбаайбаҕытынан эҕэрдэлиибин. Үлэнэн киэргэйбит олоххутунан, ийэ-аҕа, эбэ-эһэ быһыытынан бар дьоҥҥутугар холобур буолаҕыт. Сарын сарыҥҥытыгар өйөнсөн, сааһырыыга бэриммэккэ, өссө уһуннук олоруҥ диэн истиҥ тылларбын аныыбын.