22.10.2023 | 12:00

Үлэ бүгүн дуу, бэҕэһээ дуу саҕаламматаҕа...

Үлэ бүгүн дуу,  бэҕэһээ дуу саҕаламматаҕа...
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Киин куоракка улахан эбийиэктэргэ тупсарыы үлэтэ хас эмэ түһүмэҕинэн ыытыллар.  Этэргэ дылы, оннооҕор «Москва биирдэ тутуллубатаҕа». Ханнык баҕарар баараҕай бырайыак олоххо киириитэ үбүлээһини эрэ буолбакка, үгүс бэлэмнэниини, кэпсэтиини, толкуйу эрэйэр. Онно сметатын оҥорууну, докумуон сырсыытын, экспертизаны ааһыы эппиэтинэстээх түһүмэҕин, онтон да атын аата-ахсаана биллибэт элбэх ирдэбили эбэн кэбиһиҥ. Дьэ, ону бу эйгэҕэ буһа-хата үлэлии сылдьар дьон билэн эрдэхтэрэ.

· Билиҥҥи туругунан киин куоракка ханнык бырайыактар болҕомто киинигэр туралларый?

· Тоҕо сорох эбийиэктэргэ үлэ бытааннык барарый?

· Ленин проспегар тротуары тоҕо кэҥэттилэр? 

Бу уонна да атын ыйытыыларга Дьокуускай куорат кылаабынай архитектора Семен Афанасьевич Сергеев «Россия» ханаал быһа эфиригэр хоруйдаабытын ааҕааччыларбытыгар тиэрдэбит.

Сайсары күөл кытылын тупсарыы

Семен Сергеев этэринэн, бу бүгүн дуу, бэҕэһээ дуу саҕаламмыт үлэ буолбатах. 2017 сыллаахха Дьокуускай куорат Арассыыйа тутууга министиэристибэтин бырагырааматыгар киирбитин, ол курдук аатырбыт «Стрелка» бырайыактыыр хонтуора 140 куоракка дизайн-бырайыактары оҥорбутун кэпсээтэ.

«Дьокуускай куорат маастар-былааныгар Сайсары күөлү тупсарыы  биир дьоһун суолталаах бырайыак быһыытынан киирбитэ», – диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ Семен Афанасьевич.

Санатан эттэххэ, 2022 сыллаахха бу бырайыагы Бүтүн Арассыыйатааҕы рейтиннээх куоластааһыҥҥа 23 тыһыынчаттан тахса киһи өйөөбүтэ. Ол түмүгэр «Куорат табыгастаах эйгэтин тэрийии» федеральнай бырагыраамаҕа киирэн, үбүлээһин көрүллүбүтэ. Үчүгэйэ диэн, маннык куоластааһын көмөтүнэн дьон-сэргэ санаата учуоттанар.

Куорат кылаабынай архитектора иһитиннэрбитинэн, 389 мөлүйүөн солк. үп көрүллүбүтүттэн быйыл 45 мөл. солк. үлэ толорулунна. Ол курдук, Сэргэлээх уулуссатыттан саҕалаан, Дежнев уулуссатыгар уонна Лермонтов уулуссатыгар диэри кэрчиккэ бэлисипиэт ыллыга оҥоһулунна, тротуар билиитэтэ уурулунна.

Сүрүн болҕомто «Өрөгөй» спорт уораҕайыгар уонна Ийэ скверигэр ууруллуоҕа. «Өрөгөй» актыыбынай сынньалаҥ зоната буолуоҕа, ыччат мустар, спордунан дьарыктанар сиригэр кубулуйуоҕа. Оттон Ийэ скверигэр оҕо балаһаакката, сылы эргиччи үлэлиир павильон, дьоҕус архитектурнай пуормалар баар буолуохтара. Бэлисипиэттээх уонна сатыы сылдьар дьоҥҥо табыгастаах усулуобуйа тэриллиэҕэ.

Сайсары күөлүн кытыла хас да түһүмэҕинэн тупсарыллыаҕа. Үлэ аҥаара эһиил норуоттар икки ардыларынааҕы «Азия оҕолоро» оонньуулары көрсө түмүктэниэҕэ. Хаалбыт үс учаастак 2025 сыл күһүнүгэр диэри тупсарыллан бүтүөҕэ. 

Семен Сергеев этэринэн, сир-уот боппуруостара кэккэ кыһалҕалары үөскэтэр. Билигин бас билээччилэри кытта кэпсэтии, биир тылы булуу үлэтэ ыытыллар.

Роман Дмитриев аатынан кытыл

202-с дьоҕус түөлбэҕэ турар эбийиэккэ дьон-сэргэ сөбүлээн тоҕуоруһар. Манна тупсарыы үлэтэ  Хабаров уулуссатыттан саҕалаан Аччыгый Хатыыстаах арыыга тиийэ учаастакка ыытыллыаҕа, куорат пляһа эмиэ хабыллыахтаах.

Бу бырайыак эмиэ куорат маастар-былааныгар киирбит. Бэлэмнэнии үлэтэ эрдэттэн ыытыллыбыт. 2017 сыллаахха Губинскай уокурук көҕүлээһининэн архитектордарга аналлаах күрэх биллэриллибит. Онно олоҕуран, концепцията быһаарыллыбыт. 2022 сыллаахха бырайыак-смета докумуоннара оҥоһуллубуттар.

Балаҕан ыйыгар бэдэрээтчит биллибит, билигин бэлэмнэнии үлэтин ыытар. Бу бырайыак олоххо киирэригэр 358 мөл. солкуобай үп көрүллүбүт.

Тротуар билиитэтэ ууруллуохтаах, киирэр суол аспаалланыахтаах, ыскамыайкалар, ууруналар, хачыаллар баар буолуохтара. Тутуу уонна өрөмүөн үлэтэ эһиил саҕаланыаҕа.

ИДьМ таһыгар саҥа пааматынньык

Дзержинскэй уулуссатыгар, Ис дьыала министиэристибэтин таһыгар участковайга аналлаах пааматынньык туруохтаах. Куорат кылаабынай архитектора кэпсээбитинэн, көҕүлүүр бөлөххө хас да сир көрдөрүллүбүт. Куорат скульптурата постамена суох буолуоҕа. Куорат кылаабынай архитектора кэпсээбитинэн, айар күрэх биллэриллибит, онно биэс үлэ киирбит. Кыайыылаах билигин бырайыагын ситэрэр-хоторор. 

Кыайыы паарката

Тутуу муниципальнай бүддьүөт суотугар оҥоһуллар, ол иһин бырайыак олоххо сыыйа-баайа киирэр. Холобур, биир сыл болуоссат оҥоһуллубут, стела туруоруллубут, онтон салгыы аллея баар буолбут. Салгыы өссө биир түһүмэх күүтэр – “Килбиэннээх үлэ куората” мемориальнай комплексы тутуу, киирэр аарканы боруонса барельефтарынан киэргэтии. Онно эбийиэк уопсай уобараһа, сүрүн ис хоһооно түмүллүөхтээх. Историческай хаартыскалар графическай уруһуйдарга кубулуйан үйэтийиэхтэрэ.

Култуура уонна сынньалаҥ паарката

Куорат олохтоохторо олус сөбүлээн сылдьар, өйдүүн-санаалыын сынньанар сирдэрэ. Семен Сергеев этэринэн, көҕөрдүү өттүнэн ураты эбийиэк. Сирин иэнэ – 110 гаа.

«Биллэн турар, пааркабыт хайдах туруктааҕын бары билэбит. Этэргэ дылы, сэбиэскэй кэмтэн уларыйбакка турар. Онон улахан уларыйыыны эрэйэр. Маастар-былааҥҥа биир сүрүн эбийиэк быһыытынан киирбитэ.

Тупсарыы үлэтэ быйылгыттан саҕаланар. Бастатан туран, киин аллеяҕа өрөмүөн оҥоһуллуоҕа. Ол курдук аспаал, бордюр көтүрүллүөҕэ. Аныгыскы сезоҥҥа тротуар билиитэтэ ууруллуоҕа, сырдатыы үлэтэ ыытыллыаҕа. Ити бастакы эрэ түһүмэх. Салгыы кэлим уларыйыылар киллэриллиэхтэрэ», – диэн кэпсээтэ Семен Сергеев.

Федор Попов аатынан сквер

Быйылгы Бүтүн Арассыыйатааҕы рейтиннээх куоластааһыҥҥа кыайбыта. Дизайн-бырайыагы СӨ Архитектураҕа управлениетыгар сөбүлэһиигэ ыытыллыбыт. Салгыы бырайыак-смета докумуоннара оҥоһуллуохтаахтар.

Саҥа сквергэ Аҕа дойду Улуу сэриитин Дьоруойа Федор Кузьмич Поповка аналлаах пааматынньык туруоруллуоҕа.

Санатан эттэххэ, уопсастыбаннай туоналар бастыҥ бырайыактарын быһаарар Бүтүн Арассыыйатааҕы куоластааһыҥҥа Дьокуускай куораттан быйыл хаһааҥҥытааҕар да элбэх бырайыак кыттыбыта. Семен Сергеев этэринэн, бу сылга ааспатах бырайыактар аныгыскы сүүмэрдээһиҥҥэ бэлэмнэнэллэр. «Урут дизайн-бырайыагынан эрэ кыттар буоллахпытына, аны бырайыак-смета докумуоннара ирдэнэр буоллулар. Онон эрдэттэн бэлэмнэнии хайаан да наада», – диэтэ куорат кылаабынай архитектора.

Манна даҕатан эттэххэ, эрдэттэн кэккэ түһүмэхтэри (экспертизаны барбыт, бырайыак-смета докумуоннара бэлэм буолбут) ааспыт бырайыактарга үбүлээһин боппуруоһа арыый түргэтиир эбит.

Проспект айан суола буолбатах...

Быһа эфиргэ «Ленин проспегар суолу тоҕо кыараҕас гына оҥордулар? Оттон тротуардары, төттөрүтүн, кэҥэтэн биэрдилэр? Массыына элбэҕин учуоттуохтаах этилэр. Тырааныспар сырыыта харгыстаныаҕа», – диэн ыйытыылаах куорат олохтооҕо Людмила Антипьева эрийэ сырытта. Онуоха куорат сүрүн архитектора: «Урбанистар сүрүн болҕомто сатыы дьоҥҥо ууруллуохтаах диэн сүбэлииллэр. Өскөтүн биһиги киин уулуссабытыгар улахан айан суолун оҥордохпутуна, нэһилиэнньэҕэ табыгаһа суох буолуоҕа», – диэн хоруйдаата Семен Сергеев. Итиэннэ бу быһаарыы ырааҕы-киэҥи ырыҥалаан баран ылыллыбытын кэпсээтэ. Проспекка бэлисипиэт ыллыга баар буолбутун, тротуар кэҥээбитин иһитиннэрдэ. Сорох парковка суох оҥоһуллубут, онон массыына биллэ аҕыйаабыт. Проспект устун дьаарбайарга табыгастаах буолла диэн санаатын үллэһиннэ.

Тутааччылар уонна архитектордар — биир санаанан

Мантан ыла дьиэни-уоту тутар тэрилтэлэр Дьокуускай архитектордарын кытта биир сүбэнэн үлэлиэхтээхтэр. Ол куорат «дьүһүнэ-бодото, мөссүөнэ» тупсаҕай буоларыгар хайаан да наада.

«Дойду архитектордара Арассыыйа үрдүнэн итини ситиһэ сатаабыттара ыраатта. Хата, быйыл сыл саҥатыгар Куораты тутуу кодексатыгар уларыйыылар, дьэ, киирдилэр.  Нормативнай-быраап аакталара оҥоһуллубуттара, Бырабыыталыстыба уурааҕа тахсыбыта. Ол түмүгэр хас биирдии куорат «мөссүөнүн» сыаналыыр чопчу киритиэрийдэри быһаарар буолла. Онно архитектурнай, композиционнай, стилистическэй ирдэбиллэр, өҥҥө-дьүһүҥҥэ, техническэй оборудованиеҕа киритиэрийдэр киирэллэр. Быйыл балаҕан ыйыгар Дьокуускай куорат Дууматын мунньаҕар ити ирдэбиллэри ылыммыппыт. Биһиэхэ анал Сэбиэт баар», – диэн кэпсээтэ Семен Сергеев.

Онон тутааччы көҥүл ыларыгар бырайыага хас этээстээх буолара, тула өттүнээҕи эбийиэктэргэ уонна да атын киритиэрийдэргэ эппиэттиирэ ирдэнэрин эттэ. Тутуу сири-уоту туһаныы быраабылаларыгар киирэ сылдьар территорияҕа ыытыллар буоллаҕына, 10 күн иһигэр сөбүлэҥи ааһыахтааҕын санатта. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Сонуннар | 04.10.2024 | 18:00
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Ийэ тылын билбэт, төрүт үгэһиттэн тэйбит киһи өбүгэтин кытта ситимэ быстарын туһунан суруйдубут ини, суруйбатыбыт ини. Оттон оҕотугар төрөөбүт тылын иҥэрбэт төрөппүт бэйэтэ да билбэтинэн күҥҥэ көрдөрбүт көмүс чыычааҕын көтөр кынатын сарбыйар...  Бу иннинэ «Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын көҕүлээһининэн, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын өйөбүлүнэн «Саха сирин киин куоратыгар тыл...
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Сонуннар | 03.10.2024 | 21:38
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Арассыыйаҕа буола турар Оҕо саас сылын ааспыт тоҕус ыйыгар Саха сиригэр 7 499 ыал «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаалы тутта, диэн үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтигэр иһитиннэрэллэр. Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан өрөспүүбүлүкэ 100 сылынан олохтоммут «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал биэс сылга уһатыллан, 2022 сыл тохсунньу 1...