26.03.2020 | 09:56

Лариса Реасовна КУЛАКОВСКАЯ: "Олохтоох дьонтон тугунан эрэ уһулуччу буолуохтааххын"

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүн биһиги улуу дьон сыдьаана, билигин Сербияҕа олорор Лариса Реасовна Кулаковская интервьютун таһаарабыт.

- Мин бэйэм ийэ киһи буоларым быһыытынан, куруук толкуйдуубун: оҕолорбун хайдах сөпкө, тугу да сыыспакка үчүгэй киһини иитэн таһаарабын диэн. Холобур, Эн, чахчы улуу дьонтон сыдьааннааххын, эйиигин хайдах ииппиттэрин билиэхпин баҕарабын.

- Оҕо иитиитэ хаһан баҕарар , ханнык да омукка тыын боппуруос . Эн ыччатын эйигиннээҕэр ситиһиилээх, эйиигиттэн ордук дьон эрэ буоллаҕына аймах сайдар, инникилэнэр буоллаҕа эбээт. Киһи аймах ол эрэ инниттэн олордоҕо дии, ыччатын кэскиллээх оҥороору. Өксөкүлээх эппитинии “Аан дайдыттан арахсарбытыгар ааппытын эрэ ааттатыа этэ” диэн .

Биһиги Сэбиэскэй кэмҥэ улааппыт дьоммут. Ол саҕана , киһи -аймах сыаннастара атын буолар этэ. Ийэ Дойдуга бэриниилээх , омуктар икки ардыларыгар эйэлээх , Үлэ киһитэ бочуоттаах буолуу кэмэ этэ. Онон , син атын оҕолор курдук,ол сыаннастарга иитиллэн тахсыбыппыт.

Төрөппүттэрбит кинигэ ааҕыытын, эт- хаан өттүнэн чэгиэн буолары ирдииллэрэ. Хайаан да бары дьарыктаах буоларбытын тэрийэллэрэ. Ким да, хаһан да туос иллэҥ сылдьарын өйдөөбөппүн: дьиэ ис-тас үлэтэ, кинигэ ааҕыыта, дьиэтээҕи садаанньыйа толоруу, остуол оонньууларыгар күрэх, араас куруһуоктар, спорт секциялара... Телевизоры даҕаны бириэмэлээн , оҕоҕо аналлаах эрэ биэриилэри көрдөрөллөрө. Ол оннугар, аҕабыт,  Реас Алексеевич, киэһэ аайы утуйарбытыгар остуоруйа, көрбүт киинэлэрин, аахпыт кинигэлэрин  кэпсээн улаатыннарбыта. Оттон ийэбит, Татьяна Паповна , ас-таҥас өттүн дьаһайара, күннээҕи режими тутуһарбытын хонтуруоллуура.  Саамай улахан ирдэбиллэрэ, бэйэ-бэйэбит икки ардыгар убаастабыллаах , эйэлээх сыһыан буоларын, кырдьыксыт, дьоҥҥо ытыктабыллаах сыһыаннаах уонна сүрэхтээх буолары  модьуйаллара.

Чычымахтарга махтанабыт

-Бииргэ төрөөбүттэр ахсыа этибит. Икки ардыбыт даҕаны син балачча улахан. Мин улахан эдьиийбиттэн сүүрбэ сыл балыспын. Кини оҕолорун кытта биир көлүөнэбит. Ол иһин да буолуо, улахаттар бэйэлэрэ биир сомоҕолор, оттон биһиги кыралар туспа “хампааньыйабыт”. Оҕо эрдэхпитинэ Таатта улууһугар Чычымах диэн наһаа кыраһыабай сиргэ улааппыппыт. Сайынын  улахаттарбыт сир аһын хомуйан, от оттоон соло булбат этилэр. Мин кыралары оҕолоон , “дьиэ бөҕө” буолан, Аммабытыгар сөтүөлээн , күнү быһа оонньоон  оҕо саас дьолун билбитим.

Ити Эн, Улуу киһи сыдьаана  буолар эппиэтинэстээҕин , хайдах дьиэбитигэр Өксөкүлээх сиэннэрин ииппиттэрин ыйытаҕын дии?

Биһиги “Өксөкүлээх сиэннэрэ буолабыт” диэн дьонтон ураты туттубатах дьоммут.   Аҕабыт этэн турар “ Өйдөөн кэбиһин, Өксөкүлээх норуот Өксөкүлээҕэ, оттон эһиги эһэҕит- Кулаковскай Алексей Елисеевич” диэн. Ити , мин санаабар, саамай сөптөөх итии, эдэр дьоҥҥо , били, этэр “медные трубы” диэннэриттэн харыстааһын буолар буоллаҕа.  Кырдьыга даҕаны, Өксөкүлээх айымньыларыгар, кини генийигэр биһиги туох сыһыаннаах буолуохпутуй?

Эһэбит , биһиги оҕо эрдэхпитинэ, билиҥҥи курдук чыпчаалга тура илик этэ . Ол эрээри, норуота куруутун киниэхэ сүгүрүйэрин, сыаналыырын сүрэхпитинэн сэрэйэр этибит. Аны санаатахха, дойдубут дьоно, чычымахтар аҕабытын да, биһигини да сүрдээҕин харыстаан , кистээн илдьэ сылдьыбыттар эбит. Биир эмэ хара санаалаах киһи, сымыйанан да үҥсэн, киһини сиртэн симэлитэр кэмнэригэр, бэйэлэрин хоонньохторугар уктаннар, аныаха кэллэхпит. Бар дьоммут Өксөкүлээххэ таптала  кинилэр оҕолоругар, сиэннэригэр бэриллибитин биһиги эмиэ толору ылабыт. Түгэнинэн туһанан, чычымахтарбытыгар барҕа махталбын тиэрдэбин эһиги хаһыаккыт нөҥүө.

Оттон дьиэ-кэргэммитигэр Өксөкүлээххэ сүгүрүйүү, кини айымньыларын билэ сатааһын, нойосуус үөрэтии куруутун  баара. Эһэбит туттубут маллара, кинигэлэрэ, хаартыскалара саамай күндү ,сыаналаах өйдөбүнньүкпүт этэ.  Аан бастакы нойосуус үөрэтэр хоһооннорбут “Оскуолаҕа”, “Кутуйах”, “Куоска” этилэр. Оннооҕор, буукуба үөрэтэргэ аҕабыт Өксөкүлээх курдук “ Аччайбыта “А”, оччойбута “О”, экчэйбитэ “Э” дии-дии ,сирэйдиин сырдаан, үөрэтэ олороро бу баар курдук. Аҕатын үстэ көрбүт түгэннэрин, Өксөкүлээх туһунан дьонтон тугу истибитин  ымпыктаан-чымпыктаан , иҥэн-тоҥон кэпсиирэ. 

Улуу киһи оҕото

-Реас Алексеевич Өксөкүлээх биэс оҕотуттан собус-соҕотоҕун тыыннаах хаалан, боростуойа суох олохтонон, Россия саамай ыарахан кэмигэр,  Улуу киһи оҕото буолар дьылҕатын этинэн-хаанынан билэн олорбута. Биир холобур аҕалабын, Өксөкүлээх туһунан “1952 с. аҥардас олунньуга өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар 157 холуннарыылаах  ыстатыйа тахсыбыта. Оччолого хаһыакка таҕыста да кырдьык диэн өйдөбүл баара” диэн суруналыыс Иван Ушницкай суруйан турар. Оттон аҕабыт “ сарсыарда утуйан турдаххына “һуу, хата бөөлүүн илдьибэтилэр” диэн санаанан уһуктар дьиппиэр сыллар этилэр” диирэ.

Аҕабыт олус да суохтуура бииргэ төрөөбүттэрин! Хайдахтаах курдук кинилэри таптыырын кини кэпсээннэриттэн, ахтыыларыттан билэрбит уонна  аҕабын аһына, харыстыы улааппыппыт. Өксөкүлээх оҕолоро бары улаатан бараннар, эдэр саастарыгар бу күн сириттэн бараахтаабыттар. Эбэбит40,  оттон эһэбит баара эрэ 49 саастарыгар өлөөхтөөбүттэр.

 Оттон ийэбит , Татьяна Паповна Заболоцкая-Кулаковская  , тоҕус бииргэ төрөөбүттэрдээх, сүрдээх үлэһит, көнө, ыраас сүрэхтээх Далбар Хотун этэ. Кини сатаабатаҕа диэн суоҕа: иистэнэр да этэ, асчыт гиэнэ бастына. Ийэбит “Өксөкүлээх Өлөксөй кийиитэ дуо” дэтиэн дэппит личность. Кини аҕабытыгар  суон дугда , халыҥ хахха буолбута. Аҕабыт айар үлэтигэр , учууталлыыр сылларгыра көмө, тирэх киһитэ. Ийэ-аҕа сыһыана оҕону иитигэ улахан суолталаах. Ийэбит холобуругар үөрэнэммит, биһиги кыргыттар үчүгэй хаһаайка, эрэллээх кэргэн буолабыт диэтэххэ омун суох. Дьиэ-кэргэҥҥэ дьахтар оруола ордук улахан дии саныыбын. Дьахтартан тутулуктаах  дьиэҕэ үөрүү-көтүү, нус-хас олох баара . Төһөнөн дьахтар муудурай, өйдөөх, оччонон кини көстүбэккэ эрэ салайар дьоҕура  күүстээх. Ылан да көрдөххө, наскыччы , ис туруктаах дьахталлар оҕолоро да ситиһиилээхтэр, үтүө дьон, кэргэттэрэ да тахсыылаахтар, аймах  эйэлээх олохтоох. Оттон эр киһи, аҕа баһылык дьиэтин-уотун туруктаах , байым оҥоруохтаах, тулхадыйбат олоҕу мэктиэлиэхтээх. Оччого эрэ ситиһиллэр , ил олох. Ону бары билэбит.

Норуот педагогикатын туһаныахха

-Оҕону иитиигэ эн туох көрүүлээххин?

-Мин биир эрэ оҕону төрөтөн, иитэн таһаарбыт киһибин. Ол иһин бэйэм уопуппуттан этэр быраабым баара дуу, суоҕа дуу?  Уолум Алексей дьоҥҥо сирдэрбэт үлэһит. Ханнык да үлэни толлубакка ылсар, сатаабатаҕа диэн суох киһи. Үөрэххэ да, үлэҕэ да сүрэҕэлдьиир диэни билбэт киһини ииппиппин диэн астынабын. Ханнык да ыарахан ситуацияҕа ыһыктынан кэбиспэт диэн убаастыыбын.

Оттон аҕабыт Реас Алексеевич, Үөһээ Бүлүү  народнай педагогика музейын тэрийбит Константин Спиридогнович Чиряев көрдөһүүтүнэн, былыр сахалар ыччаты иитиигэ ирдэбиллэрин суруйбут. Ону, кылгатан суруйдахха маннык :

“ 1. Чиэһинэйгэ.  Сымыйаны дойҕохтуур киһини абааһы көрөллөрө. Тугу эмэ оҥорон баран билиммэт, мэлдьэһэ сатыыры сирэллэрэ;

2. Дьону ытыктыырга, таптыырга. Киһи туһунан куһаҕаны этэри, хобу-сиби таһары улаханнык сирэллэрэ.

3. Улахан киһи сорудаҕын толорботу, кинилэргэ утары тылы этэн этиһэри кытаанахтык буойаллара;

4. Киһиргээһини сэмэлииллэрэ;

5. Бэрдимсийиини абааһы көрөллөрө;

6. Куруубайдааһыны, өчөһүүнү булгу иннин ылан араҕаллара;

7. Эһэм икки хараҕа суох наһаа сэһэннээх киһи этэ. Кини арааска үөрэтэрэ. Оннооҕор:” Оҕом иннэ дии-диигин умса-төннө түһэн харбаспат буол. Оҕоҥ бэйэтэ хайдах киһи буоларыттан тутулуктаах. Дьалбаа киһи буоллаҕына, эн төһөлөөҕү да муспуккун одун-туман көтүтүөҕэ. Оттон оҕоҥ үчүгэй киһи буоллаҕына, таптыыр олоҕун бэйэтэ оҥостуоҕа”,-диэн.

8. Айылҕаны харыстыырга үөрэтэллэрэ;

9. Үгүстүк мээрилээбэккэ, биирдэ этэн кэбиһэлэрэ;

10. Үлэҕэ уһуйа сатыыллара уонна сүрэҕэ суоүу ураты сирэллэрэ;

11. Айылҕаҕа бэйэтигэр биэрэн көҥүллүк ииппиттэрэ”.

Өксөкүлээх Өлөксөй суруйбут “Өй уонна сүрэх  мөккүөрэ”  киһи аймах баарын тухары баар буола туруоҕа.  Төһөнөн олохпут сайдар, оччонон ыччакка умсук элбээн иһэрэ саарбаҕа суох. Оччотугар, аныгы оҕону хайдах иитэбит диэн боппуруос турар. Киьи-аймах сүнньүнэн уларыйбат. Былыр-былыргыттан үчүгэй диэн үчүгэй, куһаҕан диэн күһаҕан. “Таптал”, “ытыктабыл”, “суобас” диэн өйдөбүллэр уларыйбаттар . Оччотугар , ити  былыгрыттан омукпут  тутан кэлбит иитиигэ принциптэрин тутустахха , ханнык да дьалхааҥҥа оҕустарыахпыт суоҕа диэн эрэл баар. Иитии боппуруоһугар Конфуций биир этиитин сөбүлүүбүн  “Учитель говорил:

Устремленность к человечности освобождает от всего дурного”. 

Саха тылын харыстааҥ

-Аан дойду таһымынан толкуйдуур, ыыра киэҥ эрэ киһи атын дойдуга олохсуйара буолуо. Уопсастыбаннай да үлэҥ  оннук.

Билиҥҥи ыччакка кыраныысса таһыгар олохсуйуу- ыра санаа муҥутуур чыпчаала буолла. Чахчы онно эрэ үчүгэй олох баар дии саныыбыт быһылаах, бэйэбит дойдубут олоҕун араастаан холуннарар да дьон элбээтэр элбээн иһэр... Оттон атын сиргэ олохсуйдахха, дойду ахтылҕана, төрөөбүт тылы сүтэрбэккэ илдьэ сылдьыы ыарахан буолбатах дуо?

- Кырдьык, атын дойдуларга атын-атын сокуоннар, нэһилиэнньэҕэ сыһыан баар. Сорох сокуоннарын  “Россияҕа бааллара эбитэ буоллар даа” дии саныыгын. Социальнай харалта үгүс дойдуга биһиэнинээҕэр ордуга кистэл буолбатах.  Кыраныысса таһыгар дьон бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара ураты сайаҕаһа сэҥээрдэр. Сүүһүнэн  сылларга тутуллан турар куораттар, биллэн турар, биһиги Дьокуускайбытынааҕар ордуктар бөҕө буоллаҕа дии. Араарыахха наада, дойдуну турист хараҕынан көрүүнү уонна иһигэр олоруу диэннэри.

Мин Саха сириттэн тэйбитим сүүрбэ сыл буолла. Ол усталаах-тухарытыгар син элбэх атын регионна да олорор, кыраныысса да таһыгар олорор дьону кытта син билистим.  Эн ханна да олор, хайдах олорорун бэйэҕиттэн эрэ тутулуктаах.  Кыраныысса таһыгар көһөн кэлбит дьон бары ситиһиилээхтик олороллор дии санаабаппын. Төттөрүтүн, атын сиргэ эн бэйэҕин өссө күүскэ көрдөрүөхтээххин, олохтоох дьонтон тугунан эрэ уһулуччу буолуохтааххын. Тылларын, обычайдарын, тутта-хапта , таҥна-симэнэ да сылдьалларыгар  тиийэ билиэхтээххин , тутуһуохтааххын.

Дьон биири өйдүөхтэрин наада, кыраныысса таһыгар кинилэри ким да кэтэспэтин, төһө да үрдүк үөрэхтээх да буол, иһит сууйааччынан эмиэ үлэлиэххин септөөҕөр бэлэм буолуохха наада. Хаһан гражданство ылыаххар диэри ортотунан биэс сыл ааһар. Ол бириэмэ тухары эн сир-халлаан икки ардыгар ыйана сылдьар курдуккун уонна олорорго көҥүл  ыларгар син добуоччу харчы хас сыл аҥарын аайы төлүөххүн наада.

Олорор сирбин Сербияны кэпсээтэххэ, сыаната чэпчэкитинэн, климата сымнаҕаһынан, аһа минньигэһинэн , дьоно сайаҕаһынан наһаа үчүгэй дойду. Соторутааҥҥыта сэриилэһэн бүппүт дойду диэбэккин, кылгас кэмҥэ күүскэ сайынна, киэргэйдэ. Элбэх километрдаах “остуол ньуура” суол тутулунна. Бүгүҥҥү кэмҥэ үлэтэ суох буолуу боппуруоһа быһаарылыбыт. Хамнас, пенсия үрдүүр . Сербтэр бэйэлэрин культураларын, традицияларын тута сылдьар, бэйэлэрин дойдуларынан киэн туттар, атын омуктары барыларын убаастыыр омуктар.

Ол эрээри, бу дойдуну биэс үйэ тухары Турция баттаан олорбута биллэр дуу дии саныыбын. Эр дьоннор дьиэлэригэр хаһаайыттар, оттон дьахталлар , быраабыла курдук, кэргэттэрин өрө көрбөт курдуктар. Мээнэ кыыһырсыбаттар бэйэ-бэйэлэрин кытта. Оттон алгаска кыыһырыстахтарына олохторун тухары кэпсэппэт буолаллар эбит диэн көрөбүн . Кэлии дьону ытыс үрдүгэр түһэрэн ылбаттар, бастаан чуҥнаан, кэтээн көрөллөр быһыылаах. Кинилэртэн атыннык аһыыры, кэмэлдьилэнэри соччо ылымматтар. Саамай мөттөх өттө Сербияҕа доруобуйа харастабылын тэрээһинэ. Быраастар билиилэрин таһыма, ыарыһахха сыһыаннара олус бэрт эрээри, специалистарга уочарат бэрээдэктэммэт, олус өр кэтэһэгин уочараккын.

Оттон дойду ахтылҕанын туһунан боппуруос хас биирдии киһиэхэ тус-туспа. Мин икки государствонан олоробун диэххэ сеп, санаатаҕым аайы дойдубар көтөбүн, тиийэн өр буолабын.  Ол иһин, киинэҕэ көрдөрөр, кинигэҕэ суруллар дууһа мунчаарыыта суох диэххэ сөп. Ыраах олорор дьоҥҥо олус улаханнык интернет сибээһэ көмө буолла. Оголорум, аймахтарым, доҕотторум утуйуохтарыгар диэри видео-, аудио- кэпсэтии, ватсабынан суруйсуу бөҕө буолабыт.  Саха сириттэн да аҕыйаҕа суох дьон кэлэ да сылдьаллар.  Саамай миэхэҕэ сахалыы кинигэ тиийбэт эбит. Наадыйар кинигэн барыта электроннай вариана баар буолбат. Ону таһынан, сахалыы кэнсиэр, испиктээк көрбөтүм хомолтолоох.

Интириэһинэйэ баар, дойдубуттан ыраатан баран, сахалыы ордук элбэхтик саҥарар, суруйар буоллум.  Саха сиригэр дьон наһаа нууччалыы саҥарар. Мунньахтарга сырыттахха, бары сахалар да олорор буоллахтарына нууччалыы мунньаҕы ыыталлар. Урук да оннук эбитэ буолуо ээ, өйдөөн көрбөт эбиппин. Билигин олох атыннык ылынабын, бэйэбит тыллаах эрээрибит, бэйэбит тылбытынан толкуйдуур эрээрибит , атын омук тылынан саҥарарбыт олуона. Билигин сир шарын үрдүнэн хас икки нэдиэлэ буола-буола биирдии тыл суох буолан иһэр кэмигэр, норуот интеллигенцията төрөөбүт тылын харыстыахыыр, туттар, ыччакка тиэрдэр эбээһинэһэ буолар буолбаат?  Хайдах эрэ саныыр этим, “саха тыла ,ама. сүүс сылынан сүтүө дуо” диэн. Оттон билиҥҥи санаабынан, маннык салҕанан бардаҕына, сүүс да сылга тиийиэ суох курдук.  Сахалыы кинигэни дьон аахпат буолан эрэ,  суруйааччылары өйүүр политика мөттөөтө, сахалыы хаһыаттарга суруттарыы аҕыйаата, сахалыы оскуола тиийбэт. Оннооҕор ватсапка биир группабар “буолуо” диэн тыл оннугар “буо” диэн туттар буолбуттар. Киһи сөҕөрө баар, учууталлар эмиэ оннук суруйаллар эбит. Ити барыта, киһини дьиксиннэрэр.

- Үгүс дьон Өксөкүлээх Өлөксөй  дьоно, сиэнэ хайдах Сербияҕа тиийэн хаалбыттарын инириэһиргииллэр. Ол туһунан кэпсээ.

- Мин кэргэн тахсаммын , Сербияҕа көспүтүм.  Ол иннинэ , Таатта улууһугар  үөрэх салаатыгар да, республиканскай балыыһаҕа да, унивеститекка да  үйэ чиэппэрэ үлэлээбитим. Кэргэним Бошко Велисавлевич диэн дипломнаах тутуу инженера. Сербия биир киэн туттар, бэйэтин эйгэтигэр биллэр инженер. Кини элбэх дойдуга үлэлээбит киһи. Россияҕа Кремль реставрациятыгар дириэктэрдээн баран, Дьокуускайга “Полярная звезда” гостиницаны тутарга дириэктэрдээбитэ. Сербияҕа дипломнаах специалистар диэн наһаа элбэҕэ суохтар. Оттон, мин кэргэним үс бииргэ төрөөбүттэр үһүөн үрдүк үөрэхтээхтэр, биир балта наука доктора, оҕолоро бары эмиэ дипломнаах специалистар. Күтүөттэр эмиэ дипломнах инженердэр. Оттон мин Бошком төрөппүттэрэ тыа сиригэр олорбуттар, кыахтаах хаһаайыстыбалаах дьон эбиттэр. Оҕолоро үөрэхтээх буолалларын баҕараннар, куоракка кытта дьиэ тутан биэрбиттэр эбит. Сүрдээх үчүгэй майгылаах, улахан культуралаах дьон буоланнар, миигин истиҥник ылымматтара, билиммиттэрэ.

Европа сахалара

- Европа сахаларын түмсүүлэрин туһунан кэпсиир син биир наада. Тоҕо дойдуларыттан ырааттылар даҕаны биир омук дьоно бэйэ-бэйэтигэр тардыһыыта күүһүрэн кэлэрий? Ыраах сылдьан бэйэ киэнин ордук сыаналааһын баар дуу...

- 2017 сыллаахха  Сербияҕа аан бастакы Европаҕа олорор сахалар Ыһыахпытын тэрийэн ыыппыппыт.  Бу Ыһыаҕы ыытар санаа , хайдах эрэ элбэх киһиэхэ биир кэмҥэ киирбит курдук этэ. Мин аан бастаан Сербияҕа көһөн кэлээт да, саха ырыаһыттарын, хомуһу, киэргэлин, түүлээҕин, уопсайынан культуратын  аҕалан көрдөрүөхпүн баҕарар этим. Ол санаам ыанньыйан- ыанньыйан 2016  сыллаахха  эттэнэн-сииннэнэ барбыта. Аан бастаан, ол санаабын Сербияҕа олорор Аргунов Георгий диэн биир дойдулаахпар кэпсээбитим. Киһим олус диэн сөбүлээбитэ уонна “тылгын биэр, төттөрү түспэппин диэн” диэбитэ. Аан бастаан кинилиин былааннаабыппыт Ыһыахпытын. Онтон балтыларбар:Германияҕа олорор Мария Шишигинаҕа-Палсоҥҥа, Ирландияҕа олорор Элеонора Лыглаеваҕа- Якунскайне  кэпсээбиппин эмиэ сөбүлээн, кэлиэх буолан былааннамытынан барбыппыт. Оруобуна ол кэмэнэргэ Саха норуодунай суруйааччыта Николай Алексеевич Лугинов Сербияҕа кэлэ сылдьар кэмэ этэ. Ыһыах ыытаары былааннанарбыт туһунан киниэхэ эмиэ кэпсээбитим. Николай Алексеевич эмиэ сэргээбитэ, сэргэ туруоруохтаах сирдэрбитин көрдөрбүтүм, сүбэлэппитим.  Оттон Дьокуускайга көтөн кэлээт да “Киэргэ” ювелирнай компания дириэктригэр Павлов Александрга тиийбитим. Урукку өттүгэр хаһан да билсибэтэх дьоннор, хаһааҥҥыттан эрэ билсэр дьон курдук эмиэ тутатына былааннанан, дьону мунньуохха наада , Сербияҕа тиийэн сэргэ туруорар сирбитин талыахха наада диэн кэпсэппиппит.  Мин астыныам иһин, Саха унивеситетыгар студпрофкомҥа бэрэсэдээтэлинэн үлэлиир кэммэр бииргэ үлэлээбит Василина Сон-Ги пенсияҕа барбыт этэ, кини эмиэ” Ыһыах ыытарга көмөлөс” диэбиппэр үөрүүнэн ылыммыта. Дьэ, ити курдук саҕалаан, бэс ыйын саҕатыгар бэртээхэй Ыьыах ыыппыппыт. Онно Европаттан уон биир государстваттан биир дойдулаахтарбыт кэлбиттэрэ.  Бу Ыһыахха сылдьыбыт дьон Европа сахаларын түмсүүтүн тирэнэр олоҕо (костяк) буолаллар.

Ыһыах бэлэмигэр сылдьан Россия наукаҕа уонна культураҕа киинэ “Русский дом” дириэктэригэр Надежда Кушенковаҕа  Галина, Александр Павловтар,  Россия Үтүөлээх артыыһа Дмитрий Артемьев буоламмыт сылдьыбыппыт.  Надежда Ивановна онно эппитэ : “Русский дом” 85 сылын туолар. Ол тухары Россияттан да, урукку Сэбиэскэй Союзтан да биир да омук эһиги сахалар курдук, “бэйэбит бырааһынньыкпытын  көрдөрүөхпүт этэ” диэн кэлэ сылдьа иликтэр. Эһиги аан бастыкы буолаҕыт!” – диэбитэ.   Быйыл, вирус мэһэйдээбэтэҕинэ, Төрдүс ыһыахпытын ыытыахтаахпыт.

Ханна да сырыттарбыт: Ыһыах ыытан дуу, быыстапка , конференция оҥорон дуу, биһигини, сахалары ( “сахалар” диэн Саха сиригэр олорор бары омуктары этэбин, тас дойдуларга биһигини барыбытын “русские” дииллэрин курдук)  Европа дьоно сөҕөллөр, дьиктиргииллэр. Сөҕөллөр талааммытыттан, дьиктиргииллэр омукпутун көрдөрөөрү аан дойдуну кэрийэрбитин. Пожаровац диэн куоракка быыстапка тэрийэ сырыттахпытына сахалыы киэргэллэрбитин ыйытта музей дириэктэрэ, “туох суолталааҕый?” диэн. Быһааран биэрбиппитигэр олус долгуйда уонна эттэ “ Эһиги, сахалар,  биһиэхэ, европеецтарга умнан эрэрбитин өйдөтө сылдьар эбиккит буолбат дуо! Ити урук биһиэхэ барыта баар этэ, ону умнан эрэр эбиппит, “ –диэн.

Лев Гумилев “пассионарность, пассионарий” диэн өйдөбүл киллэрбитин билэҕит. Бу, киһи биир тылынан быһаарбат өйдөбүлэ, Гумилев бэйэтэ быһаарарынан “ Это мотор, который все двигает”, дьон  бэйэтин идеятынан атын дьону хамсатар, уһуйар ньымата. Мин улаханнык сыаналыыр, убаастыыр киһим Владимир Николаевич Васильев- тас дойдулары кытта сыһыан минитэрин солбуйааччыта  “ сахалар пассионарнай омук буоланнар, Аан дойду устун бэйэлэрин культураларын көрдөрө бараллар” диэн этэрин сөбүлэһэбин. Ол да иһин биһиги, тас дойдуларга олорор сахалар, сүгүн сылдьыбаппыт, хайаан да бэйэбит омукпут туһунан дьонно-сэргэҕэ тиэрдэ сатыыбыт. 

-Сербия Евросойууска киирэр процеһа, эн онно олорор киһи санааҕар, хайдах баран иһэрий? Олохтоохторго хайдах дьайарый, тугу туһаныаххытый о.д.а. Холобур, Сербиялар туох ааттаах Евросойууска таластылар, хас эмэ сыл устата турууластылар дии саныыбын...

-  Сербия Евросоюзка киирэрин утарар да дьон бааллар, сөбүлүүр да дьон бааллар. Ити союзка киирэргэ туһааннаах дойду Копенгагенский критерий диэн ирдэбилгэ эппиэттиир буолуохтаах:  олоҕун таһыма, политическай туруга, сокуон хайдах тутуһуллара инин. Сербияны Россияттан аккаастанын, оччоҕо ылыахпыт диэн ыгаллар. Президеммин Александр Вучич онно маннык эппиэттиир “ Биһиги хаһан даҕаны Россияттан аккаастаныахпыт суоҕа, биһиги биир историялаах норуоттарбыт. Ону кытта сөбүлэһэр буоллаххытына ЕС-ка ылын. Ылбатаххытына даҕаны бэйэбитин көрүнэр судаарыстыбабыт “ диэн. Ол иһин, ЕС-кэ киирэр тэйдэр тэйэн иһэр, ырааттар ыраатан иһэр. Дьиҥинэн, Евросоюзка баар дойдулар  харчынан көмө ылаллар. Биир бэйэм, Сербия төһөнөн уһуннук ЕС-ка киирбэт да , миэхэҕэ үчүгэй, ыалдьыттыы кэлэр дьоммор виза наадата суох буолар. Оттон Сербия гражданнарыгар Европаҕа сылдьарга билигин да виза наадата суох.

Коронавируһу утары охсуһуу туһунан

- Аан дойдуну атыйахтыы аймаабыт короновирус утары туох үлэ ыытылларый? Төһө кытаанахтык туттан-хаптан эрэллэрий?

- Бүгүҥҥү күннээххэ Сербия үрдүнэн  384 киһи короновируһунан сутуллубут,  3 киһи өллө. Мин кулун тутар 10 күнүгэр кэлэрбэр 5 киһи ыалдьыбыт этэ. Икки нэдиэлэ иһигэр алта төгүл улаатта. Ол иһин, бүтүн Сербия үрдүнэн карантин биллэриллибитэ. Үгүс дойдулар курдук, кырдьаҕас дьону дьиэлэриттэн тахсаллара кытаанахтык бобуллан турар. Ону таһынан, көмө эмиэ оҥоһуллар. 30000 динартан ( 23000 солкуобай) кыра пенсиялаах дьонно  10000 динар ( 7500 солк) бородууукта,  суунар-тараанар маллары атыылаһан  аҕалан биэрэллэр. Бүгүн биһиэхэҕэ телефоннааннар “пенсияҕытын дьиэҕитигэр аҕалан биэрэбит дуо?” диэн ыйыттылар. Эмп- томп эмиэ телефонунан сакаастыахха сеп. Дьиэҕэ волонтердар аҕалан биэрэллэр. !нь сааһыттан кыра саастаах оҕолоох дьон эмиэ дьиэлэригэр олороллор. Үгүс тэрилтэлэр сабылыннылар, ким кыахтаах дистанционно үлэлииллэр. Оскуола оҕолорун, студеннары телевизор нөҥүө үөрэтэллэр.  Дьон киэһэ биэстэн ыла уулуссаҕа сылдьыа суохтаах. Маскалары эмиэ босхо түҥэтэллэр. Гостиницалаах дьоннор карантин госпиталя оҥорорго туран биэрдилэр. Кыранысса барыта сабыылаах. Арай, олохтоох дьоннору атын дойдулартан аҕалаллар.  Холобур, бүгүн Венаттан 140  киһини самолетунан аҕаланнар тута карантиҥҥа уктулар.  Күн аайы судаарыстыба салайааччылара ситуацияны быһааран тэлэбиисэргэ тахсаллар.  Кинилэр этэллэр “ бу баччааҥҥа диэри киһи-аймах билбэтэх вируһа. Туох-туох содуллааҕын билбэппит, ол иһин кытаатан бэйэҕит бэйэҕитин харыстанын” диэн. Эмтэнии түмүгэр үтүөрэн дьиэлэригэр тахсыбыт дьоннор эмиэ бааллар.  Уолуйуу, айманыы суох. Билигин Кытайтан быраастар кэллилэр, аҕыс самолет көмө кэллэ. Ити курдук, бары норуоттар бары саба түһэннэр бу ааҥнаабыт алдьархайы кыайыахтара диэн эрэл улахан.  Өксөкүлээх Өлөксөй эппитинии : “... Эрэй- буруй эҥсэригэр;

Кыһалҕа- кыдьык кыпчарыйарыгар

Дьэ эбии сэтэрэн

Өрөйөн-чөрөйөн” биэрин диэхпин баҕарабын.  Бу быстах ыарыы аһары түстүн, хоммокко хоҥуннун.

Киһи –аймах историятыгар элбэх дьаҥ-дьаһах  кэлэн барбытын туһунан бу күннэрэгэ элбэхтэ кэпсэннэ. Араас омук өйдөөхтөрө , бу ситуацияттан түмүк  оҥостуохха наада диэн этэллэр. Аҕыйах ахсааннаах омуктар ордук чымпыктаан бэйэлэрин олохторун оҥкулун оҥостоллоро уолдьаспыта дьэҥкэтик көһүннэ. Ордук биһиги курдук, ыраах олорор омуктар, хайаан да аһыыр аспытын, иһэр уубутун тэриннэхпитинэ табыллар. Ол инниттэн, төрөөбүт түөлбэлэрбитигэр төннөн , ынах-сүөһү, куурусса, сибинньэ, хоруолук тутан  бэйэ иннин көрүнүөххэ наада буолла. Мин биир түгэни наар өйдөөн кэлэбин. Ыалбыт оҕонньор Бошко Эрдельян кэпсээн турар. Хорватияттан сэрииттэн куотан кэлбит аймахтарыгар олорор дьиэ атыылаьарыгар харчы биэрбиттэр. Киһи оҕонньорго кэлэн Белград куоракка кыбартыыра ылаары көрдүү сылдьарын кэпсиир. Онуоха Эрдельян  : “ Кыбартыыра , биллэн турар , бэрт бөҕө буоллаҕа дии. Куорат сэргэх олоҕор олорор туох куһаҕаннаах буолуой? Арай, онтон үлэтэ суох хаал, оччоҕо истиэнэҕин салаан аһыыгын дуо?  Манна , тыа сиригэр, дьиэтэ туттан , сир ылан, сүөһү тутан олор. Ол ордук буолуо” диэбит. Ол сүбэни ылынан, ол киһи икки сүүс кыбадыраатынай миэтэрэ иэннээх дьиэ туттан, араас көтөр ииттэн, байан-тайан олорор. Ааһан иһэн дьиэтин көрө-көрө киһи үөрэр эрэ.

-Саха дьонугар баҕа санааҥ.

Кэнники бириэмэҕэ  Өксөкүлээх “Интеллигенцияҕа суругун” суолтата өссө улаатан иһэрин өйдүүбүн  уонна  мин тапталлаах  дойдум дьоно, куоракка ускул-тэскил сылдьыбакка, дойдуларыгар тахсан , хаһаайыстыба тэринэн , байан-тайан олоруохтарын баҕарабын. Хайаан да кэлиэҕэ, саха сылгытын, ынаҕын этэ дьону байытар кэмэ. Тоҕо диэтэргит, аан дойду үрдүнэн минньигэс, туһалаах ас наадата күн-түүн үрдээн иһэр.

Маны таһынан, баҕарабын тыам дьоно, бу Сербия тыатын дьонун курдук, таас , толору хааччыллыылаах дьиэҕэ олоруохтарын, доруобуйаларын тупсарыныахтарын. Холобур оҥостобун  себтэри, оҕолоро анал үрдүк үөрэҕи бүтэрэн баран, чааһынай хаһаайыстыбаларыгар үлэлии тахсаллар. Наукаҕа олоҕуран өссө сайыннараллар хаһаайыстыбаларын. Баҕарабын, салайааччылар норуокка дьиҥнээхтик кыһаллыахтарын, норуот олоҕун тупсараннар үйэлэргэ номоххо киириэхтэрин.

Баҕарабын, туохтааҕар да минньигэс төрөөбүт сахам тыла сүтүмүөн !

Оттон  киин куораппыт хаһыатыгар баҕарыам этэ ааҕааччыгыт элбии туруон, үгүс-элбэх туһалаах матырыйааллар бэчээттэнээн, Саха эрэ сиригэр буолбакка, араас омук тылынан тылбаастанан , элбэх киһи сэҥээрэр хаһыата буолуоххутун. Оннук да буолуо диэн эрэнэбин.  Манна даҕатан эттэххэ, хаһыат редактора,  республикаҕа киэҥник биллэр суруналыыс Иван Ушницкай мин таптыыр убайым Атос Реасович чугас доҕоро, убайбар ананан тахсыбыт кинигэҕэ олус да ис киирбэхтик, киһини долгутар тылларынан , элбэх чахчылардаах ыстатыйа суруйан турар. Уларыта тутуу сылларыгар кини аатын билбэт, кини үлэлэрин умсугуйан аахпат дьон суоҕун курдук этэ. Олус да кэтэһэр этибит, репрессия ыар тыынын саралыы тардан,итэҕэтиилээхтик, хомоҕой тылынан суруйар сурналыыс сирийэн көрүүтүн!  Ушницкай курдук талааннаах дьонноохпут тухары , тылбыт баар буола туруо диэн эрэнэбин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...