Лариса Андреева: «Инникигэ эрэллээх, сахалыы холку майгылаах буолуҥ»
Саха киһитэ эрэ кэтэһэр, киэн туттар, саҥа олоҕу саҕалыыр, дьолу күүтэр үтүө бырааһынньыга, саха саҥа дьыла – ыһыах. Ыһыахтан алгыс, күүс-уох ылан, арчыланан, сирдээҕи иччилэргэ, Үрдүк Үрүҥ айыыларга сүгүрүйэбит.
Бүгүн ааҕааччыларбар Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Арчы дьиэтин дириэктэрэ Лариса Константиновна Андрееваны кытта ыһыах туһунан санаа атастаһыыбытын таһаарабын.
– Лариса Константиновна, үтүө күнүнэн, үрүҥ тунах ыһыахтар саҕаламмыттарынан!
– Үрүҥ түүннэр, үрүҥ тунах ыһыахтар саҕаламмыттарынан, хас биирдии саха үтүөнү-кэрэни биэрэригэр итэҕэйэр, эрэнэр сүдү бырааһынньыкпытынан эҕэрдэлиибин.
– Оҕо сааскын санаан ылыахха эрэ. Дойдуҥ ыһыахтара хайдах ааһаллар этэй?
– Буоларын курдук ыһыах олус улахан, өйү-санааны, сүрэҕи, дууһаны бүтүннүү уурар бырааһынньыкпыт. Мин сааһым тухары култуура эйгэтигэр үлэлээбит, элбэх ыһыаҕы салайсыбыт киһи быһыытынан саамай сөбүлүүр кэмим уонна саамай таптыыр улахан тэрээһиним – ыһыах.
Төрөппүттэрим, урукку кэм ирдэбилинэн, хомуньуус баартыйа ыйарынан, Кэбээйи улууһун бары нэһилиэктэригэр иккилии-үстүү сыл буола-буола көһөн үлэлииллэрэ, инньэ гынан бастакы ыһыах туһунан өйдөбүллэрим олус үчүгэйдэр диэххэ наада. Ол курдук, оҕо сааһым Кэбээйи улууһун Тыайа нэһилиэгэр ааспыта. Бастакы ыһыаҕы наһаа үчүгэйдик өйдүүбүн, ордук дьахталлар таҥастара миигин олус кэрэхсэппитэ – былыргы хаарыс солко матырыйааллаах, ис-иһиттэн тахсар дьикти ойуулаах-мандардаах хаһыаччыктары кэтэллэрэ уонна былаат бааналлара, онтуларыттан, мааныларыттан, сирэйдиин-харахтыын тупсар, уларыйар этилэр. Тыайа ол саҕана кыра нэһилиэк буолан, ыһыах дьоно бары бииргэ олорон түһүлгэлэнэр этибит, онон эбитэ дуу, мин оҕо санаабар, олус үчүгэй ыһыахтар буолаллара. Түүннэри сүөһү өлөрөн, ону астаан, дьахталлар ас астааһыныгар түбүгүрэн, эр дьон илимнээбит балыктарын түүннэри түһүлгэҕэ буһаран, оҕо-уруу барыта нэһилиэк ыһыахтыыр түһүлгэтигэр үөрүү-көтүү аргыстаах тоҕуоруһарбыт. Аны дьиэ иһигэр ас бөҕөтө астанар, этэргэ дылы, оччолорго даҕаны саха санаабытын барытын астыы сатыыллар быһыылаах этэ. Мин ийэм оһох иһигэр наһаа үчүгэй бирээнньиктэри оҥороро, онон оҕо сааһым ыһыаҕа ол бирээнньиктэри кытта наһаа үчүгэй өйдөбүллээх. Кымыс туһунан этэ да барыллыбат, үтэһэлээх эт буолунай буолааччы. Оччотооҕуга саламалары олох дьиҥнээх кылынан наһаа үчүгэйдик томторуктаан оҥороллоро, таҥас да аҕыйах буолуо буоллаҕа, өҥнөөх таҥас баарын өйдөөбөппүн. Ол кыл сэтиинэн оҥоһуллубут саламалар билиҥҥээҥҥэ диэри мин иэдэспин таарыйар курдуктар, хайдах эрэ өйбөр-санаабар иҥэн хаалбыттар. Куруук күннээх, наһаа үчүгэй кэмҥэ ыһыах ыһыллар этэ, онон ыһыах диэн, мин санаабар, күнү кытта дьүөрэлии, күн сардаҥата түһэр түһүлгэтин курдук.
Төрөппүттэрим наһаа көхтөөх дьон этилэр. Инньэ гынан нэһилиэк туох баар олоҕор улахан оруолу оонньууллара. Арааһынай тэрээһиннэри барытын тэрийсэн, ыллаан-туойан, испэктээккэ оонньоон, күн солото суохтара. Оччотооҕу интеллигенция бары да оннук олоҕу олорон кэлбит буолуохтаахтар. Дьонум ыһыахха анаан-минээн наһаа үчүгэй таҥас кэтэллэрэ, ийэбит миэхэ уонна балтыбар сабыс-саҥа майгыннаһар былаачыйалары, сабыс-саҥа төбөҕө кэтэр панамкалары тигэрэ уонна бэйэтин таҥаһа-саба эмиэ наһаа кыраһыабай буолара. Уопсайынан, олох улаатыахпытыгар диэри ыһыах аайы саҥа таҥаһы кэтэрдэ сатыыр этэ.
– Бастакы халадаайгын хаһан кэппиккиний?
– Бастакы халадаай ырбаахыбын төрөөбүт дойдубар Мастаах нэһилиэгэр кэппитим буолуо дии саныыбын. Ол иннигэр син кэтэн кэллэҕим буолуо гынан баран, оннук улахан өйдөбүл суох курдук. Онон, сахалыы дьиҥнээх, ситэрэн-хоторон таҥныбыт таҥаһым Мастаах нэһилиэгэр буоллаҕа. Оччолорго киэргэл атыылааһына, оҥоһуута улахан суоҕунан үрүҥ көмүс суулаах чэй хаҕынан наһаа үчүгэйдик аттарыллыбыт, оҥоһуллубут бастыҥалаах этим, онтум быыһа, икки арда оҕуруо киэргэллээх буолара. Оннук курдук эмиэ илин кэбиһэрдээҕим, ким тикпитэ буолла, наһаа үчүгэй былыргылыы таҥаһынан тигиллибит хаһыаччыктаах этим, онон бэйэм санаабар мааны да мааны буоларым.
– Сахалыы төрүт таҥаспыт күннээҕи олохпутугар, үлэҕэ да кэтиллэр буолуо диэн этэн турардааххын.
– 90-с сыллартан, национальнай концепция киириэҕиттэн, саха таҥаһыгар, култууратыгар, итэҕэлигэр улахан хамсааһын буолбут кэмин бастакы сылларыгар, дьон саха таҥаһын кэтиитэ наһаа суох этэ. Үксүн култуура үлэһиттэрэ, тэрийээччилэр, ырыаһыттар, үҥкүүһүттэр эрэ кэтэр этилэр, харахха кинилэр эрэ быраҕыллар курдуктара. Кырдьаҕастар оччолортон кэтэллэрин сөбүлүүллэрэ. Онтон кэнники, били алгыстаах түһүлгэ ыһыаҕын кэнниттэн, дьон дьэ сахалыы таҥас кэтэн, киэргэнэн киирэн барбыттара, рекордар олохтононнор, саха таҥаһын кэтиигэ улахан хамсааһын саҕаламмыта. Билигин улуустар, нэһилиэктэр үлэлэригэр-хамнастарыгар, оскуола учууталлара, уһуйаан үлэһиттэрэ улахан хамсааһын оҥороннор, бу биһиги национальнай таҥаспыт-саппыт күннээҕи олоххо наһаа үчүгэйдик норуот өйөбүлүнэн киирдэ диэххэ наада. Билигин үлэҕэ-хамнаска да кэтэргэ барсар, наһаа үчүгэйдик көстөр. Бу чахчы Саха сиригэр кэллибит дэтэр курдук таҥнан-симэнэн сылдьар дьону көрөртөн киһи наһаа астынар. Оттон инники өттүгэр сайдар кэскилэ элбэх буоллаҕа, билигин эдэрдэр наһаа үчүгэй хайысханан, муода, киэргэл да өттүн көрдөххө, саха төрүт култууратыгар олоҕуран аныгылыы тыыннаан таҥналларын, маанымсыйалларын киһи үөрэ көрөр.
– 20 сыл куорат култуураҕа управлениетыгар үлэлээбитиҥ. 90-с сылларга ипподромҥа буолбут ыһыаҕы өйдүүбүн. Онтон Үс Хатыҥ ытык сиригэр көһөрүү тэрээһинигэр кыттыгастаах киһи быһыытынан ол туһунан кэпсиэҥ дуо?
– 90-с сылларга, булкуллуу-тэккиллии кэмигэр, ипподромҥа ыытыллыбыт ыһыахтар, куорат усулуобуйатыгар буолан, тэрийэргэ олус ыарахан этилэр. Онон ол ыһыахтары тэрийбит дьоҥҥо дириҥ ытыктабыл, махтал буолуон наада. Оччолорго бу маннык буолуохтаах, итинник буолуохтаах диэн ыйар-кэрдэр да дьон суоҕа буолуо. Ол да буоллар ипподромҥа ыһыллыбыт ыһыахтар дьиэ акылаатын уурар курдук сүҥкэн оруоллаахтар уонна, дьиэ-уот тутуутун курдук, бэйэтэ туһунан улахан өйөбүл биэрбиттэрэ, ыһыах хайдах ыытылларыгар укулаат уурбуттара. Бу манна Ольга Михайловна Харайбатова салалтатынан Дьокуускай куорат култуураҕа салаата бэйэтин историятыгар улахан хамсааһыны оҥорбутун бэлиэтиэххэ наада. Онтон ыһыах куорат усулуобуйатыттан, куорат иһиттэн тахсан, айылҕаҕа ыһыллыахтаах диэн учуонайдар, интеллигенция, оччотооҕу култуура үлэһиттэрэ да туруорсаннар, Үс Хатыҥ сирэ талыллан, былырыын онно ыһыах буолбута 25 сылын туолбута. Бу сир чахчы да ыһыах сүрүн ирдэбиллэригэр барытыгар сөп түбэһэр гына айыллыбыт курдук: сөбүгэр уулаах-хаардаах, элбэх киһи түмсэригэр табыгастаах киэҥ нэлэмэн сыһыылаах, оттоох-мастаах. Инники кэскили барытын көрөн талыллан ылыллыбыт сир диэххэ наада. Ону таһынан археологтар, историктар даҕаны этэллэринэн, урут бу сиргэ биһиги үһүйээҥҥэ киирбит өбүгэбит Эллэй бастакы ыһыахтары ыспыта диэн буолар, онон уос номоҕор киирбит ытык сирбит буоллаҕа. Инньэ гынан бу 26-с сылын ыһыах дьонун көрсөөрү турар Үс Хатыҥ бэйэтэ сибэтиэй сир курдук буолар. Бу ытык сир хойутун хойут, билигин даҕаны аан дойду дьонун-сэргэтин болҕомтотун тардыаҕа дии саныыбын, онон болҕомто ууран, сылтан сыл аайы үчүгэй үлэлэри ыытыахха наада. Холобура, куораппытыгар биир эрэ паарка баар, инньэ гынан Үс Хатыҥ эмиэ бэйэтэ айылҕа пааркатын курдук сайдыахтаах дии саныыбын. Чугаһынан наһаа элбэх учаастактар бэриллибиттэрэ, итиннэ элбэх дьиэ-уот тутуллара соччото суох дии саныыбын. Тулатааҕы ойуурун, хатыҥнарын харыстыахха наада. Билигин куорат дьоно бары баран онно күүлэйдиир, тэпсэр үгэстэннилэр, хатыҥнар барахсаттар кууран-хатан хаалыахтара диэн киһи куттанар. Айылҕатынан турбут сирбитин-уоппутун харыстаан, ытык сир курдук сыһыаннаһан, ити тулатын барытын, отун-маһын, ойуурун харыстаан, харыстанар ытык сирдэр диэн улахан киэҥ территориянан ылыахха наада диэн толкуйдуубун.
– Үгэспит, сиэрбит-туоммут барыта биир халыып буолбатах. Алгысчыт, түсчүт туһунан көрүүлэрдээхтэр. Сорох кыра нэһилиэктэргэ алгыс ыытар киһилэрэ суох буолан, саастаах эбэтэр култуураҕа, саха тылыгар сыһыаннаах, учуутал эҥин киһини көрдөһөллөр. Алгыс баар эрэ буолуохтаах диэн. Сыыһа, алҕас алгыс тулалаан турар дьоҥҥо, мустубут ыалдьыттарга сэттээх-сэмэлээх, алдьатыылаах буолуон сөп дуо?
– Сүрдээх киэҥ территорияҕа олорорбут быһыытынан, Сунтаар, Бүлүү диэкилэр сиэрдэрин-туомнарын, үгэстэрин былыр-былыргыттан чахчы баарынан тутуһан олороллор. Кинилэр киэннэрэ эмиэ бэйэлэрин айылҕаларыгар, бэйэлэрин тылларыгар-өстөрүгэр сөп түбэһэр, ити эн этэриҥ курдук, улахан уларыйыыта суох биир халыыбынан барар канон буоллаҕа.
Алгыска мээнэ киһи киирэн ылыммат, этиммэт суола, онон бэлэмнээх, тыллаах-өстөөх киһи киирэн алгыстыахтаах. Кыра нэһилиэктэргэ алгысчыттар суох буолуохтарын сөп, онон ыччаттары үөрэтэн, алгыска сыһыарыахха наада. Биһиэхэ, Арчы дьиэтигэр, үөрэхтэр буолаллар. Үйэтин-сааһын тухары ыһыах култууратын үөрэтэн элбэх ыһыаҕы оҥорбут баар-суох тарбахха баттанар киһибит Афанасий Семенович Федоров уһуйаана буолан ааһар, онно кэлэн үөрэниэхтэрин сөп диэн ыҥырабын. Хас биирдии нэһилиэккэ алгыс, ыһыах бэйэтэ туспа эмиэ үгэс курдук сиэр-туом быһыытынан барар буоллаҕа дии, син биир атын-атын буолар. Холобур, Чурапчы уонна Сунтаар киэнин тэҥнээбит курдук.
Сыыһа туттуу диэн баар буолуон сөп, онон алгыс сиэрин-туомун чахчы үөрэммит, бэлэмнээх киһи ыытара ордук. Холобура, ыһыах алгыһа үрдүк айыыларга тахсар, атын эйгэҕэ тахсар курдук, ол иһин туһунан ураты бэлэми уонна ураты туругу эрэйэр. Ол курдук, биһиги билэрбитинэн, улахан ыһыах алгысчыттара эрдэттэн бэлэмнэнэн ыһыах иннинэ айылҕаҕа баран хаалаллара. Мээнэ аһаабакка-сиэбэккэ, уу-хаар астананнар, били, йогалар курдук, оҥостоллор эбит. Онтон дьэ кэлэннэр, “биһиги үрдүк айыылары кытта кэпсэтэр, көрдөһөр майгыга кэллибит” диэн бэлэмнэнэллэр эбит. Хас биирдии киһи итинник турукка киириэхтээх дии саныыбын. Бу кэмҥэ бэйэ бодону тардынан, сылга биирдэ кэлэн ааһар ыһыахха өйдүүн-санаалыын, эттиин-сиинниин бэлэмнэниэхтээхпит. Үүнэр сыллааҕы олохпутун, турукпутун барытын ылар кэммит буоллаҕа.
– Ыһыахтар ыам ыйыттан саҕалаан сэбирдэх хагдарыйыар диэри ыытыллаллар, ыһыахпыт олус элбээтэ диэччилэр бааллар.
– Ыам ыйыттан, кыратык сылыйда даҕаны, ыһыах дии-дии бары ойуурга тахсаллар. Куоракка, холобура, элбэх оскуола баар, балар хас биирдиилэрэ кылааһынан ыһыахтыыр үгэстэммиттэрэ ыраатта. Ити олох сыыһа дии саныыбын. Уопсайынан, айылҕаны, бу саҥа үүнэн, бытыгыраан эрэр оту тахсан үнтү тэпсэрбит, массыынанан тоҕута сүүрдэрбит, сири-уоту алдьатарбыт, аһаан-сиэн айманарбыт сөбө суох. Ыһыах диэн биирдэ оҥоһуллуохтаах, бэс ыйын үрүҥ тунах ыһыаҕа нэһилиэктэргэ – биир ыһыах, улуустарга – биир, уонна куоракка – биир ыһыах. Куорат ыһыаҕа улуус ыһыахтара барыта бүппүттэрин кэннэ бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ дьайар улахан алгыстары оҥорор түһүлгэ буолар. Билигин нэһилиэктэр даҕаны, улуустар даҕаны эрдэттэн оҥороллоро, графикка киирбиттэрэ олус үчүгэй. Итинник буолуохтаах даҕаны. Нэһилиэк киһитэ барыта улууска киирбэт, улуус киһитэ барыта нэһилиэккэ тиийбэт, онон тус бэйэлэригэр эмиэ ыһыах буолуохтаах. Оттон тэрилтэнэн, оскуоланан ыһыахтары мин улаханнык сөбүлээбэппин. Эппитим курдук, бастатан туран, айылҕа алдьанар, иккиһинэн, оонньуу-көр курдук ыһыах суолтата түһэр. Инньэ гынан киһи биирдэ үчүгэйдик ыһыахтыахтаах дии саныыбын.
– Аймаҕынан көрсүһүүнү эмиэ ыһыах диэн ааттыыр буоллулар. Манна сиртэн-дойдуттан көҥүл ылыы, сэргэни туруоруу курдук сиэр-туом сатаабат, билбэт дьоҥҥо атыннык эргийиэн сөп буолбатах дуо? Ыһыах диэбэккэ, көлүөнэлэр көрсүһүүлэрэ, аймахтар түмсүүлэрэ диэн ааттаан тэрийдэххэ ордук эбитэ дуу, маныаха эн санааҥ.
– Ыһыах тэрийэргэ анаан-минээн айылҕаттан, сиртэн-дойдуттан көрдөһүөхтээххин. Сиэри-туому син биир тутуһуохтааххын, кэллиҥ да айбардаан киирэн барбаккын, хас биирдии үүнээйи, от-мас, тыынар тыыннаах айылҕа оҕото диэн ийэлэрбит, аҕаларбыт, өбүгэлэрбит үөрэхтэрэ өйбүтүгэр-санаабытыгар, сүрэхпитигэр олорор буолуохтаах дии саныыбын. Өбүгэ үөрэҕэ хас биирдии сахаҕа баар, аймахтарынан нэһилиэк иһигэр түмсүөххэ сөп буоллаҕа, тэлгэһэттэн саҕалаан ол өбүгэлэрбит алаастарыгар баран көрсүһүүлэр эҥин буолуохтарын сөп. Өбүгэлэрбит үөрүөхтэрэ, саныыллар эбит диэн. Инньэ гынан сибээс бөҕөргүүрүгэр, төрөөбүт төрүт дойду буоругар аймахтары түмэн, бэйэ-бэйэни, сиэннэри билсиһиннэрии диэн буолуон сөп.
– Саха киһитэ ыһыахха Үрдүк Айыыларга махтанаары, Айылҕа иччилэригэр сүгүрүйээри, үөрүүтүн үллэстээри мустар. Ону тэҥэ арчыланан, алгыстанан, астынан барар. Сорох нэһилиэктэргэ билиҥҥи баһылыктар ыалдьыттарын былыргы баайдар курдук сүөһү, сылгы өлөрөн күндүлүүллэр, маанылыыллар. Маннык дьиҥ сахалыы ыһыахтар билиҥҥи олохпутугар төннүөхтэрэ дуо?
– Саамай үчүгэй ыһыахтар билигин даҕаны бүөмнээн, бүччүм соҕустук кыра нэһилиэктэргэ ыытыллаллара буолуо дии саныыбын. Мин куоракка олорорум быһыытынан куорат тас өттүгэр ыһыахтыырбын олус сөбүлүүбүн. Ол курдук Тулагы-Киллэм да буоллун, Хатас да сирэ буоллун, эбэһээт баран көрөн, сынньанан, күөх хонууга сытан кэлэрбин астынабын. Оттон нэһилиэктэргэ билигин даҕаны сүөһүнү өлөрөн дьоннорун-сэргэлэрин аһаталлар-сиэтэллэр, анаан-минээн кымыс, быыппах оҥорон түҥэтэллэр, үтэһэлээх этинэн күндүлүүллэр. Ол гынан баран кэнники кэмҥэ сүөһү өлөрөн эҥин дьоннорун-сэргэлэрин аһатыылара, арааһа, аччаабыт буолуохтаах дии саныыбын. Дьаһалтаҕа саҥа үлэлии кэлбит баһылык хайаан даҕаны дьонугар-сэргэтигэр сүөһү өлөрөн, анабыл астары астатан, дьонун күндүлүөхтээх диэн толкуйдуубун. Оттон улахан, куорат курдук сиргэ бүтүн куорат олохтооҕун оннук аһатар кыаллыбата буолуо.
Улахан суолталаах кэмнэргэ анаммыт ыһыахтарга, холобур, нэһилиэк, улуус төрүттэниитигэр аналлаах буоллун, улахан биллэр-көстөр дааталарга сыһыаннаан эттэххэ, анаан-минээн сүөһү өлөрөллөр уонна дьоннорун-сэргэлэрин билигин даҕаны күндүлүүллэр, инники да өттүгэр бу үгэстэри туһаныахтара диэн эрэнэбин.
– Ыһыах – сиэр-туом тутуһуллар ытык күнэ. Сорох ыһыахтар “шоуга” кубулуйдулар, сорох ыһыахтарга наар харчы хомуйуута ыытыллар, этэргэ дылы, бизнес оҥостор буоллулар.
– Ыһыах – биһиги, айылҕа оҕолоро буоламмыт, айылҕаны кытта ситимнэнэн, күнү-ыйы, салгыны кытта олорсон, айыылартан көрдөһөр, махтанар ытык күммүт. Ол иһин улахан сиэрдэри-туомнары син биир ыһыах тутулун, бэрээдэгин быһыытынан сокуон курдук тутуһуллуохтаах. Аныгы киһи өйө-санаата урукку үйэлэртэн, урукку кэмнэртэн арыычча атын буоллаҕа дии. Ол иһин ырыатын-тойугун син биир ордорор гынан баран, бу ыытыллыахтаах сиэр-туом хайаан да тутуһуллуохтаах. Оттон билигин сорох ыһыах көр-нар, күлүү-оонньуу курдук буолла, итини киһи сөбүлээбэт, айылҕаҕа кэлбит киһи арыыйда чуумпутук сылдьыахтаах, бэйэтигэр бүгэн, айылҕаны кытта алтыһан. Кэнники кэмнэргэ ыһыах суолтатын үчүгэйдик биллилэр диэхпин баҕарабын, ол иһин ити хайысхатын, эстрада ырыаһыттарын, оннук-маннык шоулары тохтотуохха сөп эбитэ буолуо, уонна онно дьон үөрэниэн наада. Үөһэ этэн аһарбытым курдук, ыһыахтыыр сир ытык сир буолар, ол иһин ити сиэр-туом эрэ ыытыллар кэмэ тиийэн кэлиэҕэ дии саныыбын уонна дьон холкутук кэлэннэр бу сиэргэ-туомҥа кыттыһан, ыһыах бэйэтин ыытыллар бэрээдэгинэн оһуохайга кыттан, күүстээхтэр уонна бөҕөстөр күрэхтэһиилэрин уонна ат сүүрдүүтүн көрөн-истэн, дуоһуйан барыахтара, онон дуоһуйар кэм кэлиэҕэ дии саныыбын. Оттон киирии атын көрүҥнэр, бука, кэнники кэмҥэ сыыйыллан иһиэхтэрэ.
– Өрдөөҕүтэ “кытайдар сахалыы таҥаспытын, оҥоһуктарбытын былдьаан эрэллэр” диэн тиэмэни аан бастакынан биһиги хаһыаппыт суруйан, кэпсэтиилэр, төгүрүк остуоллар тэриллэн барбыттара. Онтубут кыаллыбата, билигин да ырыынак толору илин кэбиһэр, этэрбэс, быһах, араас оҥоһук буолан турар.
– Оннооҕор улуу Өксөкүлээх Өлөксөй этэн турар дии, кымырдаҕас курдук кытай норуотуттан сэрэниҥ диэн. Ити миллиардынан киһилээх кытай омуга аан дойдуну баһылыан да сөп. Биһигини, хоту эргимтэҕэ олорор дьону, оннооҕор ааспыт үйэлэргэ кэлэн ааспыт учуонайдар, айанньыттар “аристократы Севера” диэн мээнэҕэ ааттаабатахтара буолуо. Ол курдук киэргэнэрбитин, симэнэрбитин былыр-былыргыттан быйылгыга диэри олус сөбүлүүр омукпут, кэрэҕэ тардыһыыбыт оннук күүстээх. Тыйыс айылҕалаах сиргэ олорор буоламмыт кэрэни, үтүөнү, үчүгэйи уонна саҥаны куйаас сиргэ олорор дьоннооҕор түргэнник ылынабыт. Бары үрүҥ көмүһүнэн симэнэр кыахпыт суох, ол иһин чэпчэки сыанаҕа оҕолорбут ырыаҕа, үҥкүүгэ кэтэллэригэр кытайдар оҥорбут киэргэллэрин атыылаһабыт, элбэх оҕо биир тэҥ киэргэллээх буолуохтаах диэн. Бу тохтуон наада. Биһиги урбаанньыттарбыт бэйэлэрэ даҕаны чэпчэки соҕус сыанаҕа ситэрэн, оҥорон атыылыыр кыахтаахтар. Ол иһин итиннэ туспа хайысханан улахан үлэ барыан наада. Кэлии омуктар биһиги төрүт култуурабытыгар сыһыаннаах таҥаһы-сабы, киэргэли атыылыа суохтаахтар. Холобурдаан эттэххэ, нууччалар матрешкаларын, кокошниктарын тоҕо эрэ оҥорон атыылаабаппыт дии, ол биһиги оҥорбуппутуттан улахан илии сылааһа кэлбэт, сүрэх тыына тиийбэт буоллаҕа. Ол курдук омуктар оҥорбуттарын дьон кыһалҕаттан ылаллар, онон урбаанньыттар ити хайысхаҕа улахан үлэни ыытыахтарын наада.
– Ыһыах алгыһын ыһыах буолар күнүгэр, күн тахсар кэмигэр тоҕо оҥорботторуй?
– Куорат усулуобуйатыгар уопсайынан ыһыаҕы күн тахсар кэмиттэн саҕалыыр ыарахан соҕус. Ол курдук Үс Хатыҥ түһүлгэтигэр бастакы ыытыллыбыт ыһыах күн тахсар сиэриттэн-туомуттан саҕаламмыта. Манна биири бэлиэтиэххэ наада, куорат усулуобуйатыгар ыһыаҕы тэрийэр ураты, ол эбэтэр эйгэтэ да атын, балаһыанньабыт да арыычча атын буоллаҕа. Холобур, тэрийэр дьон күн көрсүүтүттэн саҕалаан баран күнүскү өттүгэр, өссө иккис күнүгэр олох утуйбакка салгыы сылдьаллара ыарахан. Эппиккэ дылы, дьон да сылайар буоллаҕа, күнү көрсөҕүн, онтон нэһиилэ күн ортотугар алгыска тиийиэхтэрэ. Куоракка олорор киһи айылҕаны кытта алтыһан, эриллэн-мускуллан улааппатах буолан, маны ыарырҕатар, ол иһин бастатан туран алгыс улахан сиэрэ-туома сарсыарда буолар, ол кэннэ дьон барыта хаалар, хонор, онтон күн көрсүүтэ бастакы күн түүнүгэр буолара ордук курдук диэн оҥоһуллар.
Онтон хас биирдии киһи бэс ыйын 21-тэн 22-тэ үүнэр түүнүгэр өбүгэлэрбит үгэстэринэн күнү көрсөрө суолталаах дии саныыбын. Холобур, дьиэтин тиэргэнигэр, эбэ кытыытыгар киирэн эбэтэр ханна эрэ ойуурдаах сиргэ тиийэн күн көрсүүтүн сиэрин-туомун бэйэ туһугар оҥоруохха сөп. Аан дойду бары норуоттара былыр-былыргыттан быйылгыга диэри соҕотох күннээхпит, бу соҕотох күммүтүгэр үҥэн-сүктэн, сүгүрүйэн олорор омуктартан саамай чиэстэнэн, бочуоттанан олорор биһиги быһыылаахпыт. Хоту олорорбут быһыытынан уонна бу кэмҥэ күн-ый хамсыырынан, күн, ый, куйаар үөрэҕинэн биһиги өбүгэлэрбит барахсаттар бу кэми бэркэ диэн бэйэлэрин тустарыгар туһаналлар, ол курдук бөҕө туруктаах буоларга, дьон-сэргэ доруобай, чөл сылдьалларыгар баҕаран туран күнү көрсөн, сиэрдэрин-туомнарын оҥорон кэллэхтэрэ дии. Онтон кыра нэһилиэктэргэ ыһыаҕы күнү көрсүүттэн саҕалыахха сөп, тоҕо диэтэххэ эн бэйэҥ дьиэҕэр-уоккар олороҕун, күнү көрсөн баран, этэргэ дылы, баран сүөһүгүн-аскын көрөн, дьаһайан баран күнүскү алгыска киирэн, онтон күрэхтэһиилэри эҥин барытын көрөн ыһыах күнүн итинник наһаа үчүгэйдик былааннаан үөрэ-көтө көрсүөххэ сөп.
– Ат сүүрдүүтүгэр, спортивнай сүүрүүлэргэ тоҕо күн эргииринэн буолбакка, утары сүүрэллэрий?
–Ат сүүрдүүтэ олох туһунан эйгэ, наһаа үчүгэй, этэргэ дылы, ураты энергетикалаах, уонна оттон биһиги сылгы, дьөһөгөй таҥаралаах норуот буоларбыт быһыытынан биир саамай тарбахха баттанар көрүҥмүт буоллаҕа. Этэргэ дылы, уйулҕаҥ хамсыыр, дууһаҥ үөрэр, сүрэҕиҥ эппэйэр наһаа үчүгэй көрүҥнэртэн биирдэстэрэ, биир бэйэм ат сүүрдүүтүн наһаа сөбүлүүбүн. Тоҕо күн эргииринэн буолбакка утары диэн ыйытыыга, мин санаабар, күн эргииринэн сүүрэллэр. Оттон спортивнай сүүрүүгэ медицина эҥин өттүнэн утары сүүрүү баар, холобура, күн эргииринэн сүүрэ сылдьыбаккын, утары бараҕын диэн. Киһи организмын көрөннөр оннук утары сүүрдэллэр, түргэн сүүрүүгэ эҥин итинник буолар. Ону тутуһан эрдэхтэрэ буолуо.
– Түмүккэ, сахаҥ дьонугар баҕа санааҕын, алгыскын тугу тиэрдэҕин?
– Дойдубутугар байыаннай дьайыы саҕаламмыта сылтан орто, сүтүкпүт да элбээн эрэр курдук, онон быйылгы алгыстар ил-эйэ эҥээрдээх, биһиги оҕолорбут барбаттарын, этэҥҥэ сылдьалларын туһугар түстүннэр диэн саныыбын. Түмүккэ дьон-сэргэ чөл, доруобай, инники өттүгэр эрэллээх, сахалыы холку майгылаах, оҕо-уруу этэҥҥэ үөрэнэн, сайдан, улаатан, дьоһун, үтүө-мааны дьон буолалларыгар, саха аатын ааттаталларыгар, күн киһитэ буолан килбэйэн, саха буолан сандааран, өссө даҕаны саха аатын ааттатан, саха норуотун өрө таһааран, киэҥ нэлэмэн Сахабыт сирэ сайдарын туһугар үлэлии-хамсыы сылдьалларыгар баҕарабын.