31.12.2022 | 11:00

Өлөн бүтэрбитин күүппэккэ

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии биир саамай ыар, элбэх өлүүлээх-сүтүүлээх, историяҕа киирбит түгэнинэн Сталинград иһин кыргыһыы буолар.
Өлөн бүтэрбитин күүппэккэ
Ааптар: Ян Алексеевич Яковлев
Бөлөххө киир

Кырдьаҕас дьон диэки иэҕиллиэхтэрэ, көрдөһүүбүтүн ылыныахтара диэн эрэли кытта, 88-с хаарыгар сылдьар сэрии тулаайаҕа, үлэ, тыыл, СӨ уонна тыатын хаһаайыстыбатын Бочуоттаах бэтэрээнэ, СӨ Ытык кырдьаҕаһа, СӨ  үөрэҕириитин туйгуна, “Гражданскай килбиэн” анал бэлиэ хаһаайына, Октябрьскай нэһилиэк уонна Ньурба улууһун бочуоттаах олохтооҕо Ян Алексеевич Яковлев

Дьокуускай куорат, 
2022 сыл, ахсынньы ый

200-чэкэ түүннээх-күн устата, 1942 сыл от ыйын 17 күнүттэн 1943 сыл олунньу ый 2 күнүгэр диэри, салҕаммыт Сталинград куорат аннынааҕы кырыктаах кыргыһыы биһиги өттүбүтүттэн – 1,3 мөлүйүөн, өстөөх өттүттэн 1,5 мөлүйүөн сүтүктээх этэ. Ол уодаһыннаах сэриигэ Саха сириттэн барбыт 10 000-тан тахса эдэркээн уолаттарбыт, аҕаларбыт тыыннара быстыбыта, күн сириттэн күрэммиттэрэ.

1942 сыл алтынньы ыйыгар Сталинград куорат иһин кыргыһыы ордук сытыырхайбыта. Куорат улахан аҥаарын өстөөх күүстэрэ ылаттаабыттара. Ыар күннэр суоһаабыттара. Бу дьулаан кэми өрүһүйээри, Кыһыл Аармыйа салалтата тыылтан Сталинградка сибиэһэй күүстэри бырахпыта. Олор истэригэр 252-с стрелковай дивизия 180 килэмиэтирдээх суһал марш-бросогу оҥорон, 1942 сыл алтынньы 18 күнэ үүнэр түүнүгэр Кузьмичи дэриэбинэ таһыгар тиийэн кэлбитэ уонна, Доннааҕы фронт 66-с аармыйатын састаабыгар холбоһон, сонно тута кырыктаах кыргыһыыга киирсибитинэн барбыта. 18 көһү сатыы хааман кэлбит буойуттар ортолоругар 1942 сыллаахха иккис ыҥырыыга барбыт элбэх саха уола баара. Үгүс өттө Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Ньурба ыччаттара түбэспиттэрэ. Дивизия ол испииһэккэ киирбит 525 саллаатыттан үгүстэрэ, дэлби сылайан, сордонон кэлбит муҥнаахтар, сэриигэ киирээт, алтынньы 19-24 күннэригэр өлүтэлээбиттэрэ. Олор истэригэр Ньурбаттан иккис хомуурга ыҥырыллыбыт мин аҕам Алексей Никифорович Яковлев, 1911 сыллаах төрүөх, олох үөрэҕэ суох муҥнаах,  алтынньы 20 күнүгэр өлөөхтөөбүт.

2010 сыл муус устар 29 күнүгэр “Кыым” хаһыакка Григорий Саввинов диэн киһи суруйуутунан, ити үс күннээҕи сэриигэ өлбүт 37 сахаттан: 17 саллаат – Бүлүүттэн, 11 – Ньурбаттан, 5 – Чурапчыттан, 2 – Үөһээ Бүлүүттэн уонна биирдии киһи Горнайтан, Мэҥэ Хаҥаластан түбэһээхтээбиттэр. Бу үс түүннээх күн сүтүктэрэ. Оттон атын 197 түүннээх-күн атын аармыйаларга, дивизияларга төһөлөөх саха буойуна өлбүтэ-сүппүтэ буолуой?! Мин хойукка диэри аҕам ханна өлбүтүн билбэт этим. Букатын кэлин, аҕабын кытта бииргэ Ньурбаттан ыҥырыллыбыт Иван Спиридонович Семенов кэпсээниттэн чуолкайдаан билбитим. Ол эрэйдээх аҕам өллөҕүн нөҥүө күнүгэр билиэҥҥэ түбэһэн, сэрии бүтүөр диэри билиэҥҥэ сылдьан тыыннаах орпут.

1981 сыллаахха кэргэмминээн Герой-куораттарынан күүлэйдии бара сылдьан, Волгоградка Мамаев Кургаҥҥа баар “Родина – Мать” мемориалга суруллубут өлбүт буойуннар испииһэктэригэр аҕам аатын булан, сибэкки дьөрбөтүн уурбутум. Кэлин уолум анаан-минээн тиийэн, эһэтин төрөөбүт сириттэн буор уонна сибэкки дьөрбөтүн ууран кэлбитэ.

Ама да ааспытын иһин, иэгэйэр икки атахтаахха иэдээннээх да күннэр-дьыллар буолбуттар... Сааһырдаҕыҥ, олоҕу биллэҕиҥ аайы оччотооҕу оонньооботох оҕо сааскын, аччыктыыр-тоҥор, атаҕастанар, аас-туор сылларгын олох умнуоххун баҕарбат буолар эбиккин. Дьылҕа Хаан миигин үстээхпиттэн – ийэтэ, сэттэлээхпиттэн аҕата суох хаалларан атаҕастаабыт киһитэбин. Муҥ саатар аҕам сэрииттэн тыыннаах эргиллэн кэлбитэ буоллар, мин да үөрэхтэниэм, дьоллоох оҕо сааһы билиэм хааллаҕа... Дьылҕа Хаан миэхэ оннук дьолу тосхойботох...

Сэрии тулаайаҕын быһыытынан саатар бу кырдьар сааспар, өлөрүм да чугаһаабыта буолуохтаах, күүтүүлээх чэпчэтиинэн туһаммаппыттан улаханнык хомойобун...

2010 сылтан сэрии тулаайахтарын сэрии огдооболоругар тэҥнээҥ диэн туруорса, суруйа сатаатым да, биһиги, тулаайахтар, туспутугар хастыы да сүүс тыһыынча хамнастаах ытыктабыллаах үрдүкү салайааччыларбыт, норуотунан талыллыбыт дьокутааттарбыт истиэхтэрин, бу улахан уустуга суох боппуруоһу быһаарыахтарын баҕарбаттар эбит диэн түмүккэ кэллим. Хас да сыллааҕыта мунньахха биһиги интэриэспитин көмүскүөхтээх, туруорсуохтаах Өрөспүүбүлүкэтээҕи бэтэрээннэр сэбиэттэрин урукку салайааччыта Будимир Слепцовка туруорсубуппун: “Тулаайахтар Саха сирин үрдүнэн аһара элбэххит, харчы суох”, – диэн хомотон турар. Билигин, дьэ, кырдьык, аҕыйаатыбыт. Ньурба курдук улахан оройуоҥҥа икки эрэ сэрии тулаайаҕа хаалбыт.

М.Е. Николаев барахсан бэрэсидьиэннээн олорон, Арассыыйа былаастарыгар соҥнообокко, 1935 сылга диэри төрөөбүттэри барыларын тыыл бэтэрээнэ оҥортообута. Арассыыйа былааһа ол дьаһалы сыыһа дьаһал диэн көтүрэ илик.

Тулаайах диэн араастаах. Аныгы былаас тулаайахтарга көмө, өйөбүл арааһын оҥоро сатыыр. Ол эрээри көрү-нары батыһан ускул-тэскил сылдьар, аһыы утаҕы эккирэтэн барбыт төрөппүттэр бырахпыт оҕолоро, оҕолор барахсаттар туох буруйдаах буолуохтарай гынан баран, “төгүрүк тулаайах” аатыран босхо дьиэнэн хааччыллаллара, араас чэпчэтиинэн туһаналлара, туох да диэбит иһин, өйдүүргэ уустук. Тоҕо диэтэххэ Ийэ дойдуларын көмүскүү сылдьан кыргыһыы хонуутугар, тыыл ыарахан үлэтигэр сырдык тыыннарын толук уурбут биһиги ийэлэрбит, аҕаларбыт ыччаттара хайдах эрэ тулаайах хаалбыппыт буруйбут курдук... Бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин кыргыһыыларыгар өлбүт аҕалаахтар аҕыйах да буолуохтаахпыт. Мантан сиэттэрэн, холобура, мин, олоҕу олорбут кырдьаҕас киһи санаабар, кэлэр 2023 сыл олунньу ыйыгар Сталинградтааҕы кыргыһыы кыайыынан түмүктэммитэ 80 сыллаах үбүлүөйэ буоларынан сибээстээн, Сталинград көмүскэлигэр өлбүт буойуннар кэриэстэригэр кинилэр оҕолоругар, аас-туор оҕо саастарын толуйан, дойдубут бырабыыталыстыбата биир кэмнээх үгүөрү соҕус көмөнү оҥороругар этии киллэрэбин.

Уруккуттан туруорсар өссө биир этиим: “Тыыл бэтэрээнэ” диэн статуһу “Сэрии кыттыылааҕа” диэн аакка тэҥниир кэм уолдьаста. 87 саастарын ааспыттар да лаппа аҕыйаатахтара буолуо... Кинилэргэ харчы төлөммөт чэпчэтиилэрин олохтуур тоҕо сатаммат буолуой? Холобура, балыыһаҕа уочарата суох көрдөрүү, эмп-том ылыыга, маҕаһыыннарга эмиэ уочарата суох киирии курдук кыаллар дьаһаллар кырдьаҕастарбыт барахсаттар үйэлэрин да уһатыа этэ буоллаҕа. Онуоха дьон элбэхтик тоҕуоруһар сирдэригэр көстүүлээх сиргэ ”Ветераны Великой Отечественной войны и тыла обслуживаются вне очереди” диэн бэлиэ сурук баар буолуохтаах. 90 саастарын өҥөйбүт аарыма кырдьаҕастар маҕаһыын кэрийэллэрэ ахсааннааҕа биллэр. Итинник чэпчэтиилэр, бэлиэ суруктар, бастатан туран, ыччаты иитэр-үөрэтэр суолталаахтарын өйдөөбөт киһи суох буолуохтаах. Тыыл бэтэрээннэрин дастабырыанньабытыгар “Ветеран ВОВ” диэн сурук баарын баар эрээри, туһалаабыта суох. Туһалаабат кумааҕы кимиэхэ нааданый? Истэр, көрөр тухары сорох уобаластар, кыраайдар салайааччылара сэриигэ өлбүттээхтэргэ сүҥкэн көмөнү, улахан болҕомтону уураллар быһыылаах. Биһиги да дьоммут бу быстах байыаннай эпэрээссийэҕэ барбыттарга баһаам көмөнү оҥорон эрэрин киһи эрэ үөрэ истэр.

Аны туран, үүнэр 2023 сылтан тыыл бэтэрээннэрэ уонна кинини арыаллааччы оптуобуска босхо айанныылларын олоххо киллэриэххэ. Эппитим курдук, оптуобуһунан сылдьааччы даҕаны аҕыйаахтаабыта буолуо. Тыыл бэтэрээннэрэ өлөр түбэлтэбитигэр, сэрии кыттыылаахтарыгар курдук, “көмүллүү харчыта” бэриллиэхтээх.

Бүгүҥҥү чэчирии сайдан иһэр олох туһугар тыыннарын харыстаабакка, аччыктыыры аахсыбакка турууласпыт тыыл бэтэрээннэригэр, сэрии тулаайахтарыгар “харчы суох” диири тохтотон, өлөн бүтэрбитин күүппэккэ, саатар хаалбыт аҕыйах сылбытыгар көрдөһүүбүтүн толоруҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...