16.08.2021 | 13:30

Кыптыый тойуга — тайаана сэһэнэ

Ааптар: Надежда ЕГОРОВА-НАМЫЛЫ
Бөлөххө киир

“Татьяна Никифорова-Тайаана кырыйарынан дьарыктаммыта быһа холуйан 20 сыл буолла. Онтон уонча сылынан  кырыйан дьоҥҥо  кэпсиир дьоҕура уһуктубута.  Кини таптыыр учуутала, философия наукатын доктора, профессор  Ксенофонт Уткин-Нүһүлгэн:

“Тайаана дьэ,  бу дириҥ,  түгэх үөрэхтэри сылыктаан сыымайдаабыта айар   айымньытыгар чаҕылхайдык көстөр.  Үөһээҥҥилэр, өбүгэлэр, Аар айылҕа өспөт өйдөрүн  олоҕун уопутугар сыһыары тутан  тойук гыммыт, кэрэ кэпсээн оҥостубут.  Уонна дьиктитэ: кыыс оҕо кута иҥмит кылыһахтаах имигэс иэйиилээх, хоболоох хомуһуннаах...”, – диэн этэн турар.

Тайаана айылҕаттан айдарыылааҕын, ураты дьоҕурдааҕын, сарсыҥҥыга эрэллээҕин, киһи быһыытынан сайаҕаһын, амараҕын, кэрэтин киниэхэ сүгүрүйээччилэр бары билинэллэр.

Татьяна Афанасьевна айар үлэтин саҕаланыытыгар  улаханнык ыалдьыбытыгар эмчиттэр анаалыстарын түмүгүн көрөн баран кыайан быһаарбатахтар. Норуот эмчитэ:  “Ыарыыҥ дьоҕургун кытта сибээстээх, кэнники, бытааннык да буоллар, ааһыа”, – диэн быһаарбыт.  Былыргылыр итинник ыарыыны “сахалыы ыарыы” диэн ааттыыллара. Атыннык эттэххэ,  Тайаана Үрдүк Айыылартан айдарыылааҕын быһыытынан эттэниини ааспыт.  Онон, кини Алгысчыт быһыытынан биллэн, төрөөбүт норуотугар элбэх үтүөнү оҥорорун  иһин дьон киниттэн элбэҕи көрдөһөр. 

Кини аныгы үйэ киһитэ буолан,  элбэхтик айаннаан,  элбэх киһини кытары кэпсэтэн,  санаатын үллэстэн уһуйууну ааспыта.  Ордук Илиҥҥи Азия дойдуларыгар  Малайзияҕа, Сингапурга уонна Европа дойдуларыгар   Италияҕа,  Болгарияҕа сылдьан билиитин хаҥаппыта, алгысчыт буолбута.  

Атын да омук дьонугар-сэргэтигэр кырыйыы оҥордоҕуна, “Син биир сахалыы мэҥэ бэлиэлэр тахсаллар, арай алгыһым хас да тылбаасчыт нөҥүө тиийэр” –  диир.

Билигин алгыһы мээнэ оҥороллорун сөбүлээбэт.  Кини саныырынан,  алгыһы былыргыттан олохтоммут  үгэһи тутуһан  оҥоһуллуохтаах.  Алҕааһын хайдах барарын  Үрдүк Айыылар көрө-билэ олордохторо.  Кытай былыргы улуу муударай  киһитэ, бөлүһүөгэ  Конфузий эппитин курдук, киһи барыта үйэтин тухары алҕастарын көннөрүнэргэ үлэлиэхтээх.  Тайаана бэйэтин алгыһын кыптыыйынан этитэр.  Киһи сөҕүөн курдук кумааҕыны кырыйан, тулалыыр айыылартан көрдөһөн дьону алгыыр.

Тайаана аатыгар сүгүрүйэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Екатерина Менякова хоһоонуттан быһа тардан биэрэбит:

“Тарбахтаах мааныта,

Талааннаах бастыҥа,

Кыптыыйынан кырыйан,

Алгыс баһын анаата,

Ааспыты аҕынна,

Кэлэр кэми кэпсээтэ,

Кэрэһэлии кырыйда,

Дьолу-соргуну тосхойдо,

Дьоһун саргы түстээтэ”.

 

Бу аҕыйах строкаҕа  Татьяна Афанасьевна бары өттүнэн  талаана, дьоҕура, үтүө санаата, Айыыһыт быһыытынан   таайара, өтө көрөрө барыта ахтыллыбыт. Күүстээх тыллар!

Тайаана оҕото суохтарга оҕо кутун тартаран оҕолоноллоругар көмө оҥорор.  Ыал буолааччылары уһун сылларга олохторун түстээн алҕыыр. Кини алҕаан ыал оҥорбут дьоно  уһуннук, дьоллоохтук олороллорун дьон бэлиэтиир.  Кини алгыстара куруук  дьону куһаҕантан араҥаччылыыллар диэтэхпитинэ, сыыһа буолбата буолуо.

А.А.Павлов, М.П.Григорьев (“Үс Бүлүү айдарыылаахтара” кинигэлэриттэн, 2019 с.)

 

Уйулҕаһыт, алгысчыт Тайаана алгыстаах этиилэрэ:

 

“Талаан  киһиэхэ барытыгар баар, ким эрэ ону үлэлээн таһаарар,  ким эрэ баары да туһаммат.  Ханнык баҕарар дьарыгы бырахпакка, утумнаахтык дьарыктаныахха наада, оччоҕо эрэ эн тугу эмэ ситиһиэҥ. Аны ситиспиккиттэн дуоһуйан олорон хаалыма, инниҥ диэки саҥа кирбиилэргэ баран ис”;

 

“Мин санаабар, ордук былыр  олох ыарахан буолан буолуо, өбүгэлэрбит бу сылбытын хайдах туоруубутуй диэн тымтыктанан көрөллөрө.  Ити үгэс, абыычай. Ханнык баҕарар үгэскэ киһи үчүгэй уонна куһаҕан өттүн көрөр”;

 

 

“Сэттээх сэрэбиэйдэргэ сылдьыа суохха наада. Куһаҕаны быһа  этиттэрэн кэбиһиэххэ сөп. Киһи 100 үчүгэйтэн биир куһаҕаны иһиттэҕинэ, кини ону эрэ өйдөөн хаалар. Тоҕо  диэтэххэ,  киһи бастакы  иэнийиитинэн (эмоциятынан)   куттал буолар. Ол куттал суох буоларын туһугар итэҕэйбэт уонна билбэт дьоҥҥутугар  сэрэбиэйдэтэн быһа этиттэрииттэн куттаныаххытын наада”;

 

“Кумааҕыны кырыйан туох ойуу-мандар тахсыбытынан дьоҥҥо кэпсээн биэрэбин. Айылҕабынан киһи ауратын сэрэйэн билэр дьоҕурдаахпын. Маныаха үрүҥ лиис киһи олоҕо дии саныыбын. Кырыйтара олорор киһи туһунан иһитиннэрии бэйэтэ тиийэн кэлэр. Онон көрөн кэпсиэхпин сөп. Бу киһиэхэ туох ыарахан баара, буолбута, мэһэйдии сылдьара кырыйарбар тохтон түһэр. Ону кини хомуйан илиитигэр төкүнүччү суулуу олорон ол мөкүнү, хобдоҕу саныахтаах. Бу куһаҕан барыта  манан бүттэ, кый бырах барда, күдэҥҥэ көттө диэн үтүрүйэр курдук санаан туран уматыахтаах. Оччоҕо санаата чэпчиир, сааһыланар, чопчуланар.

Дьон ордук туох баҕалаах кырыйтарарый? Үлэлээх буоларга, табылларга, имэҥнээх буоларга, олохторун аргыһын көрсөргө, бэйэлэрин суолларын буларга, доруобуй, чэгиэн сылдьар туһугар, о.д.а. анаан көрдөһөллөр”;

 

“ Алгыс тоҕо нааданый? Киһи күн сирин көрдө да, киниэхэ икки аанньал олорон сурук суруйар.  Онон,  киһиэхэ кэрчик кэм бэриллэр. Ол кэрчиккэ киһи хайдах олорорун бэйэтэ талар. Ол эбэтэр киһи олоҕо куруук ыйааһыҥҥа турар.  Ол иһин, киһи сөптөөх суолунан барарыгар алгыс наада. Алгыс оҥоһуллубут киһитэ куһаҕаҥҥа умньаммат. Үлэтэ-хамнаһа, олоҕо-дьаһаҕа барыта этэҥҥэ буолар, харысхалланар. Онон, киһи хайа суолунан барарын таларыгар алгыс көмөлөөх. Кырыллан тахсыбыт хартыынатын көрөн олорон, киһи элбэҕи толкуйдуур, бэйэтэ бэйэтин кытта оргууй кэпсэтэр. Оччоҕо санаата сааһыланар, чопчуланар”;

 

«Хас биирдии кэрэ аҥаар киэргэллэри кэтиэхтээх – ити кини көмүскэлэ. Дьон араас буолар, атын киһи  хараҕын эбэтэр  баттахтарын ымсыыра көрүөхтэрин сөп. Оттон ытарҕалар уонна биһилэхтэр  дьону аралдьыталлар уонна куһаҕан нэҥири  барытын бэйэлэригэр  ылаллар. Киэргэллэри сууйары күннээҕи үгэс оҥостуохха наада. Тоҕо диэтэххэ,   киэргэллэр күнү быһа бэйэлэригэр иҥэриммит куһаҕан нэгирдэрин сууйан кэбиһэҕит”;

 

“Миигин сэрэбиэйдьитинэн ааттыылларын олох сөбүлээбэппин. Мин сэрэбиэйдьит буолбатахпын. Мин үөрэхпинэн психологпын”;

 

“Кимиэхэ да куһаҕаны баҕарыллыбат уонна этиллибэт. Тоҕо диэтэххэ, ити барыта бэйэҕэр эргиллэр. Биһиги саҥарабыт, оттон кулгаахтарбыт истэллэр, ити барыта биһиги өйбүтүгэр-санаабытыгар  мунньуллар. Ол иһин, бэл, маннык эрэсиэп баар: кими эмэ кытта мөккүһэн баран, “ити мин буолбатах, тураах саҥарбыта” диэхтээххин”; 

 

«Оһуордары  үрүҥ кумааҕыга кырыйабын. Үрүҥ – үүт  өҥө уонна ыраас уонна алгыс бэлиэтэ”.

 

***

Түмүккэ Татьяна Афанасьевнаттан бу ыарахан кэмнэргэ ийэ куппут ыһыллыбатыгар, буор куппут үрэллибитигэр, бу кэмнэри туоруурбутугар дьонугар-сэргэтигэр тугу баҕарарын ыйыталастым.

Онуоха Тайаана: «Ханнык баҕарар хамсык кэми, ыар быһылааннары санаабыт күүһүнэн кыайан, киэн көҕүстээх буолуоҕуҥ, көмүскэс санаабытынан  салайтаран сомоҕолоһон  олоруоҕун, өйөнсүөҕүҥ,  өйөһүөҕүҥ, өйдөһүөҕүҥ!
Ханнык да, хайдах да күүһү  Аар Айылҕабыт кыайарын: кыһын – тымныынан, сайын куйааһынан, уотунан баарын биллэрэ турарын бары да  билэн олоробут... Бар дьоммут, Айылҕабыт диэки хайыһан, киниэхэ сүгүрүйэн, тылбытын-өспүтүн сааһылаан саҥаран, Алгыһынан арчыланан олоруоҕуҥ!» - диэн алгыс тылларын анаата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...