02.02.2021 | 08:25

Кынаттаах: “Кинезиология киһини араас өттүттэн көрөн эмтиир”

Кынаттаах: “Кинезиология киһини араас өттүттэн көрөн эмтиир”
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саргылаана Семеновна Егорова-Кынаттаах – норуот эмчитэ, уйулҕаһыт, кинезиолог.

–Саргылаана Семеновна, бастаан бэйэҕин билиһиннэрииттэн саҕалыах. Ханна, туох идэҕэ үөрэммиккиний? - Уус Алдан Бороҕонуттан төрүттээхпин. Бэйэм физик идэлээхпин, иккис үөрэҕим – экономист. Кэргэннээхпин, биир кыыстаахпыт. Араас эйгэҕэ үлэлээбитим. Ыанньыксыттан саҕалаан, ньээнньэ, лаборант, учуутал, бухгалтер, коммерсант, парикмахер, визажист, дизайнер, фотограф буола сылдьыбытым. Миигин хаартыскаҕа түһэрээччи быһыытынан үгүс киһи билэр буолуохтаах. “Совершенство” устуудьуйаны арыйан үлэлэтэ сылдьыбытым. Билигин да кыралаан үлэлиибит. Оҕо эрдэхпиттэн уруһуйдуурбун, хаартыскаҕа түһэрэрбин, иистэнэрбин, ыллыырбын, туойарбын, үҥкүүлүүрбүн сөбүлүүбүн.

–Кынаттаах аатыҥ туох суолталааҕый?

– Кынаттаах ааты уруккуттан куттарым этэ сатыыллар эбит да, олох өйдөөбөт эбиппин. Кыра сылдьаммын наар чуумпу түгэн баар буолла да, көтөр идэлээх этим. Ханна эрэ ыраах санаабыт сирбин тиийэн көрөн кэлэрим, санаабынан онно баар дьону кытта кэпсэтэр идэлээҕим. Кыра буолан эбитэ дуу, итинник буолуохтааҕын курдук саныырым. Отут сааспар диэри мунаахсыйыы баара. Биир күн дьүөгэлэрбин кытта Наталья Дмитриевна диэн көрбүөччүгэ тиийдибит. Кини: “Дьикти дьахтаргын дии. Дьэ, үүтүҥ-хайаҕаһыҥ бүөлэннэҕинэ билиэҕиҥ”, – диэбитэ. “Ол аата тугуй?” – диэн ыйыппыппар, кини: “Дьахтар киһи ыйдааҕыта бүттэҕинэ, ис туруга аһыллар”, – диэн хоруйдаабыта. Мин оччолорго улаханнык өйдөөбөтөҕүм да буоллар, төбөбөр хатаабытым уонна ол кэми сэмээр күүтэр этим. Онтум, кырдьык, ол кэмтэн саҕаланна диэххэ сөп. Олоҕум суола бэйэм да билбэппинэн уларыйан барбыта. Биирдэ биир эмчиккэ тиийбиппэр, тоноҕосторбор итии таастары уурталаан баран, бүтэригэр: “Эн көхсүгэр наһаа улахан кынаттаах эбиккин. Кынатыҥ мэһэйдээн биир да таас түспэтэ”, – диэбитэ. Мин ону дьиктиргии истибитим. Кынаттаах диэн аатым дьоҥҥо көмөлөһөн кинилэри кынаттыыр, суолларын арыйан биэрэр, санааларын күүһүрдэн уһугуннарар суолталаах.

– Пандемия кэмигэр идэҕин, үлэҕин хайдах уларыттыҥ?

– Айыым үөрэҕэ тиийбэт эбит диэммин, бу үөрэҕи көрдөөммүн, Сыдьаайалаах Байдамҥа үөрэнэ тиийбитим. Икки түһүмэҕи ааһан баран, үһүс түһүмэх буолуо диэн эмиэ биир биллэрии кэлбитигэр суруйтарбытым. Онтукам баара, бэйэм да билбэппинэн эмчиттэр үөрэхтэригэр талыллан үөрэнэ тиийбит этим. Ол иннинэ биир күн кэргэмминиин тыаҕа тахсан, сиэри-туому барытын тутуһан, уот оттон, сирбитин аһаппыппыт. Онно мин Үрдүкү Айыыларбыттан “Суолбун-ииспин ыйан-кэрдэн, кыахта биэриҥ” диэммин ис сүрэхпиттэн күүскэ көрдөспүтүм. Онтон ыла хайдах эрэ суолум-ииһим уларыйан, бу суолга үктэннэрдэ. Фотограф диэн бу мин талан ылбыт идэм быһыылаах дии саныыр этим. Онтум бу дьону эмтиирбэр, киһини сатаан ырытан көрөргө үөрэммит эбиппин. Былырыын кулун тутар ыйтан, оруобуна пандемия саҕаланыаҕыттан күүскэ бэйэбэр үлэлэстим, Краснодарга сайын кинезиолог үөрэҕэр баран, үөрэнэн кэлэммин, үлэм саҥа хайысхатын саҕалаабытым. Кинезиология диэн киһини араас өттүттэн көрөн эмтиир үөрэх буолар.

–Төрдүгэр айылҕаттан айдарыылаахтар бааллар дуо? - Эһэм күүстээх киһи эбитэ үһү. Ол саҕана хааччахтааһын баар буолан, бэйэтин биллэрбэккэ сылдьыбыт, “ойуун диэмэҥ” диирэ үһү. Кырдьаҕас эдьиийим эмиэ боппута, мээнэ кэпсээмэ, эһэҥ сөбүлүө суоҕа диирэ. Аҕа дойду сэриитэ буоларын, бэрдьинээн буускалар ытыахтара, тааҥкалар сүүрүөхтэрэ диэн эрдэ сэрэппит. Кэлин кэпсээбиттэригэр, бэрдьинээн диэн тыл миэхэ тоҕо эрэ фердинанд диэн иһиллибитэ, ону интэриниэккэ киирэн көрбүтүм, чахчы итинник ааттаах тааҥка баар эбит. Алаас түгэҕэр олорор эһэм барахсан хантан билиэй, оччолорго этиттэрии кэлбит буоллаҕа дии санаабытым. Мин бэйэм атын дьоҥҥо иитиллибит буоламмын, төрдүлэрбин олох билбэт этим. 38 сааспар бииргэ төрөөбүттэрбин булбуппар, онно кэпсээбиттэрэ.

–Айылгылаах киһи көстүбэт эйгэҕэ көмөлөһөөччүлээх буолар. Эн көмөлөһөөччүлэриҥ “куттарыҥ” буоллахтара.

– Ааппын ылынарбар биир көрбүөччү кыыстан аат ылынан эрэбин, сөптөөх аат дуо диэн ыйыталаспытым. Онуоха кини: “Эн куттарыҥ бары кынаттаахтар эбит. Уруккуттан эйиэхэ этэ сатыылларын өйдөөбөккө сылдьыбыккын, ааккын  сөпкө ылыммыккын”, – диэбитэ. Бэйэм оҕо эрдэхпиттэн көстүбэт эйгэни кытары сибээстээхпин, көрөр, истэр, ону таһынан сыты билэрбин, буолуохтааҕын курдук ылынаммын, аахайбакка сылдьыбыт эбиппин. Киһи барыта оннук буолуо дии саныырым. Дьэ, билигин айыыларбын, куттарбын кытары куруук кэпсэтэ, билсэ сылдьар буоллум. Сороҕор эһэм оҕонньор эмтии турдахпына кэлэн көмөлөһөр. Атын да күүстэр киһиэхэ киирэллэр эбит. Ол гынан баран кинилэргэ баһыйтарбат курдук, бэйэҥ туруккун ыһыа суохтааххын. Куттарым миэхэ куруук көмөлөһөллөр. Инстаграммар сүбэлэри суруйарбар туох эрэ ис испиттэн этэр, ыйар-кэрдэр. Сороҕор бэйэм да соһуйааччыбын, маны барытын мин хантан билэбиний диэн.

–Айылгылаах дьон бэйэлэринэн аһарыналлар дииллэрэ төһө оруннааҕый? – Араас үөрэхтэргэ үөрэнэрбин сөбүлүүбүн. Күнүс дьоммун кытта үлэлээн баран, түүнүн ону-маны үөрэтэбин. Эмтэнээччим ыарыытын кыайан төрдүн булбатахпына, үөрэппиппин хасыһа сатыыбын. Онтон кыайан эппиэппин булбатахпына, түүн куттарым бэйэбин ыарытыннараллар. Түүнү быһа бэйэбин илбинэ хонобун. Онтон дьэ өйдүүбүн. Бэйэм биэс эпэрээссийэ тухары, араас ыарыыны эппинэн-хааммынан үөрэтэммин, дьонум ыарыытын тута билэбин. Бу  санаатахха, бэйэбинэн аһардыбыттар эбит.

–Эйиэхэ эмтэнэ кэлбит киһи уопсай туругун көрөн баран, ылсар буоллаҕыҥ. Аан бастаан туохтан саҕалыыгыный? – Миэхэ көрдөрүнэ кэлбит киһим уопсай туругун бастаан көрөбүн.  Кини төһө тирэхтээҕин, сөпкө тыынар дуу, суох дуу, олорорун, турарын, хамсанарын кэтээн көрөбүн. Вибрацията төһө намыһаҕын бэрэбиэркэлиибин, ыарыыта манан баар буолуон сөбүн быһаарабын. Ауратын, чакратын бэрэбиэркэлиибин. Киһи уопсай туругар аурата алдьаммыт, чакралара үлэлээбэт буоллахтарына, ыһыллар. Ону көннөрбөккө эрэ ыарыыны хайдах да кыайан  эмтээбэккин. Ол кэннэ кинезиологическай ньыманан тест оҥорон бигэргэтэбин.

–Эмтиир ньымаҥ хайдаҕый, сахалыы дуо? - Кимиэхэ хайдах барсарыттан көрөн, араас ньыманы туһанабын. Бэйэм да билбэппинэн уруккуттан хомуйа, үөрэтэ сылдьыбыт эбиппин. Сахалыы үгэһи элбэхтик туһанабын. Куттарым бэйэлэрэ  этээччилэр, сороҕор бэйэм соһуйааччыбын. Кинезиология, психосоматика, уйулҕа, араас эрчиллиилэр, тыыныы дьарыга –  сүрүн туттар ньымаларым. Ол быыһыгар хааннааһынынан, түөннээһининэн эмиэ дьарыктанабын.

–Коронавируһунан ыалдьыбыт дьон тыҥалара улаханнык эмсэҕэлиир. Сөпкө тыынан тыҥаны чөлүгэр түһэриэххэ сөп дуо? Сөпкө тыынарга сүбэ биэриэҥ дуо? Этэҕин дии, сатаан тыыммат буолбут киһи ыарыыга кэбэҕэстик ылларар диэн.

Коронавируһунан үксүн сатаан тыыммат буолбут дьон ыалдьаллар. Ол аата диафрагмалара сыыһа үлэлиир дьон. Онно туһааннаах үлэлэри, дьарыктары биэрдэхпинэ, чөллөрүгэр түһэллэр. Бастатан туран, киһи тыынын эҕирийиитэ уонна таһаарыыта тэҥ ахсааҥҥа буолуохтаах. Холобура,  биэс биэскэ, алта алтаҕа. Үксүгэр дьон сыыһа гыналлар, тыын элбэхтик ыллахпытына үчүгэй дии саныыллар. Онтон саҕаланар сыыһа тыыныы. Уонна тыын былдьаһыытыгар наһаа чаастатык тыынар буолаллар, төһө кыалларынан уһуннук тыыҥҥытын ылыҥ уонна таһаарыҥ диэн сүбэлиэм этэ.

–Киһи кыра эчэйиилэрэ сэттэ сылынан атын ыарыы буолан, эргийэн кэлэр диигин. Тус көрүүҥ.

Элбэх дьону эмтээбит үлэм түмүгүнэн, бэйэм да кэтээн көрүүбүнэн, үөрэх да этэринэн, үгүс ыарыы сэттэ сылынан, атын ыарыы буолан эргийэн кэлэр. Туоххун эрэ өлөрбүккүттэн сылтаан, киһи организмыгар элбэх уларыйыы тахсар. Уопсайынан, киһи, бастатан туран, тыынарын мэйиитэ хааччыйар, өлөрбөт туһуттан. Онтон турарын, хаамарын. Эн хайдах да ханньары тардылын, эриллэн хаал, бөгдьөй, иэҕэҥнээ, онно мэйии үлэтэ наадыйбат. Хайаан да тыыныахтааххын, туруохтааххын, хаамыахтааххын.

–Алҕас туттунууттан үгүс киһи кутуругун уҥуоҕун (копчигын) оһоллуур. Ону көннөрөргүн сөхтүм. - Киһиэхэ үс сүрүн туочука баар. Ол кутурук уҥуоҕа, түөс тыла (мечевидный отросток), сэттис сис тоноҕоһо. Бу балартан биирэ эмэ сыыһа сылдьар буоллаҕына, киһи ханньары тардыллар. Кутурук уҥуоҕа киһи ыйааһынын тутар уҥуох буолар. Кутурук уҥуоҕун араас ньыманан көннөрүөххэ сөп эрээри, тест көмөтүнэн быһааран, чахчы организмыҥ онно наадыйар дуу, суох дуу диэн билэн баран көннөрөр ордук. Сорох түгэҥҥэ кутурук уҥуоҕа сыыһа оспут түгэнигэр тыыппат  ордук.

–Киһи организмыгар токсическай металлар бааллар диэн тус көрүүлээххин. Быһаарыаҥ дуу...

- Токсическай металлар элбэх киһиэхэ баарын тест көмөтүнэн быһаарабын. Үксүгэр кэтэ сылдьар киэргэллэригэр баар буолар, ону уһултардахха көрдөрбөт. Урут  тиис  оҥорторбут дьон матырыйааллара токсическай металлаах буоллаҕына, эмиэ көрдөрөр. Билигин экологиябыт мөлтөөн уубутугар, аспытыгар эмиэ баар буолар.

–Быар, бүөр үксэ ханньары тардыллыыттан ыалдьар дуо? – Киһи ис уорганнара үксэ ханньары тардыллыыттан ыалдьар. Уорганнар мээнэ киһи иһигэр ыйана сылдьыбаттар, кинилэр бары сибээскэлээхтэр, онтуктара ууналлар эбэтэр аһара күүрэн хаалаллар. Ис уорганнар барыта былчыҥнартан тураллар. Биир ханньары тарта да барыта тардар, ситимнээх буолан.

–Харах ыарыыта бары уорганнары кытта сибээстээх дуо?

- Харах, мурун, кулгаах, тыл, уос, тирии, баттах бу биһиги организммытыгар туохпут ыалдьарын этэр “индикатордарбыт” буолаллар.  Итилэртэн хайата эрэ ыарыйдаҕына,  сэрэхэдийиэххэ наада.

–Оҕоломмот дьиэ кэргэҥҥэ көмөлөһөҕүн дуо?

Оҕоломмот ыаллар араас кыһалҕалаах буолуохтарын сөп. Сорохтор психологическай, сорохтор араас ыарыылартан. Ол быыһыгар паразиттартан. Киһиэхэ хас да диафрагма баар. Саамай алларааҥҥы диафрагмаҥ эмиэ ханньары тардыллыан сөп. Ону көннөрүөххэ сөп. Ол курдук сүрүн диафрагмаҥ үлэлээбэккэ, уорганнарыҥ ыйааһыннарынан төрүүр-ууһуур уорганнаргын баттааннар, кинилэр үлэлэрин мөлтөтүөхтэрин сөп.  Ханна эрэ трубкаҥ баттана сылдьарыттан оҕо үөскүө суоҕун эмиэ сөп. Ону көннөрөн биэрдэххэ, этэҥҥэ оҕолоноллор.

–Киһи ис туруга хаанын эргиириттэн тутулуктанар дуо? – Хааммыт эргиирэ тыынарбытыттан тутулуктаах. Аны туран тымырдар уунар кыахтара суох буолан, ханна ханньары тардар да, хааныҥ эргиирэ бытаарар.

–Систэрэ ыалдьар дьоҥҥо тугу сүбэлиэҥ этэй? - Сис ыарыыта хас да өрүттээх буолар. Бастатан туран, искэр оһоҕоһуҥ ыалдьар буоллаҕына, ол аата үөннэр бааллар. Оһоҕоһуҥ аллара түспүт буоллаҕына тардар, сискэ сыстар, ол иһин ыалдьар. Иккиһинэн,  бүөрүҥ баттаан ыалдьыан сөп. Үсүһүнэн, диафрагмаҥ үлэлээбэт буоллаҕына. Төрдүһүнэн, тааһыҥ уҥуоҕа хамсаабыт буоллаҕына. Бэсиһинэн, эмэһэҥ былчыҥнара үлэлээбэт буоллахтарына... Ити курдук биричиинэтэ элбэх буолар.

–Таас уҥуоҕун хайдах көннөрөҕүн? - Таас уҥуоҕун, атланы сорох атын да уҥуохтары энергиянан  көннөрөбүн.

–Үгүс киһи сиһигэр, тоноҕоһугар, онтон да атын уорганнарыгар грыжалаах, протрузиялаах буолар. Сүбэҕин сэгэтиэҥ буолаарай? - Грыжа, протрузия курдук ыарыылар сатаан хаампаппытыттан үөскүүр. Кырыйдахпыт аайы араас биричиинэнэн рефлекспытын сүтэрэбит. Атахпытын соһобут, хаадьаҥныыбыт, киэҥник үктээн хаампат буолабыт. Онтон барыта саҕаланар. Тоноҕос дискэлэрэ сөпкө хаамартан эрэ аһылыктаналлар. Санныгын хамсатан, киэҥник хардыылаан, атаҕыҥ тилэҕиттэн саҕалаан, тарбахтаргынан тэбинэн саҥаттан хаама үөрэниэххэ наада.

–Ханньары барбыт сирэйи көннөрүөххүн сөп дуу?

- Киһи төбөтө сииктэринэн тыынар. Туох эрэ травма ылбыт киһи төбөтө ханан эрэ хам ылбыт буолар. Өйдөөн көрдөххө, сирэйэ ханньары буолар, хараҕа үөһэ-аллара, уоһа ханньары, аҥаар иэдэһэ улахан буолар. Ону көннөрүөххэ сөп.

–Киһи хас сааһыгар диэри кырдьыыга бэринимиэн сөбүй?

–Сахалар этэллэринэн, руна үөрэҕиттэн сиэттэрдэххэ, киһи 144 сааһыгар тиийэр кыахтаах. Саамай үрдүкү таһыммыт онно кэлэр.  Кырдьык, киһи ис уорганнара, быччыҥнара, тымырдара хастыы да сыл буола-буола бэйэлэрэ саҥардыналлар. Тириибит эрэ эргэриэн сөп. Сир тардар күүһүнэн ыйаныан сөп. Онтон атына сөпкө,  тигинэччи үлэлиир буоллаҕына, киһи кырдьыбат. Бу өйдөбүллэр физик идэлээх буоларым быһыытынан, миэхэ чэпчэкитик киирэллэр. Киһи систиэмэ курдук үлэлиир, механизмын эрэ өйдүөххэ наада дии саныыбын. Ону таһынан чараас эйгэ баарыгар итэҕэйэбин. Бу барыта физика сокуонугар олоҕурар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...