13.09.2024 | 14:00

Кылабыыһа үлэтэ кыһалҕалаах дьоҥҥо ураты сыһыаны эрэйэр

Кылабыыһа үлэтэ кыһалҕалаах дьоҥҥо ураты сыһыаны эрэйэр
Ааптар: Маргарита АКИМОВА
Бөлөххө киир

Сахаларга киһини көмүү сиэрин-туомун туһунан политсыылынайдар Н.А. Виташевскай, В.Л. Серошевскай, В.М. Ионов, чинчийээччилэр А.А. Саввин, Р.И. Бравина уо.д.а. үлэлэригэр көрүөххэ сөп. Бу киһини тиһэх суолугар атаарар улахан сиэр-туом буолар. Суолтата да дириҥ – сиэри тутуһан, өлбүт киһи көмүс уҥуоҕун көтөҕөн, «анараа дойдуга» атаарыы диэн.

Сахалар өлбүт киһини хайаан да сиэри-туому тутуһан көмөллөр. Онно киирэллэр: 
- өлбүт киһини бэлэмнээһин; 
- таһаарыы (дьиэҕэ барар туом, көмүллэр сиригэр илдьии); 
- кистээһин;
- өлбүт киһи тиһэх остуолун аһыттан аһааһын;
- кэлин уҥуоҕар сылдьыы.

Дьокуускай куоракка Птицефабрика оройуонугар баар кылабыыһаҕа  кыһалҕалаахтарга сүбэ-ама буолан, ыйан-кэрдэн биэрэр эдэрчи киһи баар. Тустаахтар билбэттэрэ даҕаны элбэх буолар. Кини хат-хат ыйытыыларга чопчу хоруйдарынан «маннааҕы» быраабыланы, туох ирдэнэрин, төһө-хачча буоларын барытын саас-сааһынан наҕыллык быһаарар. Онон тустаах дьон көрсүбэтэх, мунаахсыйар боппуруостарыгар бэрт түргэнник харда ылаллар.

Кистиир сири сүбэлээн-амалаан көрдөрүүттэн саҕалаан, бокуонньугу аҕаларга анал массыынаны хайдах, ханна сакаастыырга тиийэ дьаһайар, чааһын, күнүн болдьоһор, бу дьыалаҕа сиэри-туому хайдах тутуһары сүбэлээн биэрэр, киһиэхэ ураты сыһыаннаах үлэһити көрсөн кэпсэттибит. Василий Васильевич Чжан – кылабыыһа биригэдьиир-маастара.

 

— Василий Васильевич, бу эйгэҕэ хаһааҥҥыттан үлэлиигин?

—  Мин манна 18 сыл устата үлэлээбит уопуппар олоҕуран кэпсиир буоллахпына, биһиэхэ сороҕор бу боппуруоска төрүт быһаарсыбат, тугу да билбэт дьон көмө көрдөөн кэлэллэрэ баар. Ону сүбэлээн-амалаан биэрдэххэ, махтаналлара үгүс. Аны араас майгылаах-сигилилээх дьон баара эмиэ кистэл буолбатах.  Онон биһиги үлэбит тэрилтэ, хонтуора үлэтиттэн чыҥха атын, кыһалҕалаах дьоҥҥо ураты сыһыаны эрэйэр диэхпин баҕарабын.

Кылабыыһа үлэһиттэрэ дьоҥҥо үтүө санаабытынан билэрбитин үллэстэрбитин ыарырҕаппаппыт. Манна олохторун тухары өр сылларга үлэлээбит дьон олох тарбахха баттаналлар. Үгүстэр аҕыйах ыйынан, сылынан тулуйбакка уурайаллар. Биһиги үлэбит чэпчэкитэ суох. Манна кытаанах уонна күүстээх санаалаах, эт-хаан өттүнэн хара үлэни кыайар-хотор дьон эрэ үлэлииллэр.

— Ордук туох ыарахаттары көрсөҕүтүй?

—  Буор үлэтигэр кыһыҥҥы өттүгэр кэккэ ыарахаттардаах. Ол төрүөтэ – биһиги аам-даам тымныыбыт, аны тоҥ буору кытта үлэ. Буору ириэрээри, умата-умата хаһабыт. Ол уматыгын чоҕу, маһы ылыы, булунуу эмиэ элбэх бириэмэни эрэйэр. Кыһыҥҥы өттүгэр халлааммыт хойут сырдыыр, эрдэ хараҥарар буолан, үлэлиир кэммит кылгас. Ол эмиэ үлэни үмүрүтэргэ кэккэ күчүмэҕэйдэри үөскэтэр.

— Кылабыыһаҕа сылдьар, үлэлиир кутталлаах да буолуо...

—  Өбүгэлэрин ааттарын ааттыыртан да куттанар, дьаахханар дьон баар буолаллар. Утуйбут дьону уйгуурдабыт, аймыыбыт диэн өйдөбүл билбэттэн, кутталтан үөскүүр. Кинилэр өлөн баран илэ хаама сылдьар абааһылар диир эмиэ сыыһа. Эн көмөлөһөөччүлэриҥ, араҥаччылааччыларыҥ диэн өйдүөххэ наада. Ама, ийэҕиттэн-аҕаҕыттан, эбэҕиттэн-эһэҕиттэн, доҕотторгуттан, бииргэ төрөөбүттэргиттэн аҥаардас өлбүттэрин иһин куттаныаҥ дуо? Кылабыыһаҕа үлэ, биллэн турар, анал сиэрдээх-туомнаах, ону күннээҕи үлэҕэ-хамнаска тутуһабыт.

— Бокуонньугу кистиир үлэҕэ туох сиэри-туому тутуһаҕытый?

—  Бастатан туран, бокуонньук дьоно эппит сирдэригэр иин хаһыытын оҥоробут. Кылабыыһаҕа үлэлииргэ чорбоҕо суох ахсаанынан үлэни толорторобут. Бу – кэһиллибэт сокуон. Иин дириҥэ 190-200 см буолар. Хас биирдии иини хаһан саҕалыырбытыгар, бастаан сири алдьатарбытыгар сиэр быһыытынан ботугураан эбэтэр аһатан баран, үс күрдьэх буору баһабыт. Ол кэнниттэн уонча мүнүүтэ сынньатан эрэ баран иини хаһан саҕалыыбыт.

— Бокуонньугу кистиир сиргэ аҕалар анал массыына боппуруоһа хайдах быһаарылларый?

—  Бокуонньук дьоно анал массыынаҕа наадыйар буоллахтарына, бу көмөбүт биир көрүҥэ буолар. Үгүстэр дьиэттэн массыынаҕа таһаарарга көтөҕөргө киһиэхэ наадыйаллар. Билиҥҥи хоруоптар сүрдээх ыйааһыннаахтар. Манна даҕатан эттэххэ, ону көтөҕөн таһаарарга эмиэ туһунан анал быраабылалардаах. Кэлбит дьон күн эргиирин тутуһан хоруобу эргийэллэр. Дьиэттэн таһырдьа таһаарарга өлбүт киһи мэтириэтин туппут киһи бастыыр. Ол кэннэ хоруобу чорбоҕо суох ахсааннаах киһи көтөҕөн, атах өттүнэн аан боруогар үстэ охсон таһырдьа таһаараллар. «Аны манна кэлбэккин» диэн суолталаах. Массыына кылабыыһаҕа аҕалан, бокуонньугу кистиир сиргэ үлэһиттэрбит бэйэлэрэ көтөҕөн илдьэн, буорга кистиир сиэри-туому тутуһан оҥорор көмөлөрө баар.

— Киһи уҥуоҕар сылдьыы туох быраабылалардааҕый?

—  Түөрт уон хонугар сылдьыы булгуччулаах. Көннөрү өлбүт киһи үс күн иһигэр сылдьыбыт сирдэрин барытын кэрийиэхтээх. 40 хонугар үөһэ тахсыахтаах диэн буолар. Өлбүттээх дьон «кирдээхтэр» диэн ааттаналлар. 40 хонук устата иистэниллибэт, булка сылдьыллыбат. Ону таһынан оннук киһи биилээҕи, уһуктааҕы тутуо, баттаҕын, тыҥыраҕын кырыныа, бытыгын хорунуо суохтаах. Кылабыыһаҕа сылдьарга туспа быраабылалар бааллар. Олор анараа дойду дьалхааныгар оҕустарбакка, өлбүттэр дууһалара ыраах сылдьалларыгар анаммыттар. Хайа баҕарар киһи маны итэҕэйэрэ- итэҕэйбэтэ бэйэтиттэн тутулуктаах. Кыһын киһи уҥуоҕар хаарга үгүс суолу хаалларбат буола сатыахтаахпыт. Оттон сылдьыбыт киһи хайаан даҕаны уҥуохтары эргийэн, суолун бутуйан тахсыахтаах эбит.

— Киһи уҥуоҕун күрүөлээһиҥҥэ, пааматынньыгын оҥорууга тохтоон ааһыахха.

—  Киһи уҥуоҕун күрүөлүүр олус наадалаах уонна улахан суолталаах. Өлбүт киһи көмүс уҥуоҕун оҥоруу ытыктабылы көрдөрөр биир сиэрбит-туоммут буолар. Ким эрэ кэлэн тыыппатын, алдьаппатын, сүөһү-сылгы, ыт тэпсибэтин диэн күрүөлэнэр. Биһиги хас даҕаны көрүҥ күрүөнү оҥорон туруорабыт. Сыаналара эмиэ араастаһар. Күрүөнү эргитэргэ сиэмэн кутан бөҕөргөтүү оҥоруу, остуол, устуул оҥоруу, пааматынньыгын сиэмэннээн туруоруу курдук үлэлэри толоробут.

Манна, биллэн турар, бокуонньук дьоно хайдаҕы сакаастыыллара, кинилэр баҕалара учуоттанар. Онон хас даҕаны көрүҥтэн талан ылалларын курдук көрдөрөбүт. Өлбүт киһи дууһата син биир тыыннаах кэриэтэ, уҥуоҕа кини анараа дойдуга дьиэтэ-уота буоллаҕа.

 

Куорат мыраанын үрдүгэр турар кылабыыһа эйгэтэ олох атын. Бэс, хатыҥ, тиит, харыйа булкаастаах күһүҥҥү кэбин ылыммыт чуумпу, чуҥкук ойууру арай суор хаһыыта аймаан ааһар. Чуҥкунуур чуумпуга, бэл, кынатын тыаһа куһууран иһиллэр. Ханна эрэ тииҥ, чыычаах бэйэлэрин түбүктэригэр мөхсөн букунуһаллар...

 

—  Өлбүттээх киһи 40 хонук устата иистэммэт, булка сылдьыбат;

—  Өлбүт киһи уҥуоҕа кини анараа дойдуга дьиэтэ-уота буоллаҕа;

Үс сылын кэнниттэн уҥуоҕар тахсыбаттар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Тапталга уйдаран
Спорт | 26.09.2024 | 12:00
Тапталга уйдаран
(1-кы чааһа)
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...