28.06.2024 | 10:00

Кыайыы болуоссатын мөккүөрдээх историята салҕанан бара турар

Кыайыы болуоссатын мөккүөрдээх историята салҕанан бара турар
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Кыайыы болуоссата – дьиҥнээх ытык сир. Бу мантан саха хорсун буойуннара Аҕа дойдуну көмүскүүр уоттаах сэриигэ аттаналлара. 
Болуоссат 1970 сыллаахха Улуу Кыайыы 25 сыллаах үбүлүөйүн көрсө тутуллубута.

Кыайыы болуоссатын бастакы өйдөбүнньүгэ – Т-34 тааҥка. Бу тааҥканы хаһан туруорбуттара билигин да мөккүөрү үөскэтэр. Сорох источникка 1977 сыл ыам ыйын 9 күнэ ыйыллар, сороххо – 1973 сыл суруллар. Бу мөккүөрдээх өрүт тааҥканы болуоссат иһигэр хаста да миэстэтин көһөрө сылдьыбыттарыттан тахсыбыт буолуон сөп. Сөргүтүү, өрөмүөн үлэтин түмүгэр тааҥка билиҥҥи миэстэтин булбута биллэр.

Тааҥка пааматынньыга “Советская Якутия” диэн Бастакы Украинскай фроҥҥа сэриилэспит танковай холуонна кэриэһигэр ананар. Маны таһынан, Саха сирин олохтоохторо хомуйбут харчыларыгар өссө “Алданский горняк” танковай холуонна сэриилэспитэ. Онон бу икки түгэни кэлэр көлүөнэлэргэ санатар сыаллаах турар пааматынньык буоларын умнумуоҕуҥ.

Аттаах бухатыыр. Пааматынньык туруохтаах сиригэр бастакы таас 1975 сыллаахха ууруллубут. Мемориальнай комплекс элбэхтик өрөмүөннэммитэ, онон 2010 сыллаахха, Улуу Кыайыы 65 сыллаах үбүлүөйүгэр, стела граниты кэппитэ. Бу стела сахалыы халандаар моһуонунан оҥоһуллубут.

1985 сыллаахха үөһэнэн көтөн иһэр аттаах бухатыыр (норуокка Манчаары диибит) оҥоһуллубута. Пааматынньыкка аттаах бухатыыр уобараһа хара дьайы барытын кыайбыт олоҥхо дьоруойа Ньургун Боотуртан ылыллыбыт диэн баар.

Саха бухатыыра – фашистары утары хорсуннук кыргыспыт саха саллаатын символа.

Пааматынньык кэннигэр Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойдара, Албан аат уордьан толору кавалердара буолбут саха буойуннарын барельефтара, хас улуус кыайыыга кылаатын кэпсиир боруонсаҕа кутуллубут билиитэлэр, үйэлэргэ сөҕүрүйбэт уот бааллар.

PS: Норуокка кэпсэнэринэн, стелаҕа баар бухатыыр фигурата бастаан башкир национальнай дьоруойа Салават Юлаевка ананан оҥоһуллубут, онтон сириллэн сахаларга тиксибит. Бу кэпсээн төһө оруннааҕа билигин да биллибэт.

1995 сыллаахха Триумфальнай арка тутуллубута.

2005 сыллаахха 5 фигураттан турар боруонсаттан скульптурнай бөлөх оҥоһуллубута: сэриигэ баран иһэр үс саллаат уонна кыра оҕолоох ийэ. Кинилэр турар гранитнай постаменнара сахалар сэриигэ барар кытылларын символа буолар.

Кыайыы болуоссатын сүрүн стелатыгар баар силистэринэн үөһэ таҥнары ыйаммыт мастар туһунан мөккүөр 2010 сыллаахтан саҕалаан баран, билигин да барар. Сорохтор, саха итэҕэлинэн, бу куһаҕан бит дииллэр. Сорохтор саха бухатыырдара абааһылары кытта охсуһалларыгар тиит мастары силистиин туурута тардан ылан күөрэччи быраҕаттыыр модун күүстэрин бэлиэтэ буолар дииллэр. Таҥнары дуу, сөпкө дуу туруоруллубут сэргэ туһунан эмиэ сэттэ араас санаа баар.

Бэрээдэктиир саамай сөп

Болуоссат ортотунан Дьоруой куораттар аллеялара субуллар.

Мемориал ааптардара: Скульптордар В.Петербуржцев, А.Степанов, архитектордар И.Слепцов, И.Андросов.

Эрэдээксийэҕэ киирбит сурук ааптара сөптөөх буоппуруоһу көтөхпүтүн, мин эмиэ олох сөпсөспөппүн диэн туспа көрүүлээх историк, киин куорат пааматынньыктарын харыстааһыҥҥа олоҕун анаабыт, Дьокуускай Килбиэннээх үлэ куората буоларыгар үлэлэспит Пантелеймон Пантелеймонович Петров санаатын үллэстэр: Ити ытык кырдьаҕастан киирбит сурукка этиллэр санааларга сөбүлэһэбин,  толору кыттыһабын. Дьоруой куораттар бу ытык ааттарын хаһан ылбыт бэрээдэктэринэн, ыйаахтарын ыйан туран, ыйар наада, ханна баҕарар, хаһан баҕарар сөпкө суруйар, кэпсиир, бэлиэтиир ордук дии саныыбын!”

СУРУК КИИРДЭ

Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө Кыайыы болуоссатын бэрээдэктиэххэ!

Биһиги, кырдьаҕас ыал, Хабаров уулусатын, 21/3 дьиэтигэр кыыспытын кытта олохсуйбуппут түөрт сыл буолла. Эдэр сааспыттан сарсыарда сүүрэр буолан, Кыайыы болуоссатыгар сарсыарда эрдэ чуумпуга кырдьаҕас киһи быһыытынан хааман, эппин-хааммын уһугуннаран абыранным.

Герой куораттар ааттара суруллубут чомпойдорун ытыктыы, кэрэхсии көрөбүн, чуумпутук кинилэр тастарынан хааман ааһабын. Дьэ, манна сөпсөспөт түгэммэр санаа атастаһыахпын баҕарабын.

1965 сыллаахха Кыайыы 20 сылынан Москва, Ленинград, Сталинград, Киев, Одесса, Севастополь куораттарга уонна Брест кириэппэскэ бочуоттаах Герой-куораттар ааттара иҥэриллибитэ.

Кэрийэ хааман истим: Москва, Ленинград, Керчь (1973) суруллан турар. Бу хайдаҕый? Мин санаабар, 1965 сыллаахха Герой куорат буолбуттар бары ситэри быстыспакка суруллуохтаахтар этэ буоллаҕа. Салгыы Брест кириэппэс, Киев, Одесса, Новороссийскай (1973), Севастополь, Сталинград, Минск, Мурманскай (1974), Смоленскай, Тула (1976) кэлэллэр.

Мин биир дойдулааҕым, Герой-сэрииһит Г.Д. Протодьяконов Сталинград кыргыһыытыгар холооно суох хорсун быһыытын иһин геройдар стелаларыгар саамай сөпкө бастакынан мэтириэтэ ыйанан турарын сөптөөҕүнэн ааҕабын. Дьэ, бу Протодьяконов оҕолоро, атыттар даҕаны 1941-1945 сс. Улуу сэрии дьылҕатын быһаарбыт Герой куорат Сталинград кэлин эрээккэ үтүрүллэн суруллан турарын “сөп” диэхтэрэ дуо? Саарбахтыыбын!

Тойон, хотун бөҕө син кэрийэн көрдөхтөрө... Тоҕо айдаарбаттарый, көннөрбөттөрүй? Эбэтэр мин сыыһабын дуу, ону быһаарыаххыт дуо?

 

Мин биир баҕалаахпын: эһиил, 2025 сылга, Улуу Кыайыы 80 сылыгар Герой куораттар ылбыт сылларын бэрээдэктэринэн суруйан дьон-норуот көрүүтүгэр тахсыахтарын баҕарабын, туруорсабын!

 

В.М. Ностуруойап, сэрии сылларын оҕото, 63 сыл педагогическай ыстаастаах, 84 саастаах

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...