14.11.2024 | 14:48

Кыайыы 80 сылынан куорат бары уокуруктарынан, нэһилиэктэринэн патриотическай сүүрүү былааннанар

Кыайыы 80 сылынан куорат бары уокуруктарынан, нэһилиэктэринэн патриотическай сүүрүү былааннанар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат физическэй култуураҕа уонна спорка управлениетын көҕүлээһининэн аны сайын былааннанар «Кыайыы нэһилиэнньиктэрэ» патриотическай сүүрүү бары уокуруктары уонна нэһилиэктэри хабыаҕа.
Ол курдук, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы былааҕын куоппуйата Кангалаас – Тулагы – Киллэм – Маҕан – Марха – Кыайыы паарката (Гагаринскай, Строительнай, Промышленнай уокуруктар) – Кыайыы болуоссата (Киин, Губинскай, Октябрьскай уокуруктар) – Ийэ скверэ (Сайсары, Автодорожнай уокуруктар) – Хатас (Пригороднай, Владимировка) – Табаҕа маршрутунан эйэлээх, чөл, чэгиэн олоҕу өрө тутааччылар көмөлөрүнэн  Дьокуускай куорат бары уокуруктарын уонна нэһилиэктэрин хабыаҕа, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Дорҕоон уонна медитация
Дьон | 09.11.2024 | 14:00
Дорҕоон уонна медитация
Бүгүн «Кэпсиэхпин баҕарабын» рубрикабытыгар эдэркээн кыысчаан Вера Аюмины кытта бэйэтин чараас санныгар хайдахтаах ыарахан тургутуулары ааһан, тапталлаах кэргэн, иһирэх ийэ, талааннаах Далбар Хотун таһымыгар тахсыытын туһунан сэһэргэһиэхпит.   – Вера, аҕаҥ эппит тылларын бастаан хайдах ылыммыккыный? – Аҕам: «Икки күүс холбоспут ньэҥирин уйуох тустааххын, эйиэхэ маны салайынар кыах  бэриллибит», – диэн...