29.10.2022 | 07:00

Кыайыахпыт, хайаатар да кыайыахтаахпыт!

Анал байыаннай дьайыыттан тыыннаах эргиллэн баран аны төлөбүрүн эккирэтиһэн номнуо хасыһын даҕаны төттөрү-таары кэлбит-барбыт биир дойдулаахпытын кытта кэпсэтиини, бэйэтигэр эрэннэрбиппит курдук, аатын уларытан таһаарабыт.
Кыайыахпыт, хайаатар да кыайыахтаахпыт!
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

- Таҥаһы-сабы, сэби-сэбиргэли барытын биэрбиттэрэ...

- 30 киһиттэн тохсуо эрэ буолан хаалбыппыт...

- Төлүүллэр дуу, суох дуу...

- Военкоматтар байыаннай дьайыыга сылдьан кэлбиппин билбэттэр быһыылаах...

- Мобилизацияттан куоппуттары ылыммаппын, кыһыылаах...

 

Ыам ыйыгар баҕа өттүбүнэн барбытым. Бииринэн, бэйэбин тургутан көрүү курдук; иккиһинэн, эр киһи буолан төрөөммүн, Ийэ дойдубун көмүскүүр иэстээхпин диэн санааттан. 2011-2012 сылларга аармыйаҕа танковай войскаҕа сулууспалаабытым. Билигин 31 сааспын туоллум.

Мантан Өлүөхүмэ уолунуун сахалар иккиэ буолан барбыппыт. Уолум – Улан-Удэ нөҥүө, мин Приморье Уссурийскайыгар, урут сулууспалаабыт чааспар тиийбитим. Бэлэмниибит диэн баран, бэлэм ыыппатахтара. Войскабын хаста даҕаны уларыппыттара. Бастаан беспилотник диэн көтөр тэриллэргэ үлэлиигин диэбиттэрэ. Олор үөһэнэн сылдьан координаттары көрөллөр, квадрокоптер курдук. Онтон аны, танкист эбиккин диэн, төттөрү тааҥкабайга ыыппыттара. Кэлин БМП-2 сылдьыбытым.

***

Сергеевкэ диэн бөһүөлэккэ байыаннай чааспыт, 394-с мотострелковай полка баар. Онтон Украинаҕа 21 киһи буолан барбыппыт, мин соҕотох саха этим. Ол курдук байыаннай сөмөлүөккэ олорон, Екатеринбурунан, Улан-Удэнэн дьону хомуйталаан, кыраныыссаҕа тиийбиппит.

Сергеевкэҕэ, чааспар, бронежилеттан уратыны – кааска, таҥас, байыаннай пуорма о.д.а. – барытын биэрбиттэрэ. Ис таҥаһы, термобелье, ветровик, дождевик, атах таҥаһын эмиэ. Антах тиийээппитин кытта бронежилет биэрбиттэрэ, туттуллубут, кыра хааннаах-сииннээх да буоллар.

***

Кыраныыссаҕа тиийэн баран Луганскай өттүгэр үлэлээбиппит. Танкист буолан тиийбитим да, эмиэ уларыппыттара. БМП-2 диэҥҥэ механик-суоппарынан сылдьыбытым. Пехотаны таһар этим. Оруобуна биир ый передовойга сылдьыбытым. Бэс ыйа толору, онтон бэс ыйын 27 күнүгэр бааһырыы ылбытым.

Ол курдук, Лисичанск диэн сиргэ улахан собуот баар, онно баалларын билэммит, бары өттүттэн киирэ сатаабыппыт. Наһаа чугаһаан хааллыбыт дуу, биһигини билэн, арт-обстрел үлэлээн барда. Ынырыктаах тыас-уус, буулдьа өрө уһууран олорор. Биһиги окуопа хаста охсон, онно саһар санааланан, үлэлээн бардыбыт. Тыын тыыҥҥа харбас диэн онно буолар эбит. Окуопабын тобугум үөһээтигэр эрэ диэри хаһынным, снарядтар, минометтар ытыалаан саҕалаабыттара. Онно оскуолак кэлэн түһэн, икки ойоҕоспун уонна тарбахпын тоһуппут этэ. Ол да буоллар  тулуйа-тулуйа хас да хонукка сылдьа сатаабытым. Онтон ыксаан медиктэргэ көрдөрбүтүм кэннэ госпитальга тутан ылан барбыттара.

***

Барыта 30 киһиттэн тохсуо буолан хаалбыппыт. Үс механик-суоппартан соҕотох мин ордубутум. Чааспар эмиэ соҕотох сахабын. Бэйэ-бэйэҕэ сыһыан үчүгэй. Ол да буоллар сэрии буола турар дойдутугар этиһии-охсуһуу да ханна барыай?! Наар тыаларынан эҥин сылдьаҕын. Окуопа хаста-хаста, аһаҕас халлаан анныгар утуйар мөһөөччүккэр сытан утуйаҕын. Ол курдук олороҕун.

Бэс ыйын 27 күнүгэр, эвакуацияланар күммүтүгэр, улаханнык кэһэппиттэрэ. Куотан эрэ тыыннаах ордор кыахтаах этибит. Атын хайыыр да кыах суоҕа. Ол куотарбытыгар массыынам хаалбыта. Ынырык куттал диэн онно баара, билигин хайдах куоппуппутун улаханнык өйдөөбөппүн даҕаны. Өстөөх буулдьата үрдүгүнэн, анныгынан ыйылыыра киһи сатаан кэпсээбэт алдьархайа.

***

Анараалары кытта утары көрсүү диэн суоҕа, килэмиэтир аҥаара курдук ыраах сылдьаллара. Ол көрсүһүүгэ ытыалаан көрбүппүт да, куоппуттара. Сэптэрэ-сэбиргэллэрэ, таҥастара-саптара, сэрэйдэххэ, олох үчүгэй быһыылаах. Артиллериялара точнайдык үлэлиир.

Хамандыырбыт харса суох, хорсун, бойобуой эдэр уол, старшай лейтенант, оттон батальон хамандыыра майор этэ; үчүгэйдэр да, куһаҕаннар да диэбэппин, сэрии аата сэрии буоллаҕа.

Ас өттүгэр улаханнык атаҕастаабатахтара, ”солдатскай паек” биэрэллэр уонна саамай үчүгэй аспыт диэн кэнсиэрбэ. Онно-манна сылдьан бэйэбит да булунан аһыырбыт.

Арааһынай дэриэбинэлэринэн сылдьыбыппыт, олохтоохтор сорохторо үчүгэйдик көрсөллөр, сорохтор биһигини сөбүлээбэттэр, туоххутун сүтэрэн кэллигит дииллэр.

Көрөргө ынырык этэ, дэлби тэптэрии, өлүк бөҕөтө, хаһан барыта хомуллара буолла... сытыйыы-ымыйыы, сыт-сымар бүтүн Украина үрдүнэн турар курдуга. Урут итинниги сэриилээх киинэлэргэ эрэ көрөрбүт.

***

Мин хантараагым атырдьах ыйыгар бүтүөхтээх этэ. От ыйыгар госпитальга сытан атахпар турбутум, атырдьах ыйын 7-гэр чааспар тиийбитим, кэллим диэн биллэриэхпин наада этэ. Онно тиийэн сулууспалаан бүттүм, хантараакпын түмүктүүбүн диэн рапорт суруйбутум; оннук суруйбатаххына, хантараагыҥ уһаан иһэр. Ол да буоллар төттөрү бараҕын диэбиттэрэ. Онно биһиэхэ ким да кыһаммат, кэлэҕин-бараҕын эрэ, суруйаҕын эрэ. Барымаарылар, эмиэ хантараактан уһулла сатыы сылдьар дьон бааллара.

Онтон дойдубар кэлбитим, медротаттан бааһырбытыҥ иһин бэрэсидьиэн анаабыт төлөбүрүн ылыахтааххын диэн төлөпүөннүү сылдьыбыттара. Ол төлөбүрбүн эккирэтиһэ сатаан, аны төттөрү барбытым; биир ыспыраапка тиийбэт диэн ылымматахтара, онтум эмтэммит госпитальбыттан кэлиэхтээх эбит. Анараалар ыыппыппыт дииллэр. Ити барыта атырдьах ыйыгар. Ону кэтэһэн баран эмиэ дойдубар төттөрү кэлбитим. Дьэ бу аҕыйах хонуктааҕыта ол ыспыраапкам тиийэн кэллэ. Онон эмиэ төттөрү көтөөрү олоробун. Владивостокка билиэт ыллым, онтон  Уссурийскайынан Сергеевкэҕэ тиийэбин. Онно медротабар тиийэн ыспыраапкабын биэриэхтээхпин. Төлүүллэр дуу, суох дуу, увольнениебын эҥин быһаарсыам. Билигин да сулууспалыы сылдьар курдукпун быһыылаах, рапорт суруйбутум да, бирикээс тахсыбатаҕа, ол быыһыгар тоҕо эрэ ким да көрдөөбөт диэн эрэх-турах саныыбын, иккистээн ылбаттар ини диэн. Аны маннааҕы военкоматтан мобилизацияҕа диэн бэбиэскэ кэлбит этэ. Байыаннай дьайыыга сылдьан кэлбиппин билбэттэр быһыылаах.

Дьэ ити курдук ынырык “дойдуттан” тыыннаах эргиллэн баран, аны төттөрү-таары ыспыраапка эккирэтиһиитэ, төттөрү-таары айан. Ыйдааҕы хамнаһы передовойга 220 тыһыынча солкуобайтан  саҕаланыа диэн эрэннэрбиттэрэ да, 160 тыһ. солк. эҥин курдук эбит.

***

Уйулҕам, биллэн турар, хамсаатаҕа. Куһаҕан түүллэри көрөбүн, баттатан эҥин ылар этим, ордук бастакы күннэргэ туругуҥ дьаабы. Кыра тыастан эҥин хаптайа, дьигиҥнии сылдьарым. Госпитальга утутар эми, уоскутар таблеткалары биэрэллэр. Билигин нуормабар түстүм, госпиталь кэннэ 21 күн санаторийга анаабыттара да,  нэдиэлэ сытан баран кэлбитим.

Хаалбыт уолаттары кытта улаханнык билсибэппин, биһигини кытта сылдьыбыт уолаттар бүттүлэр да быһыылаах, ким бааһыран, ким өлөн эҥин. Сергеевкэттэн тэҥҥэ барбыт табаарыс уолум, бэйэтэ хохол, бааһырбыт этэ, билигин ол чааспытыгар баар, эмиэ төлөбүрүн кэтэһэ сылдьар.

***

Ийэ дойдубутун көмүскүүр ытык иэспит буоллаҕа, олох кыайтарымыахха наада, киирдибит да киирдэхпит, тиһэҕэр диэри сылдьыахтаахпыт. Саамай кылаабынайа, антах тиийдэххэ, санаа түһүмүөн наада уонна наһаа дьоруойдаабакка өйдөөхтүк, мээнэ киирэн биэрбэккэ сылдьыахха наада эрэ диэн сүбэлиир кыахтаахпын.

Дьон санаата араас. Мин билэр да дьоммуттан мобилизацияттан куоппуттар бааллар, уот ортотугар сылдьыбыт киһи быһыытынан ону ылыммаппын, абарабын, кыһыылаах даҕаны.

Мобилизацияҕа аҥаар кырыы ыытыы буолла. Дьэ бүтэһик рейс көттө диэтилэр. Манна уулуссаҕа мин дьиэм анныгар хаамаайы киһи бөҕөтө, таах арыгылыы эрэ сылдьаллар, кинилэри тутаттаан ыытыахха буоллаҕа дии, элбэх оҕолоох эдэр аҕалары ыытыах кэриэтэ, саатар туох эрэ туһаны оҥордуннар ээ.

***

Биһиги сэриибит сэбин улаханнык тутта илик курдук өйдөөтүм. Мин 70-80 сыллаах массыынанан сылдьыбытым. Сэриигэ быраабыла эҥин баар буолар эбит, туттуллар-тутуллубат буулдьа диэн эҥин, биһиги өттүбүтүттэн ону барытын тутуһаллар. Аан дойду үрдүнэн сэрии быраабылата буолуо. Хохоллар өттүлэриттэн хантан ону тутуһуохтарай, “фосфор”, “зажигалка” эҥин диэни тутталлар. “Фосфор” диэн үөһэ эстэн хаалар ракета уонна хас эрэ квадратынан уот ардах түһэр. Тимири кытта быһа сиир. Оннуктар эҥин, дьиҥэр, көҥүллэммэттэр эбит. Мин ону дьэ билэн кэллим. Арҕаа дойдуттан сэрии сэбэ бөҕөтүнэн көмөлөһөллөр.

Тэлэбиисэр сонуннарын итэҕэйбэт буоллум. Биһиги антах биир сиргэ, биир дэриэбинэни ылбакка сырыттахпытына, арай араадьыйанан иһиттэхпитинэ, хайыы-үйэ ыллыбыт дииллэр. Онтон ыла тэлэбиисэр, интэриниэт сонуннарын итэҕэйбэппин.

***

Кыайыахтаахпыт, хайаатар да кыайыахтаахпыт. Национализм диэн эстиэхтээх, фашизм эмиэ. Хайдах даҕаны кыайдахпытына сатанар.

Срочник уолаттар, эп-эдэркээн 18-19 саастаах аармыйаҕа  сулууспалыы тиийбит оҕолор, үс ый сулууспалаан баран хантараак баттаһыахтарын сөп диэн быраабыла баар. Олоруҥ “казарма сууйа сылдьыахтааҕар” диэн быстах санааттан хантараакка илии баттыыллар. Оо, ол барахсаттары көрүөххэ дьулаан хартыына! Сууланан баран ытыы-ытыы муннукка сытааччылар диэн, тулуйбакка “бырахтаран” хаалбыттар диэн...

Дааннайбын барытын билэ олороллор, бу кэпсэтэ олорорбутун да биллэхтэринэ, истэ олорор буоллахтарына көҥүллэрэ, төлөпүөммэр эрийэллэр, куттууллар, “вы будете убиты” дииллэр...

***

Киһи өлөр-тиллэр икки ардыгар сытан саамай күндүтүн – кэргэнин, оҕолорун, чугас дьонун, төрөппүттэрин, олоҕун саныыр буолар эбит. Уопсайынан, тыыннаах ордубуппуттан дьоллооҕунан ааҕынабын. Дьоллоох да киһи эбиппин, ол алдьархайдаах ытыалааһыҥҥа, 30 киһиттэн тохсуо эрэ буолан хаалыахпытыгар диэри ынырыктаах сэриигэ.

Махтал эйиэхэ, аһаҕас кэпсээниҥ иһин, бырастыы гын дуу, аһаҕас бааскын хаттаан хастаан, ол ынырык күннэри санаппыппытыгар. Бэйэҥ этэриҥ курдук, эн куруук дьоллоох буолуоҥ!!!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...