28.10.2022 | 16:00

Кыаллыбат диэн суох

Анастасия Угарова — Дьокуускай куорат дьаһалтатын ыччаты кытта үлэҕэ салаатын тутаах исписэлииһэ, маны сэргэ М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет Инженернэй-техническэй институтун «Сири уонна кадастры оҥоруу» идэтин магистрана.
Кыаллыбат диэн суох
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

– Дьокуускай куорат сойбот сонуннардаах хаһыатын ааҕааччылара, дорооболоруҥ!

Мин устудьуон буолуохпуттан ХИФУ уопсастыбаннай олоҕор актыбыыс этим. Балтараа сыл кэриҥэ көннөрү актыбыыһынан үлэлээн, “Актыып оскуолата” диэни ааһан, салгыы тугу сайыннарыахха сөбүн быһаарынан баран, Инженернэй-техническэй институт устудьуоннарын иһинэн үлэлиир профсоюзка бэрэссэдээтэлинэн кандидатурабын туруоруммутум. Устудьуоннар куоластааннар, эрэнэннэр, 2019-2022 сс. бэрэссэдээтэл быһыытынан үлэлээбитим.

Тыый! Бүтүн институт бэрэссэдээтэлэ буолар диэн улахан чиэс уонна эппиэтинэс буоллаҕа...

Оннук. Биһиги устудьуоннар араас кыһалҕаларын быһаарар этибит, холобура, уопсайга киирии, үрдүк истипиэндьийэҕэ докумуоннары тутуу о.д.а. Ону таһынан үөрэҕим тутар хамыыһыйатыгар үлэлээбитим. Бу сылдьан элбэх саҥа доҕордонон, биир санаалаахтарбын көрсөн, хамаанда тэриммитим, дьону кытта үлэлиир уопуту ылбытым уонна лидер хаачыстыбатын сайыннарбытым.

Анастасия, эн Дьокуускай куорат дьаһалтатыгар ыччат салаатыгар үлэлиигин, онно сүрүн хайысхаҥ ханныгый?

Билигин мин Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын уопсастыбаннай сибээскэ уонна ыччат политикатыгар управлениетыгар волонтерскай үлэ-хамнас исписэлииһэбин. Сүрүннээн волонтердары кытта үлэлиибит, куоракка ыытыллар улахан тэрээһиннэргэ көмөлөһөбүт, нэһилиэнньэ көрдөһүүтүгэр тирэх буолабыт. Билигин саҥа арыллыбыт Анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөбүт.

Управление иһинэн үс сүрүн отделлаахпыт, ол онно ыччат политиката, уопсастыбыннай сибээс уонна социальнай политика салаалара киирэллэр.

Сүрүн тэрээһиннэргитин ааттаталыаҥ дуо?

Култуурунай, патриотическай, айар, интеллектуальнай тэрээhиннэри ыытабыт. Ол курдук, «МЭР» дьыалабыай оонньуу, «Мамалыш», «Молодая семья», «Молодежный connect», «Поколение лидеров» уо.д.а. тэрээһиннэр нэһилиэнньэ биһирэбилин ылан, сыл аайы ыытыллар буоллулар.

“Волонтер” диэн кимий?

— Бэйэтин баҕа санаатынан дьоҥҥо үтүөнү оҥорор, көмөлөһөр киһи буоллаҕа. Дьокуускай куоракка волонтерскай хамсааһын күүскэ сайынна, аҕа көлүөнэҕэ көмөлөһүү, субуотунньуктары ыытыы, аадырыстаах көмөнү оҥоруу курдук үгэс буолбут тэрээһиннэри таһынан, холобура, медиаволонтерство диэн баар. Медиаволонтердар социальнай ситимнэргэ уонна СМИ-лэргэ волонтердуур дьаһаллары сырдаталлар, тарҕаталлар, ол дьаһаллар дьоҥҥо тиийимтиэ буолалларын туһугар тупсаҕай дизайнныыллар, макеттыыллар. Эковолонтерство, уопсастыбаннай куттал суох буолуутун волонтерствота уонна да атын элбэх хайысха баар. Мин санаабар, волонтерство ханнык баҕарар эйгэҕэ бэйэ кыаҕын холонон көрөр кыаҕы биэрэр. Волонтер учуутал, тутааччы, инженер, дизайнер оруолун барытын холонон көрүөн сөп.

Волонтердары кытта хайдах үлэлиигит?

Цифровой технология кэмигэр волонтердарбытын социальнай ситимнэринэн, мессенджеринэн булабыт. Билигин мин хамаандабар 20 тирэх киһи баар. Уопсастыбанньык быһыытынан тус бэйэм волонтердарбын өрүү өйүүбүн, Махтал суруктарынан, сылаас эбиэттэринэн эбэтэр өйдөбүнньүк сувенирдарынан бэлиэтиибин.

Дьэ, билигин волонтердар үлэҕит үгэнэ буоллаҕа.

Оннук. Бүгүҥҥү күҥҥэ мобилизацияҕа барбыт дьон дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөбүт – сайабылыанньаны толорууга, наадалаах докумуоннары сканныырга көмөлөһөбүт, туһааннаах исписэлиистэргэ ыытабыт о.д.а.

 

 

Ону тэҥэ билигин бу хайысхаларга волонтердары көрдүүбут:

Ыалларга аадырыстаах көмө оҥорор баҕалаах дьону;

PRO BONO волонтердар (юристар, психологтар, адвокаттар);

Автоволонтердар (массыыналаах дьон).

 

 

—Мобилизацияҕа барбыт дьоҥҥо дьаһалта өттүттэн өссө туох көмө оҥоһулларын ааҕааччыларбытыгар сырдатыахха эрэ.

Бастакытынан, куораттан барбыт дьон дьиэ кэргэттэригэр 30 000 солк. кээмэйдээх биир кэмнээх харчынан көмө оҥоһуллар. Бу күннэргэ оҕуруот аһынан көмө бара турар. Оскуола үөрэнээччитигэр оптуобуска босхо айан уонна эбиэт уо.д.а. курдук тустаахтарга балайда суолталаах өйөбүллэр эмиэ бааллар.

Эн, инженер идэлээх киһи, тоҕо идэҕинэн үлэлээбэккэ, волонтер буоллуҥ?  Туох санааттан?

Оскуола эрдэхтэн үтүө санаа аахсыйаларын сэргиирим, көхтөөх кыттыыны ыларым, ол эрээри оччолорго маны үлэ курдук өйдөөбөт этим. Устудьуоннуур сылларбар ити баҕам өссө күүһүрбүтэ. Оруобуна пандемия саҕаламмыта. Ол кэмҥэ ХИФУ устудьуоннарын идэлээх сойууһа бэйэтин волонтерскай киинин арыйбыта.

— Чэ, аны куорат ыччатыгар киириэххэ, эһиги ордук туохха болҕомтону уураҕыт?

Айар дьоҕурдаах ыччаттарга тирэх буолабыт, холобура, соторутааҕыта коммуникационнай сессия ыытан, ыччаппыт куораты тупсарыыга идеяларын хомуйбуппут. Биир саамай бастыҥ бырайыакпыт –  “МЭР” дьыалабыай оонньуу. Чуолаан бу оонньуу чэрчитинэн киин куоракка оптуобус сылаас тохтобуллара олоххо киирбиттэрин тоһоҕолоон бэлиэтиэххэ наада.

— Сылаас тохтобул – бэртээхэй идея! Атын туох бырайыак олоххо киирдэ?

2020 сыллааҕы оонньуу түмүгүнэн ХИФУ кылаабынай куорпуһун утары Теплай күөлгэ Ыччат скверэ тутуллубута.

— «Үтүө санаа” диэни хайдах өйдүүгүн?

Үтүө санаа хас биирдии киһиэхэ баар буолуохтаах. Бу эн олоххо сыһыаныҥ. Биир киһи бүтүн уопсастыба, норуот олоҕун тупсарыан, чэпчэтиэн сөп.

Үтүө дьыалалары улахан эбэтэр кыра диэн араарбакка үлэлиирбин ордоробун. Дьон махтала миэхэ үөрүүнү аҕалар. Киһиргээн эттэххэ, кыаллыбат дьыала диэн суох, «Киһи барытын кыайар» диэн тус толкуйдаахпын.

Кэпсэтииҥ  иһин махтанабын, ситиһиилэри баҕарабын!

Махтал!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
«Кыһыл көмүс» выпуск
Сонуннар | 27.09.2024 | 12:00
«Кыһыл көмүс» выпуск
Бүлүү педучилищетын 50 сыл анараа өттүгэр баһаатай идэтин баһылаабыт эдэркээн кыргыттар, уолаттар пионерскай үлэҕэ оҕо аймаҕы үөрэтэ, сырдыкка угуйа туруммуттара. Бүгүн бу выпуск туһунан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, методист-баһаатай Любовь Николаевна Сидорова кэпсиир. Сыл-хонук түргэнник да ааһар эбит. 1970 сыллаахха кырылас кумахтаах Бүлүү куоратыгар турар Н.Г. Чернышевскай аатынан педучилищеҕа саҥа арыллыбыт...
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Сонуннар | 25.09.2024 | 11:46
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Балаҕан ыйын 23-27 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Судаарыстыбаннас күнэ киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэниэҕэ. Сүрүн тэрээһиннэр Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев аатын үйэтитиигэ ананыахтара. Ол курдук, киин куорат оскуолаларыгар линейкалар, кылаас чаастара, бэсиэдэлэр, викториналар, кинигэ быыстапкалара, аһаҕас уруоктар, күрэхтэр ыытыллаллар. Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Нам улууһугар Өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннас историятын түмэлигэр уопсастыбаннас мунньаҕа,...