Кыһыҥҥы таҥаспытын быыһыыбыт
Уһун кыһын кэнниттэн хаһаайкалар ичигэс таҥаспытын бэрийэн, сууйан-сотон уурабыт, дьиэбитин-уоппутун өрө тардынабыт. Кыһыҥҥы таҥаспытыгар үйэлэр тухары киһи аймах өстөөҕө – көйүүр суоһуон сөп. Кинини кытта охсуһуохпут иннинэ, сиһилии билсиэххэйиҥ.
Википедияҕа суруйалларынан, ити үөммүт аан дойдуну бүттүүнүн сабардаан олорор эбит. Арай тропическай дойдуларга эрэ кыайан олохсуйбат. Улахан көйүүрдэр кээмэйдэрэ 5-8 мм, сымыыттара 0,5 мм буолар диэбиттэр. Чинчийээччилэр этэллэринэн, көйүүр таҥаһы эрэ буолбакка, бурдугу, куруппаны, үүнээйини, сымнаҕас миэбэли, көбүөрү кытта сиир. Итинтибит өссө тохтообокко 800 м диэри ыраах көтүөн сөп үһү. Көйүүр сымыытын 2-3 нэдиэлэ устата сииктээх сиргэ таҥас быыһыгар кистиир. Тыһы көйүүр 40-тан саҕалаан 100-кэ тиийэ сымыыттыыр. Сылаас дьиэҕэ сымыыт 8 күн иһинэн куокантан тахсан, түүлээх үөн буолар эбит (тымныы усулуобуйаҕа 3-4 нэдиэлэнэн).
Таҥаһы-сабы көйүүр бэйэтэ буолбакка, ыамалара буортулуур эбиттэр. Түүлээх үөннэр сыылла сылдьан дьиэ малын, кэтэр таҥаспытын, ол иһигэр тымныы сиргэ олорор дьон кыһыҥҥы түүлээх таҥаспытын, саҥыйахпытын, унтуубутун сэймэктииллэр.
Көйүүр уулуссаттан, ыаллартан, бородууктаттан (куруппаттан), библиотека кинигэлэриттэн киириэн сөп. Кини хас да көрүҥнээх буолар.
Саҥыйах көйүүрэ (сиэрис таҥас көйүүрэ). Түүлээҕи – тапталлаах уонна абыраллаах саҥыйахтарбытын, бэргэһэлэрбитин, туох баар түүлээх тээбириннэрбитин сиир. Ону сэргэ кинигэни, сыттык түүтүн, сиэрис таҥаһы, войлогы буортулуур.
Дьиэ малын көйүүрэ. Бу көрүҥ, аата да этэрин курдук, сымнаҕас дьиэ малын – дьыбаан, кириэһилэ быыһыгар саһан олорон сиир. Түүлээҕи уонна сиэрис таҥаһы сэдэхтик буортулуур.
Былаачыйа көйүүрэ. Таҥаһы сиир көйүүр аата. Таҥас ыскаабыгар хараҥаҕа үөскүүр уонна таҥас бары көрүҥүн сиир.
Аһылык көйүүрэ (бурдук, фpyкта көйүүрэ). Чэйи, бурдугу, эриэхэни, caаxapы, куруппаны сиир. Ыамаларын ас быыһыгар хаалларар. Итинник ас буорту буолар, сиэммэт.
Былыр-былыргыттан киһи аймах төһө кыайарынан көйүүр үөнү кытта охсуһан кэллэ. Билиҥҥи үйэҕэ ити «кыылы» кытта «сэриилэһэргэ» химия арааһа айылынна. Олортон саҥа айыллыбыттарын уонна удамыр сыаналаахтарын кытта кылгастык билиһиннэрэбит.
«Молли» спрей
Туттарга табыгастаах, үчүгэй сыттаах, суруйалларынан, киһиэхэ уонна дьиэ кыылыгар буортута суох, таҥаска бээтинэ хаалларбат. Тирииттэн уонна түүлээхтэн тигиллибит таҥаһы, дьиэ тэрилин ыстарыахха сөп. Көбүөрдэри, сымнаҕас дьиэ тэрилин бүрүөһүнүн, таҥаһы, атах таҥаһын 20-25 см ыраахтан сиигириэхтэригэр диэри ыстарыллар. 250 мл спрейи 15-20 м2 иэннээх сиргэ ыһыллар. Сыл аҥаара буолан баран өссө төгүл ыстарыллыахтаах.
«Армоль» аэрозоль
Суруйалларынан, саҥыйахтары, соннору уонна атын таҥаһы сыл аҥаара 100% харыстыыр. Лаванда сыттаах.
Улахан көйүүрү уонна үөннэрин өлөртүүр.
Аэрозоль араас түүлээх таҥаһы (норка, каракуль уо.д.а.) таҥаһы ыстарарга барсар.
Таҥас хас биирдии быыһыгар үчүгэйдик киирэр, бээтинэ хаалларбат.
Көбүөрү, сымнаҕас миэбэли, түүлээх атах таҥаһын ыстарарга наһаа табыгастаах.
Көйүүр уйаларын суох оҥорорго тугу гынабыт?
Ыскаап кэннилэрин, истиэнэни, ханан саһыан сөптөөх сирдэрин ыстарыахха наада.
Көйүүр көтө сылдьарын көрдөххүтүнэ, шерсть таҥаскытын холодильник тоҥорор кaмepатыгар угуҥ диэн сүбэлииллэр. Халыҥ кууркалары, саҥыйаҕы итии паарынан ыраастыахха сөп. Чараас таҥаһы таҥас сууйар бороһуогунан сууйуохха наада.
Дьиэҕит иһигэр бары муннуктары, көйүүр ханна саһан олоруон сөптөөх сирдэрин пылесостаан, сууйан-сотон биэриэххэ наада. Түннүк сабыыларын, утуйар таҥаһы сууйуллар, көбүөрдэри ыраастанар. Кыайан сууйуллубат тээбириннэри кураанах, күннээх халлааҥҥа таһырдьа күн уотугар салгылатыллыахтаах.
Куукунаҕа эмиэ барытын сууйуҥ-сотуҥ, куруппаны, эриэхэни, хатарыллыбыт фруктаны быраҕыҥ, хараллан сыппыт иһиттэрин хлорканан уонна уксууһунан сууйуҥ диэн сүбэлииллэр.
Химиянан туттарга уопсай сүбэ быһыытынан санаттахха, ыстарбыт кэннэ 15 мүнүүтэ буолан баран чаас аҥаара дьиэни салгылатар ордук. Ханнык баҕарар дьаатынан туттар кэмҥэ дьиэҕэ дьон, дьиэ кыыллара, көтөрдөр, балыктар суох буолуохтаахтар. Аквариуму дьиэттэн таһаарыахха эбэтэр үрдүн сабыахха сөп.
Арай, дьаат алҕаска харахха киирдэҕинэ эбэтэр тириигэ ыстардахха, ыраас уунан күүскэ сайҕаныахха наада.
Үөһэ этиллибит химияны киһи барыта туттар кыаҕа суох. Билиҥҥи үйэҕэ аллергиялаах киһи элбэх. Онон дьиэтээҕи усулуобуйаҕа химияны туттубакка эрээри хайдах көйүүртэн босхолонуохха сөбүй диэҥҥэ тохтуохха.
Норуот ньымалара
Пиxта эбэтэр лaванда арыыта. Сиэрис таҥас көйүүрэ сөбүлээбэт сыттара. Буортулааччыны кытта охсуһарга ити арыыга умньаммыт баатаны таҥас ыскаабыгар уурталыахха наада.
Лaванда сибэккитэ. Көдьүүстээх ньымалартан биирдэстэрэ диэн бэлиэтэнэр. Лаванда хаппыт сибэккилэрин маарылаҕа уган баран таҥас быыһыгар угуллар.
Aпeльcин хаҕa. Апельсин эбэтэр мандарин хахтарын хатаран баран эмиэ таҥас ыскаабыгар ууруллар.
Чecнoк. Көйүүр чеснок сытын сөбүлээбэт. Онон чесногу өлүүлэргэ арааран баран таҥас быыһыгар угуллар.
Гepaнь. Элбэх ыал үүннэрэр сибэккитин сытын үөн-көйүүр сөбүлээбэт, олор истэригэр көйүүр эмиэ.
Гвoздикa уонна сыттаах биэрэс. Бакыакка кутан баран дьиэ муннуктарыгар, ыскаапка уктахха, көйүүрү өр көрүөххүт суоҕа диэн суруйаллар.
Xаһаайыстыбаннай мыыла. Көйүүрү куттуур, тэйитэр курдук таҥаһы сууйуохха уонна ону сэргэ таҥас быыһыгар угуохха сөп эбит.
Haфтaлин эбэтэр духуу. Haфтaлин эбэтэр духуута бүппүт флаконнары эмиэ таҥас быыһыгар уурар туһалыыр. Холобур, нафталин 2 сыл тухары «үлэлии» сытыан сөп эбит. Ол эрэн киһи доруобуйатыгар буортулаах токсиннардааҕын быһаарбыттар. Оҕолорго, онкологическай ыарыылаах дьоҥҥо сэрэхтээх эбит.
Тымныы уонна күн сардаҥалара. Көйүүр итииттэн уонна тымныыттан куттанар эбит. Ол иһин хайа сатанарынан кыһын да, сайын да таҥаһы, сыттыктары таһырдьа таһааран салгылатар үчүгэй.
Хаһыат. Ити «кыылбыт» типография кырааскатын сытын сөбүлээбэт үһү. Онон көйүүр үөскүөн сөптөөх сиригэр, унтуулар, түүлээх таҥас иһигэр, хаһыат симэттиир үчүгэй.
Сэрэтэр үлэ
Таҥаһы-сабы сөп буола-буола бэрэбиэркэлии, тэбии-сахсыйа сылдьар наада. Хараҥа, сииктээх сиргэ сөбүлээн олохсуйарын иһин, дьиэбитин хайа сатанарынан салгылатан, түннүк арыйан, күн сардаҥаларын киллэрэ сатыахтаахпыт. Үөһэ этиллибитин курдук, сиэрис, тирии уонна түүлээх таҥастарбытын, сымнаҕас дьиэ тэрилин, түннүк сабыыларын таһырдьа күн уотугар эбэтэр томороон тымныыга таһааран салгылатарбыт наадалааҕын умнуо суохтаахпыт.
Саҥа, ордук түүлээх таҥаһы атыыластахпытына, хас биирдии сиигин, сиэптэрин, биэтэһин чинчийэн көрөр тоҕоостооҕун бэлиэтииллэр. Эмтии сатыахтааҕар, сүрэҕэлдьээбэккэ эрдэттэн көрбүт-истибит, бэрэбиэркэлээбит ордук.