25.03.2021 | 09:29

Кыһыҥҥы таҥаһы уурунар кэм кэллэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьыл кэмэ уларыйдаҕын аайы таҥаспытын-саппытын харайан, сөпкө ыраастаан, сууйан-тараан ууран иһиэхтээхпит. Билигин кыһыҥҥы таҥаһы дьаһайар кэммит кэллэ.

  • Ыскаапка, сарайга, ампаарга таһаарыах иннинэ кыһыҥҥы таҥас хайаан да ыраастаныахтаах, кичэллээхтик тэбэниэхтээх. Салгыҥҥа ыйаан туруора түһэр өссө үчүгэй. Сатаан ыраастаммат таҥаһы анал химчисткаҕа илдьэн ыраастатар ордук.
  • Таҥаһы ууруоххут иннинэ наардааҥ: кэтиллибэт таҥас дьылҕатын быһаарыҥ, быраҕыҥ эбэтэр кыамматтарга таҥас хомуйар сиргэ илдьэн туттарыҥ. Ордук оҕо таҥаһыгар быраҕыллар, дьоҥҥо бэриллэр, атыыланар элбэх буолар.
  • Ревизия ыытыҥ. Таҥас сиэптэрин бэрэбиэркэлээҥ: кумааҕы сыыһын, бытархай харчыны барытын хостооҥ. Хайдыбыттаах таҥаһы абырахтааҥ, туллубут тимэхтэри тигэн кэбиһиҥ.

Кыһыҥҥы таҥастар элбэх миэстэни эрэйэллэр. Сиэрис уонна түүлээх таҥаска моль уонна тириини сиир хомурдуостар кутталлаахтар. Ол иһин ыскаабы анал эмтэринэн обработкалыыбыт. Мутукчаны, кедр мас хатырыгын, лаванда, мята отун угуохха сөп.


Мольтан харыстыыр норуот ньымалара

* Сыттык хаатын ууга илитэн баран хойуу соҕустук хаһаайыстыбаннай мыылалыыбыт.  Сайҕаабакка эрэ хатарабыт. Крахмалламмыт курдук хороччу тура сылдьар буолар.  Мөһөөччүкпүт иһигэр лавровай лииһи, бытарытыллыбыт хара хаһаайыстыбаннай мыыланы угабыт. 

Маннык мөһөөччүккэ түүлээх бэргэһэни, ханнык баҕарар сону суулаан угар үчүгэй.

* Саҕынньаҕы харайарга сиидэс таҥастан мөһөөччүк, чехол тигэн баран кэтэрдэн кэбиһиллэр. Иһигэр дэлби хара хаһаайыстыбаннай мыыланы теркалаан угуллар. Туох да киирбэт гына тигэн кэбиһиэхтээхпит.

* Унтууну харайарга иһигэр хаһыат симэбит, хоруопкаҕа эбэтэр мөһөөччүккэ уган баран туох да киирбэт гына скотчтуубут.

* Соннор сиэптэригэр, унтуу иһигэр, саҕынньах чехолугар “Беломорканал”, “Прима” курдук хойуу сыттаах табаҕы үлтүрүттэххэ, моль буулаабат.


Түүлээх таҥаһы сөпкө харайабыт

Ыраастаммыт, салгылаабыт саҕынньах биэтэһигэр кедр арыытын таммалатыахха сөп. Суон саннылаах биэһэлкэҕэ ыйыыбыт. Таҥас хахтаан ыйыыр ордук.

Түүлээҕи салапаан мөһөөччүккэ угуллубат: түүлээх таҥас тыыныахтаах, салгына суох буоллаҕына өҥүн сүтэрэр, сыттанар.

Бэргэһэлэри хортуон хоруопкаларга эбэтэр сиидэс мөһөөччүккэ харайыллар.  Быһыыларын сүтэрбэтиннэр диэн ыраас кумааҕыны иһигэр угуохха сөп. Өстүөкүлэ бааҥкаҕа эбэтэр сибэкки горшогар кэтэрдиэххэ эмиэ сөп.

Бэргэһэ биэтэһигэр кыһын устата сыа, кир олус мунньуллар, бу моль уонна араас бактерия үөскүүрүгэр төрүөт буолар. Онон ууруох иннинэ ыраастаныахтаах.


Тирии таҥаска ураты сыһыан

Дубленканы уонна тирии кууркалары уурарга хайаан да моль эминэн туттабыт. Сорох тириини сымнатар оҕунуохтуур куолу. Билигин тирии таҥаска аналлаах спрейдэр бааллар.

Тирии куурка уонна дубленка ыйанар билиэччиктэрэ сымнаҕас буолуохтаах. Кыра эбэтэр синньигэс биэһэлкэҕэ ыйанан туран куурка быһыыта буорту буолар, уунан хаалар. Танас ыскаапка бэйэ бэйэтиттэн 2-3 см ыраах-ыраах ыйааҥ.  Бу салгын көҥүл хамсыырын туһугар оҥоһуллар.


Сиэрис уонна баайыы таҥастар

Биирдэ-иккитэ эрэ кэтиллибит да баайыы таҥаһы сууйан баран ууруллуохтаах. Ону тэҥэ мольтан харыстыыр эминэн ыстарабыт. Сиэрис былаачыйалары уонна көстүүмнэри билиэччиккэ ыйаан, таһынан таҥас хахтыыр ордук. Куопталары, сибиитэрэлэри контейнердарга сааһылаан ууруохха сөп. Ыарахан ыйааһыннаах таҥаһы аллара угуохтааххыт, чэпчэкилэри – үрдүгэр.

Өссө биир табыгастаах ньыма – баайыы таҥаһы рулоннуу эрийэн ууруу. Оччоҕуна таҥас имиллибэт, токуччу хаптайбат.


Кыһыҥҥы кууркалар уонна  пуховиктар

Биэһэлкэҕэ даҕаны, сааһылаан даҕаны харайыахха сөп. Синтетика кууркалары вакуумнай пакеттарга угар тыбагастаах. Маныаха пакекка уган баран, салгынын пылесоһунан оборторон ылыллар. Кыһын кэтиэххит иннинэ эрдэттэн салгылатыаххытын, тэбиэххитин наада буолар.

 


Бэрчээкки уонна саарпык

Саарпыгы, саал былааты уонна бэрчээккини рулоннуу кытаанах гына эрийэн уурар олус табыгастаах. Тирии бэрчээккини анал спрейинэн ыстаран баран уурар үчүгэй. Бу таҥастары эмиэ мольтан харыстыыр наада.


Атах таҥаһа

Ханнык баҕарар кыһыҥҥы атах таҥаһын иһигэр кумааҕы уган уурар ордук. Оннук гымматахха, тирии эбэтэр тыс атах таҥаһа түүрэ тарда хатар эбэтэр быһыыта-таһаата алдьанар.

Саппыкыны, бачыыҥкалары туруору, хороччу ууруллар. Уһун остоох тирии саппыкы сототугар мас колодканы угар үчүгэй. Ууруохпут иннинэ, биллэн турар, кичэйэн ыраастыыбыт, кириэмниибит.

Сытыары уурар буоллаххытына тус-туспа пакеттаан уураргыт ордук. Ол иннинэ саппыкыларгытын хлопок таҥаска суулааҥ, иһигэр хаһыаты толору симиҥ – маннык гыннахха тостубат, мыччыстыбат.

Замша атах таҥаһын ууруох иннинэ үчүгэйдик ыраастаан баран куурдуллар. Бээтинэлээх буоллаҕына анал суокканан, ластигынан ыраастыыбыт. Анал сириэстибэлэринэн обработкаланыахтаах.

Наһаа киртийбит замша атах таҥаһын итии мыылалаах ууга суокканы илитэн ыла-ыла ыраастааҥ. Мыыла оннугар нашатырнай испиири туттуохха сөп – 1:5.  Маннык ыраастаан баран атах таҥаһын хайаан да тымныы уунан сотуллар. 1 лиитэрэ ууга 1 ч.нь. уксууһу эбэбит. Замша элбэхтик илийдэҕинэ хатан кытаатан хаалыан сөп. Ону илиибитинэн кыратык имитэ түһэбит, тымныы мыылалаах уунан оҕунуохтуохха сөп.

Натуральнай тирииттэн тигиллибит атах таҥаһын уурарга хайаан да сымнатар кириэминэн биһэн баран ууруллар. Эбэтэр ынах арыытынан ньалҕаарыччы сотуохха сөп. Арыыта иҥпитин эрэ кэннэ ылан уурабыт.

Тирии атах таҥаһын бээтинэлэрин ыраастыырга 1 ыст. ууга 1 ост. нь. суоданы суурайан баран ыраастыыбыт. Бээтинэни күүгэн тахсыар диэри аалабыт, онтон кураанах губканан сотон ылабыт. Кытаанах тирии атах таҥаһын сибиинньэ сыатынан сотуохха сөп. Чараас тириини сууйан, кураанах гына сотон баран банан хаҕынан сотоллор.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....