14.06.2024 | 10:00

Куйаастан хайдах быыһанабыт?

Куйаастан хайдах быыһанабыт?
Ааптар: Айталина СОФРОНОВА
Бөлөххө киир

Төһө даҕаны дьыл хайа да кэмиттэн сайыны ордук күүттэрбит, аҕыннарбыт, Сахабыт сирин өҥүрүк куйааһын тулуйар, уйар киһи ордук куоракка аҕыйах быһыылаах. СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин саайтыгар суруйалларынан, чахчы даҕаны, куйааһы киһи эрэ барыта уйбат, улаханнык эрэйдэнэр эбит. Ол иһин, салгын температурата 30 кыраадыстан таҕыста даҕаны, организмҥа куйааһы кытта охсуһарга көмөлөһөргө сүбэлииллэр:

Элбэх ууну иһиэххэ наада. Куйааска кыра-кыра омурдуунан күҥҥэ 2-2,5 лиитирэ ууну иһэргэ сүбэлииллэр. Ол инниттэн бэйэни кытта уулаах бытыылканы илдьэ сылдьар табыгастаах. Манна даҕатан эттэххэ, тымныы уу киһини тиритиннэрэр, оттон минньигэс утах, төттөрүтүн, утатыннарар. Онон балартан аккаастанабыт.

Чаастатык суунабыт. Кыаллар буоллаҕына, күҥҥэ хаста даҕаны дьиэтээҕи температуралаах уунан душтанар ордук. Оттон киэһэ-сарсыарда сылаас-тымныы уунан хардары-таары сайҕаныы күн устата сэниэлээх сылдьарга көмөлөһөр эбит. Күнүскү өттүгэр моойу, сирэйи, тоҥолох, тобук ис өттүлэрин, бэгэччэктэри сииктээх салфетканан сотто сылдьыы эмиэ куйаас кэмҥэ абыраллаах.

Сөпкө аһыыбыт. Куйааска хаһааҥҥытааҕар да сөпкө аһыыр ирдэнэр. Дьыл бу кэмигэр чэпчэки, калорийа суох аһылык барсар. Холобура, сарсыарда халбаһылаах килиэп оннугар хааһы, иэдьэгэй, оҕуруот аһыттан салаат сиэххэ сөп. Эбиэккэ сыалаах-арыылаах ынах, убаһа эттээх аһылык оннугар сүбүөкүлэттэн, оҕуруот аһыттан, куурусса этиттэн миин ордук. Ыһаарыламмыт аһылыгы тохтотобут. Ол оннугар рациоммутугар оҕуруот аһын, фруктаны, үрүҥ аһы киллэрэбит.

Гигиена быраабылаларын тутуһабыт. Улахан кыһалҕата суох чуолаан күнүс 12.00 чаастан киэһэ 17.00 чааска диэри таһырдьа тахсартан туттунар ордук; күн уотугар сыраллыах кэриэтэ, салгына суох кыбартыыраҕа, үлэлиир сиргэ хорҕойбут ордук. Кондиционердаах дьиэ буоллаҕына, өссө ордук. Кыаллар буоллаҕына, эбиэттээн баран кыратык утуйан ылыахха сөп. Күнтэн харыстыыр кириэмэ, салгын ачыкыта суох таһырдьа тахсартан аккаастаныҥ. Оттон таһырдьа тахсыбакка сатаммат буоллаххытына, саамай табыгастаах кэмнэри баттаһарга кыһаллыҥ - сарсыарда 11.00 чааска диэри уонна киэһэ 18.00 чаас кэнниттэн.

Бу тэттик уонна судургу сүбэлэр куйаас күннэри доруобуйаҕа охсуута суох аһарарга көмө-тирэх буолуохтара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...