01.06.2024 | 18:00

Куурусса этиттэн сонун бүлүүдэлэр

Куурусса этиттэн сонун бүлүүдэлэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Куурусса этиттэн шницель

Куурусса түөһүн этэ – 2 уст.;

Сымыыт – 2 уст.;

Бурдук – 100-200 г;

Паприка – 2 ч.нь.;

Туус;

Мас арыыта – ыһаарылыырга.

 

Куурусса түөһүн этин бастаан аҥаардыыбыт, онтон чарааһатан өссө икки гына быһабыт. Бииртэн түөрт шницель тахсар этин оҥоробут.

Өтүйэнэн кыратык хаптаччы кырбаан биэрэбит.

Панировкатын бэлэмниибит: биир иһиккэ бурдук, паприка, ханнык туманы сөбүлүүргүтүнэн, иккис иһиккэ – сымыыттарбытын тууһаан ытыйабыт.

Куурусса этин бастаан ытыллыбыт сымыыкка, онтон бурдукка умньаан ыла-ыла, элбэх арыыга ыһаарылыыбыт.

Хоторорбутугар салфетка тэлгээн, арыытын оборторобут.

Кэтилиэт эбэтэр наггетсы

Куурусса түөһүн этэ – 3 уст.;

Сымыыт – 3 уст.;

Сыыр – 100 г;

Туус, тума;

Мас арыыта – ыһаарылыырга.

 

Бу ырысыапка куурусса этин ханнык баҕарар чааһын туттуохха сөп. Бастаан этин кыра гына кырбыыбыт, онно сымыыппытын уонна түөркэлэммит сыыры эбэбит. Туустуубут, тумалыыбыт уонна бурдуктаан хойуннарабыт.

Тиэстэбитин итии арыыга ньуосканан кутан ыһаарылыыбыт. Төгүрүктүү уурдахха, кэтилиэт буолар, кыра-кыра гына кутан ыһаарылаатахха, наггетсы курдук буолар.

Сымнаҕас, сүмэһиннээх, олус үчүгэй сокууска бэлэм.

Сүөгэйгэ буспут куурусса этэ

Куурусса түөһүн этэ – 300 г;

Эриэппэ луук – 0,5 уст.;

Моркуоп – 1 уст.;

Чеснок – 1 өлүүскэ;

Сүөгэй – 3 ост.нь.;

Томат паастата – 1 ост. нь.;

Бурдук – 1 ост. нь.;

Туус, хара биэрэс.

Куурусса этин сууйабыт, салфетканан сотон куурдабыт. Уһун синньигэс гына кырбастыыбыт.

Моркуоппутун түөркэлиибит, луукпутун кыра гына кырбыыбыт.

Арыылаах хобордооҕу сылытан баран бастаан эппитин ыһаарылыыбыт. Онтон онно луугу уонна моркуобу эбии кутабыт.

Бурдук кутан булкуйабыт уонна томат паасталаах сүөгэйбитин эбэбит.

Спагеттины эбэтэр ханнык баҕарар гарниры кытта барсар ыһаары буолар.

Аһылыкка сылаастыы биэрэбит.

Кууруссаттан рулет

Куурусса түөһүн этэ – 2 уст.

Кытаанах сыыр – 100 г;

Чеснок – 2-3 өлүүскэ;

Туус, хара биэрэс;

Бурдук – 100 г;

Мас арыыта.

 

Куурусса этин чараас гына бысталыыбыт. Кытыытыгар түөркэлэммит сыыры ууран рулет гына суулуубут уонна зубочистканан иҥиннэрэн иһэбит.

Бурдукка умньаан ыла-ыла, арыыга саһарчы ыһаарылыыбыт, зубочисткаларын туурабыт.

Сокууска быһыытынан эбэтэр ханнык баҕарар гарниры кытта ханыылаһар минньигэс бүлүүдэ бэлэм.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...