07.02.2022 | 17:00

Куукула оҥорор инженер

Куукула оҥорор инженер
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

«Киһи олорорун тухары үөрэниэхтээх”, - диэн санаалаах инженер идэтин баһылаан баран сахаларга сэдэх куукула курдук уустук көрүҥү айан-тутан таһаарар айар дьарыкка үөрэммититтэн “дууһа уоскуйуутун” билбит куорат олохтооҕо, түөрт оҕолоох эдэр ийэ Любовь Пономарева.

Любовь Ивановна Чурапчы Чакырыттан төрүттээх эбит. Биэс оҕолоох Ануфриевтар ыал уоттаах тапталларын туоһута бастакы кыыстара. Сэһэргэһээччим: «Киһи олоҕун тухары үөрэниэхтээх. Мин 9-с кылааска тахсар сылбар дьонум Дьокуускай куоракка көһөн киирбиттэрэ. Нууччалыы аанньа билбэт бэйэм манна кэлэн оскуолабын кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбитим. Ол сыл ХИФУ Инженернэй-техническэй институтугар киирэн, «инженер-проектировщик” идэлээхпин», - диэн кэпсээнин саҕалаатын кытта, иннигэр дьахтар киһиэхэ уустук идэни баһылаабыт киэҥ билиилээх, ураты толкуйдаах, онон муҥурдаммакка, түөрт оҕолонуор диэри олох бары эйгэтин билиитин «иҥсэлээхтик» сомсо сылдьар дьулуурдаах, хоодуот үлэһит кыыс дьахтар олорорун тута өйдүүгүн. 

Барыта оҕо туһугар

– Мин бэйэм аҥаардас ийэ буолан олоробун, 4 оҕолоохпун. Дурдам-хаххам соҕотох уолум Алешам, оттон кынаттарым – кыргыттарым Джозефина, Ангелина уонна Акулина. Уолум быйыл 11-с кылааска үөрэнэр, Чурапчы улууһун Башарин аатынан Сылаҥ орто оскуолатыгар медицинскэй кылааска үөрэнэр. Быйыл абитуриенныыбыт, уолум олоҕун биир саамай эппиэтинэстээх кэмэ. Алеша элбэх олимпиадаҕа, НПКҕа кыттар. Медик идэтин талан, үрдүк үөрэххэ киирээри, күүһүн-кыаҕын барытын онно уурар. Улахан кыыһым Джозефина Дьокуускай куорат Саха политехническай лицейигэр 8-с кылааска үөрэнэр. Волейболунан дьарыктанар, уруһуйдуурун олус сөбүлүүр, аныгы манголары сэргиир. Ортоку кыысчааным Ангелина Дьокуускайдааҕы «Кэскил» оҕо саадыгар "Сир симэхтэрэ" диэн гендернай бөлөххө сылдьар, 5-һин туолуохтаах. Кырабыт, муруммут бүөтэ Акулина Дьокуускайдааҕы “Ивушка” оҕо саадыгар "Чуораанчык" диэн саха бөлөҕүн иитиллээччитэ. Сотору кэминэн 3 сааһын туолуохтаах.

Эбэм Ульяна Николаевна Ануфриева – СӨ норуотун маастара, 11 оҕолоох Герой ийэ, көһөрүү кыттыылааҕа. Ийэм Акулина Семёновна Ануфриева Чурапчы улууһун норуотун маастара. Эбэлээх ийэм миэхэ саамай күүс-көмө буолар дьонум. Оҕо эрдэхпиттэн кинилэри көрөн, үтүктэн, үөрэнэн, сүбэ-ама  ылан, тигэргэ үөрэммитим. Эдэр, устудьуоннуур эҥин эрдэххэ, улаханнык иискэ наадыйбат этим. Улаатан, ийэ буолан эрэ баран кыргыттарбар бэйэм илиибинэн тугу эмэ оҥорон таһаарар баҕа үөскээбитэ. Бастаан интэриниэт иэнигэр миэхэ сөптөөх туох дьарык баар буолуон сөбүн көрдөөн саҕалаабытым.

Дьэ, доҕоор, төһөлөөх элбэх кыраһыабай, ураты көрүүлээх дьон баар эбитин сөхпүтүм, дьон элбэҕи сатыыр, оҥорор да эбит диэн санааҕа кэлбитим. Онтон мин туох уратылаахпыный, мин эмиэ барытын сатыыбын диэн баран, бастакы куукулабын оҥорбутум. Матырыйаалын Дьокуускайтан булан-талан тиктим. Бу оҥоро олорон хайдах эрэ букатын атын, урут билбэтэх эрээри, сүҥкэн дуоһуйууну биэрэр турукка киирэн хаалбытым. Этэргэ дылы, дууһам уоскуйарга дылы буолбута: айар үлэ бара турар, уобарас үөскээн иһэр. Ити курдук эт илиибинэн тугу эрэ оҥорон таһаарар баҕа күөдьүйбүтэ.

Маастарыстыба эбиллэн иһэр

– Айар үлэҕэ төһөнөн ылларан, дириҥник киирэн иһэҕин даҕаны, соччонон суолтата да суох буолуох курдук нюанстарга, кыра итэҕэстэргэ болҕомтоҕун уурарыҥ улаатан иһэр. Ол аата маастарыстыбаҥ, тиэхиньикэҥ үрдүүр. Мин бастаан “тыкваголовка” диэн ааттанар куукула кыыстан саҕалаабытым, сирэйигэр икки туочука харахтаах. Бастакы саҕалааччыга саамай сөп дии саныыбын, боростуой соҕус. Сыыйа объемнай уонна уруһуй сирэйдээх кыргыттарга киирэргэ дьулуһабын. Киһи олорорун тухары үөрэниэхтээх. Мин бу «оҕо оонньуута” диэн ааттаныан сөптөөх куукула оҥорор дьарыкпар эмиэ оннук, саҥаттан саҥаны билэн-көрөн иһиэхтээхпин.

Матырыйаалбын кэпсиир буоллахха, анал куукула оҥорор матырыйаалтан тигэбин. «Трикотаж интерлок” диэни сакаастаан ылабын. Иһигэр синтепух, холлофайбер ылабын, гипоаллергеннай буоланнар, оҕо оонньууругар барсаллар. Баттахтарыгар “трессы” диэн искусственнай баттаҕы туһанабын, араас көрүҥэ элбэх: куудара, көнө, кылгас, уһун, араас дьүһүннээх о.д.а.

Оттон тигиитигэр барыта бэйэҥ фантазияҥ. Куукула, үчүгэйэ диэн, киһи курдук быһыылаах-таһаалаах буолан, кыччатыллыбыт киһи таҥаһын курдук тигэҕин. Бэйэм баҕарбыппынан ньэмиэт оҥоробун. Илиинэн уруһуйдуурбун тоҕо эрэ сөбүлээбэппин, ол иһин барыта төбөбөр, харахпар көстөрүнэн. Онтугун хайысхатын эрэ быһаарыаххын наада: сахалыы, аныгылыы, чараас, халыҥ, сайыҥҥы, кыһыҥҥы, сон, былаачыйа, көстүүм, джинсы таҥас, кожа таҥас о.д.а. Атах таҥаһын эмиэ уопсай уобараска сөп түбэһиннэрэн, хайдаҕы баҕарар оҥоруохха сөп. Мин үксүн бэйэм оҥоробун, сороҕор эрэ атыылаһабын.

 

Мин куукулаларым оҕо оонньууругар ананаллар. Илиилэрэ, атахтара, төбөлөрө хамсыыр. Таҥастара уһуллар, баттахтара тарааныллар, өрүллэр. Этэ-сиинэ трикотаж таҥас буолан, сэрэнэн туттар оҕолорго ананар, номнуо улааппыт саастарыгар сылдьар кыргыттарга. Кыра оҕо марайдаан эҥин кэбиһиэн сөп. Куукула декоративнай эмиэ буолуон сөп, кыраһыабай интерьерга сөп түбэһиннэрэн.

Илии оҥоһугун сөпкө сыаналааҥ

Илии оҥоһуга сыаналаах буолуохтаах. Мин билиҥҥитэ наһаа ыарахаҥҥа атыылаабаппын, сыана уопут кэлэн истэҕин аайы үрдүөхтээҕэ буолуо. Билигин туочука харахтаах кыргыттарым – 3000 солк., объемнай сирэйдээх кыргыттарым – 4000 солк, онтон атыттарым 2500 солк. сыаналаахтар.

 

Бу кэнники маастар-кылаастары ыытарга санана сылдьабын. Пандемиябыт уоскуйдаҕына, тыыннаах маастар-кылаастары оҥорон көрүөм. Холобура, бэйэм кыргыттарбар былаачыйа, көстүүм тигэбин, билигин муода буолбут дьиэни киэргэтэр шнурунан корзиналары өрөбүн, онно үөрэтиэхпин баҕарабын.

 

Оҕолорум кыраларыгар бэйэм бэйэбэр үлэлиирим миэхэ олус табыгастаах. Ол иһин бу дьарыкпынан “самозанятай” буолбутум. Киирбит үппүттэн нолуокпун төлүүр гына. Оҥорон таһаарар бородууксуйабын куттаммакка рекламалыыр, киэҥ эйгэҕэ кэпсиир статустааҕым ордук. Судаарыстыба көмөтүгэр наадыйабын гынан баран, сатаан туһаныахха наада буолуо. Онно үлэлэһэбин.

Олох хайдах да мускуйдун, бэринимиэххэ наада

Анаардас ийэ буолан хаалартан олох куттанымаҥ. Олох араастаах, онтон толлубакка, бэриммэккэ, бэйэҕитин сайыннарар суолга турдаххытына, барыта үчүгэй буолар. Саамай сүрүн оруол – эһиги баҕа санааҕыт, оҕолор тустарыгар дьоллоох ийэ буоларгыт, бэйэҕит сөбүлүүр дьарыккытын сайыннаран, харчы оҥороргут.

Көмө көрдүүртэн кыбыстымаҥ. Олоххо син биир эһиэхэ көмөлөһүөн баҕалаах дьон баар буолар.

Түгэнинэн туһанан ийэбэр, аҕабар, эбэбэр, чугас билэр дьоммор махталбын тиэрдэбин. Тус махталбын тириэрдэбин Мария Шиванэҕа, мин страницабын сырдатан, дьарыкпын элбэх киһи сэҥээрбитигэр.

Ыра санаам диэн, оҕолорбун дьоллоох дьон буола улаатыннардарбын. Бэйэлэрин суолларын тобулан, дьоһун-мааны дьон буолалларыгар баҕарабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...