22.03.2024 | 16:00

Курсовойу хайдах суруйабыт?

Сандал сааһы кытта курсовой үлэни суруйар кэм кэлэр. Курсовой үлэ — сыл иһинэн тугу үөрэппиккин, туох интэриэстээххин көрдөрөр тургутуу, ону таһынан билим эйгэтигэр киирэр күлүүс. Биирдэ суруйан баран, ити тиэмэҕин салгыы дипломнай үлэҕэ эбэтэр научнай ыстатыйаҕа кубулутуохха сөп.
Курсовойу хайдах суруйабыт?
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

1 хардыы: Тиэмэни булуу уонна литератураны көрдөөһүн

Бастакы хардыы хаһан баҕарар уустук. Ордук тиэмэни бэйэҥ толкуйдуур буоллаххына: тугу күүскэ үөрэтэ иликтэрий эбэтэр эн бэйэҥ тугу интэриэһиргиигиний — курсовой үлэ тиэмэтин талыыга сүрүн соруктар. Ону кытта сөптөөх ааты толкуйдуохха наада. Холобура: “С. Новгородов саха алпабыытын туттуу” оннугар “С. Новгородов саха алпабыытын аныгы дизайнҥа туттуу” диэтэххэ, тугу үөрэтэриҥ быдан өйдөнүмтүө буолан тахсар.

Тиэмэҕин талбытыҥ кэннэ литератураны кичэйэн көрдөө. Ордук табыгастаах, судургу саайтар: eLibrary.ru, CyberLeninka уонна Google Scholar. Атын курсовойдары, рефераттары, дипломнай үлэлэри көрөн, литература хайдах туттуллуохтааҕын эмиэ үөрэт. Атын тылынан суруллубут үлэлэри эмиэ көр, онуоха Google Scholar көмөлөһүөн сөп.

 

2 хардыы: Киирии тыл

Курсовой үлэҕэ киирии тылы ордук көрөллөр. Сыалгын-соруккун төһө сөпкө туруорбутуҥ, тугу чопчу чинчийбитиҥ манна көстөр. Ол эрээри үлэ бу чааһа толорорго чэпчэки, анкета курдук.

Талбыт тиэмэҥ тоҕо актуальнай буоларын быһаар

Бу тиэмэ төһө үөрэтиллибитэ

Үлэҥ сыала, соруга

Чинчийии предмета уонна эбийиэгэ

Үлэ тутула

Туттуллубут литератураны кылгас ырытыы

Чинчийии ханнык ньымата туттуллубута

 

3 хардыы: Үлэ теоретическай чааһа

Курсовой үлэ сүрүннээн икки чааска арахсар: теорията уонна практическай чааһа. Теоретическай чааһыгар тугу толкуйдаабыккын быһааран биэр уонна санааларгын литературанан бигэргэт. Хас биирдии чааска тус-туһунан  түмүктэ таһаар.

 

4 хардыы: Практическай чааһа

Курсовой үлэ ордук уустук түгэнэ — практика. Бу туһунан тиэмэни быһаарынаат да толкуйдуохха наада. Практическай чинчийии көрүҥэ элбэх: ыйытынньык, эксперимент, анаалыс, прототип оҥоруу уо.д.а. Эбэтэр үлэҥ тиэмэтэ производственнай практикаҕа олоҕурбут буоллаҕына, практика отчуотуттан дааннайдары ылыахха сөп. Саамай судургу ньыма —ыйытынньык: GoogleФормы көмөтүнэн ыйытыктары суруйан, ссылкатын бассаап бөлөхтөргө ыыт, социальнай ситимнэргэр таһаар. Практическай үлэ ыарахана диэн, элбэх бириэмэни эрэйэр. Онон төһө кыалларынан эрдэттэн оҥоро сатаа.

 

5 хардыы: Түмүк

Курсовой үлэ түмүгүн суруйаргар, сыалгын өйдөө. Сыалгын ситистиҥ дуо? Чинчийии кэмигэр тугу гынныҥ, тугу дакаастаатыҥ, туох санааҕа кэллиҥ? Курсовой хас биирдии чааһыгар түмүктэргин суруйан, биир улахан түмүгү таһаар. Ону кытта салгыы сайыннарар хайысхаларыҥ туһунан эмиэ толкуйдаа.

 

6 хардыы: ГОСТ форматыгар уларытыы

Салгыы курсовой үлэни ГОСТка барсар гына уларытабыт. Ол элбэх бириэмэни ылыа суоҕа.

Шрифт — Times New Roman, 14 кегль

Строкалар икки ардыларынааҕы интервал — 1,5

Илиис кытыылара: үөһээ — 3 см, аллараа — 2 см, хаҥас — 2 см, уҥа— 1 см

Тиэкис илиискэ сытара (выравнивание) — илиис кэтитинэн

Абзац — 1,25 см

Уопсайынан, курсовой үлэни суруйарга биири өйдөө: эн соҕотох буолбатаххын, бииргэ үөрэнэр оҕолоргун кытта кэпсэт, ыарырҕатар түгэҥҥэр, уһуйааччыгыттан ыйытаргыттан толлума. Уонна бу үлэ саамай сүрүнэ диэн — курсовой үлэҕэр интэриэс баар буолуохтаах, өскөтүн тиэмэҕин сөбүлээбэт буоллаххына, син биир туох да туһалаах тахсыбат. Онон курсовойгун суруйан саҕалаа, билигин саамай табыгастаах, тоҕоостоох кэм.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...