09.08.2020 | 17:48

Кураанаҕы куустубут

Кураанаҕы куустубут
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Хаһыат ааспыт нүөмэригэр “Ким да оскуолата суох хаалбат” диэн матырыйаал тахсыбыта. Өйүүнүгэр киин куорат 17 №-дээх оскуолатыгар кыайан хапсыбатах оҕолор төрөппүттэрэ ыҥырыа уйатын тоҕо тардан эрэллэрин истибиппит... 

Куорат биир бастыҥ оскуолатыгар оҕотун үөрэттэриэн баҕалаах төрөппүт элбэх. Тохсунньу ыйга сайаапкаларын биэрээри, көмпүүтэр таһыттан харыс да халбарыйбакка, хара сарсыардаттан хоройон олорбуттара. Өссө олох эрдэттэн хаста да киирэн бэлэмнэммиттэрэ, ох курдук оҥостубуттара. Ону баара, быһаарыылаах күн сайт "ыйанан" хаалбыта... Аны туран, быйыл икки эрэ кэмпилиэк кылаас арыллыахтааҕа дьону өссө долгуппута. Ол эрээри пропискалаах төрөппүттэр дьоллоох билиэттэрин сиэптэригэр уктубут саҕа санаммыттара.

“Оскуоланы бу көрөн олорон кураанаҕы куустубут, отоойкоҕо олордубут" диэн аймаммыт төрөппүттэри уопсастыбаннас өйүүрүн биллэрбитэ.

Вилюяна Никитина, “Ийэ тыл кэскилэ” уопсастыбаннай түмсүү салайааччыта:

– Бу оскуола күүстээх сахалыы кылаастарынан биллибитэ сүүрбэччэ сыл буолла. Алын кылаас учууталларынан эмиэ аатырар. Уопсастыбаннас, төрөппүттэр үгүс үлэни ыытан, сахалыы кылаастар арыллыбыттара. Бу сыллар тухары ону тутан олорбуппут.

2011 сылтан хас сыл аайы туруорсан-туруорсан, ийэ тылынан үөрэтэр кылаастары элбэтэн испиппит. Оҕолор алын сүһүөҕү бүтэрэн баран, Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей-интэринээккэ  күргүөмүнэн киирэллэрэ, араас олимпиадаларга өрүү бириистээх миэстэҕэ тиксэллэрэ. Быйыл 17-с №-дээх оскуолаҕа маҥнайгы кылааска икки саҥа кылааһы арыйаллар: биирэ “с изучением якутского языка как предмет” диэн, иккиһэ – букатын нууччалыы. Сахалыы кылаастар аҕыйаан эрэллэриттэн улаханнык долгуйдубут. Дириэктэр бүгүҥҥү күҥҥэ балыыһаҕа сытар, суруналыыстары кытта кэпсэппэт. Төрөппүттэргэ “дьаһалта икки кылааһы арыйыҥ диэн эппитэ» диир үһү. Бу саас төрдүс кылааһы алта кылаас бүтэрбитэ. Ол аата үс кэбиниэт босхолонор. Икки симиэнэнэн үөрэнэллэр. Биир кылааһы бу иннинэ атын сиргэ үөрэммиттэргэ биэрэр буолуохтарын сөп. Тоҕо диэтэххэ, оскуолаҕа үс кылаас хайаан да төннөн кэлиэхтээх диэн этэ. Икки кылааһы холбообуттар, ол аата биир кэбиниэккэ олохсуйаллар (биир – эбиэт иннинэ, иккис – эбиэт кэннэ). Ол аата биир кэбиниэт босхолонор. Эбии икки маҥнайгы кылааһы ылар буоллахтарына, тоҕо сахалыы тыллаах кылаастар суоттарыгар арыйыахтаахтарый? Тоҕо саха кылааһын учууталларын 3-с оскуолаҕа көһөрөн эрэллэрий? Саатар биир кылаас оскуолаҕа бэйэтигэр хаалыахтаах диэн туруорсабыт.

Ааспыкка “Киин куорат” хаһыакка баһылыгы социальнай боппуруостарга солбуйааччы Наталья Романовна Степанова: “Билигин Оҕо айымньытын дьиэтигэр икки кылааһы арыйар суолу тобулан эрэбит. Оҕо айымньытын дьиэтин Устаабыгар уларыйыылар киирдилэр. Үөрэх управлениета төрөппүттэри, учууталлары кытта кэпсэтиини ыытар”, – диэбит этэ. Бу туһунан төрөппүттэр истибэккэ-билбэккэ олороллор. Бассаап бөлөхтөөхтөр, сурук бөҕөтүн суруйбуттар, прокуратураҕа үҥсүбүттэр. Пропискалаах дьон буоллахтара. Сокуон дьыалатыгар кэлэн атыннык эргийэн тахсара хомолтолоох. Саҥата-иҥэтэ суох хааллахпытына, эһиил маннык хартыына хатыланыа диэн, хаһыаттарга таҕыстыбыт. Ситиһиэхпит диэн киирсэр санаалаахпыт.

Кэтэспиттэрэ кэлтэгэй

Төрөппүттэр кэтэһэн кэлтэгэй буоллубут, ытыспытын сотуннубут диэн үҥсэллэр. Саатар“күүтүҥ”, “быһаарыахпыт”, “уоскуйуҥ” диэн минньигэс тылларынан кулгаахпытын сымнаппыттара дэһэллэр. Ол иһин хойукка диэри эрэл кыыма уостубакка сылдьыбыттар.

Е., төрөппүт («сирэй-харах анньыахтара, аны оҕобутун олох да саа да тэбэр сиригэр чугаһатыахтара суоҕа” диэн, аатын суруйбаппытыгар көрдөстө):

– 17-с №-дээх оскуолаҕа ыкса турар дьиэҕэ олоробут. Бу оройуоҥҥа оҕобут төрүү илигинэ кыбартыыра ылбыппыт. Оскуолабыт чугас диэн үөрбүппүт. Оптуобустаммакка, сатыы сылдьыахпыт дии санаабыппыт. Биһиги курдук төрөппүт элбэх. Дьиҥэр, бу оройуоҥҥа дьиэ сыаната “тос” курдук. Ону ол диэбэккэ, оҕотун үчүгэй оскуолаҕа, дьиэтиттэн чугас биэрэр баҕалаах үгүс. Төрөппүт эрэ барыта оҕотун илдьэр-аҕалар, ыраах таһар кыаҕа суох.

– 17-с №-дээх оскуолаҕа ыкса турар дьиэҕэ олоробут. Бу оройуоҥҥа оҕобут төрүү илигинэ кыбартыыра ылбыппыт. Оскуолабыт чугас диэн үөрбүппүт. Оптуобустаммакка, сатыы сылдьыахпыт дии санаабыппыт. Биһиги курдук төрөппүт элбэх. Дьиҥэр, бу оройуоҥҥа дьиэ сыаната “тос” курдук. Ону ол диэбэккэ, оҕотун үчүгэй оскуолаҕа, дьиэтиттэн чугас биэрэр баҕалаах үгүс. Төрөппүт эрэ барыта оҕотун илдьэр-аҕалар, ыраах таһар кыаҕа суох.

Сайт “ыйанан” хаалбыта элбэҕи быһаарда. Хос-хос киирэ сатаан, бириэмэ бөҕөтүн ыыппыппыт. Ол иннинээҕи киэһэ бэлэмнэммиппит эҥин да... Эдьиийдээх, убайдаах уонна полиция үлэһиттэрин оҕолорун ылбыттар диэн истибиппит.

Сайт “ыйаммытын” туһунан үөрэх управлениетыгар үҥсүбүппүт, прокуратураҕа суруйбуппут. Сорох төрөппүттэр сайаапка биэриэхтэрин эрэ иннинэ, оҕолорун чопчу оскуолаҕа биэрээри, анаан-минээн прописка оҥортороллоро кистэл буолбатах. Ону бэрэбиэркэлээҥ диэн эмиэ көрдөспүппүт. Ол сокуону утарбат диэбиттэрэ. Ол аата бүгүн прописка оҥорторон, оскуолаҕа сайаапка ыытан баран, сарсыныгар көһөрөн кэбиһиэххэ сөп дуо?

Оскуолаҕа эбии кылаас арыллыаҕа диэн эрэннэрбиттэрэ. Ол иһин оҕобун илдьэ дэриэбинэҕэ сынньана барбытым.  От ыйын 6 дуу, 7 дуу күнүгэр үөрэх управлениетыгар эрийбитим. Онно хапсыбатыгыт диэн соһуппуттара. Онтон оскуола испииһэктэрин ыыппыттара. Биллэн турар, куорат киинигэр миэстэ суох, бүппүт. Ыраах, “Геологтар бөһүөлэктэрэ” оройуоҥҥа миэстэ баар. Мин оҕом куорат киинигэр олорор эрээри, тоҕо куорат кытыытыгар үөрэниэхтээҕий?  

Оскуола сайтыгар эбии кылаас арыллыбатын туһунан уонна оҕолоро киирбэтэх “төрөппүттэр, сайабылыанньаҕытын төттөрү ылыҥ, аккааста суруйуҥ” диэн ис хоһоонноох биллэрии таһаарбыттара. Мин оскуолаттан суругунан аккаас көрдөөн ылбытым. Ким да оннук суругу туппатах.

Балаҕан ыйа бу тирээн кэллэ. Үтүө дьон оскуолаларын быһаарыммыттара, оннооҕор үөрэнэр бырагыраамаларын билбиттэрэ ыраатта. Оттон биһиги оҕобут ханнык оскуолаҕа барара салгыҥҥа ыйанна.

Билсэр ыалбыт Петровскай уул.,8, олорор. Оскуола түннүгүнэн көстөн турар. Оҕолоро эмиэ хапсыбата. Итинник оскуолаттан чахчыта да көрө маппыт элбэх. Уопсай бассаап бөлөхтөөхпүт.

Буруй эрэ Моттойоҕо диэбиккэ дылы, бу сырыыга оҕолор дьылҕаларын сайт “ыйаммыта” быһаарда. Араас пабликтарга “Оҕону оскуолаҕа суруйтарыы сүүйүүлээх лотерея үһү дуо?”,  “Ким бааттаах – ол оҕото киирэр”,  “Кнопканы ким эрдэ баттаабыт – ол баҕалаах ыҥырыыны тутар дуо?” диэн ис хоһоонноох сурук элбэх. Аны туран, “муостаахтар-туйахтаахтар эрэ миэстэҕэ тигистилэр быһыылаах” диир оруна суох. Бииргэ төрөөбүттэри араарбат сокуон баарын ааспыкка суруйбуппут.

“Сытыы муннукпут” биир эрэ өрүт санаатынан суруллубатын диэн, үөрэх управлениетыттан хоруй көрдөөтүбүт. Эппиэти бэҕэһээ ирдэһэн ыллыбыт.

Алексей Семенов, Дьокуускай куорат уокуругун дьаһалтатын үөрэххэ управлениетын начаалынньыга:

– Атырдьах ыйын 3 күнүнээҕи чахчынан маҥнайгы кылааска 146 оҕо баппакка олорор: 1 №-дээх  оскуолаҕа – 8, классическай гимназияҕа – 18, 16 №-дээх оскуолаҕа – 17, 17 №-дээх  оскуолаҕа – 71, 23 №-дээх оскуолаҕа – 20. Атыттарга аҕыйах. Куорат киинигэр турар оскуолаларга миэстэ тиийбэтинэн сибээстээн, чуолаан 17-с №-дээх оскуолаҕа, икки учууталы кытта 3 №-дээх оскуолаҕа көһөллөрүн туһунан иккитэ кэпсэтэ сылдьыбыппыт. Сөбүлэҥнэрин биэрбиттэрэ. Онон 3-с №-дээх оскуолаҕа биир нууччалыы уонна биир сахалыы кылаас арыллыахтаах. Ону таһынан Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар “нетиповой үөрэх тэрилтэтэ” баар буолуоҕа. Бу быстах кэмҥэ диэн миэрэ ылылынна. Билигин кэбиниэттэргэ өрөмүөн бара турар. Ол бүттэҕинэ, докумуоннары лицензияҕа туттарыахтаахпыт. 17-с №-дээх оскуолаҕа хапсыбатах оҕолор, төрөппүттэрэ сөбүлэһэр буоллахтарына, ол икки кылааска үөрэнэр буолуохтара.

– Сорох төрөппүттэр икки кылаас нууччалыы тыллаах буолар диэн долгуйаллар. Ол эбэтэр “с изучением якутского языка как предмет” диэн.Ити төрөппүттэн бэйэтиттэн тутулуктаах. Кэнники сыллары ылан көрдөххө, сахалыы кылаас ахсаана аччаата. Төрөппүттэр сайабылыанньаларын суруйалларыгар “оҕом сахалыы кыайан үөрэммэт” диэн нууччалыы тыллаах кылааска сайаапка биэрэллэр.

Электроннай ньыманан сайабылыанньа биэрии туһунан туох дии саныыгын? “Ыйанан” хаалар, оҕо дьылҕатын сайт быһаарыахтаах дуо диэн төрөппүттэр сиэрдээхтик туруорсаллар...

Урукку сылларга төрөппүттэр таһырдьа уочараттаан туралларын өйдүүр буолуохтааххыт. Оннук суруйтарыы “прозрачнайа” суох диэн үҥсүү элбэх этэ. Электроннай буоллаҕына, барыта аһаҕас, көстөн турар.

Бииргэ төрөөбүттэри араарбат сокуон баар. Оҕо убайдара, эдьиийдэрэ үөрэнэр оскуолаларыгар хайаан да үөрэнэ киириэхтээх. Хас да киһи ыксалга ону ыйбатахтар, “бэйэбит алҕаспыт” диэн хомуруйаллар.

– Буруйданар наадата суох. Куорат уопсай кыһалҕата – оскуолаларга миэстэ тиийбэтэ. 23500 миэстэҕэ билигин 47000-тан тахса оҕо үөрэнэр. Ортотунан ыллахха, куорат таһынааҕы оскуолалары ааҕан туран, ноҕуруусканы 2,1 төгүл аһаран олоробут.

“Дорожнай картаны” ылан көрдөххө, бу сыл бүтүүтэ 31-с №-дээх оскуола салҕааһына бүтүөхтээх. 203 микрооройуоҥҥа 260 миэстэлээх оскуола киириэ. Сотору кэминэн Кангалааска оскуола киириэ. 34-с, 4-с №-дээх оскуолалар былааҥҥа тураллар. Ону таһынан Хатас оскуолатын салҕааһына баар. Оҕо ахсаана элбиир, нэһилиэнньэ улаатар, оттон оскуола тутуута бытаан.    

   

Түмүк оннугар

Хомойбут, кыыһырбыт-абарбыт төрөппүтү ким, хайдах уоскутуон, санаатын алы гыныан ким да билбэт. Оттон кинилэр эмиэ тугу да гыммакка быар куустан олорор санаалара суох. Дьэ, сытыы кыһалҕа...

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...