08.03.2021 | 05:53

КУОРАТТАН ЧУГАС ХАННА СЫННЬАНЫАХХА СӨБҮЙ?

КУОРАТТАН ЧУГАС ХАННА СЫННЬАНЫАХХА СӨБҮЙ?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саас кэллэ диирбит эрдэ, билигин да тымныы курдук. Күн уһаан, киин куорат олохтоохторо хас өрөбүл ахсын ханна эрэ сынньана, күүлэйдии бараллар. Бүгүҥҥү нүөмэргэ ааҕааччыларбытыгар дьон-сэргэ сөбүлээн сылдьар сирдэрин билиһиннэрэбит.

«Чочур Муран»

 @chochur.muran – эколого-этнографическай комплекс. Манна сыыр, муус оҥоһуктардаах музей, мырааны көрөр балаһаакка, хаҥкы, буранынан уонна ыттарынан хатааһылааһын,  олохтоох уонна нуучча куукунатын ресторана, о.д.а. сэргэхситэр эбийиэктэр бааллар.

Комплекс күн аайы күнүс 12 чаастан түүн 12 чааска диэри үлэлиир. Бүлүү трагын 7 км  баар. Куорат оптуобустарынан эбэтэр таксинан тиийиэххэ сөп.

Атласовтар уһаайбалара

Айылҕа матырыйаалларыттан тутуллубут эбийиэктэрдээх, уран оҥоһуктардаах, сахалыы балаҕаннаах, дьиэлэрдээх, этническэй хайысхалаах аралдьытар комплекс.  Манна саха мааны аһын-үөлүн тото-хана сиэххэ, алгыс сиэрин-туомун ааһыахха, музейга сылдьыахха уонна чэгиэн салгыҥҥа дуоһуйа сынньаныахха сөп. Күн аайы 10:00-20:00 диэри үлэлиир. Бүлүү трагын 6 км турар.

Оҕолорго — 100 солк., улахан дьоҥҥо — 200.

Instagram сирэйэ: @etno_usadba

«Орто Дойду»

Покровскай тракт 50 км сытар. Билигин зоопаркаҕа табаны, тэбиэннэри, бизоннары, баабырдары, бөрөлөрү, саһылы, о.д.а. кыыллары көрүөххүтүн сөп.

Зоопаркаҕа 202 №-дээх оптуобуһунан (Дьокуускай — Мохсоҕоллоох) эбэтэр маршрутнай таксинан тиийэҕит. Автовокзалтан күннэтэ 202 №-дээх оптуобус сылдьар, зоопаркаҕа диэри айан төлөбүрэ — 160 солк. (оҕо билиэтэ – 80 солк.). Оптуобус сырыытын +7(4112) 36 47 66 нүөмэргэ эрийэн ыйыталаһыаххытын сөп.

Зоопарка күн аайы 10:00-16:00 диэри үлэлиир. Бэнидиэнньик – санитарнай күн («Террариум» уонна «Үрүҥ эһэ» павильоннарыгар).

Улахан киһиэхэ — 300 солк., оҕоҕо – 250 солк. 5-гэр диэри саастаах оҕолорго, Сэбиэскэй Сойуус, Арассыыйа дьоруойдарыгар, Социалистическай үлэ дьоруойдарыгар, сэрии, үлэ бэтэрээннэригэр, инбэлииттэргэ, анал үөрэх кыһатын үөрэнээччилэригэр  уонна оҕо дьиэлэрин иитиллээччилэригэр – билиэт босхо. Элбэх оҕолоох ыалларга – 50 % чэпчэтии. Биэнсийэлээхтэр, туристическай бөлөхтөр, оҕо тэрилтэлэрэ эрдэттэн сайаапка биэрэн, 15 % чэпчэтии оҥорторуоххутун сөп. Оҕо арыаллыы сылдьар киһи (15 киһиттэн) босхо ааһар.

Instagram сирэйэ: @sooparykuttici

Өлүөнэ очуостара

Аан дойду ЮНЕСКО нэһилиэстибэтэ, «Ленские столбы» национальнай паарка Өлүөнэ өрүс кытылыгар баар. Онно бэйэҕит массыынанан эбэтэр тур тэрийээччилэри кытта тиийэҕит.

Дьоҥҥо киэҥник биллэр тур оператор иһитиннэрбитинэн, Дьокуускайтан улахан дьоҥҥо уонна оҕолорго ПАЗ оптуобуһунан таһаллар. Биир киһиттэн 2500 солк.  Бу сыанаҕа экскурсовод өҥөтө, фотосессия уонна айан төлөбүрэ киирэр. Аһыыр аскытын хааччынаҕыт.

Бэйэҕит тиийэр буоллаххытына, пааркаҕа киирии билиэт сыаната:

улахан дьоҥҥо — 300 солк.;

оҕолорго (7-тэн 16- гар диэри) — 150 солк.;

биэнсийэлээхтэргэ, үлэ бэтэрээннэригэр, элбэх оҕолоох ийэлэргэ эбэтэр аҕаларга чэпчэтиилээх сыана — 150 солк.  Докумуоҥҥутун көрдөрөҕүт;

7-гэр диэри саастаах оҕолорго, тулаайах, I, II, III группалаах инбэлиит оҕолорго киирии босхо, эмиэ туһааннаах докумуону уктан бараҕыт. 

Билиэт пааркаҕа эбэтэр Дьокуускайга Крупскай уулуссаҕа турар национальнай паарка офиһыгар, 13, 3 этээскэ атыыланар.

Instagram сирэйэ: @lanalarsnationationalpark

Муус куорат

«Северное сияние» 202 микрооройуон сиригэр-уотугар баар. Куорат оптуобустарынан, таксинан эбэтэр сатыы да тиийиэххэ сөп. Муус скульптуратын уонна аттракционнары таһынан, остолобуойдаах, 10 киһилээх сылаас дьиэни куортамныахха сөп. Куортам сыаната – 1000-1200 солк./час.

5 сааһыгар диэри саастаах оҕолорго муус куоракка билиэттэрэ босхо, улахан оҕолорго — 200 солк., улахан дьоҥҥо — 300. Элбэх оҕолоох ыалга уонна доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго чэпчэтии көрүллэр. Тулаайах төрөөбүт күннээххэ киирии босхо.

Муус куорат 11:00-23:00 диэри үлэлиир. Аттракционнар сыаналара:

Ледянка проката –  50 солк./бириэмэтэ хааччаҕа суох. Солуок – 100 солк.;

хаҥкы— 150 солк./60 мүнүүтэ;

тюбинг- 100 солк./20 мүнүүтэ;

“банан” — 100 солк.;

квадроцикл – 300 солк./5 мүнүүтэ.

Муус устар Instagram сирэйэ:

@ice_park202

«Улуу Тоҕой»  этнокультурнай комплекс

«Северная мозайка» туристическай кластер баазатыгар «Улуу Тоҕой» этнокультурнай комплекс үлэлиир. Куораттан 33 км тэйиччи сиргэ турар. Комплекска иһитиннэрбиттэринэн, 101 №-дээх оптуобуһунан тиийэҕит, тохтобултан 2,5 км хаамаҕыт. Ону таһынан бэйэҕит массыынаҕытынан  эбэтэр таксинан тиийиэххитин сөп.

Комплекс концепцията барыта Саха норуотун мифологиятыгар анаммыт.

Этнокультурнай комплекска 6 миэстэлээх ураһа – 6000 солк., территорияҕа киирии – 100 солк., остуол куортама – 500 солк. Дьиэ биир киһиэхэ сууккаҕа  – 800 солк., ледянка – 100 солк.

Улуу Тоҕой Instagram сирэйэ: @uluu_togoi

«Хрустальная» турбааза

Өлүөнэ өрүһү көрөн олорор «Хрустальная» турбааза ааспыт сыл алтынньытыгар тутуллан үлэҕэ киирбитэ. «Улуу Тоҕой»  этнокультурнай комплекс баазатыгар сытар. «Хрустальнайга» 6 киһилээх икки этээстээх дьиэ күүтэр. Дьиэ иһигэр сынньалаҥҥа наадалаах барыта баар: иһит-хомуос, таҥас-сап, оонньуур приставкалар, остуол оонньуулара.

Сынньалаҥ баазатыгар 101 №-дээх оптуобуһунан тиийэҕит (тохтобултан 2,5 км тэйиччи). Массыынанан эбэтэр таксинан барыахха сөп. Куораттан таксинан айан сыаната – 800-1100солк.

Билигин дьиэ куортама 5000 солк., өрөбүллэргэ уонна бырааһынньыктарга 7000 солк. диэри үрдүүр.

Instagram сирэйэ: @khrustalnaya

«Төхтүр» спортивнай-аралдьытар комплекс

Көхтөөх, экстремальнай спорду сэргиир дьиэ кэргэҥҥэ  аналлаах сынньалаҥ киинэ Покровскай тракт 46 км баар. Күн аайы 10:00-19:00 тохтобула, өрөбүлэ суох үлэлиир. Онно эмиэ 202 №-дээх оптуобуһунан эбэтэр таксинан тиийиэххэ сөп. Улахан дьоҥҥо айан төлөбүрэ – 150 солк., оҕолорго — 75 солк., таһаҕас — 30 солк.

Эһигини сноуборд, горнай хайыһар, сноутюбинг, хаар пушката, хайыһар, “банан” күүтэр. Оннооҕор “камера хранения” кытта баар эбит.

Instagram сирэйэ:@srk_tekhtur

«Уус-Буотама» ойуур бизоннарын питомнига

«Уус-Буотама» ойуур бизоннарын питомнига Хаҥалас улууһугар баар. Кини Саха сирин айылҕатын ураты харыстанар сирдэрин биологическай ресурсаларын дирекциятыгар киирэр. Экскурсияҕа киирэр дохуот сайдыыга, питомнигы тутууга уонна кини үөрэҕириитин бырайыактарыгар барар. Манна биир дьиэ баар, куортамныахха сөп.

Бизонарийга Дьокуускайтан уопсастыбаннай тыраныыспар сылдьыбат. Бас билэр массыынаҕытынан тиийэҕит. Эбэтэр чааһынай тиэйээччилэр өҥөлөрүнэн туһаныахха сөп. Дьокуускайтан икки чааһы кыайбат кэм айанныыгыт, суолга ыйынньыктар, бэлиэлэр тураллар. Турфирмаларынан бардаххытына, Өлүөнэ очуостарыгар сырытыннараллар. Бизонарийга барыах иннинэ, экскурсиялары билсиэххэ наада.

Улахан дьоҥҥо бизонарийга билиэт сыаната 300 солк., 16-гар диэри оҕолорго — 150 солк. Төлөбүрү уу харчынан эрэ ылаллар. Дьиэ куортамын сыаната – киһиттэн 1500 солк. Аҕыс киһиэхэ тиийэ баталлар.

Instagram сирэйэ:@ust_buotama

«Үрдэл» паарка

Хатыҥ Үрэх оройуонугар саҥа паарка быйылгыттан үлэлии турар. Муус эбийиэктэр, баанньык, дьиэлэр,  квадроцикл, сыырдар, электросноуборд уонна кафе баар.

Улахан киһи – 250 солк., оҕо-150 солк. Күн аайы11-00-23-00 чааска диэри үлэлиир.

Instagram сирэйэ:@yrdel_park

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Сонуннар | 04.10.2024 | 18:00
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Ийэ тылын билбэт, төрүт үгэһиттэн тэйбит киһи өбүгэтин кытта ситимэ быстарын туһунан суруйдубут ини, суруйбатыбыт ини. Оттон оҕотугар төрөөбүт тылын иҥэрбэт төрөппүт бэйэтэ да билбэтинэн күҥҥэ көрдөрбүт көмүс чыычааҕын көтөр кынатын сарбыйар...  Бу иннинэ «Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын көҕүлээһининэн, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын өйөбүлүнэн «Саха сирин киин куоратыгар тыл...
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Сонуннар | 03.10.2024 | 21:38
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Арассыыйаҕа буола турар Оҕо саас сылын ааспыт тоҕус ыйыгар Саха сиригэр 7 499 ыал «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаалы тутта, диэн үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтигэр иһитиннэрэллэр. Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан өрөспүүбүлүкэ 100 сылынан олохтоммут «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал биэс сылга уһатыллан, 2022 сыл тохсунньу 1...