30.04.2021 | 22:51

Куорат сааскы халааҥҥа бэлэм

Куорат сааскы халааҥҥа бэлэм
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Бүгүн куорат баһылыга Евгений Григорьев салалтатынан сүбэ мунньах сааскы халаан уутун көрсө биэрэги бөҕөргөтүү үлэтин көрдө-иһиттэ, сэрэхтээх учаастактары бэрэбиэркэлээтэ. 
Оробуочай бөлөххө куораттааҕы уокурук эппиэттээх салааларын бэрэстэбиитэллэрэ – Гражданскай оборона управлениетын начальнига Виталий Бобинов, «Якутдорстрой” тэрилтэ инженер-гидротехнига Петр Копырин уо.д.а каартанан көрө-көрө уу халааныттан эмсэҕэлиир сирдэргэ туох үлэ барбытын ырыттылар, уу ааһар сирдэрин көрдүлэр. 


«Уу үөһэттэн Шестаковкаҕа кэлэр. Онно 3 шлюз турар. Ол шлюзтарынан биһиги 3 тымырынан куоракка ууну ыытабыт. Биир тымырга быйыл турбалары уларыппыппыт. Бүгүн ол турбаларбыт хайдах үлэлииллэрин бэрэбиэркэлээтибит уонна үлэ сөпкө барбыт диэн көрдүбүт. Өрүс барарыгар бэлэмнэнэ сылдьабыт. Былааннаммыт үлэ барыта оҥоһулунна. Саамай ууга барар сирдэрбит  –  Тулагы, Пригороднай, Хатас, Табаҕа, Даркылаах. Ити сирдэри барытын хонтуруолга ылан олоробут», – диэтэ Евгений Николаевич.  
Билиҥҥи туругунан 1450 киһи батар эвакуационнай пууннары бэлэмнээбиттэр. Ынах-сүөһүнү күрэтэр сир эмиэ быһаарыллыбыт. Баһылык халаан уута кэлэн ааһарыгар толору бэлэмнэрин биллэрдэ.

Ааптар түһэриилэрэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
«Кыһыл көмүс» выпуск
Сонуннар | 27.09.2024 | 12:00
«Кыһыл көмүс» выпуск
Бүлүү педучилищетын 50 сыл анараа өттүгэр баһаатай идэтин баһылаабыт эдэркээн кыргыттар, уолаттар пионерскай үлэҕэ оҕо аймаҕы үөрэтэ, сырдыкка угуйа туруммуттара. Бүгүн бу выпуск туһунан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, методист-баһаатай Любовь Николаевна Сидорова кэпсиир. Сыл-хонук түргэнник да ааһар эбит. 1970 сыллаахха кырылас кумахтаах Бүлүү куоратыгар турар Н.Г. Чернышевскай аатынан педучилищеҕа саҥа арыллыбыт...
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Сонуннар | 25.09.2024 | 11:46
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Балаҕан ыйын 23-27 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Судаарыстыбаннас күнэ киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэниэҕэ. Сүрүн тэрээһиннэр Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев аатын үйэтитиигэ ананыахтара. Ол курдук, киин куорат оскуолаларыгар линейкалар, кылаас чаастара, бэсиэдэлэр, викториналар, кинигэ быыстапкалара, аһаҕас уруоктар, күрэхтэр ыытыллаллар. Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Нам улууһугар Өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннас историятын түмэлигэр уопсастыбаннас мунньаҕа,...