27.04.2023 | 12:00

Куорат күөллэригэр кутталлаах бэссэстибэлэр нуорманы куоһараллар...

Уу эбийиэктэрэ куорат экологиятыгар, тулалыыр эйгэбитигэр тыын суолталаахтар. Соторутааҕыта ыытыллыбыт чинчийии көрдөрбүтүнэн, куорат күөллэригэр буортулаах токсиннар, кутталлаах бэссэстибэлэр бааллара биллибит. Бу кими да уоскуппат чахчылар барыбытын долгутуохтаахтар...
Куорат күөллэригэр кутталлаах бэссэстибэлэр нуорманы куоһараллар...
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Балысхан сайдыы экологияҕа охсуулааҕа биллэр. Саха сирин экологията, бөдөҥ регионнарга холоотоххо, син аҕай дии саныырбыт. Сыыспыт эбиппит...

— Кэтээн көрүү, чинчийии тиһигэ суох ыытыллыахтаах, онно үбүлээһин көрүллүөхтээх.

 — Бу учуонайдар эрэ “төбөлөрүн ыарыыта” буолуо суохтаах...

 

Наука өттүттэн улахан хонтуруолу эрэйэллэр

«Киин куорат» хаһыат б.дь. муус устар 20 күнүнээҕи нүөмэригэр куорат күөллэрин тула төгүрүк остуол ыытыллыбытын, онно Щорс күөлүн тупсарыы туһунан киэҥ далааһыннаах кэпсэтии тахсыбытын суруйбуппут. Бу сырыыга ааҕааччыларбытыгар учуонайдар чинчийиилэрин билиһиннэрэбит. 

Дьокуускай куорат элбэх күөллээх. Бу – дьон-сэргэ сынньанар сирдэрэ. Ол иһин куорат микроклиматын оҥорор дьоһун суолталаахтар. Биология наукаларын доктора, гидробиолог, Арассыыйа Наукаларын академиятын Хотугу салаатын Криолитозона биологическай кыһалҕаларын үөрэтэр институт сүрүн научнай үлэһитэ Виктор Габышев куорат күөллэрин билиҥҥи туруктарын чинчийбит:

– Биһиги хомуйбут чахчыларбыт куорат күөллэрин экологията ыарахан туруктааҕын кэпсииллэр. Ол курдук, үөрэппит эбийиэктэрбитигэр олус элбэх тимир, органика, аммоний, марганец, фенол о.д.а. баара биллибитэ. Холобур, Солдат күөлүгэр нуорманы 100 төгүл куоһарар фенол концентрацията көстүбүтэ. Үрүҥ күөлгэ марганец ПДК-ны (предельно допустимая концентрация) 9 төгүл куоһарар. Маннык бэссэстибэлэр уу экосистиэмэтэ ыраастанарыгар улахан кэһиини оҥороллор.

Уу түөлбэлэрин киртитэр сүрүн төрүөттэринэн канализация систиэмэтигэр саахал тахсыытын, тырааныспары, бөх мунньуллуутун уо.д.а. ааттыахха сөп. Манна киин куорат ардах уута сүүрэр лотуоктарынан толору хааччыллыбатаҕын тоһоҕолоон бэлиэтиибит. Мунньуллубут кир-хох, бөх-сах саас аайы хаары кытта уу эбийиэктэригэр түһэ турар.

Куорат күөллэрин сүрүн киртитээччилэр: ыарахан металл араас көрүҥэ, ньиэп, феноллар, детрагеннар. Бу бэссэстибэлэр бэйэлэрэ да буортулаахтар, дьааттаахтар. Маны сэргэ, биогеннай уонна органическай бэссэстибэлэр бааллар. Ол күөллэр химическэй састааптара уларыйыытыгар, фитопланктон кэмэ суох сайдыытыгар тиэрдэр. Уу өҥө уларыйыыта күөл көстүүтүн буортулуур, куһаҕан сыттанар, устунан бадарааҥҥа кубулуйар. Сайын устата аата-ахсаана биллибэт микроорганизм мунньуллар, күһүн ол биомаасса сытыйар-ымыйар, кислород тиийбэтэ саҕаланар, онтон сылтаан балык, тыынар тыыннаах өлөр-сүтэр аакка барар. 

Уу салахайдарыгар бэйэлэрэ токсиннары таһаарар көрүҥнэр бааллар. Онуоха “сөптөөх”, “үчүгэй” усулуобуйа баар буоллаҕына. Бу альготоксиннар диэн аатырар дьааттаах бэссэстибэлэр балык маассабай өлүүтүгэр тиэрдэллэр, дьон доруобуйатыгар кутталы үөскэтэллэр. Олор истэригэр киин ньиэрбэ систиэмэтигэр дьайар нейротоксиннар, быары сүһүрдэр гепатотоксиннар, аллергияны көбүтэр дерматотоксиннар диэннэр бааллар. Манна даҕатан эттэххэ, аан дойду элбэх нэһилиэнньэлээх сирдэригэр альготоксиннар кыһалҕалара сытыырхайбыта ыраатта. Холобур, Хотугу Америкаҕа, Европаҕа. Биһиги күөллэрбитигэр бу кыһалҕа хойукка диэри суоҕа.

Кэнники чинчийиилэрбит көрдөрбүттэринэн, куорат күөллэригэр микроцистиннары оҥорон таһаарар токсичнай санобактериялар сайдаллара биллибитэ. Балар быары сүһүрдэллэр, киһи аймахха, кыылга, көтөргө кутталлаахтар. Микроцистиннар оргуттахха даҕаны бэриммэттэр, мунньулла сытар үгэстээхтэр, холобур, күөл түгэҕэр, балыкка. Билиҥҥи туругунан концентрациялара наһаа үрдүк буолбатах диэн бэлиэтиибит. Ол эрээри уларыйыы түргэнник барыан сөп. Онон биһиги күөллэрбит наука өттүттэн улахан хонтуруолу эрэйэллэр.

Сорох күөллэрбитигэр фонтаннар үлэлииллэр. Ол аата кутталлаах бэссэстибэлэр салгыҥҥа кытта баар буолуохтарын сөп диэн өйдүөххэ наада.

Биһиги институппут бэйэтин күүһүнэн тиһигин быспакка кэтээн көрүүлэри, чинчийиилэри ыытар. Манна анал үбүлээһин көрүллүбэт диэн тоһоҕолоон бэлиэтиэхпин баҕарабын.

Арассыыйа үгүс куораттарыгар кэтээн көрүүлэр, чинчийиилэр олохтоох дьаһалталар өйөбүллэринэн оҥоһуллаллар. Холобур, Нижнэй Новгородка куорат дьаһалтата университет гидробиологтара маннык үлэлэри ыыталларыгар үп-харчы көрөрүн билэбин. Дьокуускай куорат дьаһалтата эмиэ кэтээн көрүү ыытылларын хааччыйыахтаах, онуоха биһиги институппут үлэлииргэ бэлэм, баай уопуттаах диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын.     

Виктор Александрович кэпсээбитинэн, чинчийиилэргэ молекулярнай ньымалар, ПЦР анаалыстары ылыы, жидкостнай хроматография курдук элбэх үбү, сыралаах үлэни эрэйэр ньымалар туттуллаллар. Хомойуох иһин, куорат күөлүн барытын кэтээн көрөр кыах суох, ол иһин талан эрэ чинчийиллэр. Учуонай этэринэн, куорат күөллэрин экологията тупсарын туһугар мелиорация хайаан да наада, уу эбийиэктэригэр ыраастааһын үлэтэ тиһигин быспакка ыытыллыахтаах, аэрация улахан көмөлөөх буолуо этэ.  Үлэ хайаан да кэтээн көрүүлэр, чинчийиилэр түмүктэригэр олоҕуруохтаах.

Тутуу элбиир – уу түөлбэтэ аҕыйыыр

“Кэнники кэмҥэ Дьокуускай куоракка уу түөлбэтэ аҕыйаан иһэр, ол тутуу үлэтэ кэмэ суох ыытылларын, кутуу учаастак элбии турарын кытта быһаччы ситимнээх”, – диэн санаалаах П.И. Мельников аатынан Ирбэт тоҥу чинчийэр институт үлэһитэ Варвара Новоприезжая. Кини этэринэн, 1946, 1952, 2003 уо.д.а. сыллардааҕы үөһэттэн түһэриилэргэ олоҕуран, куоракка баар уу эбийиэктэрэ хайдах уларыйбыттарын билиэххэ сөп. Элбэх мэндиэмэннээх олорор дьиэлэр, офистар күн-түүн үксүү турбуттара онно ырылхайдык көстөр. Эдэр учуонай кутуу учаастактарга буор температурнай эрэсиимин кэтээн көрбүтүн кэпсээтэ. Ол курдук, чинчийии  “Прометей” дьоҕус түөлбэҕэ (Автодорожнай уул., 11 уонна 13) уонна Губинскай уокурукка ыытыллыбыт. Холобур, Автодорожнай уул., 11, билигин олорор дьиэ турар. Урут манна бүтэй уу эбийиэгэ баара. Дьиэ алларата профлиистэринэн бүөлэнэн турар, салгылатыы суох. Ол иһин буорун температурнай эрэсиимэ уларыйбатах, оннунан хаалбыт. Автодорожнай уул., 13, урут эмиэ бүтэй уу эбийиэгэ баара, онно уларыйыы баара бэлиэтэммит.

Биология наукаларын кандидата Евгений Иванов этэринэн, Дьокуускай куорат күөллэрин балыктарын үчүгэйдик кэтээн көрүү, чинчийии суоҕун кэриэтэ. Ыытыллар да буоллахтарына, улахан күөллэр эрэ хабыллаллар. Ол иһин уопсай түмүгү оҥорор уустук. Тупсарыы үлэтэ хайаан да ыытыллыахтаах. Кини Таалай күөл урут олус кирдээх этэ диэн бэлиэтээтэ, кэнники сылларга хайдах курдук уларыйбытын холобурдаата.    

Төгүрүк остуол кыттааччылара күөллэргэ балыгы искусственнай ыытыы хайдаҕын ыйыталастылар.    

“Балыгы ыытыы туох да куһаҕана суох, үчүгэй. Ол эрээри экосистиэмэҕэ баланс диэн баар буолуохтаах. Күөл диэн бүтэй экосистиэмэ. Онно туох эмэ кэһиллии таҕыстаҕына, ыһыллыы буолара чуолкай”, – диэтэ Евгений Васильевич.

СӨ Наукаларын академиятын экологическай бырайыактарга салаатын үлэһитэ Алена Руфова 2012 сыллаахха бөдөҥ учуонай, профессор, академик Дмитрий Дмитриевич Саввинов көҕүлээһининэн аһыллыбыт экология салаатын үлэтин, ретроспективнай анаалыс түмүктэрин сырдатта. Кини Дьокуускай куорат күөллэрин химическэй састаабын уратыларын кэпсээтэ. Онно киин куорат улахан күөллэрэ – Үрүҥ, Хатыҥ Үрэх Ытык Күөл, Сэргэлээх, Сайсары хабыллыбыттар. Матырыйаал 32 бырыһыана – ааптарыскай үлэ. Бу этиллибит күөллэр иэннэрин, дириҥнэрин, усталарын, туораларын үөрэппиттэр. 2022 сыллаахха химическэй састааптара анал баазаҕа киллэриллибит. Гидрокарбонаттар, хлоридтар баһыйаллара бэлиэтэммит. Алена Афанасьевна эмиэ куорат күөллэригэр кутталлаах бэссэстибэлэр нуорманы хас эмэ төгүл куоһаралларын кэпсээтэ. Чинчийии түмүгүнэн Сайсары уонна Үрүҥ күөллэргэ күүстээх трансформация бэлиэтэммит, Хатыҥ Үрэххэ – орто, оттон Ытык Күөлгэ, Сэргэлээххэ – мөлтөх. 

***

Төгүрүк остуолга кыттыбыт учуонайдар эппиттэринэн, чинчийиигэ улахан эрэ күөллэр хабыллаллар. Ол аата кыра күөллэрбит умнууга хаалаахтыыллар... Уопсайынан, үлэлии сылдьар дьон кэпсээниттэн түмүк оҥордоххо, сайдыы сырсыытыгар буолан экология боппуруоһа кэнники тэбиллибит курдук... Инники күөҥҥэ таһаарар кэм кэлбит, сарсыҥҥыбытын саныырбыт уолдьаспыт...

 

Хаартыскаҕа: Таалай күөл. Ааптар түһэриилэрэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...