Кумааҕыттан күн талбытын барытын
Розалия Новгородова (@soul.studio.for.you) – кумааҕы трубочкалартан араас оҥоһугу хатан таһаарар уран тарбахтаах маастар. Кини саҥа дьыллааҕы харыйа дьууппаларын уонна онтон да атын дьиэ малын-салын сакааска оҥорон эбии дохуоттанар суолу тобулбут, ону таһынан бу дьарыгар дьону онлайн-куурустарга үөрэтэр:
– Ордук быйыл харыйа дьууппата эрэ буолбакка, уопсайынан кумааҕы турбочкалартан хатыллан, өрүллэн оҥоһуллар дьиэ тээбиринигэр “бум” буолла. Дьон билигин айылҕа харыстабылыгар болҕомтотун уурар – натуральнай, экологичнай матырыйаал үрдүктүк сыаналанар. Уонна пандемия кэмигэр дьиэлэригэр олорон дьиэ-уот ис бараанын тупсарыах санаалара күүһүрдэ.
Оҥоһуктарбар “потребительскай” диэн ааттанар хаһыат бэчээттэнэр ыраас кумааҕытын туһанабын. Кыра да оҥоһукка аччаабыта 5 күн барар. Бастаан кумааҕыттан трубочкалары эрийэбин, онтон ууга оҥоһуллубут морилканан сотобун, куурбутун кэннэ (биир суукка курдук куурдабын) акриловай лаахтыыбын. Онтон эмиэ куурдан баран ууга илитэн хонноробун уонна өрөн саҕалыыбын. Лаах трубочкалары чараас пленка курдук бүрүйэр, оччоҕо кумааҕы талах курдук кытаатар, бөҕө-таҕа, имигэс буолар. Дьиҥнээх талахтан билбэт киһи көрөн араарбат.
Кумааҕыттан өрүүгэ саамай сүрүнэ матырыйаалын сатаан бэлэмниэхтээххин. Оҥоһук бэлэм буолбутун кэннэ грунтовкалыыбын уонна лаахтыыбын. Сырыы аайы үчүгэйдик куурдан иһиэхтээххин, ол иһин ханнык баҕарар оҥоһук элбэх бириэмэни ылар. Оҥорорго трубочкалары тэҥнээн биэрэн кырыйыахха, бэйэ-бэйэлэригэр сатабыллаахтык салҕыахха наада. Трубочка эрийэргэ тарбах ыалдьар, чэрдийэр.
Маннык өрүллүбүт, хатыллыбыт мал наһаа бөҕө буолар. Маҥан өҥнөөх кэнники кыратык саһарыан сөп, атын өҥнөөхтөр туох да буолбаттар. Биллэн турар, араас химиянан сууйбаккыт, күүскэ аалбаккыт.
Кумааҕынан өрүүнэн дьарыктаммытым биир эрэ сыл буолла, бэйэм ютубтан көрөн үөрэммитим. Хас биирдии маастар тус-туспа ньымалаах буолар эбит.
Кыра эрдэхпиттэн ону-маны илиибинэн оҥорорбун сөбүлүүбүн. Чугас дьоммун үөрдэрбин олус астынабын. Ол иһин иллэрээ сылтан саҥа дьылы баттаһа адвент-халандаардары сакааска оҥорон саҕалаабытым – бу эмиэ саҥа дьыл алыптаах күнүн кэтэһиини киэргэтэр.
Киһи сатабылын сайыннаран, таптыыр дьарыгынан хаһан баҕарар эбии дохуот киллэриниэн сөп.