15.03.2024 | 18:00

Кулун тутарга ыһыллар сибэккилэр

Биир сааскы күн дьылы аһатар дэниллэрин курдук, кулун тутар – оҕуруотчуттарга саамай түбүктээх уонна күһүҥҥү үүнүүгэ акылаат уурар эппиэтинэстээх ый.
Кулун тутарга ыһыллар сибэккилэр
Ааптар: Галина СПИРИДОНОВА
Бөлөххө киир

Оҕуруот аһын сүрүннээн кэтэх тиэргэннээх, даачалаах эрэ дьон ыһар буоллаҕына, сибэккини куорат таас кыбартыыратын олохтоохторо балконнарыгар, подъезтарын таһыгар кытта үүннэринэн, сайын устата айылҕаны кытта алтыһар, кэрэни кэрэхсиир кыахтаахтар.

Онон, бастатан туран, кулун тутарга ханнык сибэккилэри ыһар тоҕоостооҕун билиһиннэриэхпит. Элбэх сыллаах, рудбекия, аквилегия, тысячалистник, виола, дельфиниум о.д.а. курдук кыстыыр, хас да сылы быһа үүнэр сибэккилэри даҕаны кулун тутарга ыһыахха сөп. Куһаҕана диэн, атырдьах ыйын бүтүүтүн эрэ диэки ситиэхтэрин, эбэтэр букатын да сибэккилээмиэхтэрин, эһиилгигэ бэлэмнэнэн, силистэрин эрэ сайыннарыахтарын сөп.

Биир сыллаах, ол аата быйыл сайын эрэ үүнэр сибэккилэртэн бу күннэргэ флокс, лобелия, брахикома, уһун уктаах бархатцы курдуктары олордон саҕалыырга уолдьаста. Кулун тутар ортото – циния, статица, биир сыллаах гвоздика бары көрүҥнэрин, георгин, элбэх сыллаах ромашка, колокольчик, портулак, остеоспермум, сальвия, цинерария, астра, бальзамин, нолана сиэмэлэрин ыһарга табыгастаах кэм. Оттон табак, клеома, агератум сиэмэлэрин кулун тутар иккис аҥаарыгар, ол аата нэдиэлэ курдугунан ыһыахха сөп. Диморфотека, кохия курдук сибэккилэри эмиэ билигин ыстахха, аны сайын улахан уктаах сибэккинэн дуоһуйар кыахтааххыт. 

Оттон бары сөбүлүүр уонна кэлиҥҥи сылларга үүннэрэ үөрэммит петуниябытын эрдэ ыспакка хаалбыттар эмиэ санаарҕаамаҥ. Бу күннэргэ ыһан, үчүгэй күннээх, сылаас сири булан туруордахха, холобура, боростуой петуния 3 ыйынан ситэр, оттон махровай петунияҕа 4 ый наада буоллаҕына, от-атырдьах ыйдарын диэки сибэккилиир кыахтаахтар.

Кэлиҥҥи кэмҥэ саха дьоно тиэргэни сибэккинэн киэргэтиигэ болҕомто уурар буоллулар. Бассейн, беседка курдук, этэргэ дылы, баараҕай тутуулары ыал эрэ барыта оҥостор кыаҕа суох буоллаҕына, сибэккинэн симэммит, ханнык баҕар тиэргэҥҥэ сиэдэрэй көстүүнү биэрэр аарканы оҥостор уустуга суох. Бу күннэртэн быаны, шпалераны батыһан сыыллан, эриллэн үүнэр сибэккилэри арассаадалаан саҕалаатаххытына, аны сайын булгуччу дьиэлээхтэргитин астыннарар, оҕолоргутун, сиэннэргитин дуоһутар,  ыалдьыттаргытын сөхтөрөр, сайын устата тэлгэһэҕитин мүөттээх сытынан тунуйар, көрүөхтэн кэрэ көстүүнү биэрэр сиэдэрэй ааркаланыаххыт диэн бүк эрэллээхпит. Этэргэ дылы, туох барыта кыраттан, чуолаан, быыкаа сиэмэ туорааҕыттан саҕаланар. Кобея, ипомея, клематис, настурция, плющ, душистай горошек, гиацинтовай боб, хмель о.д.а. үүнээйилэр эһиэхэ онно көмө буолуохтара. Аарка туттарбатаххытына даҕаны, бу үүнээйилэри веранданы, террасаны, беседканы, киирэр ааны киэргэтиигэ хорсуннук туттуохха сөп.

Ый түбүктэрэ

Быйыл, аны күһүн оҕуруот аһын хомуйан хаһааныыга диэри, «Киин куорат» хаһыаппыт «Тускар туһан» рубрикатын оҕуруокка аналлаах таһаарыытыгар Саха сиригэр биллэр оҕуруотчут, Ньурбаттан Агафья Тарасова, эксперт быһыытынан үлэлэһэргэ сөбүлэспитин туһунан үөрэ иһитиннэрэбит.
Бүгүҥҥү нүөмэрбитигэр Агафья Афанасьевна кулун тутар бастакы аҥаарын түбүктэрин үллэстэр:

Кулун тутар помидору ыһар кэм

– Олунньу эргэтигэр элбэх хонуктаах минньигэс биэрэспитин ыспыппыт. Сорох хаһаайкаларга номнуо быган, бастакы-иккис сэбирдэхтэрэ тахсыбыт буолуохтаах. Оттон бу күннэргэ иһиккэ олордон улаатыннарарга сөптөөх кыра кээмэйдээх аһыы (острай)  биэрэһи ыһабыт. Маны сайын устата иһиккэ туруоран үүннэрэбит, онтон күһүн балаҕан ыйын ортотугар диэри тэпилииссэҕэ көһөрөн баран, Саҥа дьылга диэри дьиэҕэ киллэрэн үүннэриэххэ сөп. Аһыы биэрэс доруобуйаҕа туһалааҕынан, амтаны биэрэринэн, күһүн кэнсиэрбэлээһиҥҥэ кинитэ суох сатаммаппытынан даҕаны, хас биирдии хаһаайка оҕуруот аһын бу көрүҥэр болҕомто ууруон наада.

Дьэ, кулун тутар ыйга оҕуруот аһыттан дьон саамай сөбүлээн олордор помидор сиэмэтин ыһан саҕалыыбыт.

Ый 10-с чыыһылатыттан оһоҕунан оттуллар тэпилииссэлээх дьон индетерминантай суортары олордоллор, ол аата тэпилииссэ иһигэр тохтоло суох уһаан тахса турар көрүҥнэр.

Холобура, оннук суортартан мин «Благовест» помидору сөбүлээн олордобун. Бу урукку «Верлиока» суорт тупсарыллыбыт көрүҥэ. «Благовест» тэпилииссэ иһигэр күһүн хойукка диэри үүнэн уһуу турар, ол иһин атырдьах ыйын 10-ун диэки төбөтүн быһан, үүнэрин тохтотобун. Оччоҕуна аһа ситэн, улаатан, кытарарыгар үлэлиир.

Ити курдук бу күннэргэ тэпилииссэ иһигэр ыһыллар атын детерминантнай, ол аата уһун уктаах суортары эмиэ ыһан саҕалыыбыт.

Оттон тэлгэһэҕэ үүнэр кылгас уктаах помидордары муус устар саҥатыгар ыстахха, таһырдьа таһааран олордорго сөрү-сөп, ботуччу сиппит буолар.

Оҕуруотчут кистэлэҥнэрэ

Сайын устата сибэккигэ сууланар албас

– Сибэкки олордорго биир судургу «кистэлэҥ» баар. Ол курдук, холобура, эрдэ эбэтэр кылгастык сибэккилиир үүнээйилэри учуоттаан, уоннуу хонугунан арыттаан хатылаан ыстахха, тиэргэҥҥит сайын эрдэттэн күһүн хойукка диэри сибэккинэн симэнэн туруоҕа. Онон үүннэрэр сибэккилэргит төһө уһуннук сибэккилэрин тутан туралларыгар болҕомто уурар наада.

 

Үүнээйини көһөрүү (пикировка)

– Арассааданы уопсай иһиттэн биир-биир араартаан көһөрөр наһаа үлэлээҕин, сылаалааҕын оҕуруотунан дьарыктанар дьон бары билэллэр. Мин бүгүн эһиэхэ бэйэм хайдах ыһан үлэбин чэпчэтэрбин кэпсиэм.

Бастатан туран, биир улахан, түөрт муннук быһыылаах үрдүк одноразовай иһит түгэҕин кытыытынан кыптыыйынан кырыйан бэлэмниибин. Оччоҕуна буоругар салгын киирэн, силистэрэ сайдар. Ол кэннэ эрдэ бэлэмнээбит буорбунан иһитим үс гыммыт иккитин толоробун, үчүгэйдик сиигирдэбин. Сииктээх буорум үрдүгэр помидорум сиэмэтин биэһи-алтаны тэйиччи-тэйиччи уурталаан баран, буорбунан бүрүйэбин. Бу сиэмэлэрим араскылаан, дьиҥнээх сэбирдэхтэрэ тахсан улаатан эрдэҕинэ, эбии сибиэһэй буор кутан биэрэбин. Оччоҕо үүнээйим уһаан тахсыбыт, уга буорга тимирэн, эбии силис тардар, кыаҕыран, модьураан, доруобай арассаада буолар.

Маннык балайда улаатыахтарыгар, хойдуохтарыгар диэри туруорабын, атын, тус-туһунан иһиттэргэ көһөрө сатаабаппын.

Бу албаһым өссө биир биһирэмнээх өрүттээҕин бэлиэтээтим. Ол курдук, биирдии иһиккэ биирдии суорду олортоххо, ааттарын, көрүҥнэрин булкуйар кыһалҕа турбат.

Оттон помидор бэйэтэ киһи илиитин уйумтуо үүнээйилэргэ киирсэр, онон туспа иһиккэ көһөрөргө улаханнык эмсэҕэлээбэт.

Арассааданы аһатыы

– Арассааданы эбии аһатыыга тугу туттаҕын диэн элбэхтик ыйыталлар, маҕаһыын уоҕурдуутун төрүкү туттубаппын уруккуттан алтыһар дьонум билэллэр.

Мин ньымам диэн, эбии аһылык оннугар арассаадаларбар сибиэһэй буор эбэн биэрэ сылдьарым буолар. Сибиэһэй буор үүнээйилэрим доруобай, бөҕө-таҕа буолалларыгар туһаттан атыны аҕалбатын элбэх сыллаах кэтээн көрүүм дакаастаата диэххэ сөп.

Арай таһырдьа таһааран олордор кэммэр кирээдэбэр, харахпар эбии ону-маны, сүрүннээн «илиим анныгар» баар аһылыгы туттабын.

 

Ыарыыны сэрэтэр ньымалар

– Ханнык баҕар арассаада сүрүн ыарыыта – хара атах (черная ножка). Бу, бастатан туран, ууну сыыһа кутууттан үүнээйи силиһин сытытар, этэргэ дылы, хара көлөһүнү имири сотор, үүнүүтэ суох да хаалларыан сөптөөх уодаһыннаах ыарыы. Онон билигин, арассаадаларбыт үүнэн силигилии турар кэмигэр, уубутун сэрэнэн кутарбыт булгуччулаах. Аны туран, хас биирдии ууну кутуу кэнниттэн, силистэрэ сытыйан хараарбатын наадатыгар, иһит кытыытынан зубочистканан, атын даҕаны табыгастаах малынан буорун көбүтэн, сахсатан бэриллэр. Оччоҕуна, салгын оонньоон, буора аһыйбат, үүнээйибит силиһэ тыынар.

Биир куһаҕан ыарыы – сиик үөнэ. Сиик үөнэ үөскээбэтин наадатыгар арассаадабытын кыралаан эмтээн саҕалыыр наада. Мин онуоха эриэппэ луук хаҕын туттабын. Уулаах иһиккэ луук хаҕын кутан, суукка курдук туруора түһэбин. Ол ностуойунан арассаадалары ыстара сырыттахха, үөн буулаабат. Луукпутун маҕаһыынтан, ырыынактан ылар буоллахпытына, булгуччу таһын сайҕыыр, сууйар ордук. Тоҕо диэтэххэ луук эмиэ араас ыарыылаах эбэтэр түүнүктээх буолуон сөп. Ону бопсор биир ньыманан тас хаҕын ылан быраҕан баран, иһинээҕи хахтарын эрэ туттуу буолар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...