30.12.2022 | 17:00

Култуура идэтэ өйөнөр буоллаҕына, ол аата олохпут туруктаах, инникилээх

Арассыыйа норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин сыла түмүктэнэн эрэр. Ааһан эрэр сыл тыа сиригэр туох саҥа сүүрээни, ситиһиилэри аҕалбытын билээри, Уолба нэһилиэгин Норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Анастасия Боппосованы кытта кэпсэттибит.
Култуура идэтэ өйөнөр буоллаҕына, ол аата олохпут туруктаах, инникилээх
Ааптар: Вера КАНАЕВА
Бөлөххө киир

– Анастасия Сергеевна, саха сиэринэн кэпсэтиибитин кимтэн кииннээххин, хантан хааннааххын диэн саҕалыахха.

Мин Үөһээ Бүлүү улууһун Сургуулук нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Эбэбэр Елена Дмитриевна, эһэбэр Василий Иванович Ивановтарга иитиллибитим. Бииргэ төрөөбүт иккиэбит.

– Туох идэлээххин? Култуура эйгэтигэр хаһааҥҥыттан үлэлиигин?

Идэбинэн юриспын. Ол эрээри 2018 сылтан, билиҥҥи үөрэх ирдэбилинэн “переквалификацияны” ааһан, култуура үлэһитэ буолбутум. Маннык дьаһал, идэни ылыы – каадыр тиийбэт тыа сиригэр сөптөөх быһаарыы дии саныыбын. Ханнык баҕарар үлэҕэ баҕа уонна дьону түмэр дьоҕур ирдэнэр. Үлэбин 2015 с. САССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, мелодист, ырыаһыт, режиссер, артыыс Игнатий Слепцов аатынан Норуот айымньытын дьиэтигэр уус-уран салайааччынан саҕалаабытым, онтон 2017 сылтан дириэктэрдиибин.

– Норуот айымньытын дьиэтэ, уруккулуу кулууп, -  нэһилиэк эргийэр киинэ, дьон тоҕуоруһар сирэ. Бүгүҥҥү кулууп үлэтэ хайдаҕый?

Кырдьык, урут да, билигин да хас биирдии нэһилиэк киининэн кулууп буолар. Мин саныахпар, төһөнөн кыра нэһилиэк да, оччонон олохтоохтор түмсүүлээх буолаллар. Биһиги үлэбитин өйөөччүлэринэн, сыаналааччыларынан нэһилиэкпит олохтоохторо буолаллар.

– Быыкаа Уолба алааһыттан куорсун анньынан, искусство, култуура деятеллэрэ тахсыбыттара. Ол туһунан «Киин куорат» ааҕааччыларыгар сырдат эрэ.

Унаар буруолаах Уолба алааһыттан айылҕаттан дьоҕурдаах, идэлээх элбэх киһи үөскээбитэ уонна өрөспүүбүлүкэ искусствотын, култууратын сайдыытыгар улахан кылааты киллэрсибиттэрэ. Ол курдук, олоҥхоһут, чинчийээччи Мария Николаевна Андросова-Ионова. Тааттаҕа ссылкаҕа кэлбит  В.М. Ионов оскуолатыгар үөрэммитэ, киниэхэ кэргэн тахсыбыта. Оччотооҕу Бетлинг академик транскрипциятынан ааҕар, суруйар буолбут. Э.К. Пекарскай таһаартарбыт “Образцы народной литературы якутов” диэн үс томнаах, аҕыс таһаарыылаах научнай үлэтигэр Мария Николаевна “Күлкүл бөҕө оҕонньор Силирикээн эмээхсин икки”, «Үүт аас бэйэлээх Үрүҥ Айыы тойон ыччаттара” олоҥхолоро уонна “Орто дойдуга тупсарарга түспүт хара тыа иччитэ Баай Барыылаах” олоҥхо салҕаныыта киирбитэ. “Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур” олоҥхото бу научнай үлэ үһүс туомугар тахсыбыта. Кэргэнэ В.М. Ионовтыын саха олоҕун-дьаһаҕын, итэҕэлин, ойууннааһыны хомуйбуттара. Үлэлэрэ Арассыыйа наукаларын Академиятын Санкт-Петербургтааҕы архыыбыгар хараллан сытар. Иннокентий Давыдович Неустроев-Ярославскай куоракка олорбут суруйааччы, суруналыыс. Николай Иннокентьевич Слепцов – Саха сирин тыйаатыр искусствотын сайдыытыгар улахан кылааты киллэрсибитэ, дыраама тыйаатырын дириэктэринэн, режиссерынан, артыыһынан, Саха АССР Совнаркомун искусствоҕа салаатын инспекторынан үлэлээбитэ, Дария Даниловна Слепцова – РСФСР үтүөлээх, Саха АССР норуодунай артыыһа, Мария Никифоровна Белолюбская – Москубатааҕы Луначарскай аатынан тыйаатыр студиятын бүтэрбитэ, Саха АССР үтүөлээх артыыһа, Анна Ивановна Егорова – РСФСР норуодунай артыыһа, бастакы идэтийбит опера режиссера, Прасковья Петровна Егорова-Новгородова – Саха тыйаатырын бастакы артыыскаларыттан биирдэстэрэ, Иван Еремеевич Попов – Былатыан Ойуунускай аатынан Саха Академическай тыйаатырын артыыһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа, Макар Иванович Кузьмин-Макар Хара – буойун поэт, тылбаасчыт, Игнатий Игнатьевич Слепцов – САССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, мелодист, ырыаһыт, режиссер, артыыс, Андрей Андреевич Андросов – мелодист, бырааттыы Андросовтар, Климент Степанович Неустроев – кыраайы үөрэтэр музей төрүттээччитэ, Марат Юнчанов – хоһоонньут  уо.д.а.

Киэн туттар биир дойдулаахтарбыт бэйэлэрин кэмнэригэр төрөөбүт сирдэрин кытта сибээстэрин быспатахтара, күн бүгүн Макар Хара уонна Анна Егорова кыыстара Арассыыйа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх бырааһа, өрөспүүбүлүкэ бочуоттаах олохтооҕо Земфира Макаровна Кузьмина билсэ, тэрээһиннэрбитигэр көмөлөһө олорор.

– Норуот култуурунай нэһилиэстибэтигэр анаан нэһилиэккэ туох үлэ ыытылларый?

Бастатан туран, үтүө дьоммут ааттарын, олохторун үйэтитэр үлэ ситимнээхтик ыытыллар, ол эбэтэр М.Н. Андросова-Ионова аатынан өрөспүүбүлүкэҕэ олоҥхоһут дьахталларга күрэс ыыппыппыт. Иккиһинэн, олорон ааспыт алаастарыгар ытык бэлиэлэри туруорбуппут. Оҕо буолан айыллыбыт, киһи буолан ааттатар дьоннордоохпутунан киэн туттабыт, үөрэбит.

– Билиҥҥи гаджет үйэтигэр нэһилиэнньэни кулуупка мунньар уустук буолуо.

Бу ыйытыы култуура эйгэтин хас биирдии үлэһитин долгутар. Гаджет туох баар үлэни сабырыйда, дьон кулуупка сылдьыытын лаппа аччатта эрээри,  норуот талаана баарын, дьон интэриэһин өрө тутарбыт тухары, көрөөччү кулууптан тэйиэ суоҕа. Нэһилиэнньэҕэ анаан маастар-кылаастары, сонун күрэстэри ыытабыт.

– Кулуупкут иһинэн хас түмсүү баарый?

Түмсүүлэр – биһиги үлэбит сүрүн хайысхата, бүгүҥҥү күҥҥэ 13 түмсүүлээхпит. Анал дьарыктанар күннээхтэр. “Сайдам” нэһилиэк дьахталларын түмсүүтэ нэдиэлэҕэ иккитэ бадминтон оонньуур. “Сардаҥа” аҕам саастаахтар ырыа ансаамбыллара (сал. Н.Р. Лягушина), “Алгыс” орто саастаахтар үҥкүү ансаамбыллара (сал. Э.И. Гаврильева), “Айылгы” аҕам саастаахтар үҥкүү ансаамбыллара (сал. Г.И. Семенова), “Кэрэли” ыччат үҥкүү бөлөҕө (сал. Р.В. Баишева), “Этигэн” хомусчуттар түмсүүлэрэ (сал. С.П. Рахлеева), “Дьэ-буо” олоҥхо түмсүүтэ  (сал. А.П. Боппосова), “Туос” түмсүү (сал. С.П. Винокурова) уо.д.а. күннэтэ ыытыллар тэрээһиммитин киэргэтэн, ис хоһоонноон биэрэллэр. Хоһоон ааҕыытын билигин олус сэҥээрэллэр. Биир ситимнээх үлэлээх түмсүүнэн хоһоонньуттар “Дьэҥкир алып” түмсүүлэрэ (сал. З.П. Боппосова) буолар. В.И. Ленин аатынан орто оскуоланы кытта үлэлиибит, ону таһынан олохтоох бибилэтиэкэ, бэтэрээннэр сэбиэттэрэ, уо.д.а. тэрилтэлэр кулууп үлэтигэр төһүү күүс буолаллар.

– Нэһилиэк аайы ураты дьоҕурдаах дьон баар буолар. Уолбаҕа даҕаны баар буоллахтара.

Киһи хайгыы көрөр ураты дьоҕурдаах дьоннордоохпут. Норуот скульпторын аатын ылбыт, балбаахтан саҥа дьыллааҕы көрдөөх скульптуралары оҥорор Михаил Трофимович Боппосов баар. Арааһа, Михаил Трофимовиһы билбэт киһи суоҕа буолуо. Биир дьикти дьоҕурдаах киһинэн Алек Кириллин буолар. Алек Алексеевич кыптыый тутуо эрэ кэрэх, тугу, кими эппиккин үүт-маас кырыйар идэлээх. Көмүс тарбахтаах иистэнньэҥнэр Мария Басова, Галина Семенова улуус элбэх түмсүүтүгэр үлэҕинэн талбыт таҥаһы тигэллэр. Быйыл иккиэн Таатта улууһун норуотун маастарын аатын ыллылар.

– Инники былааҥҥа туох баарый?

Ааһан эрэр сылга иис-уус дьарыктаахтарга болҕомто уурулунна, хас биирдиилэрин видеоҕа устан, ютуб ханаалбытыгар уктубут. Урукку устуулары көрдөрөр салон тэрийэр баҕалаахпыт. Нэһилиэкпит киинигэр Кургаан диэн ааттаах хас биирдии олохтооххо дьоллоох оҕо сааһы санатар томтордоохпут. Быйылгы саҥа дьылы көрсө кургааммытыгар Саха Автономията тэриллибитэ 100, Таатта улууһа төрүттэммитэ 110 сылларыгар аналлаах «Муус-Аартык» диэн муус оҥоһукка күрэс ыыттыбыт. Саҥа дьылынан оҕолорго “Баһылык харыйата”, “Карнавал киэһэтэ” тэрээһиннэр, “Тымныы Оҕонньор” бирииһигэр спортивнай күрэх ыытыллыахтара.

Бэйэм биири бэлиэтиэхпин баҕарабын, дойдубут салайааччыта В.В. Путин култуура үлэһиттэригэр анаан 2014 сылы – Култуура сылынан, быйыл Арассыыйа норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин сылынан биллэрбитэ үлэлииргэ тирэх буолар. Култуура идэтэ өйөнөр буоллаҕына, ол аата олохпут туруктаах, инникилээх. Норуот сынньалаҥын тэрийэр, көҕүлүүр култуура дьиэлэрин түбүгэ бүппэт, саҥаттан-саҥа тэрээһин ыытылла туруоҕа.

–Анастасия Сергеевна, бэйэҥ дьиэ кэргэниҥ туһунан билиһиннэр эрэ.

– Мин дьылҕам ыйааҕынан аналбын Петр Боппосовы көрсөн, 2011 сыллаахха ыал буолбуппут. Анна, Василий Боппосовтар улахан кийииттэрэбин. Үс оҕолоохпут, кыра кыыспыт Сайнаара дьыссаат иитиллээччитэ, уолбут Сахайаан 2-с кылаас үөрэнээччитэ, мас тардыһыытынан дьарыктанар, улахан кыыспыт Маайа 4-с кылааска ситиһиилээхтик үөрэнэр. Кэргэним Петр Васильевич ОДЬКХ Уолбатааҕы филиалыгар үлэлиир. Тыа ыалын сиэринэн кэтэх хаһаайыстыбалаахпыт. Дьыл түөрт кэмин олус сөбүлүүбүт, айылҕаҕа тахсан сир аһын хомуйабыт, балыктыыбыт.

– Анастасия Сергеевна, иккис төрөөбүт дойду оҥостубут Уолбаҥ туһунан  кэпсээниҥ иһин махтанабын. Эн салайар Норуот айымньытын дьиэтэ улууска бастыҥ үлэлээҕинэн биллэр. Инникитин өссө айымньылаах үлэни, тус олоххор дьолу-соргуну баҕарабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....