27.03.2020 | 18:00

Кулан: Коронавирустан буруолатыы быыһаабат

Кулан: Коронавирустан буруолатыы быыһаабат
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Кии буолар эбэтэр киһи буолар быыһык кэмҥэ сахалар айылҕаттан айдарыылаахтарбыт санааларын иһиллиир, сүбэ-ама, өйөбүл көрдүүр үгэстээхпит. Биһиги Александр Артемьев-Кулан санаатын үллэстэригэр көрдөстүбүт:

-Мин билигин ыраах соҕуруу сылдьабын. Саха сирин сонунун барытын истэ олоробун. Маннык кэмҥэ киһи өйө-санаата уларыйар.

Коронавирус туһунан сүрдээх элбэх информация тахса турар. Саҥа вирус буолан саҥаттан-саҥа сонуну истэбит.

Итальянецтар бэйэлэрэ сүрдээх сабыылаах дьон. Үгүс дьон итальянец диэн наһаа эмоциональнай, аһаҕас киһи дии саныыра буолуо, ол эрэн оннук буолбатах. Эмоциональнай киһи сабыылаах буолар, барытын саҥаран-иҥэрэн, тута дьоҥҥо биллэрэн таһынан аһаран иһэр. Ол иһин тыына, тыҥата сабыылаах. Урукку үйэлэргэ араас ыарыыларга италиялар улаханнык оҕустарбыттара. Холобур, 14-үс үйэҕэ чума кэлбитигэр сүрдээх элбэх дьон орто дойдуттан барбыта историяҕа биллэр. Аны кинилэр көрүстүлэр да иккилиитэ уураһан чуубурҕатыһаллар. Ол иһин ыарыы түргэнник тарҕанна.

Ити вируспут ыарахан ыйааһыннаах. Ол аата киһиттэн миэтэрэттэн тэйиччи туран кэпсэтиэхтээхпит. Силинэн барар диэтилэр.

Ыалдьыбыт киһи кураанах сөтөллөөх буолар. Кураанах сөтөл диэн сүрэх сабыылаах буолуута. Сүрэх сабыллан хааллаҕына “сердечный кашель” диэни таһаарар.

Сөтөлгө сил мустара сүрэҕэ аһаҕас киһиэхэ эрэ баар буолар. Ол иһин сил мустарыгар кыһаллыбат, санаарҕаабат буолуҥ диибин.

Сүрэҕэ сабыылаах киһи туҥуй буолар, өйүнэн сылдьар, мээнэ долгуйбат, ытаабат-соҥообот. Саха киһитэ үксэ тыл этээри гыннаҕына, сыанаҕа тахсаары гыннаҕына долгуйар, сүрэҕэ аһаҕас буолан оннук...

 Сүрэҕэ сабыылаах киһи бокса рингэтигэр, тустуу көбүөрүгэр да киирээри туран долгуйбат. Ол иһин сүрэҕэ аһаҕас киһи кэбирэх соҕус буолар диибин.

Манна даҕатан эттэххэ, сүрэҕэ аһаҕас киһи кыыла күүстээх буолуохтаах. Биһиги сахалар сүрэхпит аһаҕас, ол гынан баран кыылбыт мөлтөх. Ол иһин сиспит мөлтөх. Атахпытыгар, сиспитигэр үчүгэйдик үлэлиэхтээхпит. Өбүгэлэрбитигэр үлэлиэхтээхпит.

Билигин ыраастаныы кэмэ. Кыыһыран бардьыгыныы сылдьыбакка, онтон-мантан кыйахаммакка ыраастанар, босхолонор кэммит кэлиэхтээх. Киһи ыраастаннаҕына, дьиҥэ, сыл аҥаарынан чөлүгэр түһэр, туохтан да толлубат буолар.

Биһиги билигин тугу гыныахтаахпытый? Биллэн турар, быраастар этэллэрин курдук илиибитин суунуохтаахпыт. Муннубутун сууна сылдьыахтаахпыт – “Долфин” диэн мурун сууйар уу баар, хантан эрэ кэлэн баран онон суунар үчүгэй. Былыр чаанньык тумсуттан мурун иһин суунар буоларбыт. Муннубутун сууйан баран ватнай палочкаҕа хаһаайыстыбаннай мыыла биһэн ыраастанабыт. Мурун түүлэрин үчүгэйдик ыраастыахха наада. Ханна эрэ дьонноох сиргэ сылдьан кэлэн баран маннык гынабыт. Мээнэ санаатыбыт да ыраастан да ыраастан буолбаппыт. Олус суун да суун буоллахха эмиэ куһаҕан. Наар тэбэнэ, сууна-тараана сылдьар дьон олохторугар соччо табыллыбат буолааччылар. Орто дойду олоҕор ортону тутуһуохха наада.

Сахаҕа былыр-былыргыттан “ыарыы тыына” диэн хараҥа тыын туһунан өйдөбүл баар. Ол аата ыарыы киһиэхэ сыстыбакка олорсон кэлэр дииллэр этэ. Көрбүөччү дьоҥҥо бу көстөр. Сатаан харыстаналлар. Холобур, Дьааҥылар кэпсииллэр: хойукка диэри дьаамынан таһаҕас тиэйэллэр эбит. Элбэх көлөнөн барар буоллахтарына, бүтэһик сыарҕаҕа куһаҕан малы-салы тиэйэн баран, Дьааҥы хайаларын туораан баран биирдэ, ол куһаҕан малы-салы айылҕаҕа быраҕан кэбиһэллэр эбит. Тоҕо диэтэххэ, ыарыы кута-сүрэ бүтэһик сыарҕаҕа олорсорун билэллэр эбит. Ити туһунан элбэх кэпсээн баар, барытын ырыта барбаппын.

Бу кэмҥэ киһи дьоҥҥо сыһыана, дьиҥнээх ис туруга көстөн кэлэр кэмэ үүннэ. Онон холку буолуохайыҥ. Мээнэ мөҕүттэн бэйэҕэ куһаҕаны эрэ оҥостобут. Ханнык эрэ билбэт киһигин, тойону-хотуну үөхсэн эн эрэ тыҥаҥ кытаатар, эн эрэ куртаҕын күүрэр. Эмсэҕэлээччи эн эрэ буолаҕын. Ол иһин наар этэбин: тугу эрэ туруорсар киһи холку туруктаах буолуохтаах диэн.

Аһара барбакка, аһара хараҥа итэҕэлинэн (суевериенан) үлүһүйбэккэ, аһара сэрэнэ-сэрбэнэ сылдьыбакка, аһара ууну-хаары дайбаабакка, бэйэни харыстана сылдьыахха.

Мин көрөхпүнэ бу ыарыыттан буруолатар улахан туһата суох. Ол эрэн дьиэни буруолата сылдьар син биир наада. Буруолаттахха араас кыра дьаҥ-дьаһах ыраастанар. Буруо бытархай хараҥа тыыны тэйитэр.

Кулан санаатын, сиһилии кэпсээнин ютуб ханаалыгар көрүҥ:

"> ">

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...