Кулан хаан: «Айманыы үтүөҕэ тиэрдибэт...»
Ааспыт өрөбүлгэ Сайсары түөлбэтигэр турар “Маяк” библиотекаҕа хаһааҥҥытааҕар да элбэх киһи тоҕуоруһа муһунна. Бу күн сэттис сылын үлэлиир “Кэпсээ” кулууп быйылгы сылга бастакы көрсүһүүтүгэр үрүҥ ойуун, алгысчыт, бөлүһүөк Кулан хаан ыалдьыттаата.
Бар дьон ытыктабылын ылбыт айылҕаттан айдарыылаах киһибит билиҥҥи кэм, итэҕэл, ыраастаныы, оҕону иитии, эр киһи, дьахтар аналларын тула санаатын үллэһиннэ, бар дьонугар баҕа санаатын тиэртэ. Онтон сүөгэйин-сүмэтин сурукка тиһэн, “Киин куорат” ааҕааччыларыгар анаан бэчээттиибит. Сэргээҥ, сэҥээриҥ.
***
– Билиҥҥи уустук кэмҥэ дьахтар аймах ортотугар айманыы, дьиксинии баар, эр дьон туһугар куттал үөскээтэ. Ийэлэр уолаттарын оннугар аармыйаҕа да барыах курдуктар. Аныгы үйэҕэ дьахтар наһаа элбэх эппиэтинэһи сүгэр буолан, куруук тугу эрэ дьаһайа, хонтуруоллуу сылдьар, ол иһин мэлдьи туохтан эрэ долгуйар, кыайан уоскуйбат. Тоҕо оннугуй? Туох барыта силистээх-мутуктаах. Ити барыта урукку кэм, ааспыт үйэ охсууларын содула. Өбүгэлэрбит олорон ааспыт кыһалҕалаах олохторун ыар тыыннара дьайар. Оннооҕор ыччат, сүүрбэччэлээх-отуччалаах дьон, сэрии кэминээҕи ырыалары иһиттэхтэринэ, бэйэлэрэ да билбэттэринэн туруктара уларыйар, истэригэр туох эрэ оонньуур, куттал үөскүүр.
“У войны не женское лицо” диэн этии баар. Ол эрээри туох баар санаа-оноо, кэтэһии, ыар сүтүктэнии дьахтар аймах сүрэҕин ортотунан ааһар.
***
Сахаларга баттаныы, атаҕастаныы туруга наһаа элбэх. Кыратык эмэ бэйэбитин хаарыйтардыбыт да, аймана түһэбит. Билигин “сирбитин сүргэйэллэр, тыабытын алдьатан эрэллэр” диэн бассаапка аймалҕаннаах суруйуу элбээтэ. Бу кэп туонуу буолар. Итинник гынан дьону хамсаппаккын, кутталы үөскэтэн, туох да үчүгэйи оҥорбоккун. Интэриниэккэ, омос көрдөххө, үөхсүү олус элбээтэ. Дьон тоҕо оннукка тиийэрий? Кэрээниттэн таҕыстаҕына, куһаҕаны түүйдэҕинэ. Оччоҕуна киһиттэн таһынан быһыыланар буолар. Дьиҥэр, аҕыйах киһи оннук гынар, ол гынан баран ол атыттарга кутталы үөскэтэр. Онтон сэрэниҥ, оннукка тиийимэҥ, киһилии майгыгытын сүтэримэҥ. Бу олоххо туох барыта эргийэн кэлэр.
***
Биһиги толкуйбут уларыйыахтаах, олоҕу атыннык көрүөхтээхпит. Бэйэ-бэйэни сиэһии, сирэй-харах анньыһыы туһата суох. Өһүргэнсии, кыраттан кыыһырсыы, өстүйүү, үҥсүү туох да үчүгэйгэ тиэрдибэт. Онтон хайдах ыраастанабыт? Арыллан. Кэпсэтэн эрэ буолбатах. Кэпсэтии – бастакы таһым. Холобур, манна тыл биэрдэххэ (көрсүһүүгэ кэлбит дьоҥҥо туһаайан этэр – Аапт.), билигин тохтообокко төһө баҕарар саҥаран бара туруоххутун сөп. Аны туран, мөлтөхпүтүн көрдөрөрбүтүттэн, кыайтарарбытыттан кыбыстабыт. Кыбыстыы туруга искэ хаалан хаалар. Киһи барыта күүстээх курдук көстө сатыыр, бэл диэтэр, сааһырбыт дьон. Ол иһин кинилэр бэйэлэрин билиммэт буолан, илиилэрин-атахтарын тоһуталлара үгүс. 80-гар тиийбит киһи уол оҕо курдук өрө тилигирэйэ сылдьыан баҕарар. Оннук буолбат, саас син биир ылан иһэр, баҕар-баҕарыма – бытаараҕын. Ону холкутук ылыныахтааххын.
***
Аныгы киһи төлөпүөҥҥэ наһаа оҕунна. Сорохтор оннооҕор Саха тыйаатырыгар кэлэн баран төлөпүөннэрин имэрийэртэн соло булбаттар. Баҕар, туох эрэ наадалааҕы быһаарсаллара дуу диэн сороҕор соруйан өҥөйөн көрөөччүбүн, суох, онтум дьонум инстаграмы (Арассыыйаҕа бобуулаах ситим – Аапт.) арыйан олорор буолаллар. Ити түктэри быһыы улахан алдьатыылаах, охсуулаах, тоҕо диэтэххэ киһини ыһан кэбиһэр, олохтон тэйитэр.
Хонтуруолтан хайдах босхолонобут? Бастатан туран, аан дойду аҕыйах мүнүүтэ биһигинэ суох туруоҕа, олох барбытын курдук салҕанан барыаҕа. Хонтуруолтан сынньана үөрэниэхтээхпит. Өрө көтүөккэлээн, сүүрэкэлээн, барытын тоҕо көтүөх курдук туттан, тугу да туоккалааҕы оҥорумуохха эмиэ сөп. Киһи бэйэтин иһигэр холку буолуохтаах.
Билигин информационнай технология сайдан, наһаа аймалҕаннаах олоххо олоробут. Төлөпүөммүт наар тыаһыы, тырылыы сылдьар, үлэ-хамнас, дьиэтээҕи түбүк, кэлии-барыы, ыксал-тиэтэл. Онтон бары өй-санаа, уйулҕа өттүнэн сылайабыт, кыайан холкутаабаппыт, сымнаабаппыт. Билигин ким эрэ киирэн кэлиэ – өрө көрө, өгдөҥөлүү түһүөххүт (көрсүһүүгэ кэлбит дьоҥҥо туһаайан этэр – Аапт.). Ол иһин биһиги сатаан сынньанарга, сынньалаҥы тэрийэргэ (аралдьыйарга эрэ буолбатах) үөрэниэхтээхпит.
***
Айманыы, туймарыйыы туох да туһаны аҕалбат, үтүөҕэ тиэрдибэт. Төттөрүтүн, ыһыллыыны эрэ таһаарар. Биһиги кэнники кэмҥэ эмиэ оннук буолаары гынныбыт.
Манна биири кэпсиим. Дьааҥыга, Киһилээх хайатыгар француз дьахтара кэлбит. Айманан, киирэн-тахсан, киһини барытын үөһэ-аллара туруортаабыт. Олохтоохтор Баатаҕай пордугар илдьэ барбыттар. Суол-иис мөлтөх буоллаҕа. Айаннаан иһэн массыыналара батыллан хаалбыт. Дьахтардара хойутаатыбыт диэн аймалҕан, айдаан бөҕө. Оттон хоту дойду дьоно бэрт холкулар эбит. Тахсан, мас сытарын булан, онно оҥостон олорон, табахтаан барбыттар. Онтон “чэ, массыынабытын таһаарыахха” диэн баран турбуттар уонна туох да улахан кэпсэтиитэ суох биир киһи мас булан аҕалбыт, иккис киһи күрдьэх ылан хаспытынан, оттон үһүс киһи домкрат ылан, көтөхтөрөн барбыттар. Айманыы суох, биһиги, сахалар, майгыбыт оннук. Француз дьахтара сөхпүт аҕай, кэлин дьоҥҥо кэпсииригэр: “Манна үс француз эбитэ буоллар, айманан, айдаарсан, баҕар, охсуһан баран үс аҥыы үрүө-тараа барыахтара этэ”, – диир үһү.
"Туспа көрүүлээх, айылҕалаах дьон баар буолаллар. Бэйэлэригэр итэҕэйэр дьон тугу эрэ ситиһэллэр. Мунаарар боппуруостарга киһи бэйэтэ санаалаах буолуохтаах."
– Ааҕааччы: Кризис мин олохпор улахан уларыйыылары аҕалла. Түүн уһуктан кэлэбин уонна уум алдьанан хаалар. Киһини түөрэҥнэтэр күүстэр баар буоллулар. Хайдах гынан утарылаһыахпын сөбүй?
– Бассаап үөдүйбүтэ уонча сыл, кылгас видеолар киирбиттэрэ аҕыйах сыл буолла. Биһиги иннибитинэ төлөпүөн тута сылдьыбыт өбүгэлэрбит суохтар. Итинэн тугу этиэхпин баҕарабыный? Информационнай хаос буолла. Өйбүтүнэн ылынарбыт күүһүрэн хаалла, ол иһин болҕомтобут наһаа мөлтөөтө. Холобур, бу мин кэпсиирбин дьиҥнээхтик ылынар киһи олох аҕыйах. Үгүстэр тэҥнээн көрө олордоххут. Аҕыйах сыллааҕыта диэри ыраас мууска уурбут курдук итэҕэйэр, иһийэн олорон истэр (кэнэн да диэххэ сөп) дьон хоту эҥин бааллар этэ. Маннык дьон олохторо чэпчэки соҕус буолар, тоҕо диэтэххэ олоҕу уустугурдубаттар. Биһиги санаабытыттан, “билэбит” диэнтэн кыайан босхоломмоппут. “Горе от ума” диэн мээнэ этии буолбатах. Өйбүт ырыҥалыыр, анаалыстыыр чааһа олус күүскэ үлэлиир, ол чаас өрүкүйэн, киһи кыайан утуйбат. Ити, биллэн турар, ис кутталы кытта ситимнээх.
Дьон иэйиитин (чувство) кыайан арыйбат, ону көрдөрүөн баҕарбатыттан араастаан көмүскэниэн сөп. Үгүстэр улахамсык, бэрдимсик буолаллар. Ол үксүн кутталтан. Бэйэм хайдах баарбынан сырыттахпына, миигин тэпсэн кэбиһиэхтэрэ диэн санааттан.
Уопсастыбаҕа олорбуппут биир-икки көлүөнэ буолла. Холобур, мин ийэлээх аҕам алааска төрөөбүттэрэ, улаатан баран уопсастыбаҕа киирбиттэрэ. Биһиги элбэх дьонноох сиргэ, холобур, кытай ырыынагар тиийдэхпитинэ, сылайан хаалабыт дии. Оттон кытайдар итинник олоххо үөрэммиттэр, үйэлэрин моҥууллар. Миллиардынан ахсааннаах омук биһиги курдук дьиэтигэр бүгэн баран сыппат. Ол иһин уопсастыбаҕа сылдьа үөрүйэхпит кыра соҕус диэн этэбин. Биһиги айылҕа өттүнэн бөҕө тыыннаахпыт, тулуурдаахпыт, аны билигин уопсастыбаҕа олорорго, аһаҕас буоларга үөрэниэхтээхпит. “Мин” диэн бэйэни көрдөрө сатаабакка. Киһи бэйэтигэр эрэммэт, тирэҕэ суох буоллаҕына, биллэ-көстө сатыыр. Бэйэтигэр эрэллээх киһи онно наадыйбат, тус интэриэһинэн салайтарар. Аймалҕан, сүпсүлгэн хантан кэлэрий? Өйтөн. “Өллүбүт-быһынныбыт”, “иэдэйдибит” диир, куһаҕаны эрэ этэ сылдьар киһи норуоту ыһар, куорҕаллааччы буолар. Манна биири өйдүөхтээхпит: өскөтүн эн туох эрэ куһаҕаны булан көрдөххүнэ, хайаан даҕаны онтон тахсар суолу ыйан биэриэхтээххин, үчүгэй өттүн көрдөрүөхтээххин.
Киһи бэйэтин миэстэтин билэ, харыстана үөрэниэхтээх, онно оҕотун эмиэ уһуйуохтаах. Айманан, санаарҕаан туох туһа кэлиэй. Ийэ күүрэн баран сырыттаҕына, ол оҕотугар улаханнык дьайар. Холку, үөрэ-көтө сылдьар ийэлээх оҕо эмиэ ийэтин курдук олоххо аһаҕас буолар.
***
Ким да олоҕу атыылаһан ылбат. Харчыга, ипотекаҕа бэриллэрэ буоллар, арыый атын соҕус буолуо этибит. Босхо кэлбит аанньа ахтыллыбат. Онон биирдэ кэлбит олохпутун сыаналыахха. Бу олоххо биирдэ кэлэбит, онон сирбэккэ-талбакка, туох бэриллибитинэн, астына-дуоһуйа олоруох тустаахпыт. Биһиги өбүгэлэрбит төһөлөөх ыарахаттары туораан ааспыттарай? Өллүбүт-быһынныбыт диэн ытыы-соҥуу сылдьыбатахтара, барытын тулуйбуттара. Кинилэр быстах кэлэн ааһар олоххо улаханнык аймаммакка олорор ордук диэн өйдөбүллээхтэрэ. Билиҥҥи дьону көрөллөрө эбитэ буоллар, “тотон өлөн” диэхтэрэ этэ.
Биһиги дэриэбинэбитигэр 22-тэ оҕолонон баран биир да оҕото тыыннаах хаалбатах дьахтар баара. Ол эрээри наһаа үчүгэй, холку майгылаах киһи этэ. Олох киһини сыһытар, уоскуйуҥ уонна дьоллоохтук олоруҥ диэн көрдөрө сатыыр. Киһи төһөнөн элбэх кыһалҕаны, сору-муҥу, эрэйи бэйэтинэн билэр даҕаны, оччонон санаата бөҕөргүүр, күүһэ улаатар.
Кырдьык, биһиги чэпчэки кэмҥэ олорбоппут, онон бэйэ бодобутун тардыныахтаахпыт. Эдэр оҕолор, эр дьон анал байыаннай дьайыыга бараллар. Оҕолор өлөллөр, ол куһаҕан. Туһааннаах дьоҥҥо ордук ыарахан. Ол эрээри онно чахчы дьыаланан көмөлөһүөххэ – ханнык эрэ уопсастыбаннай түмсүүгэ киирэн, гуманитарнай көмөнү тэрийсэн, харчы ыытан, муҥ саатар сетка өрөн. Оттон көннөрү санаарҕыыр, санааҕа баттатар туһата суох. Санаабытын кыайа үөрэниэхтээхпит, сырдыкка, үтүөҕэ тардыһыахтаахпыт. Кыайыы туһугар охсуһарга, ыарахаттары туоруурга үөрэниэхтээхпит.
Кэлии омуктар үлэлии кэлэллэр, биһиги тоҕо оччону үлэлээбэппитий? Атын дьон кыайарын тоҕо кыайыа суохтаахпытый? Ол туһунан толкуйдуохтаахпыт. Суланыа суохтаахпыт, “эһиннибит-быһынныбыт” диэн санааҕа киириэ суохтаахпыт. Дьиҥинэн, саха омугар үлэни кыайар, үтүөҕэ тардыһар дьон элбэх. Ол иһин олох хараҥа өттүн, мөлтөҕүн, куһаҕаны түүйэр дьону өрө туппакка, үчүгэйи, сырдыгы, үлэни-хамнаһы сэргээн, иннибит диэки баран иһиэхтээхпит.
***
Билигин саҥа үйэ, саха атын таһымҥа тахсар кэмэ кэллэ. Урут сэбиэскэй кэмҥэ саха диэн кимин билбэт этилэр, чукчалар дииллэрэ. Билигин бэркэ билэллэр. СВО-ҕа саха уолаттара хорсуннарын көрдөрдүлэр. Саха киинэтин билбэт киһи суох. Мин соҕуруу хас эмэ тыһыынчанан киһини кытта алтыһабын. “Оннук киинэ тахсыбыт үһү, көрбүтүҥ дуо?” – диэн, хата, бэйэбиттэн ыйыталлар. Онтон да атын эйгэлэргэ сахалар, төһө да аҕыйах буолларбыт, бэйэбитин балайда көрдөрдүбүт. Маннык омук баар диэн Арассыыйаҕа, аан дойдуга балайда биллэр таһымҥа таҕыстыбыт.
***
Олоххо бөҕө туруктаах киһи диэн баар, оройго охсулла-охсулла син биир иннин диэки баран иһэр. Киһи уйана-хатана ыарахаҥҥа биллэр, оннук кэм кэллэҕинэ, кини өссө өрөйөн-чөрөйөн биэрэр, тостубат. “Саха ньоҕой” диибит, ньоҕойбутун ыарахаттары туоруурга туһаныахтаахпыт, дьону кытта аахсарга, киирсэргэ буолбатах. Ол эбэтэр ньоҕойдоһон туран дьоллоох буолуохтаахпыт. Тыыннаахпыт тухары хачыгыраһан сылдьыах тустаахпыт. Оннук буолбат дуо?
***
Бэйэбитин көрүнэ үөрэхпит суох. Үөрэниэххэ, ону олоххо туһаныахха наада. Майгыны-сигилини уларытыахха, ол хайдах баҕарар кыаллар. “Мин оннукпун” диэн баран тугу да гыммат буолуу табыллыбат.
Киһи бэйэтин көрүнэ үөрэниэхтээх уонна олоҕун туһугар эппиэтинэһи сүгүөхтээх. Холобур, эдэр кыыс кэлэн: “Мин ыйааһыммын кыайан түһэрбэппин, кыаллыбат”, – диир. Ону төттөрү бэйэтиттэн ыйытабын: Хаамаҕын дуо? Тыынаҕын дуо? Дьарыктанаҕын дуо? Аскын көрүнэҕин, ырыа ыллыыгын, үҥкүүлүүгүн дуо? Онуоха: “Дьиҥинэн, баҕарабын ээ. Оҥорбут киһи...” – диир. Ол аата баҕата баар, онто өй эрэ таһымыгар сылдьар, дьыалатыгар тиийэн баран тохтоон хаалар. Ойон туруохха, хамсаныахха наада. Эрдэттэн итинник бэйэни бырагыраамалыыр олох сыыһа. Киһи төһө дьаныардааҕа, төһө дьиҥ баҕалааҕа төһөнү оҥорбутунан (кэпсээбитинэн, санаабытынан буолбатах) сыаналанар.
Хас биирдии киһиэхэ иһигэр “геннай память” диэн баар. Ол үчүгэй күүһүн уһугуннардахха, киһи майгыта абытай түргэнник уларыйар. Киһи өйө-санаата туохтааҕар да күүстээх. Тугу барытын көҥүллүүр эбэтэр бобор кыахтаах.
"Оҕолоох, үлэлээх буолуу – дьол. Түбүк-садьык баара үчүгэй, ол – үөрүү-көтүү. Хамсаныы диэн дьол. Оннооҕор өссө ордук тыыныы, көҥүл тыыныы диэн баар. Кимиэхэ да наадата суох, тугу да гыммакка сытар соччото суох ини."
Сөпкө өйдөөҥ, сөпкө туһаныҥ
Ааҕааччы: Өбүгэлэрим ааттарын ылбыт буоллахпына, кинилэр үчүгэй уонна ыарахан өрүттэрин эмиэ сүгэбин дуо?
– Суох. Ол хайдах сыһыаннаһаргыттан. Ыараханы ааспыт киһи билиитэ-көрүүтэ дириҥ буолар. Өбүгэлэриҥ төһөнөн эрэйдэммиттэр, кыһалҕалаахтык олорбуттар да, оччонон эн күүстээх буолаҕын. Кинилэр туораабыттарын эн иккистээн ааһарыҥ наадата суох. Өбүгэ кыһалҕата – эн күүһүҥ. Дьонум маны билбиттэрэ, ол аата миэхэ баар, оччонон күүстээхпин диэн өйдөбүл баар буолуохтаах. Ол иһин сөпкө өйдөөҥ, сөпкө туһаныҥ диибин. Ону барытын өйбүт-санаабыт салайар. Оттон “оннук кыһалҕалаахтар этэ, итинник эрэйдэммиттэр” дии-дии төттөрү өттүнэн ылынар буоллаххына, биллэн турар, оннук дьайар. “Мин дьонум итинниктэр этэ, ону утумнаабыппын” дии сылдьыллыбат.
Билигин дьикти кэм кэллэ. Дьон өбүгэлэрин хасыһаллар уонна наар баай эрэ өттүн көрөллөр, кулуба дуу, атыыһыт дуу оҕото буола сатыыллар.
"Кыра эрдэхпитинэ үөрэппиттэрэ, ийэлээх аҕабыт, эбэлээх эһэбит оҥорбут бырагыраамалара үйэ-саас тухары биһиэхэ хаалан хаалар. Онтон тахсыахпытын наада."
Таһыттан өтөн киирээччи элбэх...
Ааҕааччы: Оҕону иитии билигин уустук буолла. Бу туһунан туох санаалааххын?
– Олохпут уларыйда. Урукку өттүгэр оҕо бэйэтэ улаатар этэ. Сэбиэскэй кэмҥэ төрөппүт барыта үлэлиир буолан, онно улаханнык наадыйбат этэ. Ол иннинэ өбүгэлэрбит алаастарынан бытанан олорбут буоланнар, оҕо аймах ийэлээх аҕатын, эбэтин, эһэтин батыһа сылдьан дьаалатынан иитиллэрэ. Билигин араабылыыр күүс, таһыттан өтөн киирээччи, угуйааччы, ымсыырдааччы элбэх. Дьэ, ол иһин оҕону иитэргэ үөрэниэхтээхпит. Урут хаһан даҕаны оҕону ииппэтэх дьоммут. Сахалар эрэ буолбатах, атын омуктар эмиэ. Биирдиилээн ыаллар эрэ бааллара. Собуокка, пиэрмэҕэ үлэлии сылдьар дьон оҕо иитэн “ньаҕайданыахтара” дуо? Баҕар, хотоҥҥо батыһыннаран тахсыахтара. Билигин, дьэ, ылсыахтаахпыт, оҕону кытта “ньаҕайдаһыахтаахпыт”. “Күөрэгэй” түмсүү төрөппүттэргэ оҕону сахалыы саҥардарга наһаа элбэх сыра, үлэ эрэйиллэр диэн этэрэ оруннаах. Оттон үгүс төрөппүт туох диирий? “Айака, мама сылайда”, “Папа солото суох” диэн буолар. Сыралаһа үөрэммэтэхпит. Онон билигин ийэҕэ хаһааҥҥытааҕар да үрдүк эппиэтинэс сүктэриллэр. Тоҕо диэтэххэ оҕо ийэтигэр ордук чугас. Эр киһи буолан көлбөрүтүнэн этэр дии санаамаҥ. Оҕо ийэтин иһигэр үөскүүр, эмиийин үүтүн иһэн улаатар, онон ийэтин ордук ылынар. Оҕобутун сахалыы саҥардыахпытын баҕарар буоллахпытына, күҥҥэ саатар биир-икки чаас дьарыктаныахпытын наада. “Айа, оскуолаҕа үөрэтиэхтэрэ” диэн сэлээннэнэр сыыһа.
"Билиҥҥи дьон кинигэни аахпат буолла. Үксүн бассаабынан, кылгас сонунунан, тэттик видеоларынан муҥурданаллар. Ол киһи өйүн сыппатар, мөлтөтөр."
Оҕо диэн дьол...
– Ааҕааччы: Билиҥҥи оҕолор уйулҕа өттүнэн мөлтөхтөр, элбэҕи кыайан уйумматтар... (манна саала иһэ биир кэм оргуйа түһэр – Аапт.)
– Төрөппүт мунньаҕар тиийдэхпитинэ, эмиэ итинник оҕолорун куһаҕанын кэпсээн бараллар. “Таһырдьа сылдьыбаттар”, “өһүргэстэр”, “кыраны тулуйбаттар”, оннуктар-манныктар. Олорон эрэ истэ сатаан баран: “Оҕоҕут туох эмит үчүгэйдээх дуо?” – диэн ыйытабын.
Оҕо диэн дьол, ону биһиги туох эрэ сыал-сорук, садаача курдук көрөбүт. Дьиҥэр, оҕо эйиэхэ дуоһуйууну биэриэхтээх. “Айака” буолбатах. Киһи бу Орто дойдуга бэйэтин айылҕатынан олоруохтаах: эр киһи – эр киһи айылҕатынан, дьахтар – дьахтар айылҕатынан. Хомойуох иһин, билигин түктэри көстүүлэр баар буоллулар. Аныгы дьахтар хат буоллаҕына “эмиэ декреккэ олоробун дуо?”, “айа да айа, эмиэ хаайтарабын” дии түһэр. Дьиҥэр, төрүүр диэн айылҕаттан бэриллэр дьахтар дьоло буоллаҕа. Сорохтор сыыһа өйдөөннөр өссө эр киһиттэн ордук тутта сатыыллар, оннооҕор “бэйэтэ төрөөн көрдүн эрэ” диэн тыллаһаллар. Төрүүр-ууһуур, бастатан туран, дьахтарга бэйэтигэр наадалаах, кини айылҕата буолар. Ону дириҥник өйдүүр гына кыыс оҕону иитэн таһаарыахтаахпыт. Дьахтар үстэ төрөөтөҕүнэ, этэ-сиинэ үчүгэйдик сымныыр. “Туох ханнык барыта үһүстээх” диэн мээнэҕэ эппэттэр. Сороҕор эттэрэ-сииннэрэ кыайан арыллыбатах оҕолоох дьахталлар кэлэллэр. “Кесаревонан” төрөөбүттэрэ биллэр. Дьахтар ыарыы нөҥүө сыһыйар, ону ылыннаҕына, дьоллонор, босхолонор диэн көрөбүн. Дьахтар ыһыгыннаҕына, ыыттаҕына, куттаммат буоллаҕына, холкутугар түстэҕинэ, киниэхэ дуоһуйуу кэлэр. Эр киһи курдук “ону гыныахтаахпын”, “маны оҥоруохтаахпын” диэн толкуйдуу сырыттаҕына, дуоһуйуу ылбат. Эр киһи тугу эмит ситистэҕинэ, “мин” диэн билиннэҕинэ астынар, тугу да гымматаҕына кыбыстар. Итэҕэс курдук сананнаҕына, эр киһи мөлтөөн хаалар. Ити кини айылҕата. Уопсайынан, эр киһи 35-гэр диэри наар дьоҥҥо тугу эрэ дакаастыы сатыыр. Онтон өйдөннөҕүнэ, холкутуур, мөлтөх өрүттэрин кыайар, ис санаатын сааһыланар, бэйэтин эйгэтин оҥостор, кэҥэтэр. Аны туран, аныгы дьахтар тугу эрэ ситиспэтэҕинэ эр киһи курдук кыбыстар буолан хаалла. Ол эмиэ үчүгэйи аҕалбат. Дьахталлар, эр дьон курдук буола сатаамаҥ. Бэйэҕит эйгэҕитинэн дьоллонуҥ.
***
Билигин Таҥха кэмэ, ыраастанар кэм. Уу сыл устата мунньуллубут хараҥата арыллар, Кириһиэнньэҕэ диэри ыраастанар, ону көрбүөччү дьон “сүллүүкүн” диэн ааттыыллар. Айылҕаҕа туох барыта эргиирдээх. Ыраастаныаххытын, бэйэҕитигэр тугу эрэ туһаныаххытын баҕарар буоллаххытына, холку, уоскулаҥ турукка киириэххитин наада. Ахтан кэлиҥ айбыт аҕаҕытын, өйдөөн кэлиҥ иэйбит ийэҕитин. Дойдугутун, оҕо сааскытын санааҥ.
Куттаҕас киһи көхсө кыарыыр, быара күүрэр, үөһэ бүөлэнэр, таастыйар, нооро ыалдьар, саахара үрдээн кэлэр. “Хайҕахтаах хара быаргын сымнат”, “Нохтолоох тойон сүрэххин арый” диэн этэллэрэ өбүгэлэрбит. Кытаатан хаалымаҥ, тоҥуй буолумаҥ. Уйан дууһалаах, аһаҕас сүрэхтээх буолуҥ.