Кулан диэн кимий?
Александр Сергеевич Артемьев-Кулан – норуот бэйэтэ таһаарбыт киһитэ. Кини эмчиппин да, ойууммун, отоһуппун дэммэт эрээри, дьон киниэхэ көмө көрдөөн тардыһар. Таба тутан көрсөр, кэпсэтэр уустук соҕус. Кулан - аан дойду киһитэ, элбэхтик айанныыр, тас дойдуларга ыҥырыынан сылдьар. Хаһан да киэҥник рекламаламмат, кэпсэтиигэ сахалыы сэмэй, сэһэргэһэн, билсэн бардахха өйүн таһымынан, далааһынынан сөхтөрөр.
– Мин Мэҥэ Хаҥалас Балыктааҕар төрөөбүтүм. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ кыраларынабын. Аҕам – Мэҥэ Хаҥалас Дьабылыттан, ийэм Тааттаттан уонна Чурапчыттан тардыылаахтар. Тоҕус бииргэ төрөөбүттэн алтыа хааллыбыт. Дьонум сааһыран баран миигин төрөппүт буоланнар олох эдэрбэр барбыттара.
Бэйэм тус олоҕум туһунан кэпсээтэххэ, кэргэннээхпин, оҕолордоохпун, сиэннэрдээхпин. Куорат ыалабыт, тыа сиригэр тахсан сайылыыр үгэстээхпит. Бэйэм үксүн айаҥҥа сылдьабын.
– Эн бэйэҕин киммин дэнэҕиний? Ким эрэ отоһуппун, ким эрэ норуот эмчитэбин, ким эрэ ойууммун дэнээччи...
– Олох ол туһунан толкуйдааччым да суох. Сахам сиригэр дьон үксүн "алгысчыт”, “эмчит" диир, атын сирдэргэ "ойуун”, “учуутал" дииллэр. Бэйэм онно соччо кыһаммаппын, сүрүнэ – дьоҥҥо туһалаах буоллар диэн санаалаахпын.
Толкуйум, олоҕу көрүүм оҕо эрдэхпиттэн уларыйбакка, бэйэм айылҕабынан сылдьар диэн көрөбүн. Оҕо сылдьан, эдэр сааска киһи уопсастыба көрүүтүгэр сөп түбэһэн биэрэр, онтон ситэн-хотон, дьэ бэйэтин көрүүтүгэр бигэ эрэллээх буолар эбит. Уонна кэнники, сааспын ситэн баран санаатахпына, аҕам үөрэҕэ олоҕу көрүүбэр улахан олук буолбут. Мин кини 53 саастааҕар төрөөбүтүм, олох кырабыттан от үлэтигэр, онтон 5 кылаастан бултка тыаҕа, айылҕаҕа илдьэ сылдьан, элбэххэ такайара. Дойдутугар улаханнык биллэр булчут киһи этэ. Ол бииргэ сылдьар кэммитигэр кини номнуо сааһырбыт киһи буоллаҕа. Оҕо сылдьан туох эрэ ураты үөрэҕи, такайыыны баран эрэбин дии санаабат да эбиккин. Кэнники өйдүүгүн.
Артемьевтар диэн аймаҕынан билиилээх-көрүүлээх, сытыы-хотуу дьон. Аҕам үйэтин тухары салайар үлэҕэ сылдьыбыт мындыр өйдөөх киһи этэ. Сэрии саҕана Дьабыл нэһилиэгэр сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн, кэлин араас сирдэргэ колхуос, партком, райком, сэбиэт салалталарыгар үлэлээбитэ. Аны туран, убайдарым, эдьиийдэрим бары миигиттэн быдан улахаттар этэ. Биэс убай, үс эдьиий, хата, мин дьолбор, атаахтатар диэни билбэккэ, балайда кытаанахтар этэ. Үөрэтэр, такайар киһи элбэҕэ.
Ийэм өттүнэн Чурапчы Арыылааҕын Логлоҕордоро – айар-тутар дьоҕурдаах, айылҕаҕа сыстаҕас дьон. Эмчиттэр бааллар. Ийэм ийэтин өттүнэн Таатта Ондуруоһаптара – Баайаҕалар. Хос эбэм бииргэ төрөөбүт быраата Иван Андросов үс Георгиевскай кириэстээх Аан дойду бастакы сэриитин кыттыылааҕа эбит. Эбэм бииргэ төрөөбүт быраата Егор Бойтунов Аҕа Дойдуну көмүскүүр сэриигэ икки Албан аат уордьаннаах.
Онон хаанынан бэриллэр өйдөбүл, ол аата сахалыы ийэ куппут илдьэ сылдьар информацията, улахан суолталаах эбит диибин.
– Дьону кытта үлэҕин хаһан саҕалаабыккыный?
– Туох барыта кэмигэр кэлэр эбит. Мин 35 сааспыттан арыллан барбытым. Ол иннинэ киһи сиэринэн ыал буолан, оҕолордонон сырыттаҕым дии. Икки үрдүк үөрэҕи бүтэрбитим: Педагогическай факультеты уонна Уһук Илиннээҕи судаарыстыбаннай сулууспа академиятын. Ол үөрэнэ сылдьан элбэҕи толкуйдуур этим. Кыралаан суруйар буолбутум. Суруйууларым бастаан “Киин куоракка”, “Эдэр сааска” тахсыталаабыттара.
2006 сыллаахха иккис үөрэхпин бүтэрэн баран, үлэбиттэн тохтообутум. Ол иннинэ ЯГИТИ-га ыччаты кытта үлэлээбитим. Бастаан оҥорон таһаарыы маастарынан, онтон мастарыскыай сэбиэдиссэйинэн. Майаҕа филиал арыллан, дириэктэрдии сылдьыбытым. Онтон кэлин миэбэли оҥорон таһаарыыга менеджердээбитим.
Үйэм тухары эр дьон эйгэтигэр улааппыт, үүммүт эбиппин. Кыра сылдьан 5 убайдаахпын, үөрэхпэр үксэ уолаттар, онтон аармыйа сулууспата. Үлэһит буолан баран ЯГИТИ тутуу колледжа эрдэҕинэ, саҥа үлэлии кэлбит киһиэхэ, тохсус кылааһы саҥа бүтэрбит 56 уолу туттаран кэбиспиттэрэ. Онно дьиҥнээх олох оскуолатын ааспытым. Колледжпыт уруккутунан ГПТУ-14 буоллаҕа, ол тыына өссө да баара. Били оскуолаҕа баппатах эҥин уолаттар үөрэххэ киирэр сирдэрэ. Ыарахан үлэ этэ, ол эрэн кыайбытым. Онтон оҥорон таһаарыы эйгэтигэр эмиэ барыта эр киһи буоллаҕа. Билигин бэйэм 3 төрөппүт уоллаахпын, көтүөттээхпин, сиэн уоллаахпын. Тулабар син биир эр дьон элбэх.
Ити тоҕо этэбин диэ, эр киһи уларыйар-тэлэрийэр кэмэ кэллэ диэн көрөбүн, ол иһин болҕомтону онно тарда сатаатым. УЛАРЫЙЫЫ КЭМЭ – ким хайдах ылынарынан. Үксүлэригэр олус ыарахан. Эр киһи дьахтары кытта усулуобуйа өттүнэн тэҥнэһэн хаалла. Хас эмэ тыһыынчанан сылы быһа баһыйа сылдьан, өрө тутуллан баран, билигин тэҥнэстэ. Эр киһи суолтата билигин, холобур, айылҕаҕа таҕыстахха, айаҥҥа, кэлиигэ-барарга биир тутум үрдүү түһэр. Холобур, Киһилээх хайатыгар сырыттахха, оробуочай уолаттар тыын дьон буола түһэллэр. Кинилэрэ суох дьахталлар мастара мастаммат, уоттара оттуллубат, астара астаммат. Онтон куоракка төннөн кэллэххэ, намтаан хаалаллар – дьахталлар тутулуга суох буола түһэллэр, кэрэ аҥаар бэйэтэ массыына ыытар, хамнастаах үлэлээх, кэлэригэр-барарыгар хааччаҕа суох.
Эр киһи туспа эйгэтэ диэн сүттэ. Барыта силбэстэ. Ити абына-табына гендернэй иитиини киллэрэ сатыыллара муораҕа хааппыла. Биир өттүнэн, уол оҕону иитиигэ үчүгэй буолуо. Иккис өттүнэн, ол уолбут төттөрү уопсастыбаҕа төннүөн, киириэн наада, кэргэннэниэн, онтон кыыс оҕону иитэн таһаарыан наада...
Мин көрөрбөр, билигин эр киһиэхэ букатын атын күүс наада – ЫЛЫНАР КҮҮС. Урут киниэхэ “Оҥорор күүс” наада этэ - сүгэр-көтөҕөр, кыайар-хотор, толкуйдуур-тобулар. Оттон билигин киһи ылынарга күһэллэрэ элбээтэ. Ону барытын санаатынан уйуон, кыайыан наада. Ол эрэн аны наһаа баары барытын ылынан иһэр уол оҕо бэйэтин сүтэрэр, эр киһитин сүтэрэр.
Биһиэхэ үөрэх уонна иитии систиэмэтэ былыргылыы интеллект эрэ өттүн өрө тутар. Ол иһин ИС ТУРУК мөлтөөһүнэ барда. Эр киһи ис туруга мөлтөөтөҕүнэ, бүттүүн норуот мөлтүүр.
– Дьону хайдах эмтиигин?
– Эмтэнии диэн буолбатах. Киһи уйулҕатын, кутун уонну сүрүн кытта үлэни ыытабын.
Өйдөөн көрдөххө, билигин дьон 90 бырыһыана дэлби сылайан баран сылдьар. Ол ис турук, уйулҕа сылайыыта. Өй эрэ күүһүнэн үчүгэйдик сананан сылдьаллар. Киһи этиттэн-сииниттэн тэйэн, бэйэтин өйдөөн көрүүтэ мөлтөөтө.
Ол иһин билигин олоҕу көрүүгэ элбэх уларытыыны киллэрэр ирдэнэр. Уларыйа-тэлэрийэ турар олоххо сөп түбэһэн, тэҥҥэ барсан, инники күөҥҥэ сылдьар туһугар.
- Аһыы утахха ылларбыт дьону кытта үлэлиигин, эмтиигин дуо?
- Үлэлиибин. Эмтээбэппин, ыраастыыбын. Иһэр киһи бэйэтэ да билбэтинэн сымыйаччы буолан хаалар, бэйэтин албыннана үөрэнэр. Арыгыны туспа үөрэх курдук ылыныахтарын сөп, оччоҕо аһарынан көнөр суолга туруналларыгар кыах арыллар. Арыгыны сахалыы эмтээһин олус күүстээх уонна сэрэхтээх. Сахалыы эмтэммит киһи кэлин бэйэтин албыннаан иһэн кэбистэҕинэ, улаханнык оҕустарар. Оннооҕор "өһүлтэрэн" да абырамматтар. Айылҕа санаата уларыйа сылдьары сөбүлээбэт. Ол иһин арыгыттан олох кэһэйбит, куһаҕанын өйдөөбүт дьону эрэ ыла сатыыбын. Арыгы иһэн бүтэри таһынан, олоҕу саҥалыы көрөн, бэйэ олоҕун уларытар санаалаах дьону.
– Эмтээбэппин диэтиҥ, хайдах ыраастыыгын?
– Ыраастаныы суолтатын дьон дьэ өйдөөн эрэр. Урут киртийбит эрэ киһи ыраастаныахтааҕын курдук ылынар этилэр.
Судургутук быһаардахха, ньиэрбэни медицинэ кыайан эмтээбэт. “Нервная разгрузка” диэн уйулҕаны сааһыланыыны киһи бэйэтэ эрэ оҥостор кыахтаах. Ону салайан биэриэхпин сөп. Тыыныы, хамсаныы, кэпсэтии таһынан, өбүгэлэрбит ньымаларын туһанан.
– Ханнык ньымалары туттаҕын?
– Киһини бэйэтин кытта үлэ бара турдаҕына ханнык ньыма туттуллуохтааҕа бэйэтэ кэлэр. Киһи киһи араас, ураты. Ньыманы туттуу (методика) диэн арҕааҥы соҕус өйдөбүл. Дьону кытта үлэлииргэ иминэн билии-көрүү быһаарар.
Сахалар, биһиги, дьону сүрдээҕин билэр дьоҕурдаахпыт. Киһи туругун таайар, билэр, көмөлөһөр дьон элбэх. Ол эрэн кэннэки кэмҥэ тоҥ, аҥаардас өй эрэ билиитинэн барбыт дьон элбээн иһэр.
– Бэйэҥ кимтэн үөрэммиккиний?
– Ким да үөрэппэтэҕэ. Айылҕаны арыйарга, бэйэҕэ эрэллээх буоларга көмө буолбут дьон элбэх. Оттон дьону кытта үлэлииргэ айылҕа бэйэтэ уһуйбута. Бэйэтин кэмигэр сиппитэ. Билигин урукку курдук эттэнии диэн соччо суох. Ол олохпут, олоҕу көрүүбүт уларыйбытын кытта ситимнээх. Урут өбүгэлэрбит олорор усулуобуйалара, айылҕалара букатын атын этэ. Билигин ис кыаҕы арыйарга атын суол элбэх. Айылҕабытыгар наһаа улахан уларыйыылар буола тураллар, ону дьон үксэ билэ-көрө сылдьар.
– Ытык сирдэргэ барыы-кэлии наһаа элбээтэ. Ити төһө туһалааҕый?
– Туһалаах диибин. Туһалааҕын таһынан, эппиэтинэстээх. Киһи санаатын кыаҕа алыс күүһүрэн хаалар, ону уйуохха, салҕыы туһаныахха наада. Холобур, билигин Киһилээх хайатын күүһэ муҥутаан турар кэмэ. Миэхэ “быйыл барыма” диэн этитии кэлбитэ, онон сылдьа иликпин. Ол миэхэ тус бэйэбэр сыһыаннаах... Ханнык баҕарар киһи Ытык сиргэ сыһыана ураты буолуохтаах. Мин көрүүбэр, дьааҥылар ити бэйэлээх баһаар уотун кытта тура охсуһа сырыттахтарына, Киһилээххэ күүлэйдии баран-кэлэр соччото суох. Онтон көрдөһө, көмөлөһө барар туһа туспа.
Эппитим курдук, айылҕаҕа уларыйыы-тэлэрийии бөҕө бара турар. Ол иһин сороҕор уунан халыйар, баһаарынан күүдэпчилэнэр. Айылҕа бэйэтэ ыраастанар...
– Билигин интэриниэт, бассаап үйэтигэр, дьону кытта үлэлиир дьон аудиторияҕыт өссө кэҥээтэ...
– Оннук. Дьоҥҥо санааҕын тиэрдэр судургу буолла. Ким баҕарар санаатын суруйан тарҕатан кэбиһиэн сөп буолла.
Сахаҕа анааран көрүү наһаа баар. Онтукабыт кыараан иһэр. “Бу маннык тылы туттар сыыһа үһү” диэн аҥаардастыы хааччах туруорунан тугу да ситиспэппит. Холобур, “дьол-соргу” диэн тылга “сор” диэн тыл туттуллуо суохтаах үһү диэн, “дьол-саргы” диир муода буола сырытта. Оннук буолбатах. Саха тылын дорҕооннорун дьүөрэлэһиитэ бэйэтэ туспа үөрэх. “Соргу” диэн тыл уруккуттан баара, ону суох гынар эмиэ сатаммат. Сылыктыыр кыаҕа суох омуктарга аҥаардас табу, хааччах туруоруллан хаалар. Биһиги оннукка тиийиэ суохтаахпыт.
– Үлэҕэр хомуһу туттаҕын...
– Туттан. Хомус киһи ис туругун таарыйар вибрациялардаах диибин. Сүрдээх улахан киһини эмтиир, уоскутар күүстээх. Хомуһу күннэтэ тарда сылдьар үчүгэй. “Хомуйар” диэн тылтан ааттаммыт буолуон сөп дии саныыбын. Оччоҕо суолтата өссө күүстээх буоллаҕа.
Киһи мэйиитин үлэтиттэн элбэх тутулуктаах. Хомус тыаһа мэйии уорганнары кытта үлэтин ситимин күүһүрдэр кыахтаах эбит.
ДНК диэн хас биирдии киһиэхэ код курдук олорор информация баар. Киһи 7 көлүөнэ тухары 200-тэн тахса өбүгэлэрдээх. Олортон баара-суоҕа 1-2 киһи киэнин утумнаан илдьэ сылдьабыт. Ону атын ис кыахпытын уһугуннардахпытына, өссө атын дьоҕурбутун арыйыахпытын сөп.
– Астрология, базцы, фэн-шуй о.д.а. сүүрээннэргэ сахалар хапсан иһэр курдукпут. Бу биһиги айылҕабытыгар төһө сөп түбэһэрий?
– Эппиэтинэһи бэйэҕэ ылынарга үөрэммит соҕус норуоппут. Киһи дьылҕатын бэйэтэ оҥостор диибит. Ол хайаан да сулустар быһаараллар, эбэтэр туох эрэ статуэтката дьиэм бу өттүгэр турдаҕына көмөлөһөр диир чычаас толкуй. Киһи дьиҥэ саамай улахан сыаннаһа – ИС КӨҤҮЛЭ. Көхсүттэн көнтөстөөх көҥүлгэ эрэ көҕүйэр күн аймаҕа буоллахпыт. Онон араас тастан киирии өйдөбүллэригэр наһаа ыһыллыа-тоҕуллуо суохтаахпыт.