КРИСТИНА СТАСОВА: “КУҺАҔАНЫ ЭППЭППИН, СЫРДЫК СУОЛЛАРЫН ЫЙАБЫН...”
Айылҕаттан айдарыылаах дьон бэйэлэрин дьоҕурдарын мээнэ кэпсээн оҥосто сылдьыбаттар. Хас биирдии ураты талааннаах киһиэхэ хаһан арыллыахтааҕа, киһиэхэ көмөлөһүөхтээҕэ, хайдах дьаһанан олоруохтааҕа, дьоҥҥо-сэргэҕэ хаһан биллиэхтээҕэ кытта этиллэн кэлэр.
Бүгүн инникини өтө көрөр, ыраах Москва куоракка олохсуйбут Кристина Стасованы кытта билсэбит.
— Кристина, бэйэҥ тускунан кэпсии түһүөҥ буолаарай. Төрдүгэр айылҕалаах дьон бааллар дуо?
– Дорооболоруҥ! Чурапчы улууһуттан төрүттээхпин. Чурапчы улууһун Д.П. Коркин аатынан оскуоланы 2004 сыллаахха үрүҥ көмүс мэтээлинэн бүтэрбитим. Аҕам Павел Михайлович, ийэм Тамара Спиридоновна Саха сиригэр ох саа дьарыгын, олимпийскай көрүҥүн төрүттээбиттэрэ.
Биир кэмҥэ төрүччү оҥоруохпун баҕарбытым, ол иһин төрүттэрбин көрдөөн, үөрэтэн барбытым. Аҕам өттүнэн күүстээх удаҕан баар буола сылдьыбыт эбит, ийэм өттүнэн мин эдьиийим, уһуйааччым Доҕордуураба Дойдууна Дьэким кыыhа баар.
2010 с. математика уонна информатика институтун бүтэрбитим, идэбинэн программист буолабын. Кэлин бу идэм таһымын үрдэтиммитим, 44 уонна 223 сокуону кытта үлэлиир киһи буолбутум. Аҕыс сыл кэриҥэ СӨ судаарыстыбаннай хааһына тэрилтэтэтигэр үлэлээбитим. Бу тэрилтэҕэ үөрэхпин бүтэрээт, киирбитим. Кэллиэгэлэрбин кытта билигин даҕаны сибээспитин быспаппыт. Түгэнинэн туһанан, кинилэргэ махталбын тиэрдэбин. Билигин дойду тэбэр сүрэҕэр – Москва куоракка олохсуйан олоробун, үһүс сылыгар барда.
— Хаһааҥҥыттан ураты киһи буоларгын билбиккиний?
— Улаатан, үлэһит буолан баран билбитим. Билигин санаатахха, кыра сылдьан түүлүм туолар этэ. Ону-маны истэрим, күлүктэри көрөрүм, оҕо буолан кыһаллыбат эбиппин, атын оҕолор эмиэ истэллэрэ, көрөллөрө буолуо дии саныырым.
Оҕо-оҕо курдук улааппытым. Ийэм ыалдьар сирин илбийэрим, онно ыарыыта ааһара, сотору кэминэн ийэм илбийтэрэрин тохтоппута. Улаатан баран дьону илбийэрим, ыарыыбыт ааһар дииллэрэ. Эмчиппин дэммэппин.
Устудьуоннуу сылдьан түүл эрэ көрөрүм хаалбыта, эмиэ оннук курдук кыһаллыбат этим. Сороҕор дьон санаабытын тылыттан тылыгар кэпсээн биэрэрим, ону кыһаллыбакка күлэн кэбиһэрбит. Математик буолан, айдарыылаахпын диэн соччо итэҕэйбэтэх быһыылаахпын.
Үлэһит буолбутум кэннэ, дьэ, биллэн барбыта. Араадьыйа курдук кулгаахпар тыллар кэлэр этилэр, көрөрүм уларыйбыта, араас уобарастары, киинэттэн быһа тардыы курдук көрөр буолбутум. Туох эрэ буолбуппун, хайдахпын эрэ дии санаабытым. Оннук сылдьан быраатым Арчыны көрсө бардым. Хайдах буола сылдьарбын кылгастык кэпсээбиппэр, уолум көрбүөччүгүн диэбитэ. Үөрэн диэн сүбэлээбитэ. Үөрэнэр кэммэр атын дьон курдук буолбатах эбиппин дии санаабытым.
Ол курдук, «Битва экстрасенсов Якутии 4» финалиһа буолан, 2016 сылга сертификат ылбытым. Уһуйааччыларым Дойдууна – көрбүөччү, эмчит, поисковик. Арчын – көрбүөччү, поисковик, медиум. Кинилэр көмөлөрүнэн арылынным дии саныыбын.
— Эн бэйэҥ тугу көрүүлэнэҕиний?
— Хаартыска нөҥүө киһи олоҕун: уруккуну, билиҥҥини, инникини. Кыһалҕалаах буоллахтарына, табылларын курдук оҥоруохпун, көннөрүөхпүн (кыаллар буоллаҕына), ыраастыахпын сөп (дьону, дьиэни, массыынаны).
— Куруук биир кыһалҕалаах кэлэллэрэ буолуо дуу, хайдах дуу...
— Таптал буоллаҕа, бары тапталы баҕараллар, кэтэһэллэр, күүтэллэр. Араас кыһалҕалаах дьон кэлэллэр. Олоххо туох барыта киһи күүппэтэх, үөйбэтэх өттүттэн буолар.
— Көрбүөччү быһыытынан хайдах үлэлиигиний?
— Хаартыска нөҥүө, харах харахха көрсүһэн көрүүлэнэбин, үчүгэйи тардабын, ыраастыыбын, эппит тылыҥ туолар дииллэр. Кыаллар буоллаҕына, олохторун көннөрөбүн, кыаллыбат буоллаҕына, сэрэтэбин. Дьон махтала үөрдэр, кынаттыыр.
— Дьон бэрэбиэркэлиир дуу?
— Бэрэбиэркэлииллэр. Кимнэрин-туохтарын ыйыталлар. Кылгастык бэйэлэрин тустарынан кэпсиибин. Ол кэннэ биирдэ көрүүлэнэбин, ыйытыктарыгар хоруйдуубун.
Сөпкө көрөр, күүстээх эбит дииллэр. Туолбутун кэннэ санааларын үллэстэллэр. Үс сыллааҕыта эбэтэр сыл анараа өттүгэр кэлэ сылдьыбыт дьон суруйаллар. Бу билигин аҕай 2018 с. кэлэ сылдьыбыт кыыс суруйда. Киниэхэ мас дьиэҕэ олорор буолуоҥ диэбиппин соччо-бачча итэҕэйбэтэҕэ. Дьиэ көстөр, дьиэ туттуоххут диэбитим. 2019 с. күһүнүгэр чааһынай дьиэ туттан киирбиттэр.
— Эппит кэмҥэр туолумуон эмиэ сөп буоллаҕа дии?
— Оннук эмиэ буолуон сөп. Туолбатаҕына, көһөн биэрэр эбит. Эппит күммэр, ыйбар, ол эрээри биир сыл ааһан баран туолар. Сыал-сорук туоларын, олоххо киирэрин туһугар киһи бэйэтэ эмиэ үлэлиэхтээх. Кэтэһэн баран олордоххутуна, бу олоххо туох да кэлиэ суоҕа.
— Бэйэҥ күүстээх эйгэҕин этиэҥ дуо?
— Эйгэ буолбакка, майгы көстүүтэ диэхпин сөп – тулуур уонна сыалы-соругу ситиһии. Сыал ситиһиитигэр күүскэ ылсабын. Миэхэ ыйдаран кэлбит дьоммор сыалларын ситиһэллэригэр үлэлиибин.
— Дьоннор тугу ордук билэ сатыылларый?
— Хас биирдии киһи араас санаалаах буолар. Көмө көрдөөн, хом санааттан босхолоноору, кыһалҕаны быһаараары кэлэллэр. Инникини, уруккуну билээри: дьиэ-уот, таптал туһунан (туох күүтэрин). Чугас дьоннорун, кэнэҕэскилэрин ыйыталаһаллар. Үлэҕэ туох уларыйыы буоларын билиэхтэрин баҕараллар, урбаан өттүгэр ханнык хайысхаҕа барар ордугун, доруобуйаларын туругун туоһулаһаллар, эпэрээссийэ буолар дуу, суох дуу, хайдах ааһарын. Дьиэ атыылаһар буоллахтарына, кирдээҕин, ырааһын. Оҕо ханнык үөрэххэ киирэрин. Кыыс уол сыһыана. Өлбүт чугас киһилэрин туһунан ыйыталлар. Сөптөөх суолу талан олоробут дуо диэн, о.д.а.
Хаста да дьон миэхэ сылдьан баран дьиэлэммиттэрэ, оҕолоро суох ыаллар кырачааннаммыттара. Куһаҕаны эппэтим чуолкай, сырдык суолларын ыйабын, кэпсиибин.
— Дьону кыттар үлэлиир киһи, ордук туох, ханнык түгэни чорботон бэлиэтиэҥ этэй?
— Дьоннор аһаҕастык кэпсэппэт буолбуттар, туох баарынан эппэттэр, сыыһа өйдүөхтэрэ, хомотуохпут диэн куттаналлар. Аһаҕас кэпсэтии баар буоллаҕына, элбэх кыһалҕа суох буолуо дии саныыбын. Дьон кыһалҕатын, санаатын-оноотун наһаа кистиир, эрэммэт да түгэннэрэ элбэх быһыылаах. Ол баар суол. Дьикти үйэ үүннэ, оннук кэм кэллэ.
— Дойдубут, өрөспүүбүлүкэбит инники дьылҕатын, туох уларыйыылар күүтэллэрин этиэххин сөп дуо?
— Үрдүк үөрэх өттүгэр сайдыы баар буолуо, үөрэх өттүгэр эбии тутуу көстөр, тыа хаһаайыстыбата сайдыаҕа, Өлүөнэ эбэни туоруур муоста тутуллуоҕа.
— Ааҕааччыларга алгыскын сүбэ быһыытынан тиэрдэриҥ буоллар...
— Күндү ааҕааччы, хомойор күҥҥэр санааҕын түһэримэ, күүстээх буол, үөһэттэн барыта көстөр, төрүттэрбит көрөн олороллор, кинилэр биһигини харыстыыллар. Кыһалҕалаах кэмҥэр көмө эмискэ кэлиэҕэ, ол иһин инникигэр эрэллээх буол. Чэгиэн доруобуйаны, дьоллоох олоҕу.