06.05.2022 | 19:00

Ковид кэнниттэн олох

Ковид кэнниттэн олох
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Коронавирус дьаҥа икки сыл тухары сааһыттан тутулуга суох эрэйдээтэ. Үгүс дьоҥҥо ыалдьан баран өрүттүү, урукку олоххо төннүү бытаан соҕус буолла.

Коронавирус инфекциятынан сутуллуу, ыалдьыы киһи аайы араастык ааһар, ким эрэ кыра тумуу курдук аһарар, ким эрэ олус ыараханнык ыалдьар. Ыарыы кэнниттэн чөлгө түһүү туһунан быраастар сүбэлэрин көрүөххэ.

Ирина Гурина, бастакы квалификационнай категориялаах терапевт-быраас:

— Коронавирус инфекцията киһи организмыгар барытыгар  дьайар. Тугу чопчу «талан ылара» хас биирдии киһи ордук туга мөлтөҕүттэн, «кэбирэх» миэстэлэриттэн тутулуктаах.

Бу инфекция респираторнай, ол иһин, бастатан туран, тыынар систиэмэни «сиир». Үгүстүк араас патологиялары көрсүөххэ сөп:

сүрэх-тымыр өттүттэн: түөс иһигэр хам тутуу баар, киһи түөһүн иһэ ыалдьар, сүрэҕэ күүскэ тэбэр (тахикардия);

неврологическай: когнитивнай кэһиллиилэр (өй үлэтэ, саҥарыы, болҕомто, суруйуу), төбө ыарыыта, кыайан утуйбат буолуу, мэйии эргийиитэ;

ис уорган үлэтигэр кэһиллии: сүрэх өлөхсүйүүтэ, хотуолааһын, диарея, ырыы-дьүдэйии, аанньа аһаабат буолуу;

скелет-былчыҥ өттүгэр: сүһүөх уонна былчыҥ ыарыылара;

дерматологическай: тирии бааһырыыта;

отоларингологическай: кулгаах куугунуур, кулгаах уонна күөмэй ыарыыта, сыты уонна амтаны билбэт буолуу;

уопсай турук: сылайыы, мэлдьи туох эрэ ыалдьар курдук.

Коронавируснай инфекция куттала диэн – биллэрбэккэ (бессимптомно) ааһыан сөп.

Ольга Агеенко, бастакы квалификационнай категориялаах кардиолог-быраас:

— Урут коронавирус сүрүн сыала диэн киһи тыҥата – пневмония  диэн буолар этэ. Дьиҥэр, оннук буолбатах. COVID-19 организмы бүтүннүү сүһүрдэр, ол эрэн бастакы уочарат тымырдар охсууну ылаллар. Ол иһин сүрэх улахан кутталга сылдьар.

Коронавируһунан ыалдьыы кэмигэр сүрэх миокардатын кэбирэтии биир кэлимник барар: вирус миокарда килиэккэлэригэр дьайар + килиэккэлэри цитокиннарынан алдьатар + хаан састааба уларыйар + хаан сүүрэрэ кэһиллэр + килиэккэлэр гипоксиялыыллар + коронарнай тымырдар эндотелийдара алдьанар.

Ити барыта артериальнай дабылыанньа үрдээһинигэр тириэрдэр. COVID-19 эмтэннибит, анаалыспыт «отрицательнай» буолла даҕаны үтүөрдүбүт, организммыт чөлүгэр түстэ, уруккубут курдук олоруохпут диэн буолбат.

Статистика көрдөрөрүнэн, коронавирус кэнниттэн 30%-тан тахса ыарыһах салгыы ыарытыйар, доруобуйата биллэ мөлтүүр (постковиднай синдром).

 

Туохха болҕомтону уурабыт?

Ирина Гурина, бастакы квалификационнай категориялаах терапевт-быраас:

—  Коронавируһунан ыалдьан баран киһи өр кэмҥэ бэттэх кэлбэт, оччото суох туруктаах, тыына хаайтарар, сүрэҕэ күүскэ тэбэр, түргэнник сылайар, кыайан утуйбат, быһыыта-майгыта уларыйбыт буоллаҕына, ити «постковиднай синдром» дэнэр. Итинник ыарыһах булгуччу быраас кэтээн көрүүтүгэр сылдьыахтаах. Өр кэмҥэ «дизосмия» — сыты уонна амтаны билбэт буолуу хаалыан сөп. Ити өттүнэн чөлүгэр түһүүгэ сыл аҥаара курдук кэм наада.

Коронавирус кэнниттэн киһи психиката уларыйыыта наһаа элбэх: киһи депрессиялыан, «паническай атака» диэни көрсүөн, утуйбат буолуон сөп. Ыараханнык аһарбыт дьоҥҥо санаалара, быһыылара-майгылара уларыйар, итинник ыарыһахтар реанимация салаатыгар эмтэнэллэр. Үөһэ этиллибит уларыйыылардаах ыарыһах булгуччу бырааска көрдөрүнүөхтээх.

Ольга Агеенко, бастакы квалификационнай категориялаах кардиолог-быраас:

Сүрэх туһунан этэр буоллахха, тэбиитэ (ритм) кэһиллэр, үксүгэр тахикардия быһыытынан, артериальнай дабылыанньа үрдүүр. Вирус дьайыытынан тромбозтар үөскүүллэр.

«Постковиднай синдром» хаһан саҕаланара чуолкай биллибэт – ити «үтүөрбүт» кэннэ бастакы күннэргэ эбэтэр 3 ыйынан буолуон сөп. Бэйэм кэтээн көрүүбүнэн, биир да киһиэхэ ити ыарыы «суол хаалларбакка» ааспата.

Сэниэтэ суох буолуу, сүрэх тэбиитин кэһиллиитэ оннооҕор эдэр дьоҥҥо көстөр. Хас биирдии киһи урукку ыарыылара COVID-19 кэнниттэн өссө дириҥээн биэрэллэр.

Сэниэтэ суох, аҕылыыр, сылайар буоллаххытына, булгуччу терапевт эбэтэр кардиолог быраастарга көрдөрүөххүтүн наада.

Урут сүрэхтэринэн ыалдьыбатах дьоҥҥо – «постковиднай синдром» уустук тургутуу, оттон сүрэх ыарыһахтарга олохторугар куттал суоһуурун умнумаҥ.

 

Ханнык чинчийиилэри ааһар нааданый?

Хаан уопсай анаалыһа;

Коагулограмма — хаан хойдуутун кытта сибээстээх кэлим чинчийии;

Иик уопсай анаалыһа;

С-реактивнай белок таһымын бэрэбиэркэлиир биохимическай анаалыс;

Кардиограмма;

Исписэлиистэр консультациялара.

 

Бэйэбит тугу хонтуруолланабыт?

Ольга Агеенко, бастакы квалификационнай категориялаах кардиолог-быраас:

— Коронавирус кэнниттэн бэйэбит доруобуйабытыгар саатар биир ый болҕомтобутун уурабыт.

Күн аайы артериальнай дабылыанньабытын, сүрэхпит тэбиитин, сатурациябытын, температурабытын кээмэйдиибит, сурунан иһэбит. 

COVID-19 кэнниттэн үрдүк дабылыанньалаах ыарыһахтар «гипертоническай криз» буолуохтарын сөп, итинтэн сылтаан сүрүн уорганнарга: сүрэххэ, мэйиигэ, бүөргэ, харахха эмиэ кэһиллии тахсар.

Чөлбүтүгэр хайдах түһэбит?

Ирина Гурина, бастакы квалификационнай категориялаах терапевт-быраас:

— Улахан эчэйиилээх пневмония кэнниттэн түргэнник урукку олохпутугар төннүбэппит диэн өйдүөххэ наада.

Күүстээх физическэй ноҕурууска суох буолуохтаах. Күн аайы кыралаан бэттэх кэлэн эрэр буоллаххытына, олус үчүгэй.

Билиҥҥи кэмҥэ организмы чөлүгэр түһэрэргэ көмөлөһөр араас физическэй дьарыктар, тыынар гимнастика бырагыраамалара элбэх. Итини барытын интэриниэттэн булуохха сөп.

Чинчийиилэр көрдөрөллөрүнэн, D битэмииннэрэ тиийбэт дьон коронавирус дьаҥын ордук ыараханнык аһараллар. Онон ити уонна да атын битэмииннэри иһэр наадалаах.

Төһө даҕаны үтүөрбүккүт иһин, маасканы кэтэргит булгуччулаах! Хаһыс да төгүлүн ыалдьартан чуолкай төһө таһымнаах «антителалар» көмүскүүллэрин наука өссө да быһаара илик. Вирус салгыы мутацияланар, онон сарсын ханнык көрүҥү көрсөрбүтүн бэйэбит да билбэппит. Дьон 2-3 ый буолан баран хаттаан ыалдьаллар, ол иһин вакцинация туһунан умнуо суохтаахпыт.

Ольга Агеенко, бастакы квалификационнай категориялаах кардиолог-быраас:

—  Коронавирус кэнниттэн саамай сүрүнэ:

быраас сүбэтин толоруллуохтаах, анаабыт эмптэрин иһиллиэхтээх;

утуйар кэммитин көрүнүөхтээхпит — сууккаҕа 7-8 чаастан итэҕэһэ суох утуйуохтаахпыт;

үлэ графигын көрүнүөхтээхпит, ноҕуруускаланыа суохтаахпыт;

үлэ уонна сынньалаҥ кэмин сааһылыахтаахпыт;

физическэй ноҕуруускалары сыыйа саҕалыахтаахпыт;

психоэмоциональнай турукпутун көрүнүөхтээхпит;

сөптөөх аһааһыҥҥа болҕомтону ууруохтаахпыт.

Ыалдьан баран бэттэх кэлэр кэммитигэр күүстээх диеталары киллэрбэт, ыйааһын түһэрэ сатаабат ордук:

үүнээйи арыыларыттан оливковайы уонна рапсовайы талабыт;

нэдиэлэҕэ 2-3 төгүл араас балыгы сиэхтээхпит: скумбрия, лосось, тунец, сельдь;

кыһыл эттэн (холобур, ынах этиттэн) үрүҥ эккэ көһөр ордук (холобур, куурусса этигэр);

күҥҥэ 3-5 төгүл оҕуруот аһын уонна фруктаны сиэхтээхпит;

күҥҥэ 30 г араас эриэхэ сиэниллиэхтээх: грецкэй, миндаль, фисташка;

аска кунжут эбэтэр кунжут паастатын туттуллуохтаах;

макарону уонна килиэби «куруубай» састааптааҕы сиэниллиэхтээх;

тууһу аҕыйатыахтаахпыт;

итирдэр утахтары чөлүгэр түһүү кэмигэр испэт ордук.

Доруобуйабыт туруга тубуста дии санаатаххытына, сибиэһэй салгыҥҥа 30-ча мүнүүтэ аргыый хаамар туһалаах.

Сорох дьон сотору-сотору компьютернай томографияны ааһа сатыыр, оттон сорохтор отой да медицинаҕа итэҕэйбэттэр, бырааска сылдьыбаттар. Итинник гыммакка, орто сиэринэн сылдьар, наада буоллаҕына көрдөрүнэр, бэйэ доруобуйатыгар сөптөөх болҕомтону уурар наадалаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...