08.12.2022 | 13:00

Ковид биир содула — уҥуох ыарыылара

Ревматолог-быраас ахсаана Арассыыйаҕа эрэ буолбакка, аан дойду үрдүнэн тарбахха баттанар. Саха сиригэр баара-суоҕа 18 итинник идэлээх исписэлиис баар. Кинилэр этэллэринэн, коронавирус дьаҥын биир улахан содулунан уҥуох ыарыыта элбээбитэ буолбут.
Ковид биир содула — уҥуох ыарыылара
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Сэтинньи ый ортото Дьокуускайга Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук кылаабынай ревматолога, медицинскэй наука доктора  профессор Эльвира Николаевна Оттева кэлэн, «Хотугу норуоттар доруобуйалара» диэн 13-с национальнай конгресска кытынна.

Эльвира Оттева, Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук кылаабынай ревматолога:

— Бэйэм кыраайбар ревматология сулууспатын тэрийбитим, билигин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук территориятыгар эппиэттиибин. Мин устудьуоннары буолбакка, быраастары үөрэтэбин. Сыл аайы бары регионнарынан сылдьан, биир идэлээхтэрбин кытта көрсөбүн, семинардары тэрийэбит, уустук түбэлтэлэри ырытабыт, салгыы хайдах эмтиири сүбэлэһэбит. Быйылгы Саха сиригэр кэлиим – «Хотугу норуоттар доруобуйалара» диэн 13-с национальнай конгресска кыттыы. Итинник тэрээһиннэргэ кэлэн тиһиктээхтик кыттабын. Былырыын манна ревматологияҕа анаммыт симпозиум ыытыллыбыта. Ити сүдү суолталаах, бэлиэ түгэн – Саха Өрөспүүбүлүкэтин аҕыйах ахсааннаах ревматолог-быраастарын сомоҕолоһуута.

Быйылгы 13-с национальнай кэнгириэс өрөспүүбүлүкэ 100 сылыгар, үрдүкү медицинскэй үөрэхтээһин 65 сылыгар уонна быраастар Учууталлара, үгүс эмчити уһуйан таһаарбыт Иннокентий Иннокентьевич Петров үбүлүөйүгэр ананна. Кэнгириэскэ кэрэхсэбиллээх дакылааттары иһиттибит. Трансплантология сайдыытын туһунан дакылаат олус сөхтөрдө.

Хотугу сир тыйыс усулуобуйатыгар олорор дьон ураты геннаахтарын бэлиэтиибин, ол курдук HLA B27 ген үгүстүк көстөр. Кини сис тоноҕоһун ыарыыларын уустук көрүҥнэрин көбүтээччинэн буолар. Ити ыарыылары тута быһааран эмтээбэтэххэ, ыарыһах 40-ча сааһыгар инбэлиит буолуон сөп. Саамай үөрүүлээҕэ, кэнники уон сыл иһигэр аан дойду үрдүнэн ревматологияҕа балысхан сайдыыны көрөбүт. Ол курдук, 2009 сылтан саҕалаан Бехтерев ыарыытын эмтээһин үрдүк ситиһиилэрдээх. Рентгеҥҥэ көстүбэт да буоллаҕына, чопчу диагноһы туруорар буоллубут. Эрдэтээҕи таһымҥа булан эмтээтэххэ, ыарыыны тохтотуохха сөп. Псориатическай артрит ыарыыны эмтээһиҥҥэ эмиэ ситиһиилэр бааллар.

Тоһоҕолоон бэлиэтиэхпин баҕарабын, коронавирус инфекцията күөдьүйбүтүн кэннэ урут хаһан даҕаны уҥуохтарыгар, сүһүөхтэригэр үҥсэргээбэт дьон ыарыйдылар. Системнай «красная волчанка», ревматоиднай артрит, Бехтерев курдук ыарыылар наһаа элбээтилэр, уруккуттан ыалдьар дьон бэргээтилэр. Итинэн сибээстээн быраастарга уустук балаһыанньа үөскээтэ. Мин куруук ревматологтары элитнай быраастар диэн ааттыыбын. Кинилэр омук дойдуларыгар атын быраастартан саамай үрдүк хамнастаахтар.

Саха сирин ревматологтарын уһулуччу дириҥ билиилээхтэр диэн бэлиэтиэхпин баҕарабын. Бастакытынан, эрдэтээҕи диагностика; иккиһинэн, уопуттарын Саха сирин бүттүүнүгэр тарҕатыы, ыраах сытар сирдэри кэрийэн ыарыһахтары быһаарыы, ревматическай хайысхалаах ыарыылары эмтээһиҥҥэ баар технологиялары барытын, ол иһигэр геннай-инженернай эмтэри туһаныы. Сылтан сыл саҥа эмтэр регистрацияланан иһэллэрэ эрэли үөскэтэр.  

Галина Саввина, ревматология салаатын сэбиэдиссэйэ:

— Бу балыыһаҕа 2000 сыллаахтан үлэлиибин. Ревматология салаата 1991 сыллаахха арыллыбыта. Бастакы сэбиэдиссэйбит – Саха сиригэр эрэ буолбакка, Арассыыйа таһымыгар биллэр уопуттаах быраас Ольга Гаврильевна Маркова. Кини ковид иннинэ үлэлээн тохтообута, кини оннугар мин хаалбытым. Саҥа киирбит сүүрээнинэн геннай инженернай биологическай терапия буолар. Ити технологиянан, молекулярнай таһымҥа эмтээһини Саха сиригэр 2005 сыллаахха саҕалаабыппыт. Аҕалыы амарах кыһамньылаах, тумус туттар тутаах киһибитинэн кылаабынай бырааспыт Николай Николаевич Васильев буолар. Геннай терапияны саҥа саҕалыырбытыгар биһигини наһаа өйөөбүтэ, кини көмөтүнэн билигин салгыы ситиһиилээхтик үлэлиибит. Биһиэхэ эмтэнээччилэр үксүлэрэ ыарахан ыарыһахтар. Тымныы усулуобуйаҕа да олорор буоламмыт, ону тэҥэ геннай таһымҥа уонна, ковид охсуутунан даҕаны, ыарыһах ахсаана элбии турар. Уруккуттан ыалдьар системнай ыарыылаах дьоммут наһаа бэргээн, ыарахан балаһыанньалаах биһиэхэ киирэллэр. Аны сорох ыарыһахтарбыт, ковидтан куттанан, госпитализацияламмакка, дьиэлэригэр сытан эмтэнэн дэлби баалатан кэбиспиттэр. Пандемия кэмигэр хас даҕаны сиринэн көһө сылдьан үлэлээтибит. Билигин куойкабыт элбээн, ыарыһахтар урукку курдук уочараттарын үстүү ый кэтэспэттэр, элбэх ахсааннаах киһини хабан эмтиир буоллубут.

Геннай инженернай биологическай ньыма «воспаление» цитокинын булан, хам баттыыр. Ыарыһахтар бары эмтэнэ-эмтэнэ үлэлии сылдьаллар. Геннай эмптэр бастаан ревматологияҕа эрэ киирбит буоллахтарына, билигин атын салааларга – гастроэнтерологияҕа, дерматологияҕа уо.д.а. киирдилэр. Ити медицина балысхан сайдыытын туоһута. Аны саамай сүрүнэ, үөрүүлээҕэ – ити эмтэри Арассыыйаҕа эмиэ оҥороллор.

Ревматологияҕа сыһыаннаах геннай эмтээһин туһунан этэр буоллахха, ыарыһах булгуччу балыыһаҕа киирэн сытыан, толору чинчийиини барыан наада, ол эрэ кэнниттэн аныыбыт. Ыарыһахтар туруктарын, төһө туһалыырын куруук кэтээн көрөбүт, анаалыстарын ый аайы туттара сылдьаллар. Бэйэм кэтээн көрүүбүнэн, инновационнай технология быһыытынан геннай терапия түмүктэрэ олус үчүгэйдэр, ыарыһахтар туруктара лаппа тубуста. Ол иһин үчүгэй көрдөрүүлэри ситистибит диэххэ наада.

Үрүҥ халааттаах аанньалларга түбүктээх үлэлэригэр ситиһиилэри  баҕарыаҕыҥ, эмтээбит, үтүөрдүбүт дьоҥҥут махталлара алгыс тылынан эһигини арчылыы сылдьыахтын.

Людмила Леонтьева, СӨ Доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтин кылаабынай ревматолога, Медицина комплекснай кыhалҕатын Дьокуускайдааҕы научнай киинин ревматология салаатын сэбиэдиссэйэ:

— Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн урут баара-суоҕа 50 ревматологическай куойка баар этэ, былырыыҥҥыттан  Медицина комплекснай кыhалҕатын Дьокуускайдааҕы научнай киинигэр 40 куойка эбиллэн, билигин 90 буолла.

 Биһиги тыйыс дойдубутугар системнай ыарыы элбэх уонна хас биирдии ыарыы киhи олорор сириттэн, геныттан, кыра (сороҕор улахан) араастаах буолар. Онон Сахабыт сиригэр ревматология практическай медицината бэйэтэ научнай салааланара буоллар, кэнэҕэски  дьоммутугар-сэргэбитигэр улахан туһалаах буолуо этэ диэн саныыбын. Ол туһугар Медицина комплекснай кыhалҕатын Дьокуускайдааҕы научнай киинин дириэктэрэ Анна Николаевна Романова, кылаабынай быраас Александр Юрьевич Николаев уонна научнай үлэһиттэр, эмтиир быраастар  Өрөспүүбүлүкэ ревматологическай сулууспатын  өссө үрдүк таһымҥа таһаарарга кыһаллабыт.

Ревматологическай ыарыылар сүhүөх эрэ ыарыыта буолбат, өссө ис уорган (тыҥа, бүөр, быар, оhоҕос, ньиэрбэ систиэмэтэ, тымыр, харах уо.д.а.) эмиэ дьарҕа ыарыыта буолар. Ол иhин биһиги клиникабытыгар ыарыыны биир ситим курдук көрөн, араас исписэлиис быраас буолан эмтиибит-томтуубут. Туох баар синтетическай уонна генно-инженернай эмтэри аныыбыт. Орфаннай (сэдэх) ыарыһахтары генетиктэри кытта көмөлөөн көрөбүт.

 Урут биир Геннай-инженерия кэбиниэтэ баар этэ, билигин, ыарыһах элбээн, иккилэр; онон өрөспүүбүлүкэ ыарыһахтарын икки сиринэн көрөбүт. Ол да үрдүнэн ыарыһах элбэҕэ бэрт буолан, диспансеризация өттүнэн уустуктары көрсөбүт, ревматологтар аҕыйахпыт. Хомойуох иһин, саҥа коронавируснай инфекция кэнниттэн аутоиммуннай уонна аутовоспалительнай ыарыылар күүскэ күөдьүйэн иһэллэрин бэлиэтии көрөбүт. Ыарыһаҕы балыыһаҕа киллэрэн эмтээн таһааран баран көрөр-истэр, кэтиир быраастарбыт тиийбэттэр. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 18 ревматолог-быраас баар, бары Дьокуускай куоракка үлэлииллэр. Итинтэн тоҕуһа – стационарга, биир ревматолог – Медицина киинигэр, үс – поликлиникаларга, уоннааҕылар чааһынай клиникаларга бааллар. Биир кэлим эмтиир, кэтээн көрөр, ситимниир Киин баара буоллар, үлэлииргэ олус табыгастаах, туһалаах буолуох этэ. Оччоҕо ыарыһахтарбыт балыыһаттан эмтэнэн тахсаат, ревматолог быраас баар сирин көрдүү барбакка, биир сиргэ сылдьан салгыы эмтэниэх, хонтуруолга сылдьыах этилэр.

Түгэнинэн туһанан, учууталбытыгар, ревматология сулууспатын туһугар уһун сылларга сыралаахтык үлэлээбит Ольга Гаврильевна Марковаҕа уонна быраастарга – ревматологтарга, терапевтарга махталбытын тиэрдэбит. Кэнники сылларга терапевтар ревматологическай ыарыһахтары булар көрдөрүүлэрэ улаатан иһэр. Сүрүн сыалбыт – ыарыыны эрдэ быһааран, чопчу диагноһы туруоран, эмтээһин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...