10.09.2021 | 15:49

Коркинныы олоруохха, Коркинныы айыахха

Ааптар: Иван Ушницкай
Бөлөххө киир

Итинник угуйар-көҕүлүүр ааттаах хамсааһын  Дьокуускай куоракка “Строительнай” эргиэн киинигэр саха улуу саарынынан ситимнэнэр. ХХ үйэ чулуу киһитэ, Саха АССР үтүөлээх учуутала, ССРС, РСФСР, Саха АССР үтүөлээх тириэньэрэ, “Бочуот Знага” уонна “Октябрьскай өрөбөлүүссүйэ” уордьаннар кавалердара  Дмитрий Петрович КОРКИН үөрэнээччилэрэ XXI Олимпиадаҕа Чыпчаал ситиһиилэригэр ананан, улахан педагог буоларынан 2018 сылтан улахан тэрээһин күһүн аайы, Билии күнүттэн орто дойдуга кэлбит кэмигэр кини аатынан улахан түһүлгэлэри ыытыы чэрчитигэр киирэр. Арай, былырыын пандемиянан хааччаҕы билиммэккэ, ити тиэмэҕэ хаһыаттарга суруйуунан, ТВ көрдөрүүнэн, араадьыйаҕа кэпсээһининэн кыараабакка  бара турбута. Тэрээһин оннук, Дмитрий Петрович уонна кини үөрэнээччилэрин, идиэйэтин салгыы саҕааччылар,  үйэтитээччилэр  курдук, күүстээх. Хаайтарбат.

Бу дьону спорка эрэ буолбакка, бары өттүнэн сайыннарыыга туһуламмыт санаалары саҕары Чурапчытааҕы спортивнай  оскуола-интэринээти 1970 сыллаахха олимпийскай чемпион Павел Пинигиннээҕи кытта бииргэ бүтэрбит, култуура үтүөлээх үлэһитэ, “Хотугу сулус” оҕо академиятын салайааччыта Татьяна Афанасьевна Гоголева көҕүлээбитэ. Ону Дмитрий Петрович үөрэнээччилэригэр иитиллэр улахан тустуук буолбут уоланнар, спорт маастардара Александр Крылов, Иван Данилов уонна аан дойдутааҕы кылаастаах маастар Афанасий Заболоцкай  бэйэлэрэ тэрийбит, салайар “Строительнай“ эргиэн киин      быыстапкалыыр саалаларыгар хаһан баҕарар тугу оҥороругар туран биэрэн, күүс-көмө буоларга бэлэмнэрин биллэрбиттэрэ. 

Быйыл эмиэ “Строительнай” Дмитрий Петрович Коркины үйэтитиигэ, кини дьыалаларын кынат оҥорууга өссө саҥа тыынын ылла. Быыстапкалыыр саалата мусуой курдук араас экспонаттарынан киэргэтилиннэ. Манна улуу тириэньэр уонна кини үөрэнээччилэрин  туттубут маллара, таҥастара, наҕараадалара,  улуу держава ССРС чиэһин көмүскээһиҥҥэ  хаһыаттарга тахсыбыт ыстатыйаларынан оҥоһуллубут альбомнар ууруллубуттар.  Эркиннэргэ, панноларга хаартыскаларынан таҥыллыбыт истиэндэлэр, уруһуйдар ыйаммыттар. Күн аайы сарсыарда уон чаастан хастыы да көрсүһүү тэлэбиисэргэ, хаартыскаларга уһуллан, история пуондаларын ситэрэргэ кылааты хаҥатар.  Инникитин ол өссө киэҥ далааһыннанарыгар баҕарыаҕыҥ, эрэниэҕиҥ. 

Бу сырыыга тэрээһин Саха сирин автономиятын 100 сылыгар ананна. Онуоха тэрийээччилэр эбиллибиттэрин мантан аллара көр:

- “Строительнай” атыы-эргиэн киинэ;

- Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандаларын бэлэмниир Киин;

- “Саха” НКИХ “Хотугу сулус” оҕо телерадиоакадемията;

- Роман Дмитриев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи Олимпийскай эрэллэр училищета;

- Д.П. Коркин аатынан Чурапчытааҕы спортивнай оскуола-интэринээт;

- Чурапчытааҕы спортивнай оскуола-интэринээт Албан аат мусуойа;

- Өрөспүүбүлүкэтээҕи Ем. Ярославскай аатынан Хотугу норуоттар устуоруйаларын уонна култуураларын холбоһуктаах судаарыстыбаннай мусуойа.

Быыстапкаҕа күн аайы 10 чаастан “Саха” национальнай көрдөрөр-иhитиннэрэр хампаанньа архыыбыттан саха тустуутун чаҕылхай түгэннэрэ күөх экраҥҥа элбэхтик көстө турда.

Билигин өрөмүөн кэмэ буолан сылдьааччы элбэх. Кинилэр араас көрсүһүүлэргэ, хаһыакка, ТВ эрэ көрөр дьоннорун илэ көрсөн сэҥээрдилэр.

Тэрээһин балаҕан ыйын 2 күнүгэр  бастакынан миигин кытта сэһэргэһиинэн  саҕалыыр чиэһи сүктэрэн уонна күҥҥэ хастыыта да кыттарбар ыҥыран долгуттулар. “Спорду сайыннарыыга суруналыыстыка оруола” төгүрүк остуолбутун норуодунай суруйааччы Егор Петрович Неймохов огдообото Мария Петровна Неймохова, Д.П. Коркин аатынан түмэл салайааччыта Егор Васильевич Пудов уонна ССРС спордун үтүөлээх маастара, Үтүө Дьулуур оонньууларын геройа, Европа икки төгүллээх, ССРС үс төгүллээх чемпиона Василий Гоголев ситэрсэн биэрдилэр. Суруналыыстыка бары эйгэҕэ кими, тугу билиһиннэриинэн, онно сайдыыга көмөтө элбэҕин бэлиэтээн, халтай үлэлээбэт эбиппит дэтэн, санаабын көтөхтүлэр. Спорду бастакынан суруйбут кэллиэгэлэрбин Владимир Варламовы, Иван Кычкины, Вячеслав Степановы кытта бииргэ алтыспытым. Егор Неймохов “Эдэр коммунистан” “Хотугу сулуска” көспүтүгэр кини миэстэтигэр үлэҕэ ылыллыбытым. Кинилэр миэхэ өссө көрсүһэ иликпиттэн билиҥҥэ диэри матырыйаалларынан учууталларым буолаллар диэн мэлдьи махтанабын. Атыттарга эмиэ оннугун истэбин. 1980 сылтан 41-с сылбын  суруналыыстыкаҕа үлэлиибин. Ол инниттэн, алтыс кылааска үөрэнэр кэммиттэн, спорду суруйуунан айар үлэҕэ киирбитим. Онно гонорар ылбыппын, бастакы бэйэм үлэлээн ылбыт харчыбын илиибэр туппуппун маҥнайгы таптал, маҥнайгы уураһыы курдук күндүтүк саныыбын. Ол сыл Дмитрий Петрович Коркиҥҥа, кини үөлээннээхтэригэр, үөрэнээччилэригэр суруналыыс буолуохпун баҕарарбын биллэрэн суруктары ыыппытым. Соһуйуом иһин, түбүктэриттэн быыс буолан хоруйдаабыттара. “Бырааппыт Баанньа, дорообо!”, “Тустууну таптыыр буоллаххына биһиги киһибит эбиккин”, – диэн истиҥ-иһирэх тыллардаах суруктары ыыппыттарын билигин ууруна сылдьабын.  Сөҕөбүн, мин сурукпун Дмитрий Петрович архыыбыгар ууруммут. Ону огдообото Александра Семеновна Коркина куоппуйалаан биэрэн, уйулҕабын хамсаппыта. Коркиннар оҕо эрдэхпиттэн тэҥнээхтэрин курдук сэһэргэһэн,  суруналыыстыкаҕа матырыйаалынан, кэпсээн-ипсээн, сүбэ-ама буолан элбэҕи көмөлөспүттэрэ туохха да тэҥнэммэт өйдөбүл.       

Балаҕан ыйын 2 күнүгэр 14 чаастан Өрөспүүбүлүкэтээҕи Ем. Ярославскай аатынан Хотугу норуоттар устуоруйаларын уонна култуураларын холбоhуктаах судаарыстыбаннай мусуойун пуондатыттан Сахабыт сирин  спордун сайдыытыгар анаммыт экспонаттар – саха спордун устуоруйатын кэрэһиттэрин холбоһуктаах мусуой дириэктэрэ Николай Бугаев уонна кини салайар кэлэктиибин  үлэһиттэрэ манна туруорбут матырыйаалларын билиһиннэрдилэр.

 Балаҕан ыйын 4 күнүгэр 11 чаастан Монреаллааҕы Олимпиада үрүҥ көмүс призера, ССРС спордун үтүөлээх маастара Александр Иванову уонна кини бииргэ үөрэммит доҕотторун кытта көрсүһүү улахан сэҥээриини ылла.

Гаврил Каприн “Дойдум дьоно”, Семен Окоемов “Улахан түһүлгэҕэ сылдьыбыт уолаттарым” кинигэлэрэ сүрэхтэннэ.

 

Икки чаастан Чурапчы интэринээт-оскуолатын 1973 сыллаахха бүтэрбиттэр  ситиhиилэрин  туһунан сэһэргэһиигэ бэйэлэрин выпусктарын уонна онуһу бииргэ бүтэрбит бастыҥ спортсменнара, Д.П. Коркин биир ситиһиилээх үөрэнээччитэ,  көҥүл тустууга спорт маастара, ССРС кубогын хаһаайына  Василий Константинов–Бадьай тустарынан кинигэлэри ырыттыбыт. Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх тириэньэрэ Прокопий Иванов, кинигэни хомуйан оҥоруу сүрүннээччитэ Валерий Лыткин, эдьиийэ, чугас дьоно истиҥ ахтыылары оҥордулар. 

Ааспыт өрөбүлгэ  ХХ үйэ чулуу киһитэ, Саха АССР үтүөлээх учуутала, ССРС, РСФСР, Саха АССР үтүөлээх тириэньэрэ, “Бочуот Знага” уонна “Октябрьскай өрөбөлүүссүйэ” уордьаннар кавалердара ДМИТРИЙ ПЕТРОВИЧ КОРКИН пааматынньыгар төрөөбүт күнүнэн сүгүрүйдүбүт. Сибэкки дьөрбөлөрүн уурдубут. Итиннэ уонна салгыы быыстапка саалатыгар элбэх ахтыылары иһиттибит.

Үгүстэри Дима Коркины Булуҥ улууһугар Бороҕоҥҥо сэттис кылааска үөрэппит  учуутала, 97 саастаах Мария Гаврильевна Стручкова уонна Александра Семеновна Коркина ахтыылара уйадытта. Олоххо дьулуһууга угуйда.   Дмитрий Петрович үөрэнээччитэ, кинилиин бииргэ үлэлээбит,  спорт маастара Михаил Друзьянов   Булуҥҥа Дима Коркин оскуолаҕа үөрэммит паартата баарын истэн, экспедиция тэрийтэрэн, массыынанан,  бөртөлүөтүнэн, борохуотунан тиэйтэрэн аҕалбыттарын кэпсээтэ. Ити сыаната биллибэт экспонаты, спорт миниистирин бастакы солбуйааччы Леонид Спиридоновтыын   Ярославскай аатынан мусуойга үөрүүлээх быһыыга туттардылар.

Ити сүрүн түһүмэххэ Ис дьыала министиэристибэтин бэтэрээннэрин  «Созвездие»  ырыа-үҥкүү ансаамбыла (уус-уран салайааччы — ис дьыала полковнига Галина Константиновна Платонова- Баишева) ырыаларынан музыкальнай эҕэрдэлэри оҥордулар. 

Үс чаастан Олимпийскай чөмпүйүөн, ССРС спордун үтүөлээх маастара Павел ПИНИГИНЫ кытта көрсүһүү буолла. Сарсыныгар 11 чаастан “Оҕо сааспыт биһигэ – Интэринээт томторо – өрүү биһиги сүрэхпитигэр!” истиҥ көрсүһүүгэ Чурапчытааҕы спортивнай  интэринээт-оскуоланы араас сылларга бүтэрбиттэр уонна бу үөрэх кыһатыгар үлэлээбиттэр – “Саха сирэ” хаһыат “Куоркун хамаандатын Далбар Хотуттара”  таһаарыытын дьоруойдара кытыннылар.  Маны  суруналыыстыкаҕа СӨ судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Татьяна МАРКОВА үүннээн-тэһииннээн ыытта.  

Балаҕан ыйын 8 күнүгэр 11 чаастан Захар Чукров туһунан киинэ уонна кинигэ  ырытылынна. Кыттыыны ыллылар ф-м.н.к Дмитрий Егоров уонна Захар Чукров аймахтара, бииргэ үөрэммит доҕотторо.

Икки чаастан «Дорообо, оскуолам!» интэринээт-оскуола 1976 с. выпусктар кинигэлэрэ сүрэхтэннэ.

Балаҕан ыйын 9 күнүгэр  10 чаастан өссө төгүл “Саха” национальнай көрдөрөр-иhитиннэрэр хампаанньа архыыбыттан саха тустуутун чаҕылхай түгэннэрэ көрдөрүллүө.

12.00 чаастан “Коркинныы олоруохха! Коркинныы айыахха!” Саха сирин автономиятын 100 сылыгар анаан, ХХ үйэ чулуу киһитэ, Саха АССР үтүөлээх учуутала, ССРС, РСФСР, Саха АССР үтүөлээх тириэньэрэ, “Бочуот Знага” уонна “Октябрьскай өрөбөлүүссүйэ” уордьаннар кавалердара Дмитрий Петрович КОРКИН үөрэнээччилэрэ XXI Олимпиадаҕа Чыпчаал ситиһиилэригэр анаммыт быыстапканы түмүктээһин оҥоһуллуо. Ытыктабыллаах кыттааччылар, көрөөччүлэр, билиҥҥи балаһыанньаны учуоттаан, Роспотребнадзор бары ирдэбиллэрин тутуһаргытыгар ыҥырабыт!

Д.П. Коркин туһунан мин суруйууларым бэйэм архыыппар сүппүттэр. Арай мусуой оҥорбут архыыбыгар баалларын көрөн үөрдүм даҕаны. Олор ааттарыныы улуу киһи олоҕо, оҥорбута “Сис хайа курдук”, “Өтө көрүүлэрэ”, “Билгэлээһиннэрэ” муҥура суох акыйаан дьиктилэринии арылла туруо.

Владислав Коротов хаартыскалара

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...