24.10.2024 | 16:00

Коркин 15-с турнира

Коркин 15-с турнира
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Бу ааспыт субуотаҕа-өрөбүлгэ, алтынньы 18-20 күннэригэр, Дьокуускайга  ССРС, РСФСР, Саха АССР үтүөлээх тренерэ Д.П. Коркин кэриэһигэр XV-с Норуоттар икки ардыларынааҕы көҥүл тустуу турнира үрдүк тэрээһиннээхтик ыытыллан ааста. 
13 омук дойдутуттан – Азербайджантан, Австралияттан, Белоруссияттан, Болгарияттан, Индияттан, Ирантан, Казахстантан, Кытайтан, Кыргызстантан, Македонияттан, Монголияттан, Таджикистантан, Соҕуруу Кореяттан уонна Арассыыйа регионнарыттан – 190 бөҕөс “Триумф” спорт уораҕайыгар тэлгэммит үс көбүөрүнэн ким күүстээҕин, үчүгэй бэлэмнээҕин быһаарыстылар.

Улуу тренер Дмитрий Коркин ааспыт үйэ 50-с сылларын ортолоругар Чурапчы Одьулуунун оскуолатыгар дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччынан уонна нуучча тылын учууталынан үлэлиир кэмигэр тустуу секцияларын аһан үлэлэппитэ. Карл Маркс аатынан холкуос бэрэссэдээтэлэ Тимофей  Гаврильевич Тоскин, ону таһынан Чурапчы орто оскуолатын дириэктэрэ Гаврил Дмитриевич Ефимов өйөбүллэринэн, олохтоохтор көмөлөрүнэн Одьулуунтан 12 км тэйиччи оройуон киинигэр сатыы, ардыгар сыарҕалаах атынан сылдьан, оҕолору, ыччаттары, улахан дьону тустуу албастарыгар үөрэппитэ. Максим Сибиряков, Федор Винокуров, Петр Николаев-Томмот, Петр Старостин курдук көҥүл тустууга, хапсаҕайга маҥнайгы ССРС уонна Саха АССР спордун маастардара, өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөннэрэ тахсыбыттара. Спорткэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Афанасий Кирикович Софронов, партия райкомун сэкирэтээрдэрэ Степан Николаевич Ноговицын, Илья Павлович Листиков, райсовет бэрэссэдээтэллэрэ Семен Александрович Иванов, Степан Гаврильевич Охлопков, Роман Романович Бурнашев улаханнык өйөөбүттэрэ, көмөлөспүттэрэ.

Оскуола-интэринээт дириэктэрэ Алексей Спиридонович Шадрин сүүрэн-көтөн, спортоскуола тэриллибитэ. Бөтүрүөбүскэ “уҥа илиитэ”, чугас соратнига Константин Сергеевич Постников көҥүл тустуу түргэн тэтиминэн сайдан барыытыгар сүҥкэн кылаатын киллэрсибитэ. Бөтүрүөбүс маҥнайгы “хараҥаччыларынан” оҕолорго Арассыыйа чөмпүйүөнүнэн Николай Сивцев, ыччаттарга Арассыыйа чөмпүйүөнүнэн Николай Барашков, ССРС оҕолорун чөмпүйүөнүнэн Вячеслав Карпов, ыччаттарга ССРС чөмпүйүөнүнэн, норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастарынан Алексей Ермолаев, оҕолорго аан дойду чөмпүйүөнүнэн Илларион Федосеев, улахан дьоҥҥо аан дойду уонна Олимпийскай оонньуулар чөмпүйүөнүнэн Роман Дмитриев буолуталаабыттара. Д.П. Коркин тустууга оскуолатын үс иитиллээччитэ: Павел Пинигин кыһыл көмүс, Роман Дмитриев уонна Александр Иванов үрүҥ көмүс мэтээллэри аҕалтааннар, дьоннорун-сэргэлэрин үөрдүбүттэрэ, тапталлаах Сахаларын сирин албан аатырдыбыттара! Өрөгөй, дьол-соргу салаллыбыта!

Дмитрий Петрович айымньылаах үлэтин түмүгүнэн барыта 175 ССРС спордун маастара, 14 норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара, 4 спорт үтүөлээх маастара, Арассыыйа, ССРС, Европа, аан дойду, олимпийскай оонньуулар чөмпүйүөннэрэ иитиллэн тахсыбыттара.

Улуу тренергэ анаммыт турнир аан бастаан 1985 сыллаахха Чурапчыга тэриллэн ыытыллыбыта. Ол өрөспүүбүлүкэ аһаҕас турнирыгар Красноярскай, Хабаровскай, Бурятия бөҕөстөрө кэлэн кыттан, түһүлгэни киэргэппиттэрэ. Онно ыйааһыннар кыайыылаахтарынан Саха сирин бөҕөстөрө: 48 кг – Герман Христофоров (Уус Алдан), 52 кг – Егор Алексеев (СГУ), 57 кг – Роман Цыпандин (Дьокуускай), 62 кг – Роман Монгуш (Красноярскай), 68 кг – Борис Борисов (СГУ), 74 кг – Степан Еремеев (Сунтаар), 82 кг – Захар Чукров (Нам), 90 кг – Максим Васильев (Чурапчы), 100 кг – Валентин Иванов (Дьокуускай) аалай кыһыл лиэнтэлэри иилиммиттэрэ. 1987 сылтан Д.П. Коркин аатынан көҥүл тустууга Бүтүн Сойуустааҕы турнирдар  ыытыллар буолбуттара. 2008 сылтан улуу тренер Д.П. Коркин кэриэһигэр Норуоттар икки ардыларынааҕы турнирдар саҕаламмыттара уонна күн бүгүнүгэр диэри ыытыллаллар.

Улуу тренер турнирыгар көҥүл тустуу сайдыбыт дойдулара үгүстэрэ кэлэн кытыннылар. Кинилэр ортолоругар Олимпийскай чемпионнар Заурбек Сидаков (Арассыыйа), Комейл Гасеми (Иран), олимпийскай призердар Аниуар Гедуев (Арассыыйа), Давид Модзманишвили, Георгий Мешвелдишвили (Грузия), Дайчи Такатани (Япония), Артур Найфонов Д.П. Коркин турнирын кыайыылаахтарынан буолбуттара.

Быйылгы турнир сонун дьаһалларынан доҕуһуолланна. Олортон биирдэстэринэн саҥа “Триумф” уус-уран киинэ буолла. Дмитрий Петрович оруолун – саха норуотун артыыһа Иннокентий Луковцев, Роман Дмитриеви – Семен Лукин, Павел Пинигини – Гаврил Менкяров, Александр Иванову Дьулусхан Андросов итэҕэтиилээхтик толордулар. Маны сэргэ Коркин иитиллээччитэ, ССРС спордун маастара, Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх тренерэ Будимир Григорьевич Яковлев “Тустуу аргыстаах олох” кинигэтэ сүрэхтэннэ, киирии билиэттэринэн сүүйүүлээх лотерея оонньонно. Бары ыытыллыбыт дьаһалларга Д.П. Коркин кэргэнэ Александра Семеновна Коркина, ССРС спордун үтүөлээх маастардара Павел Пинигин, Александр Иванов, Василий Гоголев кытыннылар. Аҕыйах хонуктааҕыта ыарахан ыарыыттан олохтон туораабыт Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх тренерэ Иван Николаевич Сивцевкэ Д.П. Коркин аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэни дьиэ кэргэнигэр туттарыы долгутуулаах түгэнэ буолла.

Турнир ааспыт сыллартан сүрүн уратытынан уон ыйааһын бары биир күнүнэн быһаарыллан испиттэрэ буолла. Маҥнайгы күн полуфиналларга хапсыһыылар түмүктэнэннэр, нөҥүө күн уоскулаҥ хапсыһыылар уонна финаллар болҕомтону тартылар. Инньэ гынан “Триумф” тырыбыналара олоччу көрөөччүлэринэн туолан олордулар.

Түөрт саха бөҕөһө финалга таҕыста, сүүрбэ бөҕөспүт уоскулаҥ хапсыһыыларга кииристилэр. Кытаанах хапсыһыылар түмүктэринэн күүтүллүбүт кыайыыларбыт кэлитэлээтилэр. 57 кг – Лев Павлов, 61 кг – Александр Авелов, 74 кг Виктор Рассадин кыһыл көмүс мэтээллэри ылаттааннар, үөрүүбүтүн үрдэттилэр, биир дойдулаахтарын уруйдарын-айхалларын ылаттаатылар. Константин Капрынов 70 кг – үрүҥ көмүс, 61 кг – Яков Павлов, 96 кг – Андриан Ленскэй, 92 кг – Ньургун Сергин, 125 кг Никита Хабаров боруонса мэтээллэри ситистилэр.

20 саастаах эдэр бөҕөс Лев Павлов аан дойду ыччаттарыгар миэстэлэспит монгол бөҕөһө Батхуягы олус тыҥааһыннаах 1:1 хапсыһыыга бүтэһик баалы ылбытынан уонна мөккүөрдээх түгэҥҥэ судьуйалар баал биэрэннэр, 2:1 кыайда:

– Былырыын Коркин турнирын тырыбынаҕа олорон көрбүтүм. Быйыл баҕа санаам туолла. Кыайыы ыараханнык кэллэ. Көбүөргэ тахсыбатаҕым ырааппыта биллэр. Улахан дьону эппинэн-хааммынан дьэ билэн эрэбин, сүрдээҕин ыгаллар. Бэҕэһээ көрсүбүппүт буоллар, көхтөөх соҕустук киирсиэм этэ. Көмүскэнэрим күүһүнэн уонна бэйэбэр эрэллээхпинэн кыайдым. Финалга Монголия бөҕөһүгэр тугу да оҥотторботум. Уопутурдахпына, атаакалыыр буолуом. Саха сиригэр баар турнирдары барыларын кэриэтэ кыайталаатым. Улахан түһүлгэлэргэ кынаттыыллар. Бастыы сылдьыахпын баҕарар буоллум. Аны биир ыйынан Иран «бастакы нүөмэрин» кытта тустуохтаахпын. Онтон Ярыгиҥҥа үчүгэйдик туһуннахпына, ханна даҕаны сабырыйтарыам суоҕа дии саныыбын. Бу ситиһиибин Сунтаар тустууга оскуолатыгар аныыбын.

Ыалдьыттарбытыттан 65 кг Магомедов Абасгаджи (Дагестан), 70 кг Евгений Жербаев (Бурятия), 79 кг Ахмед Усманов (Дагестан), 86 кг Дмитрий Зайнидинов (Красноярскай), 92 кг Мухамед-Таги Ханиев (Дагестан), 97 кг Магомед Курбанов (Дагестан), 125 кг Шамиль Мусаев  (Дагестан) бастаатылар.

Виктор Рассадин – сэттис, Евгений Жербаев алтыс төгүлүн Д.П. Коркин турнирыгар бастааннар, чахчы кыахтаахтарын итэҕэттилэр. Рассадин турнир рекордун өссө лаппыйан биэрдэ. Көрөөччүлэр быһаарыыларынан турнир “Бастыҥ бөҕөһүнэн” аан дойду, Европа чөмпүйүөнэ, Арассыыйа спордун үтүөлээх маастара Абасгаджи Магомедов ааттанна уонна “Үрүҥ көмүс борцовка” анал бириис хаһаайына буолла:

– Сүрүн бирииһи көрөммүн, кыайарга баҕа санаам күүһүрбүтэ. Кэлэн ыалдьыбыт дьоҥҥо махтанабын! Тоҕо диэтэххэ көрөөччүлэрэ суох маннык күрэхтэһиилэр тэриллиэхтэрэ суоҕа этэ. Тустууну таптааччыларга анааммын үчүгэй тустууну көрдөрөргө кыһалла сатаатым.

Бастаабыттар өйдөбүнньүк мэтээллэри, кубоктары сэргэ 200 тыһ.солк., иккис уонна үһүс миэстэлэммиттэр туһааннааҕынан 100, 75 тыһ.солк. наҕараадаланнылар.

Д.П. Коркин турнира үтүө өйдөбүллэри хаалларда.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Дорҕоон уонна медитация
Дьон | 09.11.2024 | 14:00
Дорҕоон уонна медитация
Бүгүн «Кэпсиэхпин баҕарабын» рубрикабытыгар эдэркээн кыысчаан Вера Аюмины кытта бэйэтин чараас санныгар хайдахтаах ыарахан тургутуулары ааһан, тапталлаах кэргэн, иһирэх ийэ, талааннаах Далбар Хотун таһымыгар тахсыытын туһунан сэһэргэһиэхпит.   – Вера, аҕаҥ эппит тылларын бастаан хайдах ылыммыккыный? – Аҕам: «Икки күүс холбоспут ньэҥирин уйуох тустааххын, эйиэхэ маны салайынар кыах  бэриллибит», – диэн...