08.07.2021 | 11:30

Корица иммунитеты бөҕөргөтөр кистэлэҥэ

Корица иммунитеты бөҕөргөтөр кистэлэҥэ
Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Cахалар аһы тупсарар ол-бу туманы улаханнык туттубаппыт. Ас амтанын уларытар диэн ааттыыбыт. Атын омуктар онто суох сатаммат курдуктар, бүлүүдэ аайы кыайа-хото куталлар. Холобур, туроктар астарын аайы мүөт, эриэхэ, күөх үүнээйи, тума арааһын эбэллэрин сөҕө-махтайа көрбүтүм, астына амсайбытым.

 

Сорох оҕолор корицалаах булочканы букатын сөбүлээбэттэр, мактаах буоллаҕына сирэллэр. Мин эмиэ соччо ахсарбаппын. Дьиҥэр, доруобуйаҕа туһалааҕын истэн билэр, сэрэйэр этим...

Соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ, интэриниэккэ корица туһунан хас даҕаны ыстатыйаны сэргии аахпытым. Онтон тугу билбиппин-көрбүппүн эһиэхэ судургу тылынан кэпсиим. Ааҕыҥ, тускутугар туһаныҥ.

 

Гипертонияҕа, атеросклерозка, диабекка

Кытай чинчийээччилэрэ суруйалларынан, корица – чесногу уонна ореганоны баһыйар күүстээх антиоксидант. Оттон организмҥа сүһүрүү процеһын тохтотор дьикти аналлааҕын аан дойду ааттаах-суоллаах экспертэрэ дакаастаабыттара ыраатта. Маны таһынан, сүрэх-тымыр ыарыыларын бохсорун учуонайдар дьоҥҥо-сэргэҕэ үгүстүк кэпсииллэр. Америка чинчийээччилэрэ этэллэринэн, холестерины түһэрэргэ баара-суоҕа 120 мг корица наада эбит. 

Бу тумабыт дабылыанньалара тахсар дьоҥҥо абыраллаах. Ол курдук, хаан баттааһынын 3-7 бырыһыан түһэрэр диэн фитотерапевтар, нутрициологтар суруйаллар. Онон гипертонияҕа, атеросклерозка туһалаах.

Великобритания учуонайдара быһаарбыттарынан, аччык искэ ½-2 чаайынай ньуоска корица хааҥҥа саахар мунньулларын намтатар. Ол эбэтэр диабеты утары күүстээх дьайыыны оҥорор.

Туһалаах тумабыт Альцгеймер уонна Паркинсон ыарыыларын сэрэтэр эбэтэр бытаардар.

 

Искэни сэрэтэргэ

Аны туран, үгүс учуонайдар корица араак ыарыыны сэрэтэр, улаатарыгар, тарҕанарыгар утарылаһар диэн суруйаллар. Бу тума искэн килиэккэлэригэр ангиогенез процеһын тохтотор диэн сабаҕалааһын баар. Бекман научнай-чинчийэр институтун (АХШ) үлэһиттэрэ быһаарбыттарынан, корица састаабыгар киһи организмыгар кутталлаах килиэккэлэр үөскүүллэригэр уонна тарҕаналларыгар мэһэйдиир ураты бэссэстибэлэрдээх (VEGF ингибитордар). Төһө да элбэх учуонай дакаастаабытын иһин, корица араагы бохсор туһата ситэ чинчийиллэ илик диэн этэллэр.

 

Бактыарыйалары баһыйар

Туһалаах тумабыт үгүс сыстыганнаах ыарыыны эмтиир кыахтааҕын чинчийиилэр туоһулууллар.

Оһоҕоһу, быары, үөһү, тыынар уорганнары сүһүрдэр араас бактыарыйалары (золотистый стафилококк, синегнойная палочка, эшерихия коли, протей, холерный вибрион, о.д.а.) хам баттыыр, хаптатар.

Иммунитеты бөҕөргөтөрүн туһунан үгүстүк суруйаллар, киэҥ эйгэҕэ тарҕаталлар. Кытай специалистара быһааралларынан, корица сүрүн кистэлэҥэ – састаабыгар антиоксидант элбэх. Ол иһин ОРВИ, грипп өрө турбут кэмигэр бу туманы туттар ордук туһалаах дииллэр.  

Ырыан баҕалаахтарга

Корица киһи организмыгар бэссэстибэ атастаһыытын түргэтэтэр. Ол иһин искэ киирбит ас “олохсуйа” хаалбат, эниэргийэҕэ кубулуйар. Саахар переработкатын түргэтэтэр, хааҥҥа глюкоза таһымын сааһылыыр. Аны туран, бу тума ас буһарар уорганнар үлэлэрин эмиэ бэрээдэктиир эбит. Организмҥа мунньуллубут ууну таһаарар, токсиннартан ыраастыыр.

Киһи ньиэрбинэй систиэмэтигэр дьикти утарсыыны оҥорор. Ол курдук, сыта бэрт буолан, аһыах-сиэх баҕаҥ ханнан хаалар эбит. Ол иһин кыра да корицалаах астан түргэнник “тотоҕун”.   

Ыйааһыны түһэрэр чэй

Чаанньыкка 2-3 палочка корицаны уган баран, 300-400 мл ууну кутан оргутаҕыт, 15 мүнүүтэ туруора түһэҕит. Сууккаҕа 100 мл чэйи иккитэ-үстэ иһиҥ. Корицаны кофеҕа кутумаҥ, цикорийы кытта булкуйуоххутун сөп.

“Ыраастыыр” коктейль

Корица оһоҕос үлэтин тупсарар, ыйааһыны түһэрэр аналлаах. Судургу утаҕы оҥостуохха сөп. Ол курдук, күөх дьаабылыканы түөркэлиигит, биир ыстакаан кефири кытта булкуйаҕыт, онно ¼ чаайынай ньуоска корицаны эбэҕит. Дьаабылыка элбэх клетчаткалаах буолан, бу утах оһоҕоһу үчүгэйдик ыраастыыр. 

Биир күннээх диета

Балтараа лиитирэ кефиргэ 1 чаайынай ньуоска корицаны эбэбит уонна холодильникка ууран кэбиһэбит. Күн устата биирдии ыстакааны иһэбит. Маннык биир күннээх диетаҕа 1,5 кг түһэриэххитин сөп диэн сүбэлииллэр. Арай сарсыҥҥы күнүгэр ырҕаччы аһаамаҥ, диетаҕыт үтүө түмүгүн туора сотуоххут диэн сэрэтэллэр. 

Бу ыйааһын түһэрэргэ судургу ньыма куртах, оһоҕос ыарыһахтарга барсыбат.

Тэттик сүбэлэр

Хотуону аһардар

200 мл ууга 1 ч.ньуоска корица бороһуогун эбиҥ уонна 10 мүнүүтэ оргутуҥ. Бу чэйи биирдэ иһэҕит.

Эмтээх ванна

½ ч.ньуоска корица бороһуога, 100 мл миндаль эбэтэр кунжут арыыта, ½ ч. ньуоска ваниль ылаҕыт, барытын холбуугут. Итиэннэ ваннаҕа кутан суунаҕыт. Хаан эргиирин тупсарар, күүс-сэниэ биэрэр туһалаах процедураны дьиэҕитигэр оҥостуҥ.

Үөнү-көйүүрү утары

Таракааннар эбэтэр кымырдаҕастар хорҕойор сирдэригэр корица бороһуогун кутар үчүгэй. Сытын-сымарын сөбүлээбэттэр, куотар аакка түһүөхтэрэ.

Оҕолорго

Аҕам саастаах дьон корицаны тутталлара ордук дииллэр даҕаны, сорох быраастар суруйалларынан, оскуола үөрэнээччилэригэр үтүө өрүтэ эмиэ үгүс. Күҥҥэ икки-үс кымаах туманы аска куттахха, оҕо болҕомтолоох буолар, хараҕар туһалаах. Өйгө тутар дьоҕуру сайыннарар, түргэнник сылайар оҕоҕо күүс-сэниэ, эрчим эбэр. Организм вируска бэриммэт буолар.

Дьахталларга

Бу туманы кыра-кыра аска кута сырыттахха, менструальнай цикл сааһыланар. Дьахтар ыйдааҕыта кэлэр кэмигэр ыарыытын мүлүрүтэр, кыра аайыттан кыыһыра-тымта сылдьыбат буолар. 

Саастаах дьоҥҥо

Корицаны инфаркт курдук ыарыыны эрдэттэн сэрэтэр сыаллаах туттуохха сөп. Холестерин таһымын түһэрэр, тромба үөскүүрүн тохтотор. Аска-үөлгэ тиһигин быспакка эбии кута сырыттахха, сүрэх былчыҥнарын бөҕөргөтөр, хаан баттааһынын тупсарар. Артрикка эмиэ туһалаах – ыарыытын мүлүрүтэр, киһи чэпчэкитик хамсанар-имсэнэр буолар. Умнуган, утуйбакка эрэйдэнэр, үгүстүк санаалара түһэр дьоҥҥо абыраллаах.

Грипп уонна тумуу утары

Сылаас ууга корицаны кутан истэххинэ, төбөҥ ыарыыта ааһар, көлөһүнүҥ тахсар, тыынарыҥ чэпчиир, муннуҥ иһэ испитэ тардар. Сэниэ киирэр. Ааспат-арахпат сөтөлү, ангинаны эмтиир күүстээх. Сорох дьон корицаны тиис ыарыытыгар, оннооҕор пульпикка тутталлар.  

 

Буортулаах буолуон сөп...

Биллэн турар, корицанан олус үлүһүйэр сыыһа. Абырыан оннугар “алдьатыа”. Холобур, биир кымаах тума мэйии, харах үлэтин тупсарар, онтон элбэҕи тутуннаххына, сэниэҥ суох буолуо, төбөҥ ыалдьыа. 

Сорох дьоҥҥо сөп түбэспэт буолуон эмиэ сөп. Корица састаабыгар кумарин диэн сыттаах бэссэстибэлээх, ол быарга куһаҕан дьайыылаах.

Баттаҕы тупсарар мааскалар

Түһэр буоллаҕына. 1 ч.нь. мэлиллибит корицаны, 2 ост.нь. олива арыытын уонна 2 ост.нь. убаҕас мүөтү булкуйаҕыт. Бу маасканы инчэҕэй баттахха 45 мүн. тутуҥ (сотторунан эбэтэр салапаанынан эринэҕит). Онтон шампунунан суунаҕыт.

Хойуннарарга. Помидору хааһы буолуор диэри илдьиритиҥ. Онно  1 ч.нь. үүнээйи арыытын, 1 ч.нь. мүөтү, 1 ч.нь. корицаны, 1 сымыыты кутаҕыт. Маасканы 20 мүн. тутаҕыт. Онтон шампунунан суунаҕыт, лимоннаах уунан сайҕанаҕыт. 

Уһатарга. Биир эриэппэ луугу хааһы буолуор диэри илдьиритэҕит, 4 тиис чесногу, 2 ч.нь. корицаны уонна 1 ньуоска мүөтү эбэҕит. Баттаххытыгар чаас аҥаара тутаҕыт, пленканан эрийэн баран, былаатынан бааныаххытын сөп.

 

Бу мааскалары туһанар буоллаххытына, баттаххытын фенинэн куурдумаҥ. Үүнээйи эбэтэр олива арыытын касторовай, репейнэй эбэтэр кукуруза арыытынан солбуйуоххутун сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...