11.08.2022 | 13:00

Клим Федоров: «Айанныырбыттан хаһан да сылайбаппын»

Клим Федоров:  «Айанныырбыттан  хаһан да сылайбаппын»
Ааптар: Наталья ПРОТОПОПОВА - Натали
Бөлөххө киир

Саха дьоно сөбүлүүр, сэргиир артыыспыт Клим Федоров кэлиҥҥи кэмҥэ аан дойдуну үгүстүк кэрийэр айанньыт быһыытынан биллэр буолла. Саастаах дьонтон саҕалаан эдэрдэргэ тиийэ элбэх киһилээх бөлөхтөрү тэрийэн, тас дойдуларынан, Арассыыйа иһинэн сотору-сотору айанныыр. Хаһан да, ханна да ырааппатах, Саха сириттэн үйэлэригэр быкпатах дьоҥҥо кэрэ, кыраһыабай дойдулары көрдөрөр.

Бу күннэргэ мин СӨ Ыччакка политикатын туйгуна, “Ыллыыр мыраан” оҕо өрөспүүбүлүкэтээҕи лааҕырын салайааччыта Клим Федоровы көрсөн, айан туһунан киэҥ хабааннаах кэпсэтиини таһаардыбыт.

– Клим, бастатан туран, бэйэҥ аан бастаан хаһааҥҥыттан айаннаабытыҥ, сири-дойдуну кэрийиини хайдах саҕалаабытыҥ туһунан ааҕааччыларга билиһиннэр эрэ...

– Аан бастакы айаным өссө 90-с сылларга Турцияттан саҕаламмыта. 1994 сыллаахха “Наара Суохтар” тыйаатыры кытта Турцияҕа Ыччат бэстибээлигэр барбыппыт. Аан бастакы тас дойдуга тахсыым буолан, үөрүүм-көтүүм муҥура суох этэ! Бу олус ураты оптуобус туура этэ. Москваттан Украинаҕа, онтон Румыния, Болгария кэнниттэн дьэ Турцияҕа кэлбиппит. Биһигини кытта Улан-Удэ Култуура институтун устудьуоннара барсыбыттара, өссө норуодунай инструменнар ансаамбыллара, үҥкүүһүттэр бааллара. Онтон биһиги уонча этибит. Бу айантан мин олус  үөрэн, сырдаан, хараҕым арыллан кэлбитим. Салгыы 1996 сыллаахха аны Франция Париж куоратыгар “Юнеско” бэстибээлин 50 сыллаах үбүлүөйүгэр устудьуоннары кытта барсыбытым. Манна анаан-минээн сахалыы  таҥас тиктэрбитим. Париж куораты олус да астына, сэргии көрбүтүм, аатырар “Диснейленд” сылдьан дьолломмутум. Онтон турист быһыытынан аан бастакыбын 2000 сыллар саҕаланыыларыгар “Хикари” турфирма нөҥүө Кытайга Харбин куоракка сынньанан кэлбитим. Бу барыам иннинэ артыыс быһыытынан үлэлиир кэмнэрбэр Дьокуускайга дьиэ-уот, массыына, даача, гараас ылынабын, атахпар турабын. Кытай кэнниттэн аны сири-дойдуну кэрийииһикпин диэн санааттан саҥаттан-саҥа сирдэри арыйан бардым. Араас сылларга сылдьыбыт дойдуларым манныктар: Доминикана, Куба, Египет, Кытай, Мексика, Америка, Африка, Мальдивы, Турция (олох элбэхтик), Дубай (элбэхтик), Монголия, Казахстан, Грузия, Армения, Хотугу Осетия, Владикавказ, Чечня, Ставропольскай кыраай, Сочи, Улан-Удэ, Абхазия, Франция, Таиланд, Вьетнам о.д.а.

– Айанныыр сиргин хайдах талаҕын? Интэриэһиргээн, сэҥээрэн бараҕын дуу эбэтэр төһө сыаналааҕыттан көрөҕүн дуу? Саамай сөбүлээбит уонна соччо ахсарбатах сириҥ? Ханнык дойдуга иккистээн барыаҥ суоҕа этэй?

– Интэриэһиргээбит уонна дууһам тардыһар эрэ дойдуларыгар барабын. Киһи сөбүлүүр эрэ дойдутугар тиийдэҕинэ, сүрэҕэ уоскуйар. Ханнык баҕарар дойду бэйэтэ туспа кэрэлээх уонна мөкү өрүттэрдээх. Оттон хайдах сынньанан, сылдьан кэлэриҥ барыта бэйэҕиттэн тутулуктаах. Ис туругуҥ үчүгэй, өрө көтөҕүллэ сылдьар буоллаҕына, барыта табыллар, сатанар. Оттон настарыанньата суох, наар итэҕэһи эрэ көрө сылдьар киһи ханнык да бэйэлээх үчүгэй сиртэн астыммакка кэлиэн сөп. “Акаары баҕайы дойду эбит! Тоска сир эбит!”- диэҕэ. Маннык дьону аһынабын. Ол аата бу киһи бэйэтэ сатаан сынньамматах эбит. Тус бэйэм сир-дойду куруук үчүгэйин, минньигэһин, мүөтүн, кыраһыабайын эрэ көрөбүн. Ханнык дойдуга төннүөҥ суоҕа этэй дииллэрэ буоллар, арааһа, Кубаҕа буолуо... Туох да диэбит иһин, мөкү өттө баһыйа турар уонна олус дьадаҥылар диэн көрбүтүм.

– Сорох дьон тас дойдулартан аҕалар коллекциялыыр маллаахтар. Эн тугу эмэ мунньаҕын дуу?

 Оо, урукку сылларга араас сувениры, магнитиктары барытын аҕаларым, мунньарым. Кэлин көрдөхпүнэ, онтум барыта бөх буолан хаалар эбит. Онон быйылгыттан сылдьыбыт дойдуларым былаахтарын мунньан эрэбин. Хара маҥнайгыттан муспутум буоллар, баһаам буолуо эбит. Билиҥҥитэ Дубай, Монголия, Доминикана, Америка, Татарстан, Чечня былаахтара баар. Арай Грузияҕа, Арменияҕа сылдьан былаах ылбакка хаалбыппын.

– Дьэ эрэ, Клим, соҕотох турист диэн олох атын, этэргэ дылы, бэйэҥ бэйэҕин эрэ көрүнэ сырыттаҕыҥ. Оттон бүтүн бөлөҕү салайар олус эппиэтинэстээх, сылаалаах да буолуохтаах. Араас майгы-сигили, дьон хаппырыыһа, өйдөспөт быһыы-майгы да  тахсыан сөп... Дьону хайдах биир санааҕа түмэн сылдьаҕыный?

– Наар дьону кытта үлэлээн кэлбит киһи буоламмын ыарырҕаппаппын. Ол курдук, оҕолору кытта манна 15 сыл  лааҕырдаатым. Сайын устата 300-тэн тахса оҕо сылдьан ааһар. Араас майгылаах оҕолор, ийэлэр... Өссө улахан дьон лааҕырын үлэлэтэ сылдьыбыттаахпын.

Бөлөҕүнэн ыраах айаҥҥа турунуохпут иннинэ куруук дьоммун эрдэттэн бэлэмниибин. Бассаап бөлөх тэрийэ охсон, истиҥ, үчүгэй сыһыаны олохтуубун. Барыахтарын иннинэ араас ыйытыылары биэрэбин. Холобур: “Дьону кэтэһэргитин сөбүлүүгүт дуо?”- диэн. Ону бары: “Суох”,- диллэр. Оччоҕо ким да хойутуо суохтаах диэн сэрэтэбин. Ону таһынан айан кэмигэр хаппырыыстааһын, бэйэ-бэйэҕэ сэлээннэһии о.д.а. суох буолуохтааҕын өйдөтөбүн. Туристарым бары миигин кытта сылдьыахтарын баҕаран кэлэр буоланнар, илдьэ сылдьарга үчүгэй, этэрбин куруук истэллэр, ылыналлар. Айанныан баҕалаах дьоҥҥо саастарынан уонна доруобуйаларыгар араас кыһалҕалаах дьону хааччахтаабаппын. Соторутааҕыта Ньурба Маарыттан төрүттээх икки хараҕынан көрбөт, бастакы группалаах инбэлиит Любовь Павлова Сочи, Абхазия устун айаннаста. Ол кэнниттэн оҕо эрдэҕиттэн ДЦП-лаах, бастакы группалаах инбэлиит, Сунтаартан төрүттээх Маргарита Спирова Монголияҕа барсан кэллэ. Онон сүрэххитин, дууһаҕытын истэр буолуҥ диэн сүбэлиибин.

– Эн ыйы-ыйынан айанныыгын. Уһун айантан сылайбаккын дуо?

– Суох, тоҕо диэтэххэ мин улахан тургутууну ааспыт киһибин. Отуттан тахса сылы быһа Саха сирин устун төһөлөөх элбэхтик гастроллаабытым, хайдахтаах айаннары ааспытым буолуой?! Тоҥон-хатан, түүн үлүйэ сыһан, массыына да түҥнэстэн... киһи кэпсиирэ элбэх. Ол да буоллар мин үлэбин таптыыр буоламмын куруук үөрэ-көтө сылдьыбытым, хаһан да улахан кыһалҕа оҥостубат этим. Онтон билигин Үрдүкү Айыыларым миигин аны соҕуруу үчүгэй суоллаах-иистээх дойдуларынан айаннаа диэн эттэхтэрэ. Билигин аны киэҥ, көнө суолларынан айанныыбын, элбэхтик сөмөлүөтүнэн көтөбүн. Мин хаһан да уһун айантан сылайбаппын, салҕыбаппын, төттөрүтүн, саҥаттан-саҥа сирдэри көрөммүн үөрэбин, дьоллонобун.

– Араас дойду, омук аһын-үөлүн амсайбыт киһи эн баар буолуохтааххын. Аһылыкка төһө талымаскыный?

– Дьэ бу чааһыгар мин Айыыларбар махтанабын. Аска олох талымаһа суохпун, хаһыытаабат, хамсаабат эрэ буоллун, барытын сиэн иһэр киһибин. Арай “Миигин сиэмэ!” эрэ диирэ буоллар туттунуом эбитэ буолуо. Климат да уларыйыытыгар адьас кыһаммаппын. Онон үөрэ-көтө айанныыбын.

– Кэлиҥҥи кэмҥэ туристаргын Сочи – Абхазия хайысхатынан үгүстүк сырытыннараҕын. Сочи туһунан туох дии саныыгын? Эн көрдөххүнэ, Арассыыйа куруортара төһө сайдыбыттарый?

 – Мин Сочины наһаа сөбүлүүбүн. 2021 сыл тохсунньу ыйыгар тиийэрбэр Сочига түһэр отельбин булан биэрбиккэр, турфирма үлэһиттэрин кытта билиһиннэрбиккэр, аан бастаан Абхазияҕа таһааран күүлэйдэппиккэр махтанабын. Онтон тирэхтэнэн сайын саха дьонугар анаан Сочи – Абхазия туурун тэрийбиппит. Ол кэмтэн ыла хас да тууру оҥордубут. Арассыыйа туризма сайдыбыта биллэр, Сочига үгүс саха дьоно тардыһар. Быйыл саас өссө “Золотое кольцо России” диэн бэрт интэриэһинэй тууру тэрийдим. Кремль Москваҕа эрэ баар дии санаабыппыт Арассыыйа 16 куоратыгар баар эбит. Нижний Новгород, Улуу Новгород, Суздаль хайдахтаах курдук кыраһыабай куораттарый! Онон Арассыыйа да куораттарынан киһи бэркэ сынньаныан сөп диэн көрдүм. 

– Турист киһи айаҥҥа саамай тугу илдьэ барыахтааҕый? Сүбэ быһыытынан эттэххинэ?

– Гигиена малларын, сөтүөлүүр таҥас, пааспар, харчы буоллаҕа... Тус бэйэм наһаа элбэх таҥаһы уонна суумканы илдьэ барбаппын. Мин куруук биир үрүсээктээх сылдьабын.

– Клим, интэриэһинэй кэпсэтииҥ иһин махтанабын. Аны инники былааннаргын сэгэтэ түһүөҥ дуо? Өссө ханнык дойдуларга тахсыаххын баҕараҕын?

– Таиланд үчүгэйдик арыллара буоллар, онон-манан эргийэн көппөт гына. Билигин араас хааччах элбэх. Сорох дойдулар билигин да үчүгэйдик арылла иликтэр. Инники былааным диэн, Европа дойдуларын кэрийиэхпин баҕарабын.

Түмүккэ

Бу суруйууну ааҕаннар, арааһа, сорох дьон Клими кытта барсыахтарын олус баҕарбыт буолуохтаахтар. Чахчы, киһи Климҥэ эркин курдук эрэнэр. Үлэтигэр бэриниилээх, эппиэтинэстээх, дьону түмэр, салайар дьоҕурдаах, чөл олоҕу тутуһар, дьээбэни-хообону сөбүлүүр, айан чааһыгар билиитэ-көрүүтэ киэҥ киһи.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....