03.08.2021 | 12:30

Кланура: «Олоҕум суола бэйэм илиибэр»

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Өрдөөҕүтэ «Куйаар дуораана» диэн ааттаах наһаа даҕаны тэтимнээх, өрө көтөҕүллүүлээх араадьыйа долгуна сэргэх кэми бэлэхтээн ааспыта. Хомойуох иһин, араадьыйаны илин эҥэрдэргэ киэһээ 11 чааска арааран кэбиһэллэрэ, дьиҥэ саамай интэриэһинэйэ түүн этэ ээ. Саамай бастыҥ ырыалар, хит ырыалар, “звездалар” түүн кэлэн эфиирдыыр буолаллара. Ол саҕана өрөспүүбүлүкэҕэ сибээс соччо-бачча сайда илигэ, арыый кыахтаах улуустар баһылыктара саҥардыы суотабай сибээһи олохтуу сатыы сылдьаллара. Дьэ, ити кэмҥэ хас иккис саха ыала тапталлаах араадьыйаны доҕор оҥостор буолара. «Куйаар дуораана» долгунугар ыччакка аналлаах наһаа элбэх интэриэһинэй биэрии баара, манна даҕатан эттэххэ, ыытааччыттан элбэх тутулуктаах буолара. Мин ордук Индираны, романтика куттаах Мичили,  Айаалы сөбүлээн истэрим уонна өссө Кланураны.
Кланура диэн ааттаах ыытааччы сүрдээх нарын куоластаах, оҕолуу ыраас саҥалаах кыыс этэ. Истээччи бу кыыһы хайдах эрэ ырыаһыт буолуох куолаастаах диэн ылынар буолара. Сотору буолаат бэрт чуумпу олохпун күлүм гынан ыллаппыт араадьыйам сабыллар аакка түспүтэ, онтон ыла Кланура диэн ааттаах кыыс аата иһиллибэт буолбута. Билигин кини ханна баарый? Араадьыйаҕа хас сыл буолан баран кэллэ? Ырыаһыт буолла дуо? диэн ыйытыктары элбэх киһи сураһар.

- Кланура, дорообо! Эн бу дьиҥнээх аатын дуо?

- Мин докуменнарбынан аатым Кланура диэн, үгүстэр псевдоним дии саныыллар, ол эрэн эриэккэс дьикти ааттаахпын. Бу ааппын эбээм биэрбитэ. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн соҕотох итинник ааттаахпын дии саныыбын, амыдайдарым билиҥҥитэ суохтар.

- Хайа улуустан төрүттээххин? Дьиэ кэргэнин туһунан кэпсии түс эрэ.

- Бэйэбин икки дойдуну миэннэрэ диэн аатыыбын. Төрөөбүт улууһум – Усуйаана, улааппыт улууһум – Амма сирэ-уота. Оскуолаҕа үөрэнэрбэр икки улууһунан үөрэммитим.

Бииргэ төрөөбүт иккиэбит, эмиэ бэйэм курдук экэнэмиис идэлээх бырааттаахпын. Төрөппүттэрим иккиэн оҕону иитиигэ, үөрэҕириигэ үлэлээбит учууталлар.

- Бэйэҥ туох идэлээххиний? Ханнык идэни баһылаатыҥ?

- Икки идэлээхпин: экэнэмиис-менеджер уонна баспытаатал. Билиҥҥи туругунан, Дьокуускайга иккис идэбинэн чааһынай оҕо уһуйааныгар үлэлиибин. Кырачаан оҕолору кытта үлэлээбитим номнуо 7-с сыла буолла.

- Айар үлэҥ хаһааҥҥыттан саҕаламмытай?

- Син балай да буолла эрээри, киэҥ эйгэҕэ «ырыаhыт» быһыытынан биллибитим былырыын, 2020 сыллаахха «Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа ыытар музыкальнай «Үрдэл» бириэмийэтигэр кыттан. Ол иннинэ Клим Фёдоров тэрийбит «Ыллыыр Мыраан» лааҕырыгар сылдьан, аан маҥнай ырыа эйгэтигэр үктэммитим.

- Бэрт кылгас бириэмэҕэ «Куйаар дуораана» араадьыйа сулуһа буолан ылбытыҥ, төһө өр үлэлээтиҥ этэй? Онтон тоҕо баран хаалбыккыный?

- Урут, кырдьык даҕаны «Куйаар дуораана» диэн араадьыйаҕа үлэлии сылдьыбытым, үс сыл үлэлээн баран, араадьыйабыт улэтэ тохтообута. Ити кэмнэргэ устудьуоннуур сылларым этэ, араадьыйа эйгэтигэр бэйэм баҕаран туран тиийбитим. Наһаа даҕаны эйэлээхтик, өрө көтөҕүллүүлээхтик эдэр саас үтүө күннэрэ, устудьуон кэмнэрэ сэргэхтик ааспыттара. Мин Геяны, Айдыны, Айаалы, Индираны кытта үлэлиирим. Билиҥҥи кэми кытта тэҥнээтэххэ, оччолорго быдан атын эбит. Истээччи да элбэҕэ сүрдээх этэ, наһаа интэриэһинэй буолара. Кэмнэр ааспыттарын кэннэ, арыыдьыйаҕа эргиллэн кэлэр күннээх эбиппин. Билигин “Тэтим” араадьыйаҕа ыытааччы быһыытынан үлэлии сылдьабын.

- Араадьыйа, эн санааҕар инники дьылҕата хайдаҕа буолла?

- Истээччи баарын тухары араадьыйа үлэтэ ситимин быспакка бара туруо. Миэхэ биир үөрүүм уонна эппиэтинэһим диэн билигин, бүтүн өрөспүүбүлүкэ араадьыйатыгар үлэлиирбиттэн, истээччилэргэ үөрүү аҕаларбыттан киэн туттабын эрэ.

Билигин даҕаны «Куйаар дуораанын» истиҥник, чугастык саныыбын, дьылҕабар махтанабын хаһан эрэ ити араадьыйаҕа үлэлии сылдьыбыппыттан. Ол курдук коллегаларбытын кытары, билигин да ситиммитин быспакка өрүүтүн көрсөбүт, билсэ олоробут.

- Дьэ, эрэллээх истээччилэриҥ эйиигин артыыс, ырыаһыт быһыытынан ылынабыт, бу идэлэри эн хайдах ылынаҕын?

- Артыыс идэтэ, олоҕо биллэн турар судургу буолбатах, куруук дьон хараҕын далыгар, истиитигэр сылдьаҕын эрээри мин боростуой, көнө майгылаах киһибин.

- Холобур оҥостор ырыаһыттардааххын дуо?

- Оҕо эрдэхтэн Джастин Бибер  буолар, мин эмиэ кини курдук кыра эрдэхпиттэн ыллыахпын-туойуохпун баҕарар этим, туох да иһин инним эрэ диэки баран иһэбин. Саха эстрадатыттан киэн туттар ырыаһыттарым Виталий Очиров, Далаана, Сиэйэ уола, Байбал Сэмэнэп.

- Кланура, эйигин өссө тамада быһыытынан элбэх киһи билэр эбит ээ...

- Быыс-арыт аттарынан иллэҥ кэммэр тамадалыыбын, бу аата хоббим курдук буолар. Ыытааччы быһыытынан 10-тан тахса сыл дьарыгырдым. Уруу киэһээлэрин, үбүлүөйдэри, дьоро күннэри удамыр сыанаҕа иилээн-саҕалаан ыытабын. Улуустарга да, киин сиргэ да элбэхтик ыҥыраллар, айанныырбын ордоробун. Уопсайынан, бырааhынньыктарга сылдьарбын сөбүлүүбүн, өссө ордорорум диэн дьон үөрүүтүн бииргэ үллэстии. 

Тамадалааһын чэпчэки үлэ диэбэккин. Ол эрээри «буруйдаахтар” эрэнэн туран эйиигин таланнар тэрээһиннэрин ыыттараллар, ол инниттэн туох-баар күүскүн-уоххун, сатабылгын ууран туран  кыһамньылаахтык үлэлиигин.

- Киһи оҕо сылдьан туох  киһи буоларын ыраланан көрөр буолар дииллэр... Эн туох буолуоххун баҕарар этигиний?

- Биир тылынан эттэххэ – ырыаhыт. Оҕо эрдэхпиттэн ырыаны интэриэһиргиир этим, араас музыкальнай биэриилэри көрөрбүн сөбүлүүрүм, сулустар туһунан сурунааллары мунньар этим.

- Эн санааҕар, билиҥҥи кэмҥэ талааннаах киһини төһө өйүүллэрий, сыаналыылларый?

- Талаан баар буоллаҕына, ырыаһыт инникилээх, кэскиллээх буолар. Дьоҕура өссө сайдар. Биллэн турар сыаналыыллар, үчүгэй куолас көһүннэҕинэ, киһи өйүгэр хаалар, умнуллубат.

- Айар куттаах киһиэхэ муза диэн баар буолар. Оннук кэм эйиэхэ хаһан кэлээччиний?

- Иэйиим киирдэҕинэ ырыа айааччыбын, бэйэм айбыт икки ырыалаахпын, ол онтон биирдэстэрин ийэбэр анаабытым. Кыра эрдэхпиттэн холобур оҥостор, киэн туттар киһим – күн күбэй ийэм буолар.

- Эн санааҕар дьол диэн тугуй?

- Дьол диэн мин саныахпар киһи доруобуйата уонна күүстээх санаата, ону тэҥэ саамай чугас дьонноро аттыгар бааллара. Уонна биллэн турар, таптал.

- Арааһа элбэх киһи сэҥээрэрэ буолуо, хаһан ыал буолаҕын?

- Барыта көстөн иһиэ, ыксаабаппын, өрүү үлэҕэ охтубут киһибин. Түгэнинэн туһанан махтаныахпын баҕарабын истээччилэрбэр, сүгүрүйээччилэрбэр, эһиги эрэ баар буолан мин айабын, ыллыы-туойа, үлэлии-хамныы сылдьабын, өссө да саҥа ырыаларбын бэлэх ууна туруом! «Киин Куорат» хаһыат ааҕааччыларыгар баҕарыам этэ чөл туругу, доруобай эрэ буолуҥ, олоххут мэлдьи сырдыгынан эрэ сыдьаайдын! Хаһыат редакциятын үлэһиттэригэр улахан махталбын тиэрдэбин! Өрүү бу курдук ааҕааччыларгытын саҥа сонуннарынан үөрдэ туруҥ! Өссө да элбэх сурутааччылары! Махтанабын!

- Кэпсэтииҥ иһин махтал! Аартыгыҥ арыллан истин, айар үлэҥ таһаарыылаах буоллун.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...