08.05.2021 | 14:54

«Кирдээх куорат» аатын ылбат туһуттан...

«Кирдээх куорат» аатын ылбат туһуттан...
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Күөх Маай бырааһынньыктарын иннинэ куорат тэрилтэлэрэ  күүстээх субуотунньукка туруннулар. 5-6 да киһи түмсэн, ыраастааһын үлэтин ыыттаҕына, ол да үчүгэй саҕалааһын буолар. 
Киһи барыта ыраас сиргэ-уокка, чэбдик салгыҥҥа олоруон баҕарар. Сааскы сылаас кэми баттаһа, бу күннэргэ син аҕыйаҕа суох тэрилтэ сыһыарыылаах сирдэрин ыраастаатылар. Чопчулаан биэрдэххэ, үгүс үлэ муус устар 30 күнүгэр ыытылынна.

УОКУРУКТАР БӨХТӨРҮН ХОМУННУЛАР ДУО?

Губинскай уокурукка производственнай тэрилтэ үгүс. Куорат киинин кытта силбэһэ да сыттар, кыһын устата мунньуллубут бөх-сах барыта тахсан кэллэ. Аны туран, пандемиянан сибээстээн элбэх киһи тахсара эмиэ бобуллан турар. Ол иһин тэрилтэттэн кыра бөлөх хомуллан тахсара көҥүллэнэр.

Бу эҥээр тустаах тэрилтэлэр бэйэлэрин сирдэрин-уоттарын ыраастаабыттара да, сорохтор сир инчэҕэй диэн тахса иликтэр. Чуолаан предпринимателлэр күүскэ ылыстылар. Муус устар 30 күнүгэр 5 №-дээх федеральнай налоговай сулууспа инспекциятын кэлэктиибэ тахсан, 202 микрооройуоҥҥа субуотунньуктаата.

Муус устар 30 күнүгэр Сайсары уокуругун дьаһалтата Билибин уулуссатын бары ирдэнэр социальнай дистанцияны тутуһан ыраастаата. Ону сэргэ чугастааҕы маҕаһыыннар, тэрилтэлэр, салайар хампаанньалар эмиэ кыттыыны ыллылар.

Киин куорат Бестужев-Марлинскай уул., 7/1, элбэх кыбартыыралаах дьиэтин олохтоохторо бары тутуспутунан тахсан Күөх Маай бырааһынньыгын субуотунньугунан көрүстүлэр. Бу туһунан Промышленнай уокурук олохтооҕо иһитиннэрдэ.

Строительнай уокурукка бу күннэргэ саҥа баһылык Василий Рязанскай кыһалҕалаах учаастактары бэрэбиэркэлээн саҕалаата. Уокурук инстаграм сирэйин көрдөххө, олохтоохтор салайар хампаанньаларга, дьаһалтаҕа үҥсүүлэрэ аҕыйаҕа суох.

Ааспыт өрөбүллэргэ Автодорожнай, Центральнай, Октябрьскай уокуруктарга  «Якутдорстрой» тэрилтэ  ууну хачайдааһын үлэтин күүскэ ыыта турар. «Жилкомсервис» тэрилтэ иһитиннэрбитинэн, күн аайы Дьокуускай куорат уулуссаларыгар 8-10 ассенизатор массыына тигинэччи үлэлиир. Сорох күҥҥэ тиэхиньикэ 24 (АСМ) диэри элбиэн сөп. Салайар хампаанньалар уонна ТСЖ-лар күүстэринэн кыбаарталлар истэригэр ууну, чалбаҕы хачайдааһын күннэтэ ыытыллар. Билиҥҥитэ 13 ассенизатор массыына, 130 мотопомпа уонна 60 электрическэй носуос үлэлиир.

Бүтүн Арассыыйатааҕы субуотунньук чэрчитинэн Пригороднайга  ыраастааһын дьаһаллара эмиэ буолан аастылар. Ол курдук олохтоох салайар дьаһалта салалтатынан «Надежда” култуура дьиэтин үлэһиттэрэ, урбаанньыттар уонна 12 №-дээх орто оскуола кэлэктиибэ Центральнай, Совхознай, Новай уулуссалары уонна сквердэр тастарын хомуйдулар. Маны таһынан, хаар уутун, чалбаҕы хачайдааһын үлэтэ тохтоло суох ыытылла турар диэн олохтоох дьаһалта иһитиннэрэр.

Онон киин куорат уокуруктарыгар ууну хачайдааһын бастакы миэстэҕэ турар. Сир куурбутун, сиик көппүтүн кэннэ ырааһырдыы үлэтэ салҕаныаҕа диэн эрэнэбит.

«ЭЛИТНЭЙ» ОРОЙУОММУТ ЫТ УЙАТЫГАР КУБУЛУЙДА ДУО?

Киин куорат 203-с микрооройуона куорат биир бастыҥ, ыраас уонна табыгастаах оройуонунан аатырара. Дэлэҕэ да, 1 хостоох дьиэ сыаната манна кырата 7-8 мөл. солк. саҕаланар. Ол эрээри олохтоохтор уруккута “элитнэй” эрээри, кэлин эргэрбит оройуоммут кэнникинэн букатын даҕаны түҥнэри түһэн, киртийэн, ыт иигинэн-сааҕынан туолла дииллэр.

Манна үксүн эдэр ыаллар олохсуйан олороллор, саастаах өттө аҕыйах. Эдэр ыаллар оҕолорун сааратаары, атын куорат олохтоохторуттан хаалсымаары, ыт иитэ ылаллар. Биллэн турар, түөрт атахтаах доҕордорун таһырдьа дьаарбаталлар. “Күүлэйдэтэ” диэн аатыгар эрэ баар. Баллаччы эттэххэ, ыттарын туалеттата таһаараллар. Ким эмэ ыт сааҕын хомуйа сылдьарын көрбүккүт дуо? Саарбах. Оннук дьон ахсааннаах ини. Биир дьиэттэн 2-3 киһи ытын кэнниттэн хомуйуо, атыттар бэйэлэрин эрэ иннилэрин көрүнүөхтэрэ. Ыттара саахтыыр эрэ, хайыыр, төрүт кыһамматтар.

Халлаан сылыйан, эдэр ийэлэр кырачаан оҕолорун кытта күүлэйдии тахсаллара үксээтэ. Хомойуох иһин, хас иккис хардыыбыт барыта ыт сааҕа, тардыллыбыт табах тобоҕо, алдьаммыт пиибэ бытыылката, бөх-сыыс уонна амырыын сыт-сымар. Бу аата «элитнэй» оройуоммут үһү!

 

САЛАЙАР ХАМПААННЬАЛАР, ТУГУ ГЫНАҔЫТ?

Дьокуускай олохтоохторо хомунаалынай өҥөҕө быһа холоон биир ыйга 5-20 тыһ.солк.  тиийэ төлүүллэр. Ону таһынан интэриниэт, уот, уу эбиллэр.

Ону да сорохтор уубут барыта дьэбин, интэриниэппит бытаан, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр анныларыгар канализация турбата тоҕо барар, сорох дьиэлэр иннилэригэр бөх быраҕар ууруна да суох. Аны дьиэ кырыыһатын хаарын түһэрэллэригэр подьезд иннигэр мунньан кэбиһэллэр. Онтулара сытан эрэ ууллар, “күөлгэ” кубулуйар түгэнэ элбэх.

Салайар хампаанньалар тустаах эбээһинэстэрин толорботтор. Оччоҕо кинилэр туохха наадаларый? 

Сорох олохтоохтор бэйэлэрэ да “хартыынаны” буортулуурга маладьыастар. Бөхтөрүн, ыттарын сааҕын түннүгүнэн быраҕаттыыллар. Эбэтэр таһырдьа тахсан иһэн, подьезка хааллараллар. Бөх тоҕор баахтарбыт туолан тураллар, ол эмиэ биир «айакалаах”.

 

НЭҺИЛИЭННЬЭ САНААТА

Төһө ыраас куоракка олоробут дии саныыгыт?

Салайар хампаанньаларгыт сөптөөх үлэни ыыталлар дуо?

Марина, 203-с микрооройуон олохтооҕо:

Ыраас куоракка олоробун диэбэппин. Кыһалҕалар бааллар, салайар хампаанньалар киһилии үлэлээбэттэр, ый аайы 10-тан тахса тыһ. солк. төлүү олоробут. Оройуон иһэ кирдээх, подъезд эмиэ соччото суох. Саатар, быйыл хаар бөҕө түстэ, ол уута барыта мунньуллан сытар, ким да кыһаллыбат курдук көрөбүн. Аны сотору кэминэн өрүспүт барыаҕа, оччоҕо хайдах буолабыт? Куорат киин уулуссалара барыта тардыллыбыт табах тобохторо, бөх-сыыс. Бу тоҕо хомуйбаттарый?

Гавриил, Федор Попов уулуссатын олохтооҕо:

Саамай кирдээх куоракка олорор курдук сананабын. Дьиэбит иннэ да, кэннэ да барыта уу. Саппыкылаах сылдьабыт. Киин уулуссалар, тротуардар оллур-боллур тахсан кэллилэр. Салайар хампаанньа уонна ТСЖ ый аайы харчы эрэ ылаллар. Мин санаабар, бу пандемия содула. Дьон туохха даҕаны наадыйбат, тугу даҕаны сыаналаабат, киһини да тэпсэн ааһыах курдук буоллулар. Оннук сыһыан олохпутугар, үлэҕэ-хамнаска сытыытык киирдэ. Холобур, биһиги олорор дьиэбитигэр наһаа элбэх куоска, ыт баар. Кыһыннары-сайыннары подьезка сыт-сымар дьаабы. Салайар хампаанньабыт манна ханнык даҕаны миэрэни ылбат.

Туйаара, Киров уулуссатын олохтооҕо:

Мин бэйэбин куорат киинигэр олоробун дии санаммаппын. Киров уул., 21, дьиэтэ кус-хаас уйата буолбута оруобуна 20 сыл буолла. Ол тухары ким даҕаны болҕомто уурбата. Киһи кыһыйыах, саатар киирэр ааммытыгар домофон диэн көрүллүбэт. Куосканы, ыты этэ да барбаппын, бары бииргэ булкуһан олоробут. Кыһынын бу дьиэҕэ биистэр киирэн хоноллор, салайар уорганнар бопсо сатаан бараннар, кэлин улахаҥҥа уурбат буоллулар. Мин эрэ дьиэм буолуо дуо, куорат улахан аҥаара маннык туруктаах олорор. Салайар хампаанньалар тугу да абыраабаттар, таах харчыны эрэ эккирэтэллэр. Мин дьиэм аттыгар балыыһа, киинэ театра, почта турар. Бу эбийиэктэр иннилэрэ эрэ ыраас, кэннилэрэ барыта бөх, ыттар уйалара буолбута ыраатта.

Петр, Бүлүү трагын олохтооҕо:

Чааһынай дьиэҕэ олоробут. Сайын да, саас да суолбут суох! Сатыы киһи сылдьыбат үлүгэрэ буолан турар. Бара сатаан, ааспыт сылларга кумах аҕалтаран кутарым, быйыл куппаппын. Таһынааҕы ыалларым, бэйэм, бары массыынанан сылдьабыт, сатыы киһи ахсааннаах. Салайар хампаанньалар иннилэрэ-кэннилэрэ биллэр буоллаҕа дии!

 

БЭЙЭ БОДОТУН ТАРДЫНЫАХХА

Биир киһи туох улаханы оҥоруон сөбүй? Уулуссаҕа бөҕүн-сыыһын быраҕымыан наада. Бэйэ бодотун тардынан, ыраастык олоро сатыахтаах. Маннык эттэххэ, судургу эрээри, киһи барыта тупсаҕай куоракка олоруон баҕарар. Оннук буолбатах дуо?

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...